Читать книгу Биһиги Аан Дархаммыт - - Страница 7

Бастакы түһүмэх
Хотуттан хотоҕой анньынан
Эргитэ санаатахха

Оглавление

Оскуолатааҕы оҕо саас өлбөөдүйбэт өрдөөҕү түгэннэрэ Михаил Ефимович туоххаһыйбыт санаатыгар күн бэҕэһээҥҥи курдук элэҥнээн аастылар.

Оскуолалара эрэйдээх сэттэ уонус сыллар бүтэһиктэригэр диэри турбута. Оччолорго балай да улахан дьиэ этэ, көтүллүбүтэ бэлиэр үйэ чиэппэрэ буолан эрэр эбит. Билигин икки этээстээх, быйыл аҕай евро-өрөмүөнүнэн саҥардыллыбыт, аныгылыы толору тэриллээх, маллаах-саллаах бөһүөлэк ортотугар тутуллубут бэртээхэй оскуолалаахтар. Урукку кинилэр интэринээттэрэ уонна учууталлар олорбут биир уопсайдара билигин даҕаны ордон тураллар. Интэринээт оҕо музыкальнай тэрилтэтэ буолан кэм да туһалыы тураахтыыр эбит.

Михаил Ефимович дойдутугар кэллэр эрэ оскуолата турбут сирин, интэринээтин тиэргэнин быһа ааспат. Хайаан даҕаны кэлэ сырыттаҕына, сүүрбүт-көппүт, оонньообут-көрүлээбит оскуолатааҕы оҕо сааһын тэлгэһэтин көрдөҕүнэ, тула хаамтаҕына эрэ астынар.

Бу бүгүн эмиэ кэлэн эргийэ хааман, үгүһү-элбэҕи эргитэ санаата, уруккуну-билиҥҥини тэҥнии тута, уларыйыыны-тэлэрийиини көрө-истэ, инникини, кэскили түстээн иһигэр толкуйдуу, былаанныы истэ. Стрекаловка үрэх эниэ сыырын таҥнары хааман, үрэх төрдүнээҕи Эбэ хааһын кумах тумсугар тохтоон, хотуттан эҥсэр киэһээҥҥи сииктээх сиккиэри утары хайыһан, улуу өрүс уйаара-кэйээрэ көстүбэт киэҥ иэнин одуулуу турда.

Санаа… Сатаан сабаҕаламмат салаҥ күүс… Киһи аймах санаатын күүһүнэн Аан Ийэ Дойду айыллыытын историятыгар кылгас кэм иһигэр балысхан үүнүү-сайдыы суолун тутуһан кэллэҕэ, салгыы сайдар тэтимэ өссө киһи үөйбэтэх өттүнэн эбии улаатыа, күүһүрүө турдаҕа.

Санаа чаҕылҕан түгэнэ быралыйар былыргыны, быдан ырааҕы, үйэ күдэнигэр, күн-дьыл тумарыгар саспыт ааспыты эргитэн аҕалан хараҕыҥ иннигэр өрдөөҕү өбүгэлэрбит сирдэрин-уоттарын, олохторун-дьаһахтарын дьүһүннээн-бодолоон ойуулаан биэриэ, саҥардан-иҥэрдэн, иэтэн-туотан өйдөрүн-санааларын этитиэ, сүүрдэн-көтүтэн, айдаран-алдьаттаран мөккүөрдэрин-охсуһууларын көрдөрүө…

Санаа – инники дьылҕаны, сүрэх баҕатын түстүүр сүдү аналлаах күүс.

* * *

Оо, Улуу Эбэ, тыһыынчанан муҥаат сыллар эҥсиллэр киэҥ уораҕайдарын таһаатыгар төһөлөөх эрэ киһи үөйэн-ахтан көрбөтөх үлүскэн үгүс быһылааннарын, олох-дьаһах хаамыытын, күн-дьыл уларыйыытын көрөн кэллиҥ буолла!

Дьоҕус ахсааннаах, дьулурҕа санаалаах урааҥхай саха эн илгэлээх кытылгын булуоҕуттан, уорааннаах тыйыс айылҕаҥ тоҥ буоругар хам тоҥон өлөн-сүтэн хаалбакка, үгүс үйэлэргэ тыыннаах буолар туһугар мөхсөн, өй-сүрэх мөккүөрүн өрө тутан, күн бүгүнүгэр диэри омук быһыытынан ордон кэллэҕэ.

Тымныы полюһунан аатырбыт планета саамай тыйыс, хаҕыс айылҕалаах сиригэр, Илин Сибиир Хотун киэҥ иэнин хотугу эргимтэтигэр ынах-сылгы сүөһүнү дэлэччи иитэн, тоһуттар томороон тымныылаах тоҥ буор дойдуну аал уоту оттунан, алаһа дьиэни тэринэн сылаас тыынынан сылыппыт, үрүҥ илгэни үрүлүппүт, уйгу быйаҥы үксэппит сахаттан атын омук бу орто аан ийэ дойдуга суох эбээт. Туох да диэбит иһин, сахаҕа тиийэр тулуурдаах, көнө, судургу, сытыары-сымнаҕас майгылаах, нуучча судаарыстыбатыгар ураты бэриниилээх, улахан өҥөлөөх норуот аҕыйаҕа чахчы.

Нуучча хаһаахтара үрэр саа күүһүнэн өбүгэлэрбитин өмүтүннэрэн, куттарын-сүрдэрин тоһутан бас бэриннэриэхтэриттэн ыла дьаһаах төлөбүрүнэн сирэйдээн, төһөлөөх күндү түүлээҕи хоро таспыттара, сүөһүлэрин-астарын, ойохторун-кыргыттарын былдьаан олохторун огдолуппуттара ама мэлдьэх буоллаҕай? Ол барыта докумуоҥҥа, сурукка-бичиккэ тиһиллэн, араас архыыптарга киирэн сылдьар.

Саҥа сири баһылыыр хаһаахтар этэрээттэрэ, киис эккирэ-тиитигэр сылдьар промышленниктар, олохтоох омук бэлэмигэр тирэҕирэн, нэлэмэн киэҥ сиринэн тилийэ тарҕаммыттара. Кыһалҕалара диэн остуруоктары, симиэбийэлэри тутуу этэ. Аһыыр ас, миинэр миҥэ, туттар сэп-сэбиргэл, сирдьит дьон, үлэһит илии барыта үрдүттэн буолара. Ол да иһин кылгас кэм иһигэр бүтүн Илин Сибиири, Забайкальены Камчаткаҕа, Приморьеҕа тиийэ тилийэ сүүрдэхтэрэ дии. Бу улууканнаах географическай арыйыылар үксүлэрэ саха омук өҥөтүнэн, кини сылгы көлөтүнэн, аһынан-үөлүнэн, мындыр уус, сирдьит, сүбэһит-үлэһит дьонунан ситиһиллибитэ. Охотскай, Өймөкөөн, Халыма курдук сир уһуга дойдуга тиийэ быраҕыллыбыт былыргы айан аартыктарын аайы тыһыынчанан саха атын уҥуоҕа дьаргыл таас олбохтуу тэлгэнэн сытарын туоһулуур биир да ханан эмит бэлиэ, сибики баара билиҥҥитэ биллибэт. Алыс барытын билиммэт буолуу, ырааһынан мэлдьэһии баттал, сэнэбил биир саамай ньэгэй көрүҥэ буолар. Урут ыраахтааҕылаах Россия саҕана уһулуччу өҥөлөөх олохтоохторго, сэдэх да буоллар, кэм мэтээл, куортук биэрэн, аат-суол иҥэрэн бэлиэтиир эбит буоллахтарына, ол сэбиэскэй кэмҥэ умнуллубута. Бу дьыала сөргүтүллүөхтээх, история кырдьыга тиллиэхтээх.

