Читать книгу Соһуччу көрсүһүү - - Страница 10

Хорулаҕа

Оглавление

Бүлүүгэ үлэлии сылдьан күһүн уоппускабар дойдубар Дьаархаҥҥа тиийдим. Эдьиийим Маайа, ыарытыйа да сырыттар, сарсыарда эрдэ туран ынахтарын ыан, чэйин өрөн, аһын астаан, биһигини туруортаан аһылыкка ыҥырда. Күтүөтүм Балантыын бултуу бараары сээкэйин бэринэр: тугу эрэ киллэрэр, тугу эрэ таһаарар, түбүк бөҕө буола сылдьар. Таһырдьа Моойторук уонна Бойбооску, ыраата бултуу баралларын сэрэйэн, иччилэриттэн арахпаттар. Сайыны быһа таах тиэргэн бөҕө буола сытартан салҕан үөрүүлэриттэн кэлиилэрэ-барыылара сытыырхайбыт.

Урут хаһан да дьиэ таһыттан тэйбэтэх буолан тыалыы барарбыттан сүрдээҕин долгуйабын, туох таҥаһы, халыҥы-чарааһы, төһөнү ыларбын билбэппин. Ыраах сиргэ киһи үлүйэн хаалыа диэн саллабын. Ол эрэн халыҥ утуйар мөһөөччүгү, саҥа хаатыҥканы, тэлэгириэйкэни, истээх бэргэһэни дьиэбиттэн илдьэ кэлбитим. Ити кэннэ милииссийэлэр биэрбит сымнаҕас онньуускалара, ичигэс үтүлүктэрэ, ийэм тикпит кээнчэтэ, моонньуга эринэр саарпыгым, халтаҥ бэргэһэм, сылаас биэтэстээх киирсэбэй саппыкым, саппаас үтүлүгүм, ыстааннарым эҥин элбэх этилэр. Ойуурга тымныы буолуохтаах диэн тоҥмот гына тэриммитим. Дьиэҕиттэн арахтыҥ да илдьэ барбыккыттан атын таҥаһыҥ суох буоллаҕа дии. Илдьэ сырыттахха сатанар, аттар таһаҕас оҥостубат инилэр дии санаатым.

– Хайа, доҕоор, ханна бу туох ааттаах тэринниҥ? – Балантыын чэйдии олорон күлэ-күлэ ыйытта.

– Тыаҕа тымныы буолуо дии, хонтуораҕа олорор курдук буолбата ини.

– Хамныы сылдьар киһи туох да буолбат, – сылгытыйбыт киһи эппиэтэ судургу.

– Эн да таҥаскын көрүнүө этиҥ. Хаатыҥкаҕын кыайан улларбаппын. Дьоҥҥо тиктэриэххин, – эдьиийим Маайа тыл кыбытта.

– Ону дьарыктанар бириэмэ суох.

– Хаһан, хас буолан барабыт? – күтүөппүттэн ыйытабын.

– Алта хас буоларбыт буолуо. Чаппаҥдаттан Давыдов Байбал диэн киһи кэлиэхтээх. Уоннааҕылар маннааҕы уолаттар.

– Оттон аһылыкпытын хаһан ылабыт?

– Барыта сакаастанан турар. Бүгүн барытын ылыахпыт. Сарсын сарсыарда ааттаах эрдэ бардахпыт.

Уолаттар, кыргыттар аһаан бүтэн бары үлэлэригэр бардылар.

Мин санньыйбыппын көрөн эдьиийим:

– Күтүөм таҥаһын-сабын бэриммэт диэн санаарҕаама. Тоҥооччута суох. Сылдьар быһыыта. Таҥнар таҥастаах да наадыйбат. Тоҥноҕуна миэстэтигэр тиийэн оҥостуоҕа, – Маайа мичээрдээн кээстэ.

Киэһэ барааччылар бары биһиэхэ муһуннулар. Чаппаҥдаттан Давыдов кэллэ, Манчаары Баһылай, Туобуйа уола Хаарыл, Саввинов Сэмэн киирдилэр. Ким тугу ыларын сүбэлэстибит. Сарсын өрүс аартыгар көрсүөх буолан тарҕастыбыт.

