Читать книгу Биһиги Аан Дархаммыт - - Страница 8

Бастакы түһүмэх
Хотуттан хотоҕой анньынан
Ыалдьыттар

Оглавление

Улуус үбүлүөйүн бырааһынньыгар кэлбит ыалдьыттар, олохтоох салалта эрдэттэн тэрийбит былаанын быһыытынан, гостиницанан, ыалларынан тарҕанан, үс-түөрт хонук устата олорор сирдэрин буллулар.

Эдэригэр уһук хоту оройуоттарга, ол иһигэр Эдьигээҥҥэ «Коммунизм уоттара» хаһыакка уһуннук корреспонденынан үлэлээбит, билигин сынньалаҥҥа олорор Дьөгүөр Маппыайабыс Бологуурап бөһүөлэк ыала бырааһынньыгынан сибээстээн туран биэрбит дьиэтигэр иккиэ буолан түстүлэр. Бииргэ олорооччута, уруккута Эдьигээн райпотугар биэс сыл үлэлии сылдьыбыт эргиэн үлэһитэ Бөтүрүөп Сэмэн Ыстапаанабыс, Сэрэх Сэмэн диэн хос аатынан биллэр биэнсийэлээх киһи, эмиэ Дьөгүөр курдук, тэрилтэтин үбүлүөйүгэр ыҥырыылаах ыалдьыт быһыытынан кэлбит. Икки орону таһынан өссө раскладушка уонна утуйар таҥас бэлэмнэммитинэн сылыктаатахха, үһүс киһи кэлиэхтээх эбит быһыылаах.

Ыалдьыттар, айантан сылаарҕаабыт дьон быһыытынан, тас таҥастарын көҕүрэтинэн, сынньанардыы оронноругар тиэрэ түһэн сытынан кэбистилэр.

– Киэһээ ханна аһаталлара эбитэ буоллаа? – Сэмэн Ыстапаанабыс, сааһырбыт киһи сиэринэн кыыкынаан, хотулардыы унаарыччы тардан саҥарар симик куолаһа иһилиннэ.

– Остолобуойга кэлээриҥ диэбиттэрэ, – Дьөгүөр тэрийэр хамыыһыйа чилиэннэриттэн эрдэттэн хааччыйа ыйытан билбитин дьукааҕар быһаара охсон биэрдэ. – Киэһэ алтаттан сэттэҕэ диэри болдьоммут кэми аһарыа суохтаах үһүбүт.

– Ээ, туохтан тутуллан аһарыахпыт буоллаҕаай, аска баҕас туочунай бөҕөө буоллахпыт дии.

Ыалдьыттар, 70-нус сыллар бүтүүлэрэ биир кэмҥэ түбэсиһэн үлэлии сылдьыбыт дьон, Эдьигээн оччотооҕу олоҕун, дьонун-сэргэтин туһунан уопсай өйдөбүллэрин ахтыһан, балай да өр кэпсэтэ сыттылар.

– Дойдубут барахсаны көрбөтөх даҕаны ыраатта, отуччаны эрэ кыайбат сыл аастаҕа дии. Балай да уларыйбыт, улааппыт.

– Этимэ даҕаныы, сүрдээҕин кэҥээбит. Урут бу иккилии этээстээх уопсайдар суохтараа, билигин сыалай кваарталлар баар буолбуттар, сайдан истэҕэ дии. Күн-дьыл даҕаны ааһара түргээн.

– Дьоно-сэргэтэ даҕаны уларыйдаҕа. Доҕоор, бу санаан көрдөххө, былыр да, кэнники даҕаны улахан дьон төрөөбүт-үөскээбит дойдулара эбит ээ бу Эдьигээн, – Бологуурап, кэтэх тардыста сытан, туох эрэ ырааҕы саныырдыы, дьиэ үрдүн одуулаһар. – Шемяков Николай Васильевич – ССРС Верховнай Сэбиэтин икки төгүллээх депутата, Кычкин Иннокентий Гаврильевич – аатырбыт учуутал, президент Николаев, Роман, Гаврил Дмитриевтэр, Хомус Уйбаан…

– Хайыы, доор, оттон олох былыыр Убаарыскайыҥ сыттаҕа дии, сахалыы маҥнайгы ахтыы уус-уран айымньыны суруйбут киһии, – Сэмэн Ыстапаанабыс холку бэйэлээхтик тииһин быыһынан сыыйда.

– Кырдьык даҕаны, эмиэ биир ураты киһи. Сахалары чахчы ис сүрэҕиттэн сөбүлүүр киһи эбит.

– Хайыы, оттон сахалар оттолоругар үөскээбит киһи буоллаҕа дии.

– Билиҥҥи Үт сахаларыгар айанын, сирдэрин-уоттарын үчүгэйдик көрдөрөн суруйар буолбат дуо?

– Этимии даҕаны.

Эмискэ ааны тоҥсуйан тобугураттылар.

– Оок, үһүс дьукаахпытын аҕаллылар быһыылаах, – Бологуурап, соһуйбуттуу саҥа аллайаат, аантан чугас сытар киһи быһыытынан, оронугар олоро түһэн, атаҕын таҥаһын кэтэн хачыгырайда. Тиийэн ааны аһан биэрбитигэр, дьиэ хаһаайката биир эдэр киһини батыһыннаран киирдэ.

– Бу үһүс квартираҥҥытын аҕаллым. Дьэ, эдэр киһи, манан раскладушкаҕа сытыаҥ буоллаҕа дии, таҥаһыҥ бу баар.

– Дорооболоруҥ, Куодайыысап диэммин, – хатыҥыр, үрдүк уҥуохтаах, бэрбээкэйигэр диэри унньулуйбут уһун хара сонноох, бартыбыаллаах эдэрчи киһи, эрчимнээхтик хамсанан, оҕонньоттору кытта илии тутуста.