Төһө да баттабылга, үтүрүллүүгэ сырытталлар, оччотооҕу саха омугун бас-көс дьонун ортотугар ырааҕы анаарар инникини түстээччилэр норуот олоҕун быһаарыылаах күчүмэҕэй кэмнэригэр үөскээн, олорон ааһар түбэлтэлэрэ хайаан даҕаны баар буолар эбит. Тыгын сиэнэ, Бөдьөкө уола Маһары олус уустук кэмҥэ олорон ааспыт киһи. Хаһаахтары кытта кыргыһыы маҥнайгы сылларыгар эһэтэ Тыгын өлөрүгэр түөртээх-хастаах оҕо оччотооҕу суостаах-суодаллаах кэми чуолкайдык өйдөөбөт эбит буоллаҕына, 1642 сыллаах бастаанньаҕа кыттыбыттарын иһин аҕатын Бөдьөкөнү, убайын Чаллаайыны маҥнайгы бойобуода Петр Головин ыйаан өлөртөөбүтүн уон түөртээх уол үчүгэйдик өйдүүрэ чахчы.

Үгүс сыллар усталарыгар Маһары бэйэтин таһынан өлбүт аҕатын, убайын тустарыгар дьаһаах төлүүр. Санаан көрдөххө, тустаахха улахан баттабыл, атаҕастабыл буолара саарбахтаммат суол. Ол да буоллар кини өһү-сааһы өйүгэр-санаатыгар туппат, бэйэтин кыатана, тулуйа сатыырга үөрэнэр. Бүрүүкээн турар кэм, олох-дьаһах сабардама туох да үүтү-ааны булларбат, кыаҕы таһынан саба баттаныы быһыытын-майгытын үөскэппитэ. Өрөлөстүҥ да, таах ыттыы өлөртөн атын төлкө суоҕа. Хаһаахтар саа-сэп күүһүнэн бэриннэриилэрэ диэн өссө кыра. Кэмэ суох элбэх илиигэ-атахха иилистэ, кэһиллэ сылдьар киис баайдаах дойду арыллыбытын туһунан омуннаах кэпсээн сири-сибиири тилийэ көтөн ыраахтааҕыга тиийэ иһиллибитин кэнниттэн аата-ахса биллибэт, сиргэ-дойдуга баппатах араас урдустар, ол иһигэр буруйтан-сэмэттэн куота сылдьар саарбах дьон киис сойуотугар тууһугурбут халыҥ халҕаһалара кылгас кэм иһигэр Саха сирин үгүс муннуктарыгар кутулла түспүттэрэ. Оччотооҕу суут-сокуон диэн тугун дьүүлүн-дьаабытын бүдүүлүү барбат, уорартан-талыыртан, өлөрөртөн-өһөрөртөн даҕаны туттуммат урдурҕаччылар сытар ынаҕы туруорбат сытыары-сымнаҕас, көнө майгылаах олохтоох дьону төһөлөөх түүрэйдээн олохторун огдолуппуттарын этиэххэ, кэпсиэххэ кэрэгэй. Ыраахтааҕы аатынан хомуллар дьаһааҕы таһынан, туох да көмүскэлэ суох олохтоохтору аны араас хаамаайылар сүөһүлэрин-астарын үтэ гынан, кэргэттэрин, кыргыттарын ойох оҥостон, түүлээхтэрин, малларын-салларын былдьаан, уһун сылларга төһөлөөх талбыттарынан айбардаан, күннээн-күөнэхтээн олорон ааспыттарын кырдьыгынан билиниэхпитин бэйэбит кыбыстабыт.

Маннык өйү-санааны тууйар-тумнарар хааннаах хабала сабардаабыт кэмигэр тугу гынан, туох суолу-ииһи тобулан олоҕу оҥостуохха, дьон-сэргэ, омук кыһалҕатын аччатыахха сөбүй диэн толкуй оччотооҕу бас-көс дьон төбөлөрүн элбэхтик сыспыта чуолкай. Сирэйэ-хараҕа суох халабыры, атаҕастабылы тулуйа сатаан баран ыксаан утарсыылар, өрө туруулар онно-манна, ордук хаҥаластар өттүлэриттэн, тахсыталыы сылдьыбыттара кырыктаахтык сабыта баттанан иһэллэрэ. Буорах саа буулдьатын, тэргэн тэрил күүһүн утары ох саанан тугу гынаахтыахтарай, кэлтэй кыргыллан эрэйдэрэ-буруйдара, сордоро-муҥнара эбии элбиирэ. Ол эрээри сүрүн итэҕэстэрэ түмсүүлэрэ суоҕа, улуус-улуус бэйэ-бэйэлэрин икки ардыларыгар атааннаһыылара атахтыыра. Ол туһунан историк С.М.Соловьев маннык бэлиэтээн суруйбута баар:

«Несмотря на появление здесь и там сильных духом родоначальников между дикарями, им не сладить было с русскими людьми, роды были слишком ничтожны, разбросаны на огромных пространствах и враждебны к друг другу: вспыхнет восстание, для его подавления пойдут русские люди, их ничтожное число, человек 15, но с ними толпа покорных туземцев, которые идут усмирять своих; осадят дикари в острожке русских людей, на выручку последним спешат другие дикари». Көстөрүн курдук, улахан үөрэхтээх интэлигиэн киһи оччотооҕу кэм сиэринэн сахалары сэнэбиллээхтик дьикээрдэринэн ааҕар буоллаҕына, чахчы дьиикэй хааннаах хаһаахтар, хаамаайы урдустар сыһыаннара хайдаҕын сэрэйбит да, көрбүт да биир. Ол гынан баран Соловьев чахчы баар, мэлдьэһиллибэт суолу суруйар. Ону хас да дьиҥнээх буолуталаабыт историческай чахчылар туоһулууллар.

1648 сыллаахха малдьаҕардар хаһаахтарга утарсыыларыгар Тыгын аймаҕа Өйүк уонна Үөчэй диэн Хаҥалас тойотторо Пушкин бойобуода хаһаахтарын кытта бииргэ тиийэн кинилэри уҕарытыыга кыттыспыттар.

1676 сыллаахха Дьаархан тойоно Болтоһу Тимирэй өрө туруутугар Нам тойоно Нохто Ньыыкын кинини утары хаһаахтары кытта сүүрбэ киһилээх сэбилэниилээх этэрээти, 40 аты, үс куйаҕы биэрэн ыытар.

1693 сыллаахха өр бэриммэккэ олорбут Индигиир ламуттарын утары эмиэ хаһаахтары кытта Маһары, Бороҕон тойоно Хапчын уола Чуука бэйэлэрин дьоннорунаан барсаннар ламуттары утары киирсиигэ кытталлар уонна тылларыгар киллэрэн бэринэргэ күһэйэллэр.