Хаһаайка, намыһах суон дьахтар, Бологуурабы куукунаҕа ыҥыран киллэрэн, ыскааптарын арыйталаан чэйдииллэригэр аналлаах иһити-хомуоһу, холодильнигын аһан, икки улахан тууһаммыт балык, түүлүүн-өҥнүүн сытар анды, аллараа холбукаҕа хортуоска, луук баарын көрдөттөөтө:

– Бу эһиги аскыт, бэйэҕит астанан аһааҥ. Мин бырааһынньык күннэригэр кыыспар баран олоруом. Дьэ итигирдик, үчүгэйдик олоруҥ, – хаһаайка барытын быһааран, ыйан-кэрдэн биэрдэ.

Бологуурап, махтанан-баһыыбалаан дьиэлээх дьахтары атааран баран, дьонугар киирдэ.

– Дьэ, доҕоттоор, ас-үөл үрдүттэн сиригэр түбэспит дьон буоллубут. Холодильник иһэ толору ас: хортуоскатыттан андытыгар тиийэ. Күөстэниитин эрэ кыайыахха наада буолсу.

– Ама-ыы, доор, оттон остолобуой да аһа тотороо инии.

– Эмиэ даҕаны оннук ээ. Чэ бэйи, дьүһүнүттэн көрөн иһиллиэ.

Саҥа дьукаахтара көрүдүөргэ тахсар аан кэннинээҕи көхөҕө сонун ыйаан киирдэ. Хомуот үрдүгэр турар телевизоры тиийэн тутан-хабан көрдө, онтун-мантын эрийтэлээтэ да, үлэлээн кэлбэтэ. Онтон туһа тахсыа суоҕун билэн, телевизор үрдүгэр сытар хас да чараас кинигэлэри ылан эргим-ургум туппахтаан көрөөт, аахайбатахтыы, Бологуурап оронун иннигэр турар сурунаал остуолугар чөмөхтүү бырахта. Дьөгүөр олору соһуйбут курдук эһитэ тардан ылан көрүтэлээбитэ, хас да чараас медицинскэй брошюралары кытта Михаил Николаев «Глубина памяти» уонна «Новая Якутия. Начало» диэн дьоҕус кинигэлэрэ буолан биэрдилэр.

– Хайа, доҕоор, тоҕо бу кинигэлэринэн быраҕаттанныҥ?

– Ээ, атыттар эбит.

– Хайдах атыттар?.. – Дьөгүөр, өйдөөбөккө, киһитин өрө көрөн таһаарда.

– Художественнай кинигэлэр буолуо дии санаабытым.

– Һы, онтон атыны аахпаккын дуу?

– Соччо ааҕааччым суох.

– Ноо, тоҕо?..

– Соччо интэриэһиргээччим суох… – эдэр киһи, өһөспүттүү, наар биир халыып хоруйдаан, кэпсэтэр баҕата суоҕун биллэрдэ. Раскладушкатыгар тиэрэ түһэн, дьиэ үрдүн одуулаһа сытта.

Бологуурап, киһитин иһигэр киллэрбэтэхтии, саҥата суох иҥиэттэн кэбистэ. Брошюралары арааран туһунан ууран баран, кинигэлэри ылан эр-биир эргитэ-урбата туппахтаан, чараас хахтарын тас өттүнээҕи ойууларын сирийэ одууласпахтаата: илин саҕах үрдүнэн кытыаста кыыһан саҥардыы тахсан эрэр күн аннынан уйаара-кэйээрэ биллибэт күөх дуол тумарыктыйа нэлэһийэр. Ону үрдүнэн аарыма кынаттарын сараадытан хомпоруун хотой көтөн иһэр күлүгэ ойууламмыт. Бу аата Хотой Айыы таҥаралаах былыргы саха урааҥхай ууһун сирэ-уота, дойдута көрдөрүлүннэҕэ. «Глубина памяти» кинигэни арыйан аннотациятын аахта: «Вопросы о прародине человечества, происхождении и истории народа саха, предпосылки и проблемы зарождения государственности в Якутии. Эти и другие темы поднимаются в книге Президента Республики Саха (Якутия) Михаила Николаева».

Иккис кинигэ таһыгар алмаас таас көстөр, Мирнэй куорат тиэмэлэригэр сыһыаннаах бөлөх хаартыскалар бэчээттэммиттэр. Ис өттүгэр Михаил Николаев мичээрдии олорор мэтириэтэ, «Республика тутулуга суох экономикатын бөҕөргөтүүгэ маҥнайгы хардыылар уонна экономика сүрүн салаата – алмаас промышленноһа хайдах сайдан иһэрин туһунан автор бэйэтин көрүүлэрэ» диэн быһаарыы суруктаах.

Дьөгүөр президент суруйталаабыт хас да кинигэтин урут ааҕан турар. Бу кинигэлэртэн ураты «Генетический вектор…», «Страницы жизни народа саха» диэннэри уонна Арктика туһунан. Уопсайынан, суруйбута олус элбэх, хас да уонунан кинигэ дииллэр. Аахпыт кинигэлэриттэн сылыктаатаҕына, кини сүнньүнэн ыччакка, үүнэр көлүөнэҕэ уонна нуучча дьонугар туһаайан суруйар эбит. Дьиҥинэн олус туһалаах, кэскиллээх дьыала. Ону ыччаппыт, бу эдэр киһи да аахайбаттык сыһыаннаһарыттан көрдөххө, итини ситэ сыаналаабат, интэриэһиргээбэт курдук.

– Доҕоор, эн толору аатыҥ-суолуҥ ким диэҥҥиний, тугу үлэлиигин? – Бологуурап саҥа дьукааҕын диэки сүөргүлээбиттии көрдө.

– Куодайыысап Николай Петрович, журналиспын.

– Ханнык хаһыакка?

– Көҥүл прессаҕа…

– Ээ, аны оннук баар эбит дуу? Былыр биһи сахалыы тыллаах икки эрэ хаһыаты – «Кыымы» уонна «Эдэр коммуниһы» билинэр этибит.

– Ити ханнык кинигэ туһунан этэҕиит? – Бологуурап илиитигэр эргим-ургум тутан арыйталыы олорор кинигэтин көрөн, Сэмэн Ыстапаанабыс сэргэҕэлээбиттии ыйытта.

– Бастакы президеммит Николаев кинигэлэрэ.

– Ээ, ону этэр эбиккит дуу, элбэх кинигэлээх дииллэр даа, мин эмиэ биирдэрин даҕаны ааҕа иликпиин.