Бу быстарык, быһымах быһылааннардаах тыҥааһыннаах уустук кэмҥэ олорон ааспыт өбүгэлэрбит иэдээннэрин быһаарар биир сүрүн төрүөтү этиэххэ сөп. Ол нуучча хаһаахтара Саха сирин Тыгын тойон Улуу Или, билиҥҥинэн государственноһы, тэрийэр санаанан араас ньыманы туттан, ол иһигэр күүһүнэн дьарыйары, ардыгар үҥүүнү-батаһы туттары даҕаны кэрэйбэккэ, атын улуустары барыларын бииргэ түмэр күүһэ-күдэҕэ ситэ илик кэмигэр булбуттара буолар. Тус-туһунан ыһыллан олорор аҕа уустарын буорах саалаах аҕыйах да киһи оччотооҕу кэм сиэринэн бэриннэрэрэ уустуга суох дьыала этэ. Оттон Тыгын кэмигэр бэйэ-бэйэлэрин кытта иирсэ, кыргыһа олорбут, кыайан түмүллэ илик улахан уустар ис иирсээннэрин быһаарсалларыгар төттөрүтүн хаһаахтары бэйэлэрин диэки тарда сатыыр түбэлтэлэрэ тахсыталыыр эбит. Ордук бороҕоттор, намнар хаҥаластары кытта атааннаһыыларыгар оннук түгэннэр көстөллөр. Хаһаахтар ону таба туһанан, улахан уустар тойотторун бэйэ-бэйэлэригэр киксиһиннэрэн, утарыта туруортаан, өрө туруу көрдүгэнин, бастаанньалары олохтоохтору бэйэлэрин көмөлөһүннэрэн саба баттыыллара. Ол эрээри дьон улаҕалаах өйдөөхтөрө, эр сүрэхтээхтэрэ оччолорго даҕаны бааллара. Күүс, сэп-сэбиргэл өттүнэн быдан баһыйтарар тэҥэ суох балаһыанньатыгар киирсии, ол киирэн аҥаардастыы кыргыллыы көстөн турар алдьархайын өйдүүр дьон өттө көдьүүһэ суох хаан тохтуутун бохсор инниттэн дьоннорун-сэргэлэрин өлүү-сүтүү үксүү илигинэ өйдөтө-тохтото сатаан бэринэргэ ыҥыран тыл-өс эппит, бопсо-хаайса сатаабыт түбэлтэлэрэ даҕаны баар буоллахтара. Оннук өйүнэн-санаанан салайтаран Өйүк уонна Үөчэй аймахтарын малдьаҕардары буойа-бопсо сатаабыт буолуохтаахтар. Эмиэ оннук сыалы тутуһан Маһары Чуукалыын Индигиир олохтоохторун өйдөтөн тылларыгар киллэрдэхтэрэ. Улахан уустар тойотторо Лөгөй, Мымах билиҥҥи кэм кэрдиитин үрдүттэн көрүүгэ түмсүүлээх утарсыылар кэмнэригэр туора турар, туорайдаһар түбэлтэлэрэ таҥнаран биэрии курдук көстүбүтүн иһин, оччотооҕу уустук, халбархай кэмҥэ сөптөөх быһаарыныы быһыытынан билиниллиэн сөп. Дьиҥинэн, оччотооҕуга бу тоҕоостоох политика этэ. Сэп-сэбиргэл күүһүнэн тугу да ситиһэр кыах суох кэмигэр ньуолбар сыһыаны тутуһан, нуучча судаарыстыбатын билинэн, кини үрдүкү салалтатын көмөтүнэн олохтоох быһыыны-майгыны көннөрөр, омугу араҥаччылыыр суолу-ииһи тобулар өй-санаа бас-көс дьоҥҥо киирбит буолуохтаах. Олох-дьаһах ыараан, быһыы-майгы уларыйан истэҕин аайы Лөгөй курдук дьон тыла-өһө, дьайыыта табыгастааҕа өйдөнөн, сыыйа норуот өйүгэр-санаатыгар олохсуйан, кэлиҥҥи көлүөнэ дьон ол сөптөөх суолу тутуһан салгыы сайыннарбыттара биллэр. Оннук дьонтон биирдэстэринэн Маһары буолар. Кини өһү-сааһы ситиһэ барбакка, бойобуода былааһын билинэн күүс-көмө буолан, бииринэн, нуучча тойотторун, хаһаахтар харахтарыгар быраҕыллан, иккиһинэн, дьонун-сэргэтин быстах-быһымах быһыылартан араҥаччылаан, этэргэ дылы, икки куобаҕы өлөрөн, Хаҥалас улууһугар биллэр-көстөр бас-көс киһилэрэ буолар.

1669 сыллаахха улахан уустар баһылыктарын тэрээһининэн дьаһаах төлөөччүлэр ааттарыттан 110 киһи илии баттааһыннаах Алексей Михайлович ыраахтааҕы аатыгар көрдөһүү сурук ыыталлар. Онно киис быста эстибитинэн сибээстээн, дьаһаах төлөбүрэ олус ыараабытын этэн тураннар, сахалар киниэхэ бэйэлэрэ тиийэн көрсүһэллэригэр, быһаарсалларыгар көҥүл көрдөөн суруйаллар. Бу саха олоҕун оҥостуутугар, омугу эстииттэн-быстыыттан быыһыыр суолу тобулууга саамай сөптөөх быһаарыныы этэ. Ыраахтааҕы ыйааҕа суох Саха сиригэр хайдах даҕаны түптээх олоҕу төрүттүүр кыах, суут-сокуон суоҕа. Сурукка илии баттаабыттар ортолоругар Маһары эмиэ баара.

Көрдөһүүлэрэ син таах хаалбатаҕа. 1676 сыллаахха ыраахтааҕы ыйааҕын быһыытынан Маһары, Нам тойоно Нохто Ньыыкын, Мэҥэттэн Тирэх Өрсүкээйэп буоланнар от ыйыгар Москваҕа айаннаан, ол сыл кыһыныгар тиийэллэр. Ахсынньы 25 күнүгэр кинилэри ыраахтааҕы Федор Алексеевич көрсөр. Сахалар ыраахтааҕыттан, бастатан туран, саамай ыарыылаах боппуруостарын – бойобуодалар уонна дьаһааҕы хомуйааччы хаһаахтар үүнэ-тэһиинэ суох барыыларын бопсор дьаһалы ыларыгар, өлөрүүттэн ураты кыра дьыаланы (биэс солкуобайга диэри) быһаарыыны олохтоох тойотторго бэйэлэригэр биэрэллэригэр көрдөһөллөр. Иккиһинэн, дьаһааҕы хомуйааччы дьон ахсааныгар уус баһылыктарын кытта киллэрэргэ уонна тойоттору дьаһаах төлөбүрүттэн босхолууру модьуйсаллар. Ыраахтааҕы, дьаһаах төлөбүрүттэн ураты, икки туруорсууларын ылынар. Онон, билиҥҥинэн эттэххэ, гражданскай дьыала суутун сахалар тойотторо бэйэлэрэ көрөр бырааптаммыттара. Ону таһынан дьаһаах хомуйааччы ахсаана саха тойотторун суотугар хаһаахтар өттүлэриттэн аччыыр. Бу оччолорго улахан ситиһии, үүнэ-тэһиинэ суох халабыртан арыый быыһаныы этэ.

1680 сыллаахха Маһары Москваҕа Бороҕонтон Чуука Хапчыынабы уонна Мэҥэттэн Чугуун Бодоойобу илдьэ иккиһин тиийэр. Бу сырыыга кини ыраахтааҕыттан кинээс сололоох төннөр, онон сахалартан маҥнайгынан кинээс солотун ылар. Аан маҥнай судаарыстыба интэриэһэ диэн өйдөбүл үөскүүр уонна онон сиэттэрэн хардарыта өйдөһүү (компромисс), бииргэ үлэлээһин төрүттэрэ түстэнэллэр. Өстөһөн туох да кэскилэ суох кыргыллан эстэн хаалар дьылҕаттан быыһаныыга Маһары таба суолу тобулан норуотугар улахан өҥөнү оҥорбута.

1768 сыл алтынньы 17 күнүнээҕи императрица Екатерина II анал ыйааҕынан Маһары хос сиэнэ Соппуруон Сыраанап Россия империятын саҥа сокуоннарын түһүмэҕин оҥорор биэс сүүстэн тахса киһилээх хамыыһыйатын чилиэнинэн бигэргэммитэ. Бу улахан суолталаах солону кини бэрт үгүс мэһэйи, бобууну-хаарчаҕы бэйэтин кыаҕынан, хорсун санаатынан туораан ситиспитэ. Соппуруон Сыраанап саха улуустарын аатыттан аҕыс суол боппуруоһу туруорсубута:

1. 1768 сыллаахха Дьокуускайдааҕы бойобуода кэнсэлээрийэтэ дьаһаах хомуурун таһынан сокуоннайа суох олохтообут эбии хомуурун кэлэр сыл төлөбүрүгэр түһэрэргэ;

2. Сахалар дьаһааҕы, анал хомуйар дьон күһэйиилэринэн буолбакка, бэйэлэрэ көҥүл өттүлэринэн төлөөһүннэрин олохтуурга;

3. Сахалар нууччалыы билбэттэрин уонна нуучча тылбаасчыттара анал билиитэ суохтарын учуоттаан, сахалары, ыар буруйтан уратыга, бойобуода кэнсэлээрийэтэ сууттуурун тохтоторго;

4. Саха тойотторугар үлэлэрин иһин сүүрбэ сыллааҕыта тохтотуллубут хамнас төлөбүрүн хат олохтуурга;

5. Сахалар Россия киин куораттарыгар айаннарын бэйэлэрэ уйунан мөккүөрдээх боппуруостары тиийэн быһаарсалларыгар көҥүлү биэрэргэ;

6. Урукку сокуонунан, дьаһаах төлүүр дьоҥҥо атын төлөбүр соҥноммотун быһыытынан, дьону таһыы эбээһинэһин атын ханнык баҕарар үлэнэн солбуйарга;

7. Иркутскай уонна Охотскай трактарын 41 дьаамнарын тутууттан сахалары босхолуурга. Ол кыаллыбат буоллаҕына, онно үлэлиир дьону дьаһаах төлөбүрүттэн босхолуурга;

8. Быыбарынан талыллыбыт улуус тойотторун уонна ыстаарыһалары дьаһаах төлөбүрүттэн босхолуурга.

Алта маҥнайгы пууну империя салалтата сөптөөҕүнэн ааҕан ылыммыта. Бу эмиэ биир улахан ситиһии этэ. Тыҥааһыннаах кэмнэргэ норуот ортотуттан бас-көс дьону кэм-кэрдии бэйэтэ таһаарар. Ол дьон соруктарын төһө ситиһиилээхтик толороллоро кинилэр тус бэйэлэриттэн тутулуктаах.

Соппуруон Сыраанап кэнниттэн сүүрбэ сыл буолан баран Бороҕон улууһун тойоно Сэһэн Ардьакыап Санкт-Петербург куоракка тиийэн, икки сылы быһа күүтэн, Екатерина II кытта көрсөн, бэйэтэ суруйбут анал «Сахалар тустарынан былаанын» дьүүлгэ туруорар. Бу былаан тоҕус пууннааҕыттан икки маҥнайгытыгар сахалар урукку уонна билиҥҥи олохторо кэпсэнэр. Сэттэтэ – сахалар олохторун хайдах гынан тупсарыахха сөбүн туһунан көрүүлэр:

1. Быыбарынан талыллар уобалас кулубатын дуоһунаһын олохтооһун. Киэҥ сиринэн тарҕанан олорор аҕа уустарын кыһалҕаларын, туруорсууларын, иирсээннэрин быһаарыыга олохтоох омуктан баһылык баара табыгастаах буолара болҕомтоҕо ылыллыахтаах.

2. Сахалыы суобас суутун олохтооһун. Дьүүллээччилэ-ринэн уобалас баһылыга уонна сууттаһар дьон улуустарын тойоно, кинээһэ буолуохтаахтар. Кинилэр дьыаланы, сокуонунан буолбакка, омук үгэһигэр, абыычайыгар олоҕуран көрөллөрө ирдэниллиэхтээх.

3. Сахаларга өрүс устун оҥочолору соһуу сэнэбиллээх ыар үлэтэ соҥнонор. Ону сыылкаҕа ыытыллар хаайыылаахтарга сүктэриллиэхтээх.

4. Иркутскайга диэри почта трагын тутууну нуучча земствотын исправниктара уонна Саха уобалаһын кулубата кыттыһан салайыахтаахтар. Ардьакыап саныырынан, дьаамнары Арассыыйа сыылынайдара уонна сүөһү уоруутугар түбэспит сахалар көрүөхтээхтэрэ, таарыччы нууччалартан сир оҥоһуутугар үөрэниэхтээхтэрэ. Кинилэр дьаһаахтарын төлөбүрүн хантан төрүттээхтэринэн аҕа уустара төлүөхтээхтэр.

5. Исправниктарынан уонна суут сэтээтэллэринэн ананар дьон Саха сирин, дьонун-сэргэтин, омук үгэһин, сиэрин-туомун, тылын-өһүн туһунан кэм туох эмэ өйдөбүллээх буолуохтаахтарын ситиһии.

6. Сахаларга анаан үөрэх тэрилтэлэрин аһары көҥүллээһин.

7. Саха дьонугар сири чааһынай бас билиигэ биэрии. Дьон тыаны солоон оҥостубут сирдэрин бэйэлэригэр букатыннаахтык сыһыарары дьаһайыы.

Сэһэн Ардьакыап туруорсубут «Былаанын» сүрүн ис хоһооно, сахалар государственнай былааска суудайыыларын курдук сыаналанан, өйөбүлү ылбатаҕа. Ол эрээри бэйэлэрин кэмнэригэр саха өйдөөхтөрө Соппуруон Сыраанап, Өлөксөй (Сэһэн) Ардьакыап сыралара таах хаалбатаҕа, күн-дьыл ааһан истэҕин аайы кинилэр туруорсуулара сыыйа олоххо киирэн испиттэрэ.

1. Сахалар дьаам сүүрдүүтүттэн босхолонон, трактар устун таһаҕаһы таһыы бэдэрээтин баһылаан барбыттара.

2. Тыаны солоон сир оҥостуммут дьоҥҥо солооһуннарын 40 сыл устата бас билэллэригэр дьаһал тахсыбыта.

3. Үөрэхтээх сахалар баар буолбуттара. Холобур, бэйэтин өйүнэн-дьоҕурунан улуус кулубатыгар тиийэ үүммүт Ньукулай Ырыкыныап суруксут, уобалас начаалынньыгар уһулуччу суолталаах дьыалаларга чиновнигынан үлэлии сылдьыбыт сахалыы тыллаах А. Я. Убаарабыскай.

4. Нуучча чиновниктарын ортотугар сахалыы саҥарар, саха олоҕун-дьаһаҕын билэр дьон баар буолуталаабыттара. Этнографтар бэлиэтээһиннэринэн, XIX үйэ бүтэһигин диэки нуучча нэһилиэнньэтин иһигэр саха тыла олус киэҥник тарҕана сылдьыбыт эбит. Оттон билигин, төттөрүтүн, бэйэбит нууччатымсыйан хааллыбыт.

5. Саха дьоно Иркутскайга чаастатык кэлэ-бара сылдьар, Сибиир нэһилиэнньэтигэр аналлаах сокуоннары ылыныыга кыттар буолбуттара. 1824 сыллаахха Бороҕон кулубата Уйбаан Мигээлкин, Хаҥалас кинээстэрэ Сэмэн Кирииллин, Ньукулай Ырыкыныап Иркутскайга тиийэн «О законах и обыкновений издревле существуемых у якутов Якутской области и округи» диэн сурук түһэрбиттэрэ кэлин бэйэни салайыныыга тирэх буолбута.

Тус бэйэ дьолун-соргутун туһугар туох оҥоһуллубатаҕа баарай, оттон уопсай дьыала иһин бары күүһүн-күдэҕин биэрэн туран бэйэтин харыстаммакка үлэлиир-хамныыр киһи хаһан баҕарар дьон-сэргэ билиниитин, махталын үөһүгэр сылдьааччы. Соппуруон Сыраанап, Сэһэн Ардьакыап оннук дьон этилэр.

Наполеон сэриитин кыайбыт, реформаторынан аатырбыт Александр I император дьаһалынан Сибиир үрдүнэн реформаны ыытыыны салайбыт Михаил Сперанскай хамыыһыйатын үлэтин түмүгүнэн 1827 сыллаахха тохсунньу 27 күнүгэр Дьокуускай уокурукка Степной Дуума тэриллибитэ.

Дуумаҕа 15 киһи үлэлиирэ. 1830 сыллаахха от ыйын 3 күнүгэр Степной Дуума сэттэ улуус мунньаҕын ыыппыта. Барыта 482 киһи кыттыбыта. Аҕа ууһун баһылыктара, нэһилиэктэр кинээстэрэ, нэһилиэктэр аайыттан биирдии итэҕэллээх киһи, улуустар кулубалара бааллара.

Степной Дуума бу мунньаҕын өйгө оҥорон көрдөххө, маннык хартыына тиллэн кэлэр.

…Инники кэккэҕэ аатырбыт-сураҕырбыт уордаах Уот Ыстаарыһын, тойон-хаан көрүҥүн киллэринэн, бастыҥ олох уот өттүгэр сото кэбиһэн, мустубут дьону-сэргэни үрдүлэринэн өрө көрөн хоноллон олорор. Кини диэтэх киһи, мунньах дьонун ахсаанын чиэппэрин хабар саамай элбэх, 122 киһилээх Илин эҥээр Боотуруускай улууһун кулубата буоларынан, сүбэ кыттыылаахтарын барыларын баһылаан-көһүлээн киллэрэн, уҥа-хаҥас өттүнэн хас да кэккэни ылан, сугулаан иһин күөнтээн кэбиспит. Хас тыл-өс иһиллиитин, сүбэ-ама этиллиитин быһаарарга куолас холбооһунугар хотуулаах өттө кини диэки буолуох этэ буоллаҕа.