– Сыыстарар эбиккин. Сүрдээх ыраас санаанан, инникини, кэскиллээҕи ыччакка, республика, Арассыыйа норуоттарыгар анаан суруйар ээ, ону аахайбаппыт.

– Дьиҥинэн оннук бөҕөө буоллаҕа дии, барахсан ырааҕы өтө көрөр киһи. Ол гынан баран наар нууччалыы суруллубут буолаан, дьон аанньа аахпат дии саныыбыын.

– Оттон нууччалар аахтыннар диэн нууччалыы суруйан эрдэҕэ дии, – Дьөгүөр, кинигэни арыйталыы олорон, санаа таайтарыылаахтык саҥарда. – Саха олоҕун, историятын, быһыытын-майгытын олохтоох да, тас даҕаны нуучча тыллаах омуктар биллиннэр диэн.

– Сөпкө этэҕиин, пропагандалыыр буоллаҕа дии.

– Оннук буолбакка, бэл үөһээ былааска олорор тойотторбут билбэттэр дии, хайдахтаах тыйыс усулуобуйаҕа олорорбутун, үлэлиирбитин.

– Оттоон оннук ээ-э… – Сэмэн Ыстапаанабыс улгумнук сөбүлэһэрин биллэрэр.

– Көрө, бу дьоҕус кинигэҕэ биһиги историябытыгар сыһыаннаах үс боппуруоска сүрдээх интэриэһинэй быһаарыылары биэрэр. Бу мин урут аахпыт кинигэм, билигин ол миэстэлэри булуом, – Дьөгүөр, «Глубина памяти» кинигэттэн наадалаах миэстэлэрин көрдөөн, страницаларын түргэн-түргэнник үрдүлэринэн көрөн арыйталаабытынан барда. – Бу Юрий Мочанов диэн археолог учуонай 1982 сыллаахха Өлүөнэ уҥа биэрэгэр, Дьокуускайтан чугас соҕуруу сытар Дириҥ Үрэххэ, түҥ былыр, 1,7 мөлүйүөн сыллааҕыта, олоро сылдьыбыт дьон туттубут сэптэрин-сэбиргэллэрин булбут. Өскөтүн бу булумньулар айылҕа оҥоһуута буолбатах буоллахтарына уонна сыллара табата бигэргэннэҕинэ, киһи аймах аан бастаан Африкаҕа үөскээбитин туһунан өйдөбүл төрдүттэн түөрэ эргийэригэр тиийэр.

– Ноо, ол аата хайдаах?..

– Ол аата, тымныы, тыйыс айылҕаны утары туруулаһан тыыннаах ордуу усулуобуйатыгар өй-санаа, эт-хаан өттүнэн уһаарыллан, киһи аймах аан бастаан хоту дойдуга эрэ үөскүөн сөп диэн этэр.

– Һуй-йиэ-э, эмиэ да сөпкө дылы эбит ээ-э.

– Эс, убедительнайа суох, – эдэр киһилэрэ кэпсэтиигэ кыттыытын күрүчүөктэһииттэн саҕалаата.

– Ноо, тоҕо оннук саныыгын?

– Мочанов булумньулара да, датировкалааһына даҕаны саарбахтар.

– Көр да, доҕор, строгай киһи буоллуҥ дьэ. Ол эрээри манна даҕаны эн этэргэр маарынныыр баар эбит, – Дьөгүөр кинигэ биир страницатын балай да уһуннук сирийэн көрдө. – Эмиэрикэ археологтара ити тэриллэри 260 – 370 тыһыынча сыллааҕылар диэн быһаарбыттар. Оччотугар даҕаны Өлүөнэ хочотун олох эрдэтээҕи дьон булбуттар эбит диэн этиллибит.

– Оо, быданнааҕы кэм эбиит, оччотооҕута дьон букатын дьиикэй кэмнэрэ буоллаҕаа, – Сэмэн Ыстапаанабыс сөхпүттүү аҥаатынна.

Куодайыысап, эҕэлээхтик күлэн мүчүҥнээт, бэркиһээбит-тии, баһын быһа илгиһиннэ.

– Ол Мочанов булумньулара сымыйата-кырдьыга өссө дакаастаныан наада. Тоҕо эрэ ол малларынан тутта сылдьыбыт оччотооҕу дьон бастарын уҥуоҕун баччааҥҥа диэри була илик дии.

– Дьээ-э диэ эбитээ, доор.

– Ок-сиэ, дьэ тордуох киһи буолан биэрдиҥ ээ. Ол гынан баран онтуҥ Мочановынан эрэ быһаарыллыбат эбит. Атын дакаастабыллар бааллар.

Куодайыысап, сол да эҕэлээхтик ымаҥныырын кубулуппакка, өссө тугу этэр эбит диирдии, Дьөгүөр диэки хайыста. Киһитэ, кинигэтин төттөрү-таары арыйбахтаталаан, бииртэн биир холобурдары быһыта тутан ааҕан биэрэ-биэрэ, быһаара олордо:

– Түҥ былыргы дьонуҥ, төһө да дьиикэй аҥаардаах буоллаллар, холбоһон үөрүнэн сылдьан бултуурга үөрэммиттэрэ чуолкай. Холбоһууттан, сомоҕолоһууттан, судургу да буоллар, итэҕэл көрүҥнэрэ үөскүүллэр. Тыын өллөйө буолбут булт сүрүн көрүҥнэрэ тайах кыыл, таба оччотооҕу дьон сүгүрүйэр таҥаралара буолаллар. Тайах, таба, эһэ уобарастара үһүйээннэригэр, үгэстэригэр, сиэрдэригэр-туомнарыгар иҥэр түбэлтэлэрэ нуучча сирин хоту өттүгэр эрэ буолбакка, киин, соҕуруу уобаластарыгар, Украинаҕа, Польшаҕа, Арҕаа Европа дойдуларыгар Пиренейскэй тумул арыыга тиийэ олохтоох норуоттарга баар буола сылдьыбыт эбит.

– Аата дьиибэтэ, ону туох дакаастыыр эбитээй? – аны Сэрэх Сэмэн, саарбаҕалаабыттыы, туоһулаһан унаарытта.