Бары тыыммат кэриэтэ иһийэн олорон, устар ууну сомоҕолуур уус тыллаах уһунньута, Пиэрибэй Малдьаҕар бастыҥ кинээһэ Ньукулай Ырыкыныап суруксут уоттаах-төлөннөөх этиитин истэллэр.

– Күн ыраахтааҕыбыт Ньукулай Пиэрибэй Арассыыйа эбэ хотун бөрүстүөлүн үрдүк мындаатыгар олорбута бэлиэр хаһыс да сылыгар барда. Кини иннинэ олорбут Өлөксөөндүр Пиэрибэй саҕана биһиги, сахалар, олохпутун-дьаһахпытын куһаҕана суох оҥостон испиппит баара. «Сибиир омуктарын устааба» биһиги аҕаларбыт, эһэлэрбит төрүт үгэстэрин болҕомтоҕо ылан, бэйэлээх бэйэбит баҕабыт хоту Степной Дуума диэн Улуу Сүбэни тэринэргэ көҥүл ыламмыт бу бүгүн манна кэлэн мустан олоробут. Бэйэбитин көрүнэр-дьаһанар өттүгэр, кыра да соҕус буоллар, син ситиһиилэр баалларын билэбит. Түүлээҕинэн, этинэн-аһынан эргинэр бырааптаммыппыт, таһаҕаһы бэдэрээтинэн таһарга ылсыһан дьарыктаммыппыт хас да сыл буолла. Ити барыта урукку ыраахтааҕы саҕана этэ, оттон билигин мантан инньэ саҥа ыраахтааҕыбыт биһигини хайдах тутан-хабан киирэн барара биллибэт. Онон саҥа ыраахтааҕыбытын кытта хайаан даҕаны бэйэбит тиийэн сирэй көрсөн кэпсэттэхпитинэ эрэ сатаныах курдук буолла. Өскөтүн Ньукулай Пиэрибэй биһиги урукку ситиһиибитин сарбыйбакка оннунан хааллардаҕына үчүгэй. Ол эрэ буолуо дуо? Эрэйбит, кыһалҕабыт быһаарылла илигэ билигин даҕаны элбэх. Бары билэҕит, сууппут-сокуоммут хайдах үлэлиирин. Ханнык баҕарар кыра торҕон чунуобунньук, сиэмистибэттэн буоллун, балыыссыйаттан буоллун, биһигини талбытынан тутар-хабар, сууттуур кыахтаах. Онон ханнык баҕарар дьыала биһиги бэйэбит нэһилиэкпит иһигэр, быраабабыт дьиэтигэр көрүллүбэккэ эрэ үөһэ тахсыа суохтаах. Аны туран нуучча суутугар олохтоохтору көрөллөрүгэр хайаан да Степной Дууматтан биир эмэ киһи кыттара наадалаах!

Ырыкыныап илиитигэр Дуумаҕа дьүүллэһиллиэхтээх боппуруостар испииһэктэрин тутан турара. Онно маҥнайгынан хааһына суотугар Саха сирин олохтоохторугар училище аһылларын туһунан туруорсуу баара…

Сэттэ улуус мунньаҕын быһаарыытынан, Киргиэлэй (Уот) Ыстаарыһыны кытта Ырыкыныап суруксут уонна Киллэм нэһилиэгиттэн Дьөгүөр Татаарынап тылбаасчытынан ыраахтааҕыны кытта көрсүһэ барар буолбуттара. Ол эрээри Уот Ыстаарыһын, түөрт уончатыттан эрэ тахсыбыт муус доруобай киһи, туга-ханныга чуолкай биллибэккэ эмискэ өлөн, бу дьыала олоххо киирбэккэ хаалбыта.

Степной Дуума уон биир сыл устата үлэлээбитин кэннэ 1838 сыллаахха сэтинньи 22 күнүгэр Иркутскай генерал-губернаторын дьаһалынан сокуоннайа суох тэриллибитинэн ааҕыллан, үлэтин букатыннаахтык тохтоппута. Төрүөтэ биллэр, Дуума кимтэн да тутулуга суох дьорҕооттук үлэлээн киирэн барыыта, ыраахтааҕы администрацията, полицията сахалар ис дьыалаларыгар булкуһар кыаҕыттан тахсыыта губернаторы дьиксиннэрбитэ чуолкай. Ол да буоллар онно олохтоммут бэйэни салайыныы ньымата, «Устаап» нуормалара 1917 сылга диэри туһаныллан кэлбиттэрэ…

Михаил Ефимович урукку дьыллар охсуһуулаах уорҕаларын, оччотооҕу быһыыны-майгыны куруук илдьиритэн, анааран көрөн, кэлиҥҥи кэмҥэ тэҥнии тутан толкуйдуурун сөбүлүүр. Саха олоҕун тупсарыыга маҥнай омук бас-көс тойотторо турууласпыт буоллахтарына, кэлиҥҥи үйэлэргэ сыыйа бэйэ иһиттэн үөрэхтээхтэр үүнэннэр норуоттарын туһун саныыр, кэлэр кэскили кэриҥниир саҥа араҥа үөскээбитэ.

* * *

Сахалар үөрэххэ сыстыылара Саха сиригэр христианство итэҕэлин киллэриини кытта ситимнээх. ХVIII үйэ ортотуттан ыла сахалары сүрэхтээһин (крещение) саҕаланар, онтон сүүстэн тахса сыл буолан баран, ХIХ үйэ 70-с сылларыттан ыла, ыраахтааҕы былааһа «туземецтарга» анаан оскуолалары аһарга быһаарынар. Хаһаахтар оҕолоругар аналлаах оскуолалартан ураты, церковнай-приходской үөрэхтээһин саҕаланар. Хас да улууска оскуолалар аһыллаллар. 1889 сыллаахха оскуола ахсаана 52-гэ тиийэр, онно 828 оҕо үөрэнэриттэн 368-һа эрэ саха этэ.

Ыраахтааҕы чиновниктарыттан сахалар губернатор И.И.Крафт аатын саамай үрдүктүк туталлар. Кини алта сыл салайбытын устатыгар сэттэ начальнай училищены, Өлүөнэ трагын эҥээр 26 оскуоланы астарбыта. Ону таһынан И. Крафт дьаһалынан Казань, Петербург, Москва университеттарыгар, институттарыгар үөрэнэр уонтан тахса Саха сирин устудьуонугар стипендия анаммыта. Эмиэ кини көҕүлээһининэн музей уонна библиотека дьиэлэрин тутууга үп хомуллуутугар бэйэтэ 1500 солкуобайы сиэртибэлээбитэ. Ыраахтааҕы администрацията Саха сиригэр ыыппыт «культурнай политиката» төһө да дуона суоҕун иһин, ХIХ үйэ иккис аҥаарыгар саха норуотун сайдыытыгар ураты хоннохтоох хардыы оҥоһуллубута бэлиэтэниэхтээх. Чэ, баҕар, университеты, институту бүтэрбит саха ахсаана аҕыйах даҕаны буоллун, ол гынан баран кинилэр омуктарыгар төһөлөөх үтүөнү оҥорбуттарын санаан көрүҥ. Кинилэр бэйэлээх бэйэбит испититтэн тахсыбыт эрээри, букатын ураты, үрдүк сайдыылаах дойдуларынан сылдьыбыт, таһыччы киэҥ билиилээх-көрүүлээх дьон буолаллар эбээт!

ХIХ, ХХ-с үйэлэр ыпсыыларыгар олохтоох национальнай интеллигенция үүт үрүмэтин курдук чараас араҥата үөскээбитэ.

1883 сыллаахха Иркутскай түрмэтигэр саха биир бастакы үөрэхтээҕэ, маҥнайгы учуонайа, естественнэй наукаларга кандидат Константин Неустроев баара-суоҕа 25 сааһыгар ытыллан өлбүтэ. Бу чаҕылхай талааннаах, үөрэхтээх киһи революционнай өйдөөх-санаалаах хаайыылаахтары кытта кистэлэҥ суруйсууга уорбаланан хаайыллыбыта. Саҥардыы ситэн-хотон, сириэдийэн эрдэҕинэ, норуотугар туһалыыр кыах биэрбэккэ, олус эрдэ тыынын быспыттара.

Константин Неустроевтан аҕыс сыл балыс (1866 с.) Василий Никифоров, норуотун бары кыһалҕатыгар барытыгар күүс-көмө, өй-санаа буолбут дьиҥнээх интэлигиэн, оччотооҕу саха прогрессивнай өйдөөх-санаалаах бас-көс уонна үөрэхтээх дьонун лидердэрэ, патриот, киһи киэнэ кэрэмэһэ, омугун туһугар чаҕылхай олоҕу олорон ааспыта. Саха үөрэхтээхтэрэ барылара даҕаны сурукка-бичиккэ аан бастаан полит-сыылынайдартан үөрэммиттэрэ барыбытыгар биллэр суол. Василий Никифоровка быһаччы сабыдыаллаабыт дьонунан Константин Неустроев уонна кини Петербурдааҕы университекка бииргэ үөрэммит табаарыһа, университет кистэлэҥ куруһуогун сорудаҕынан үөрэх миниистирин Сабуровы дьон ортотугар сирэйгэ биэрэн саакка ыыппытын буруйугар Саха сиригэр сыылкаҕа ыытыллыбыт Папий Павлович Подбельскай буолаллар. Сыл кэнниттэн Иркутскайга кини холобурун Неустроев хатылаан ытылларга ууруллубут. Доҕордуулар биир дьыалаҕа түбэспиттэр эрээри, бириигэбэрдэрэ тус-туһунан буолбута. Ону билигин хайдах баҕарар тойоннуохха сөп.

Папий Подбельскай Саха сиригэр кэлэн үгүс саха ыччатын, ол иһигэр Василий Никифоровы, сурукка-бичиккэ эрэ буолбакка, уопсастыба, политика уонна экономика боппуруостарыгар кытта үөрэппит улахан өҥөлөөх киһи. Кини Дьокуускайга киирэ сылдьан Романовкатааҕы ытыалаһыыга түбэһэн хомолтолоохтук өлбүт. Сүүрбэһис сыллардаахха В.Никифоров Москваҕа бара сылдьан Подбельскай огдооботун уонна уолун көрсүтэлээбит. Подбельскай уола почта уонна телеграф наркомунан үлэлии олорор кэмигэр киниэхэ сылдьан кэпсэппит.

1890 сыллаахха В.В.Никифоров Дүпсүн улууһун кулубатынан талыллан, саҥа оскуолалары аһыынан үлүһүйэн үлэлиир. Таҥара үлэһиттэрин көрдөһүүлэринэн бырабыыталыстыба сената кинини церковнай-приходской оскуолалар бочуоттаах попечителлэринэн бигэргэтэр. Синод киниэхэ Библияны бэлэх туттарар. В.Никифоров көҕүлээһининэн Көмөлтө сэбиэтэ диэн оскуолаларга үбүнэн көмөлөһөр бөлөх тэриллэн үлэлиир. 1895 сыллаахха үөрэхтээһин иһин үрүҥ көмүс мэтээлинэн наҕараадаланар. Кэлин Үөрэхтээһин уопсастыбатын тэрийээччилэрин ахсааннарыгар киирсэн, тыа оскуолаларын учууталларын бэлэмниир учительскай семинарияны арыйыыга үгүс сыратын аныыр. Семинарияҕа нуучча тылын бастакы учууталынан кэлин саха алфавитын ааптара буолбут С.А.Новгородов үлэлиир. Киниэхэ Василий Никифоров Петербурдааҕы университекка киирэригэр стипендия анаан улахан көмөнү оҥорбуттаах. Оччотооҕу интеллигенция, киһи сөҕүөн, ордук саныан курдук, түмсүүлээхтэрэ, бэйэ-бэйэлэрин өйөһөллөрө.

1898 сыллаахха В.Никифоров көҕүлээһининэн ааҕар библиотека, онтон сыл буолаат тыа хаһаайыстыбатын уопсастыбата тэриллэр. Соруга диэн үөрэхтээһин уонна сахалыы сир үлэтигэр туттуллар сэбинэн-сэбиргэлинэн хааччыйыы, агрономия төрүттэригэр үөрэтии. Бу уопсастыба уонча сыл устата улахан көдьүүстээхтик үлэлээбитэ.

В. В. Никифоров 1905–1907 сылларга, өрөбөлүүссүйэ кэмигэр, ордук тахсыылаахтык үлэлээбитэ. Сибииргэ бэйэни салайыныы туһунан дьаһал тахсыбытыгар көмөлөһөөччүлэринээн бэйэлэрэ Саха сиригэр земствоны киллэрии бырайыагын оҥорбуттара. Онно сири барытын сахалар бас билиилэригэр биэрэри уонна Дуумаҕа сахаттан бэрэстэбиитэл баар буоларын модьуйсууну губернатор олох сөбүлээбэтэҕэ. 1905 сыллаахха алтынньыга ыраахтааҕы норуокка сымнатыы оҥорорго күһэллибитэ. Нэһилиэнньэҕэ гражданскай көҥүл төрүттэрин олохтуур аатырбыт-сураҕырбыт Манифеһа тахсыбыта. Киһи күөмчүлэммэт, саныыр санаатын көҥүл этэр-тыынар, араас мунньахтар, сойуустар тэриллиилэрэ хааччахтаммат буолбута. Оруобуна бу кэмҥэ земство боппуруостарыгар бары улуустартан мустубут бэрэстэбиитэллэр мунньахтара буолбута.

В.Никифоров салайар тыа хаһаайыстыбатын уопсастыбата атын уопсастыбалары кытта бииргэ тэрээһин мунньаҕы (учредительное собрание) ыҥырыы туһунан модьуйсубуттара. Еврейдэр, инородецтар, иновердар тустарынан сэнэбиллээх, баттыгастаах сокуоннары суох оҥорорго туруорсубуттара. Дьокуускай ол күннэргэ, быһыты тоҕо аспыт халаан уутун курдук, өрө оргуйан олороро. Араас миитиннэр, собостуопкалар, учууталлар, атыыһыттар, үөрэнээччилэр, оспуоччуктар, бирикээсчиктэр сойуустара үрүт-үрдүгэр тэриллибиттэрэ. Сыылынайдар уонна кинилэри өйөөбүт Василий Никифоров баһылыктаах сахалар куорат Дууматын ыларга холонон көрбүттэрэ табыллыбатаҕа.

Сахалар сойуустара үрэллибитин кэннэ В.Никифоров хаайылла сытан Манчаары туһунан пьеса суруйар. Норуот геройунан сүрэҕэр-быарыгар мунньуллубут туох баар кыһыытын-абатын, сойууһа ыһыллыбытын, доҕотторо-атастара түһэн биэрбиттэрин, былааһы утары туруулаһыыга соҕотох хаалбытын суланан-суҥхаран этитэр. Пьеса былаһын тухары норуот туһугар охсуһуу идеятынан өрө күүрүү тэҥэ дьон-сэргэ биир санааҕа кыайан түмүллүбэтиттэн хомойуу, хоргутуу күүстээхтик бэриллэр. Бастаан утаа самодеятельнай куруһуоктарга пьеса сахалыы оонньонорун цензура көҥүллээбэтэҕэ. Ол иһин Пекарскай көмөтүнэн айымньы кырыытын-кылаанын нарылыы түһэн баран нууччалыы тылынан эрэ оонньоноро көҥүллэммитэ. Саха көрөөччүлэригэр балай да өр кэм ааспытын кэннэ көҥүллэнэн, улахан сөҕүүнү, биһирэбили ылбыта.

В.Никифоров кэлин публицистиканан хото дьарыктанар, олохтоох хаһыаттарга ыстатыйалара, суруйуулара ситимин быспакка тахсаллар, бэйэтэ сурунаал тэрийэн таһааттарар. Дьокуускайдааҕы географическай уопсастыба салаатын үлэтигэр кыттар, Кыһыл Кириэскэ үбү сиэртибэлээһини көҕүлээччи быһыытынан ылсан үлэлиир.