– Дьэ дакаастабыл даҕаны баар ахан. Тешик-Таш, Тэгил-Таас диэн буоллаҕа дуу, хаспахтан неандерталь уол оҕо баһын уҥуоҕа көстүбүт. Тула өттүгэр төгүрүччү хайа бараанын муоһа кэккэлэтиллибитинэн сабаҕалаатахха, бу культ, итэҕэл, сиэр-туом бэлиэтэ буолар диэбиттэр. Элбэх эһэ уҥуоҕа дьапталҕаламмыт (тыһыынчаҕа тиийэ) хаспахтар баалларын булбуттар. Былыргы Грецияҕа эһэҕэ аналлаах «комедиа» диэн көрдөөх бырааһынньыктары тэрийэллэр эбит. Комедия диэн литература жанра ити тылтан үөскээбит. Дьиктитэ баар, Большая Медведица диэн Хотугу полушарие бөлөх сулуһун Россия хоту өттүн нууччалара соторутааҥҥа диэри «Лось», «Сохатый» дииллэр эбит. Поляктар Хотугу Сулуһу «Лосиха Хэглэн», Малая Медведица бөлөх сулуһу «Хэглэн оҕото», оттон эбэҥкилэр Большая Медведица сулус бөлөҕүн эмиэ «Хэглэн» диэн ааттыыллара үһү.

– Ити саарбах легендалар, тупсаран тугу баҕарар кэпсиэххэ сөп, – Куодайыысап соччо сэргээбэтэх быһыынан уоһун уһугунан эмиэ эҕэлээхтик ымах гынна.

– Бээ-бээ, тохтоо, легенда эрэ буолбатах. Таба ойуута скифтэр искусстволарыгар кытта баар, буолаары буолан халлаан көтөрдөрүн үөһээ өттүлэринэн ойууламмыт. Ол аата итэҕэл бэлиэтэ – халлаан табата буолар. Украинаҕа, нууччалар олорор киин уобаластарыгар таба ойуута прялкаларыгар, соттордоругар, куопсуктарыгар хайа да уруһуйдардааҕар хойуутук көстөр эбит.

– Муодатыын, доор, дьиҥинэн ынах-сылгы сүөһүгээ сүгүрүйүөхтэрин сөпкө дылы эбиит.

– Сөпкө этэҕин, киһи эрэ муодаргыан курдук. Ол аата, дьон, бэйэлэрэ да билбэттэринэн, эттэригэр-хааннарыгар иҥэн хаалбыт өйдөбүлүнэн, былыргы өбүгэлэрин үгэстэрин хатылыыллар эбит. Дьиктитэ диэн баар, омук-омук бэйэ-бэйэлэриттэн тутулуга суох халлаан табата итэҕэллээхтэрэ кинилэр художественнай уобарастарыгар көстөр.

– Дьээ дьиибэ диэтэҕииҥ.

– Онон маннык түмүгү оҥорор, – Дьөгүөр, истээччилэрэ болҕойоллорун курдук, сөмүйэтин чочоҥноппохтуур, – сүүһүнэн тыһыынча, мөлүйүөнүнэн сыллар усталарыгар биһиги түҥ былыргы өбүгэлэрбит бииргэ алтыһан, буккуһан олорбуттар уонна билиҥҥи өйдөбүлүнэн «киһи аймах уопсай сыаннастарын» үөскэппиттэр. Дьэ хайдаҕый?

Дьөгүөр, дьоно тугу этэллэрин кэтэһэн, иккиэннэрин диэки хардарыта көрбөхтөөтө. Балай да саҥа суох буолла. Куодайыысап, истибэтэх курдук, дьиэ үрдүн одуулаһан мэндээриччи көрөн сыппахтаат, аахайбатахтыы хардарда:

– Киһи үөскээһинин теориятыгар ити туох сыһыаннаах үһүө?

– Дьэ сыһыаннаах, доҕор. Ол аата, муус үйэ кэмигэр дьон хотуттан соҕуруу диэки сыҕарыйан испиттэрэ дакаастанар. Оттон уруккуттан биллэр теория быһыытынан, киһи аймах сылаас сиргэ Африкаҕа үөскээн баран, онтон Сир шарын бары өттүгэр тарҕаммытын туһунан этии манна сөп түбэспэтэ көстөр.

– Ноо, ол тугунан сөп түбэспэтиий? – аны Сэрэх Сэмэн тутуһардыы унаарытта.

– Тугунан диэтэххэ, Хотугу полушариеҕа Африкаттан төрүттээх киһи сылдьыбытын туоһулуур туох да суол-иис баччааҥҥа диэри көстө илик. Этэргэ дылы, соҕурууҥҥу киһи сыта да суох эбит биһиги дойдубутугар.

– Кырдьыга даа, туох кыһалҕаттан сылаас дойду киһитэ хоту талаһыа-ай? Арааһа, ити сөп этии быһыылаах.

– Буот, Сэмэн Ыстапаанабыс, сөптөөх түмүгү оҥордуҥ. Аны саамай интэриэһинэйэ диэн баар, ити таба, тайах культа, итиниэхэ маарынныыр итэҕэл, сиэр-туом, үгэс диэн биһиэхэ, сахаларга, хаһан да баар буола сылдьыбатах эбит. Ол туһунан ханнык даҕаны үһүйээммитигэр, олоҥхобутугар, былыргы сэһэннэрбитигэр ахтыллыбат.

– Кырдьыык даа оннук баара иһиллибэт ээ-э.

– Онон буоллаҕына, оччолорго биһиги бу дойдуга суохпут дакаастанан тахсар, биһиги өбүгэлэрбит ол кэмҥэ соҕуруу олорбуттар. Ити Михаил Ефимович иккис көтөҕөр боппуруоһа.

– Хантан кэлбиппит билигин даҕаны чуолкайдана илиик буолбаат?