1917 сыллаахха олунньутааҕы өрөбөлүүссүйэ кэмигэр былаас Дьокуускайга Г.Д.Петровскай баһылыктаах сыылынайдар илиилэригэр киирбитэ. Кулун тутар саҥатыгар куоракка В.Никифоров бэрэссэдээтэллээх сахалар мунньахтара буолбута. Мунньах кыттыылаахтара ыраахтааҕы уһуллубутунан эҕэрдэлээн Петроградка телеграмма ыыппыттара.

Саха интеллигенциятын үгүс өттө олунньутааҕы өрөбөлүүссүйэни үөрэ-көтө, элбэҕи эрэнэ көрсүбүт буоллахтарына, өктөөбүрдээҕи сабыытыйаларга сыһыаннара араас этэ. 1917 сыл от ыйын ортотугар Саха сирин үрдүнэн земство, ол аата бэйэни салайыныы былааһа, киирбитэ. Өктөөп өрөбөлүүссүйэтэ В.Никифоровы уонна кини биир санаалаахтарын уйулҕаларын хамнаппыта. Сэтинньигэ уопсастыбаҕа Куттал суох буолуутун кэмитиэтин, куораттааҕы Дуума, байыаннайдар уонна бааһынайдар депутаттарын Сэбиэтин, В.Никифоров баһылыктаах Саха национальнай кэмитиэтин холбоһуктаах мунньахтара ыытыллыбыта. Түмсүүлээх мунньахха Сэбиэскэй Арассыыйа үлэлээн иитиллээччилэрин бырабыыталыстыбатын билиммэт туһунан уураах ылыммыттара. Социалистическай өрөбөлүүссүйэни ылыммат, олунньутааҕы өрөбөлүүссүйэни көмүскүүр кэмитиэт тэриллэр. Бассабыыктар салайааччыларын Олейниковы, Эренбуру, Андреевиһы, саха хара үлэһиттэрин сойууһун бэрэссэдээтэлин М.К.Аммосовы тутан хаайталыыллар.

Кэлин ыытыллыбыт олохтоох бэйэни салайыныы мунньахтарыгар бассабыыктары, Сэбиэт былааһын норуот өйөөбөтө көстүбүтэ. Маннык быһыыга-майгыга, 1918 сыллаахха тохсунньу 20 күнүгэр, Саха уобалаһынааҕы земство мунньаҕа үлэтин саҕалаабыта. Мунньахха баһылыыр-көһүлүүр оруолу федералистар ылбыттара. В.Никифоров земство салалтатын бэрэссэдээтэлинэн талыллар, ол эбэтэр Саха сирин ситэриилээх былааһын салайааччытынан буолбута. Кини бассабыыктар былааһы кииннээһиннэрин дьүүлгэ туруорарга эппитэ. Петроград Саха уобалаһын салайыыга орооһорун утарбыта. Саха сиригэр уобаластааҕы земство уонна национальнай кэмитиэт бэрэстэбиитэллэрин холбоһуктаах былаастара салайыахтааҕа.

Олунньу 5 күнүттэн В.Никифоров уобаластааҕы земство салалтатын бэрэссэдээтэлин дуоһунаһыгар киирэн үлэлээбитинэн барбыта. Толору сыл аҥаара буолбакка, от ыйыгар, Саха сиригэр сэбиэскэй былаас соҕурууттан кэлбит этэрээт саатын-сэбин күүһүнэн олохтоммута. Земство, бэйэни салайыныы идеята самнарыллыбыта, ол эрээри оччотооҕу өй-санаа мөккүөрэ бүгүҥҥү биһиги кэммитигэр олоххо киирбитэ.

В.Никифоров политическай олохтон туоратыллыбыта. 1922 сыллаахха Бурятияҕа үлэлиир, нөҥүө сылыгар Саха республикатын салалтатын көрдөһүүтүнэн Москваҕа кыраай ситиһиилэрин быыстапкатын тэрийэн ыытар. Ол кэнниттэн ССРС салалтатын иһинээҕи Саха бэрэстэбиитэлистибэтигэр үлэлиир. 1925–1926 сылларга М.К.Аммосов көҕүлээһининэн тэриллэн Саха сиригэр үлэлээбит ССРС НА хамыыһыйатыгар киирсэн, демография боппуруоһун чинчийиигэ үлэлиир. Эһиилигэр промысловай кооперация программатын оҥорууга үлэлии сылдьан тутуллан хаайыллыбыта. ОГПУ эрдэттэн буруйдааһыныгар түбэһэн, хаайыы балыыһатын куойкатыгар өлбүтэ. Хайдахтаах курдук улахан өйдөөх, уҕараабат эрчимнээх тэрийээччи, төлөннөөх патриот киһи олорон, үлэлээн-хамнаан ааспытын норуотугар билиннэрбэккэ умуннаран сылдьыбыттарын киһи билигин бэркиһии эрэ саныыр. Олох уларыйбатаҕа, өй-санаа уһуктубатаҕа буоллар, өссө төһө өр умнууга сылдьыа биллибэт этэ.

Гавриил Васильевич Ксенофонтов 1888 сыллаахха төрөөбүтэ. Кини В. В.Никифоровтан 22 сыл балыс этэ. Төрөппүттэрэ, улахан уоллара Гавриилтан ураты, өссө биэс уоллаахтара, үс кыыстаахтара. Тыа начаалынай оскуолатын кэнниттэн Дьокуускайдааҕы реальнай училищены бүтэрбитэ. Онтон Томскайдааҕы университет юридическай факультетыгар, Иркутскайдааҕы университекка үөрэммитэ. Томскайдааҕы университеты бүтэрэн баран, 1912–1917 сылларга Дьокуускай адвокатуратыгар үлэлиир. Оччотооҕу дьон өйүгэр-санаатыгар иҥэн хаалбытынан, кини суут дьыалатын олус өйдөөхтүк, эппиэтинэстээхтик ыытар эбит. Дьоҥҥо үтүө санаатынан, уус тыллаах араатарынан биллэрэ.

Маҥнайгы аан дойду сэриитэ саҕаланыаҕыттан общественнай уонна политическай үлэнэн дьарыктанан барар. Сахалары аармыйаҕа хомууру тохтотторбут үтүөлээҕэ биллэр. Сэриигэ бааһырбыттарга уонна өлбүттээхтэр дьиэ кэргэттэригэр сиэртибэ хомуйуутун хампаанньата саҕаламмытыгар Г.Ксенофонтов Россия Кыһыл Кириэс уопсастыбатын Дьокуускайдааҕы салаатын салайбыта. Оттон ол уопсастыба олохтоох омуктарын салаатын В.Никифоров салайара. Онон кырдьаҕастаах эдэр икки политик, бу кэмҥэ көрсөн, бэйэ-бэйэлэрин өйдөһөн, биир идейнэй өйгө-санааҕа кэлбиттэрэ чуолкай.

Олунньутааҕы өрөбөлүүссүйэ саха интеллигенциятын инники күөҥҥэ үтүрүйэн таһаарыыта – олох ирдэбилэ. Саха үөрэхтээхтэрэ олус аҕыйах буоланнар хас биирдиилэригэр элбэх эбээһинэс сүктэриллибитэ.