– Манна хас да араас варианы, үгүс учуонайдар этиилэрин ырытар. Олортон, мин саныахпар, олох түҥ былыргы биис уустарыттан төрүттээхпит итэҕэтиилээх соҕус курдук. Генетиканы чинчийиинэн дьарыктанар сорох ааптардар этэллэринэн, сахалар геннэрэ европеоидтарга киирсэр курдук, төрүттэрбит арийдар буолалларын сабаҕалыыллар эбит. Нууччалар, индиецтэр, сахалар хааннарын састааба маарыннаһар өрүттээхтэрэ бэлиэтэммит.

– Көөр да, доор, дьиктии да буолар эбиит. Дьээ буолуо-буолуо, тыһыынчанан сыллар анараа өттүлэригэр араас буолуон сөп буоллаҕаа.

– Буот, Сэмэн Ыстапаанабыс итэҕэйдэ, оттон эн, доҕоор, хайастыҥ? – Дьөгүөр эдэр дьукааҕын тургутардыы үтэн-анньан көрдө.

Киһитэ, сөбүлээбэтэхтии, саҥата суох иэдэс биэрэн нөҥүө хайыһан сытта. Дьөгүөр кинигэтин салгыы арыйбахтаата.

– Аны кинигэбит үһүс боппуруоһа государственность үөскээһинин туһунан. Манна нуучча хаһаахтара Саха сирин хаһааҥҥыттан билэн-көрөн кэлбиттэриттэн саҕаланар.

– Ээ, ол судаарыстыбаннас туһунан ханна эрэ аахпытыым, итиннэ мин биири сөҕө саныырдаахпын. Ити Маһары диэн Бөдьөкө уола Тыгын сиэнэ буоллаҕаа дии. Көөр, бу киһииҥ аҕатын, эһэтин хаһаахтар өлөрбүттэрин өстүйэн иэстэһэр эбэтэр көп түгэх түһэр майгыны тутуспакка кинилэри кытта өйдөһөөн, биир тылы булсан өссө икки төгүл соҕуруу ыраахтааҕыны тиийэн көрсүбүтээ баар ээ, киһи сатаан санаабат, – Сэмэн Ыстапаанабыс баһын быһа илгистэн чыпчырыммахтаан ылла, – ити, сэрэйдэххэ, мыыдарастан тахсан эрдэҕээ дии.

– Сөпкө этэҕиэн, кини эрэ буолуо дуо? Соппуруон Сыраанабыҥ, Сэһэн Ардьакыабыҥ хайдахтаах дьонуй? Иккиэн Кэтириинэ Торуойу көрсөн, норуоттарын туһун хайдах туруорса сатаабыттарай?

– Оттоон этэбин ээ-э, киһи сөҕөөр диэн, Сибииргэ атын ханнык да омуктан итинниик баран туруорсубуттара суох ээ, бадаҕаа.

– Ээ, бу Илин Сибииргэ, бука, суох буолуо. Ити аата, биһиги былыр судаарыстыбалаахпыт, ньуолбар, дипломатияны, улаҕалаах, оҕуруктаах кэпсэтиһиини сатыыр улахан омуктан төрүттээхпит туоһута буолар.

– Оттоон оннугар тахсар ээ-э.

Дьөгүөр илиитин күөрэс гыннаран чаһытын көрбүтэ, түөрдү эрэ саҥардыы ааһан эрэрэ.

– Оо, уусуҥҥа диэри бириэмэ билигин даҕаны баар эбит. Дьэ оччоҕо иккис кинигэбитин көрүөҕүҥ, атын тугу гыныахпытый?

– Ээ-э, сытыахтааҕар син да этээ.

– Бу кинигэҕэ республика көҥүл экономикалаах буолуутун туруулаһыы, АЛРОСА сабыылаах компания хайдах тэриллибитин туһунан кэпсэнэр. Онон урут истибит, билэр боппуруоспут буоллаҕа, – Дьөгүөр кинигэ сорох илиистэрэ хоҥнон үлүбээй биир чөмөх угулла сылдьалларын араартаан, страницаларынан көрөн сааһылаата. – Хаарыан үчүгэй халыҥ кумааҕыны, килбэчийэн түһэн лааҕа бэрдин көрүөҥ этэ, куһаҕаннык килиэйдээбиттэр, илиистэрэ хоҥнон хаалбыттар дии.

– Оттоон страницалара барыта бааллаар инии. Туох буо-луой, биһиэхэ ис хоһооно буоллаҕаа, – Сэмэн Ыстапаанабыс кинигэ алдьаммытын улахаҥҥа уурбаттык хардарда.

– Дьэ буоллаҕа, сөбүлэһэн ылынан иһэр буоллахпыт… Манна 1991 сыллаахха Ельциҥҥэ ыытыллыбыт телеграмма баар эбит ээ, ааҕабын дуо?

– Дьээ, истиэххэ эрээ, – оҕонньоро чөрбөҥнүү түстэ.

Өр саҥата суох сыппыт Куодайыысап эмиэ сэргээн, истэрдии бэттэх хайыста. Дьөгүөр, күөмэйин оҥостордуу көхсүн этиппэхтээт, Саха сирэ алмааһы уонна көмүһү ССРС Гохраныгар ыытарын тохтоторун туһунан телеграмма ис хоһоонун добдугураччы аахпытынан барда.

– Ок-сиэ, доор, дьэ хорсуун да быһаарыныы эбиит. Барахсан абыраабыта ээ, онтон атын дьээ эстэрдээх этибиит, – Сэмэн Ыстапаанабыс сөҕөн эмиэ чыпчырыммахтаан ылла.

Арай Куодайыысап соччо сэҥээрбэтэхтик тыл ыһыгынна:

– Дьиҥинэн, итинник дьайыы Сэбиэскэй Сойуус Конституциятын куруубайдык кэһии буоллаҕа.

– Бу да киһи тылын, доҕоор, оччолорго Сойууһуҥ хаҕа эрэ хаалбыт, тыын харыһыга, тутуу былдьаһыы кэмэ буоллаҕа дии.

– Оннук буолбаккаа, көрөө-ө, кини оннугар урукку тойон олорбута буоллаар, Конституцияны тутуспута аатыраан хоргуталыыр этээ.

– Чахчыта буоллаҕа, көрбүт да, сэрэйбит да биир. Дьэ өлүү түптүр түгэҕэр төбөбүт оройунан куугунуур кутталга киириэ этибит. Севернэй завоз диэммит букатын кэлиэ суоҕа этэ, оччоҕо бары таракаан курдук тоҥордоох этибит.

– Этимэ даҕаныы, оннооҕоор Приморье, Камчаткаа, Магадаан, бэл кинилэр бэйэлээхтээр, кыс ортото тоҥон-хатан, тэлэбиисэргэ айдаан бөҕөтөө буолбута дии, – Сэмэн Ыстапаанабыс эдэр дьукааҕын диэки сиилээбиттии көрбөхтөөтө. – Таһырдьаа күөстэнэллэрин умуннууҥ дуо? Ыксаан тимир суолу туора сытан пуойастары харгыстыыр этилээр дии.

Дьөгүөр, үөлээннээҕин санаатын салгыырдыы, көбдьүөрэ түстэ:

– Дьэ оччолорго этэ дии, биһиги сылаас дьиэҕэ олорон, куоталаһа-куоталаһа, киһибитин үөҕэн чобуоххаһарбытыттан соло булбат кэммит.

– Оттоон тот да муҥнаах, аас да алдьархайдаах диэн баар дии. Биһиги тоттохпутунаа тугу даа хоҥуруубутугар хоннорбот буолааччыбыт. Оол кэриэтээ, алдьархайга түбэстэхпитинээ, мыык да диэччибиит суо-ох. Оннуук дуо, доор? – Сэмэн Ыстапаанабыс эдэр киһи диэки сорунуулаахтык эргилиннэ. – Арбыы, ол суруксуттуулларыын саҕанаа эн аатыҥ эмиэ иһиллэргээ дылы этэ дуу, алҕаһаатыым дуу?

– Баар да буоллаҕына, ону хайаары гынаҕын? – Куодайыысап өс-саҕа буолан утары мордьойдо.

– Кээс да, доор, оттон чуолкайдаһаары ыйыттаҕыым дии-и. Киһинии мээнээ үөхпээт баҕайыы, сэтэ-сэлээнэ кэлин бэйэҕээр төннөөр дииллээр, – Сэмэн Ыстапаанабыс сүбэлиирдии унаарытта.

– Харчы бараххан хамнатар буоллаҕа дии, урукку партократтар ускайдааһыннара. Сүгүн да олорботтор ээ, былаастара сууллубутун кэннэ ньимийэн биэриэ эбиттэр.

– Һэ-һэ-э, сүгүүн буолаллар ээ-э, уруккуларын курдук көҥүл айбардаары былаас былдьаһан Ньукулаайабы самнара сатыыллар буоллаҕаа.

– Диэмэ даҕаны, чахчы омук дьолугар кэлбит киһини сордууллар. Ордук санааһын, бэрт былдьаһыы диэн баар быһыылаах бу орто дойдуга саамай куһаҕан кыдьык.

– Һы, «омук дьолугар» ааттаах ээ. Ол үлүгэр тугу оҥордо? – Куодайыысап Дьөгүөрү эҕэлээхтик утары көрдө.

Дьөгүөр абарбыт уоҕар оронугар олоро түстэ. Киһитин супту одуулаан дьиппиэн куолаһынан чиҥник этитэлээтэ:

– Сүрүн, доҕор, көрөрүҥ-истэриҥ бүөлэнэн сылдьаҕын дуо? Сэбиэскэй былаас сэттэ уонтан тахса сылын устата оҥоһуллубутунааҕар уон сыл иһигэр элбэҕи оҥордо буолбат дуо? Үөрэхтээххин дии, ама олору ааттаталыыр наада буоллаҕай? Наһаалаан да эрэҕит, дьиҥ баары, кыларыйар кырдьыгы билиммэт диэн тугуй? Өбүгэлэрбит «аһыыр иһиккэ кулгуйуу» диэн итинниги этэн эрдэхтэрэ.

– Наһаалааһына диэн онно тугуй? – Куодайыысап, өһүргэнэн өс-саҕа буолан өрө хадьыаланан, эмиэ оронугар олоро түспүтүн бэйэтэ даҕаны өйдүөмүнэ хаалла. – Хата эн наһаалаан миигин үөҕэн бараары гынныҥ дии!

– Дьукаахпыт, култууралаах эдэр киһи, өһүргэһиҥ, күрүчүөктэһэ охсоруҥ түргэнэ бэрт эбит! – Дьөгүөр бэркиһээн ытыһын охсунан ылла. – Тоҕо тута баайсан бараҕын, доҕоор?

– Оттон кулгуйар диэтиҥ дии, ол тугуҥ тылай?

– Ок-сиэ, бу да киһини көр. Саатар ити өс хоһоонун билбэккин дуу? Аһыырын аһаан, сиирин сиэн баран махтаналларын умнубут дьону итинник этээччилэр, – Дьөгүөр киһитин, сиилээбиттии, супту одуулаан олордо.

Куодайыысап, киһи эрэ буоллар син мух-мах баран, саҥата суох бүк түһэн олорбохтоото. Онтон эмискэ тура эккирээн, аан хоско сулбу хааман тахсан сонун сиирэ-халты кэтээт, таһырдьа тахсан барда.

– Хайаа, доор, киһиҥ атахха биллэрдэ дии. Һэ-һэ-һэ-э, – аан сабыллар тыаһын кытта сэргэ Сэмэн Ыстапаанабыс холкутук күлэн эҥээриттэ.

– Куотан көрдүн. Тугу даҕаны дэҥ истиэхтэрин баҕарбаттар, кэлтэй кинилэр эрэ холуннарар, үөхсэр бырааптаах курдук сананаллар.

– Тыы-ый, оттоон урукку систиэмэҥ сүрүн куоһура оол буоллаҕа дии-и.

– Сөпкө этэҕин. Үөхсүөхтээҕэр, холуннарыахтааҕар эрэ буолуох, тыыннаах муҥун ытатыы, саба баттыыр, өссө репрессиялаан симэлитэр да кырыгар кыйыттыбыт дьон этэ буоллаҕа. Ол кинилэр өйдөбүллэригэр сөп, нуорма. Оттон бэйэлэригэр биир эмэ хатыылаах тылы утары эттэххинэ, үөхсүү аатырар. Дьэ сүрдээх логика буолбат дуо?