Г. В.Ксенофонтов, Саха сиринээҕи уопсастыбаҕа куттал

суох буолуутун кэмитиэтин чилиэнэ, Дьокуускайдааҕы уокурук суутун хамыһаара, олохтоох бааһынайдар хамыыһыйаларын салайан, саха омук култууратын тилиннэрии программатын оҥорор. 1917 сыллаахха кулун тутарга саха уонна нуучча бааһынайдарын холбоһуктаах съезтэрэ ыытыллар. Манна «Көҥүл» диэн саха интеллигенциятын түмэр федералистар холбоһуктара тэриллэр. Бу холбоһукка 400-тэн тахса саха бастыҥ интэлигиэнэ киирбитэ. Г.Ксенофонтов «Көҥүл» холбоһук салалтатын чилиэнинэн буолбута. Программаларын сүрүн ис хоһооно, сыала-соруга: омуктар бэйэлэрин дьаһанар, судаарыстыбаннастаах, бас билиилээх буолар бырааптарын билинэр, араас национальностар холбоһуктаах государстволарын федерацията. Федералистар Сибиир киэҥ, толору бырааптаах, Сибиир Дууматынан салаллар туһунан автономия буоларын модьуйсаллара. Г.Ксенофонтов Бүтүн Сибиир уонна Саха сирин икки ардыларыгар былааһы тыырсыы үлэтигэр этиилэри киллэриигэ көхтөөх кыттыыны ылар. Федералистар Бүтүн Россиятааҕы Учредительнай мунньах ыҥырылларыгар эрэллэрин сүтэрбэттэр. Онно депутакка кандидатынан Г.Ксенофонтовы аныыллар. Ону таһынан кини 1917 сыл иккис аҥаарыгар куорат Дууматын салайар. Бу кэмҥэ, бассабыыктар Саха сириттэн барбыттарын кэннэ, федералистар уонна эсердэр күүһүрбүттэрэ. Өктөөп өрөбөлүүссүйэтин Г.Ксенофонтов эмиэ, В.Никифоров курдук, судаарыстыбаннай переворот быһыытынан сыаналаабыта.

1917 сыллаахха ахсынньыга Томскайга суһал ыҥырыылаах Бүтүн Сибиирдээҕи съезд аһыллан Өктөөп өрөбөлүүссүйэтигэр эмиэ мөлтөх сыанабылы биэрбитэ. Бу съезкэ Саха сириттэн кыттыахтаах Г.Ксенофонтов, Бүтүн Россиятааҕы Учредительнай мунньахха депутат мандатын иһин киирсэ сылдьар кэмэ буолан, сылдьыбатаҕа. Ол оннугар быыбарга кыайан, мандат ылар чиэскэ тиксибитэ. 1918 сыллаахха тохсунньуга съезд быһаарыытынан Сибиири Сэбиэскэй Россияттан тутулуга суоҕунан билиниэхтээх Сибиирдээҕи парламент ыҥырыллыахтаах этэ. Ону баара тохсунньу 26 күнүгэр ыҥырыллыбыт Арҕаа Сибиирдээҕи Сэбиэттэр съезтэрэ бэйэтин дьаһалынан Сибиир Дууматын ыһан кэбиспитэ. Дьону хаайталааһын саҕаламмыта. Г.Ксенофонтов, Владивостогунан эргийэн, Сахатын сирин сайын эрэ булбута. Бу кэмҥэ Омскайга Сибиирдээҕи быстах салалта тэриллибитэ. Бу салалта Сибиирдээҕи Дуума ыытар үлэтин-хамнаһын сөбүлээбэт этэ. Бассабыыктар кыр өстөөхтөрө Колчак Сибиир Россияттан арахсарын, автономия буоларын быһаччы утарар этэ. Инньэ гынан бассабыыктары утары эрээри, кинилэри кытта биир сыаллаах курдук буолан тахсыбыта. Оттон федералистар буоллаҕына Сибиир автономията Саха сиригэр национальнай- территориальнай автономия үөскүүрүгэр инники хардыыга тирэх буолуохтаах диэн эрэнэ саныыр этилэр. Бассабыыктар уонна Колчак национальнай-территориальнай боппуруоска биир санаалаахтарын, кинилэр Сибиир Россияттан арахсарын хаһан да өйүөхтэрэ суоҕун Г.Ксенофонтов өйдөөбүтэ уонна, уобаластарынан хайдыһыы хаһан да тахсыа суоҕун билэн, политикаттан букатыннаахтык арахсыбыта. Баҕар, ол үчүгэйгэ буолуон сөп, тоҕо диэтэххэ, түмүгэр «Урааҥхай сахалар» курдук наукаҕа дьоһуннаахай историческай пааматынньык айыллыбыта. Хомойуох иһин, үлэ иккис тома сурулла сырыттаҕына, 1938 сыллаахха саас тутуллан репрессияламмыта.

Саха маҥнайгы интеллигенциятын биир тутаах тулааһынынан сахалыы уус-уран тыл аҕата, бөлүһүөк А.Е.Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй буоллаҕа. Кини 1877 сыллаахха төрөөбүтэ, 1926 сыллаахха тюркологтар маҥнайгы съезтэригэр Бакуга айаннаан иһэн аара Москваҕа өлбүтэ. Өксөкүлээх Өлөксөй ол-бу партияҕа, хамсааһыҥҥа кыттыбакка эрэ, быһыыны-майгыны тэйиччиттэн көрөн олорон сэрэтэр, сүбэ-ама тылын көтөҕөөччү ыллам ырыаһыт, сээркээн сэһэнньит быһыытынан норуотугар киэҥник биллибитэ.

1912 сыллаахха Россияҕа Романовтар династияларын 300 сылын бэлиэтээһиҥҥэ Саха сирин делегациятыгар киирсэн Кулаковскай эмиэ сылдьыбыта. Съезкэ анаан дириҥ ис хоһоонноох тыл этиигэ бэлэмнэммитэ кыайан олоххо киирбэтэҕэ. Наар ыраахтааҕыны өрө тутуу, айхаллааһын, арбааһын сүпсүлгэнин сөбүлээминэ, тыл этиэхтээҕэр буолуох, кэлин өттүгэр төрүт даҕаны сылдьыбатаҕа. Өксөкүлээх ол бэлэмнэммит тыл этиитигэр Сибиир сүүсчэкэлии, тыһыынчалыы эрэ ахсааннаах хаалбыт кыра омуктарын ааттарын ааттаталаан туран, кинилэр эстэр суолга киирэн эрэр дьылҕаларын сүрүн төрүөттэрин быһааран биэрэр. Олор ахсааннарыгар сахалары киллэрэн туран, сүрүн төрүөтүнэн Сибииргэ нуучча бааһынайдарын көһөрүү долгуна олохтоох омуктартан сирдэрин былдьааһыҥҥа тириэрдэр диэн бэлиэтиир.

Столыпин былаанын быһыытынан, Саха сиригэр икки мөлүйүөн нуучча бааһынайа көһөрүллэн кэлиэхтээҕэ, онуоха эбии саха тылдьытын ааптара Пекарскай, Россия географическай уопсастыбатыгар үлэлии олорон, сахалары Муустаах муора кытылыгар көһөртөөн баран, кинилэр оннуларыгар сиринэн сатаан дьарыктанар дьону олохтуохха диэбит сураҕа Кулаковскайы улаханнык дьиксиннэрбитэ биллэр. Ол эрээри куһаҕан үчүгэйэ суох буолбат диэбиккэ дылы, Столыпин террористар дьайыыларыгар түбэһэн уонна Маҥнайгы аан дойду сэриитэ саҕаланан, ол былаан олоххо киирбэккэ хаалбыта.

Өксөкүлээх элбэх өйү-санааны этэр, сүбэни-аманы биэрэр аакка-суолга киирбит айымньытынан, суруйуутунан «Ойуун түүлэ», «Интеллигенцияҕа сурук» буолаллар. Бу үлэлэригэр кини үөрэххэ сыстыбатах дьадаҥы дьон араҥата интеллигенция, киириилээх-тахсыылаах баай дьон көмөтө суох өрүттэр, сайдар кэскилэ суоҕун этэр. Үөрэх эрэ быыһыахтааҕын, атын омуктардыын тэҥҥэ туруулаһарга быһаарар күүс буолуохтааҕын тоһоҕолоон бэлиэтиир. Сүөһү боруодатын тупсарыы, кымыһы дэлэтии, дьадаҥы дьоҥҥо кредит биэрии сөптөөҕүн, кулаагы кылаас быһыытынан эһии сыыһатын туһунан, о. д.а. үгүс сыаналаах этиилэрэ билиҥҥи олохпутугар сөп түбэһэр. Өксөкүлээх норуота сайдыан, барҕарыан олус баҕарара уонна эрэнэрэ. Олохпут бүгүн кини баҕатын, өйүн-санаатын хоту сайдар…

Биһиги Аан Дархаммыт

Подняться наверх