– Оттоон хабаххаа тыыннарыы кэмэ этэ буоллаҕаа.

– Оннук-оннук, билигин баҕас тэҥҥэ аахсар инибит, атын кэмҥэ олоробут курдук дии.

– Дьээ билигиин даҕаны сүгүүн бэриммэт дьон буолуохтараа. Ити репрессиялыыр, сиртэн симэлитэр диэн тылларгыын сөбүлүү истибэттэрэ чуолкаай, – Сэмэн Ыстапаанабыс, тэптэрэн биэрэрдии, аргыый сыыйда.

– Сөбүлээбэтиннэр, доҕор. Урут Аммосов, Ойуунускай, Бараахап курдук бастыҥ, үтүө дьоммутун мэҥиэстэн баран, буолар буолуохтааҕын курдук, сталинизмы арбыы, үтүөтүн таһааран, кураанаҕы дойҕохтуу сылдьалларын атыннык туох диэххэ сөбүй?

– Айыкка-а, дьэ ыарыылаахтык ылыныллар тыллары саҥардыыҥ, доор, арах-араах! Иһиттэхтэринэ, иэдээн.

– Мөлүйүөнүнэн буруйа суох дьону сордоон-муҥнаан өлөрбүттэрэ, бастыҥ араҥаны ирдээн туран имири эспиттэрэ ыарыылаах буолбатах үһү дуо?!

Кылгас түгэҥҥэ хайа-хайаларыгар табыгаһа суох тыҥааһыннаах уу чуумпу бүрүүкээтэ. Кинилэр олорон кэлбит олохторо, хас биирдиилэрин тус-туһунан дьылҕалара бу кэлин самныбыт систиэмэ, соҕотох партия сабардаабыт муҥур идеологиятыттан быһаччы тутулуктаммыттара.

Дьөгүөр Бологуурап, хайа инженерэ, үрдүк үөрэхтээх горняк эрээри, талбыт идэтинэн табыллан үлэлээбэтэх, үрдүк дуоһунаска, аакка-суолга, наҕараадаҕа тиксэн арбамматах киһи. Кини, университеты кыһыл дипломунан бүтэрбит, билии-көрүү өттүнэн биир бастыҥ специалист, үрдүккэ дабайыахтаах, улахан салайааччы буолуохтаах киһинэн ааҕыллара олоххо кыайан киирбэтэҕэ үгүстэри соһуппута, дьиктиргэппитэ. Идэтинэн син сүүрбэччэ сыл үлэлээбитэ эрээри, көннөрү прораб, хайа маастарын дуоһунаһыттан үрдээбэтэҕэ. Ол сүрүн биричиинэтинэн партията суоҕа буолбута. Сааһын тухары наар тыаҕа-хонууга оробуочайдары кытта бииргэ хара үлэ ыараханыгар сылдьан, киин бөһүөлэккэ, хонтуораҕа сыл баһыгар-атаҕар ахсааннаахтык көстөрө. Дьиэҕэ-уокка, кэргэттэригэр даҕаны күһүн-саас эрэ бэрт кылгас кэмҥэ көстөн ааһара. Партияҕа эрдэ киирэр кыах баара, аармыйаҕа сырыттаҕына, устудьуоннуур да кэмигэр тыл көтөҕөр түгэннэрэ бааллар этэ. Ону бэйэтэ уһатан-кэҥэтэн хаалларан иһэрэ. Тоҕо эбитэ буолла, кини эдэр сааһыттан олус хомуньуус буола сатыыр, былааска тарбачыһар карьерист дьону иһигэр киллэрбэт, ахсарбат буолара. «Оо, дьэ партиялаах, коммунист бэрдэ үһү ээ», – диэн өрө-сала көтөр өрүкүнэһээччилэри көрө-көрө, ордук санааһын имэҥэр ылларбыт дьонтон атыннык санаабат этэ. Ону баара, олох-дьаһах, үлэ-хамнас быһыытыгар-майгытыгар даҕаны көстөрүнэн, төһө даҕаны чиэһинэй, үчүгэй үлэһит буолларгын, партията суох буоллуҥ да, үтүөҕэ тиксибэт, үрдүккэ өнүйбэт аналланарга суруллубатах сокуон баара. Дьон туруору сүрүннээх, мас көнө өттүлэриттэн уратылара, ону бэркэ билэр буолан, партия халыҥ кэккэтигэр харыыта суох халҕаһалыы анньан киирбиттэрэ. Арай Дьөгүөр эрэ үөлээннээхтэриттэн хаалан хаалбыта. Күннээҕи олох, үлэ-хамнас туһунан кылгас ыстатыйалары, фельетоннары олохтоох хаһыакка суруйан муунтуйбут санаатын сайҕанара. Сыыйа республика хаһыаттарыгар, киин сурунаалларга тиийэ критическэй ис хоһоонноох, олох проблемаларыгар аналлаах публицистическай ыстатыйалара бэчээттэнэр буолан барбыттара. Кэлин кэргэнэ Саха госуниверситетын медицинскэй факультетыгар үөрэнэ барарынан сибээстээн, Дьокуускайга көспүттэрэ. Лена үөрэҕин бүтэриэр диэри сэттэ сыл устата тематическай экспедицияҕа техника-экономика салаатын партиятыгар инженеринэн үлэлээбитэ. Бу сылларга суруналыыстыкаҕа сыстан, «Кыым» хаһыакка штаты таһынан корреспондент быһыытынан промышленность тиэмэтигэр сыһыаннаах араас иһитиннэриилэрэ, ыстатыйалара сотору-сотору тахсаллара. Кэргэнэ үөрэҕин бүтэрэн, хоту дойдуга бырааһынан ананан аны Эдьигээнниир буолбуттара. Бу дойдуга кэлэн үлэттэн уурайар сааһыгар диэри олохтоох хаһыакка корреспонденнаабыта. Кэргэнинээн иккиэн пиэнсийэҕэ тахсан баран Дьокуускайга төннөн олохсуйбуттара. Онтон уларыта тутуу кэмигэр тыа сиригэр уларыйыы-тэлэрийии, кредит биэрии, чааһынай бас билии көрүҥэ киириитин, былыргы НЭП саҕанааҕы курдук табыгастаах кэм эргиллибитин бэйэтэ тыаттан төрүттээх киһи буолан кэрэхсии, эҕэрдэлии көрсүбүтэ. Сотору тоҕоостоох түгэн тосхойбутунан туһанан, аны бэйэлэрэ тыаҕа тахсан, сүөһү-ас тэринэн, дьиҥнээх сахалыы олоххо көспүттэрэ.

Киниэхэ холоотоххо, Сэмэн Ыстапаанабыһыҥ, хомуньуус бэрдэ буолан, кинитээҕэр быдан тахсыылаахтык үлэлээбит киһи. Продснаб тойоно, партбюро сэкирэтээрэ, Дьокуускайга тиийэн республика Госснабыгар тиийэ салайсыбыт киһи буоллаҕа. Өйдөөҕүн өйдөөх хата урукку систиэмэ эстэрин, партийнай идеология мөлтүүрүн саҕана партиятыттан аккаастанан, билиэтин остуолга ууран биэрбит сурахтааҕа. Дьөгүөр, ону өйдөөн, киһититтэн чуолкайдаһыах санаата киирдэ.

– Арба даҕаны, Сэмээн, эйигин партийнай билиэтин бэйэтэ остуолга ууран биэрбит үһү диэни истибиттээҕим ээ. Ол кырдьык дуо?

– Ээ, кирдиик буолумунаа, – Сэмэн төтөлө суох унаарытта.

– Ол тутатыгар чэпчэкитэ суох дьыала буолуохтаах ээ. Туох санааттан оннукка соруммуккунуй?

– Ээ, бэйэбиттэн бэйэм кэлэйээн. Сыллааҕы отчуот, квартаал аайы сымыйа сыыппараа, припиискэ бөҕөтөө. Надайыаллаан, тулуурбуттан ааһан ыксаан олордохпунаа, хата тоҕоостоох кэм бэйэтэ кэлбитээ.

– Дьэ ханныгын да иһин интиҥ хорсун санааттан тахсар. Онно санамматах дьонуҥ билигин, партия дьиҥнээх патриоттара кинилэр буолан, эһигинниктэри таҥнарыахсыттарынан ааҕаллар ээ.

– Ээ, һэ-һэ, эһэни көрөн баран суолун ирдээбиккэ дылы, сүтэрэрин сүтэрээн, эстэрин эстээн баран биһигинниктэринэн кыһыыларын-абаларын таһааран эрдэхтэрээ, – Сэмэн, кэлэйбиттии, эҕэлээхтик унаарытта.

Дьөгүөр күлэ түстэ.

– Дьэ, доҕор, олус да таба холоон эттиҥ. Кырдьык, сүтэн, мэлийэн хаалбыт дьыаланы баран кураанах күлүгүн харбыалаһа сатааһын да диэн. Туһата суох халтай дьарык буоларын өйдөөбөттөрүн киһи сатаан санаабат.

– Доор, хомуньуус паартыйа идьиэйэтээ диэн сэттэ уонча сыл устата дьон-сэргэ өйүгээр-санаатыгаар иҥмитэ дириҥэ бэрт буоллаҕаа, – Сэмэн бэйэтэ бэйэтигэр кэпсиирдии быһаарда. – Ону хайдаах эмискэ уларытан кэбиһиэххиниий? Онуоха эбии биһиги омук бэйэбит даҕаны үөрэтиинии-такайыыныы олус бэриниилээхтик ылынааччыбыыт.

– Кырдьык, иҥэриммиппитин ыһыктан биэрбэппит бэйэбит киэнэ буоллаҕа. Ону билиниэххэ сөп. Ол гынан баран сорохторуҥ билигин да былааска араас дуоһунаска үлэлии сылдьан реформаны утараллара, олох хаамыытын туорайдаһаллара, барытыгар төттөрүлэһэ олороллоро кыһыыта бэрт буолбатах дуо?

– Оол ити былаас былдьаһааччылар уоннаа кинилэр хос моонньохтороо олустууллаар.

– Оо дьэ, этимэ даҕаны, били президеммит быыбарын кэмигэр дьүһүлэммиттэрин көрүөҥ этэ. Урут Николаевтан өйөбүл ылан үрдүккэ ыттыбыт, аакка-суолга тиксибит дьонтон үксүлэрэ кинини таҥнарбыттара киһини кэлэтэрин ааһан олус дьиксиниилээх, кутталлаах санааны үөскэтэр. Өрөспүүбүлүкэ, норуот туһун таһы умнан туран, үрдүкү структуралар, олигархтар интэриэстэригэр харчыга атыыланар диэн төрөөбүт дойдуну, нацияны таҥнарыы буолбатах дуо? – Дьөгүөр, санньы туттан олорбохтоот, хараастыбыт куолаһынан аат эрэ харата хардарда.

– Сөпкө этэҕиэн, былааска иирэн, харчыга хараҥараан дьон кэрээниттэн тахсан эрээр.

– Киин сир оҕуруктаах санаалаахтарын угаайыларыгар киирэн биэрэн олохтоох «дьорҕоотторбут» үрүт-үөһэ үҥсүү-харсыы тэрийэннэр, бэйэбитинэн киһибитин туораттардылар. Омуктарын дьылҕатынан оонньообуттара хаһан эмэ аньыылара таайыа ээ. Алыс үүнэ-тэһиинэ суох бардылар.

– Һээ дьэ, буолан иһээхтээтэхпит эбээ, илбит-эйэбиит суоҕа бээрт.

Оҕонньоттор санааҕа түһэн өрүтэ тыынан саҥата суох олорбохтоотулар. Дьөгүөр чаһытын көрүннэ.

– Ок, алтабыт чугаһаабыт ээ, доҕоор! Остолобуойдуур кэм буолбут, барыахха, – ибири-сибири хомунан, таһырдьа иккилии этээстээх уопсайдар быыстарынан киэҥ уулуссаҕа тахсан, биэрэк диэки аллара киирдилэр.

Биһиги Аан Дархаммыт

Подняться наверх