Ити 1977 сыллаахха күһүн сыарҕа хаара түспүт кэмэ этэ. Өрүһү туораан Хорула диэки бастаан суол устун, онтон сыһыыларынан-тыаларынан быһыта барыы буолла. Балантыын бастатан иһэр. Сир ириэнэх буолан аттар айанныылларыгар ыарахан этэ. Сотору-сотору батыллаллара. Куһаҕан ириэнэх сирдэргэ бары саба түһэн сыарҕалары сосуһан биэрэрбит. Алта буолан алта ыттаах, биэс сыарҕалаах атынан айаннаан иһэбит. Хамандыырбыт Балантыын киэһэ аайы «Манна хонобут» диэтэ да, балаакка тардан, мас мастаан, уу баһан, аһы бэлэмнээбитинэн барарбыт. Айаннаан иһэн Балантыын тугу да ыттарбата, «тыаһаамаҥ» диирэ. Ол эрэн кэнникинэн уларга, киискэ түбэстэхпитинэ уолаттар туораан ыталлара. Бириэмэни сүтэримээри уонна ыттары айдаардымаары, хаалбыт киһини кэтэспэккэ бара турарбыт. Кини кэлин бэйэтэ ситэрэ. Бастаан утаа аһылыкпыт элбэх буолан, налыччы айаннаан, тиийиэхтээх сирбитигэр үс хонон тиийдибит.

Мас мастааһына, уу баһыыта, уот оттооһуна, балааккалары туруортааһын үлэтэ саҕаланна. Ким да көрөн турбат. Билэрдии балаакка тардыспытынан бардым. Кэлин үөрэнэн үүтээҥҥэ тиийдэрбин эрэ уу баспытынан, уот оттубутунан барарым. Аттары уһуннук туруоран сойуттубут. Ол эрэ кэнниттэн оттоох сиргэ сиэтэн илдьэн бэйэ-бэйэлэригэр тиийсибэт гына тус-туспа уһун быаларынан баайталаан өртөөтүбүт.

Сарсыарда чэйдээн баран чугастааҕы тыаҕа суол-иис көрө таҕыстыбыт. Аһара ырааппакка, ойуур иһигэр улардарга түбэстибит. Хаама сылдьан ытыалааһын буолла. Улардар тэһииргээн көтөн баран хааллылар. Оо, онно, сарсыардааҥҥы саһарҕаҕа, хаарынан бүрүллүбүт мастар төбөлөрүн суһумугар 50-ча улар харааран олороро үчүгэй да көстүү этэ.

Ыппыт улардарбытын хомуйан аахпыппыт, алталар эбит. Күтүөм барыларын биир рюкзакка угаттаата, көтөҕөн көрдө:

– Сөптөөх сүгэһэр буолсу, – диэт көтөҕөн ылан көхсүбэр кэтэттэ. – Балааккаҥ бу туһунан баарын өйдүүр инигин. Баран чэйгин өрө тур, – диэн дьаһайда. Сүгэһэрим балай да ыарахан буолан биэрдэ. Улардар сылаас буоланнар көхсүбүн аалбакка бэркэ сыталлар. Дьонум киис суолун көрөөрү тарҕаһан бардылар. Барбахтаан баран син саҥатык тииҥ суолугар түбэстим. Сарсыарда эрдэ сылдьыбыт быһыылааҕа. Суоллаан көрдүм да, миэхэ ситтэриэ дуо, мастан маска ыстанан суола бара турда. Сүгэһэрим маҥнай утаа чэпчэки курдук этэ да, бардаҕым аайы ыараан иһэр курдук буолла. Балааккам бу туһунан баар буолуохтаах диэн, хайысхабын чуолкайдыы-чуолкайдыы ыарахан-ыараханнык үктэтэлээн баран истим. От үрэххэ тахсааппын кытта, балааккаларым оол саһаран көстөллөр. Бай! Биир балааккам оһоҕо буруолуу турар, «ааһан иһэр булчуттар таарыйдахтара дуу» дии санаатым. Балааккаҕа киирбитим, дьонум бары чэйдии олороллор:

– Хайа, ханна бачча уһуннук сырыттыҥ? Бэлэм чэйи иһиэх буолбуппут тоҥ балааккаҕа кэллибит. Бу көрдүү бараары чэйдии олоробут, – диэн күтүөм Балантыын кыбыһыннаран өлөрө сыста.

– Тииҥ суолугар түбэһэн ону суоллааччы буолан хойутаатым, – диэн куотуна сатаатым.

– Ол сарсыардааҥҥы тииҥ хайа дойдуга тиийбитэ биллибэт. Илиһиннэҕиҥ буолуо, кэлэн чэйдээ, – диэт куруускаҕа чэй куппутунан барда.

Сарсыарда бары тус-туһунан хайысханан барыы буолла. Ким аттаах, ким сатыы ыттарын ыҥыра-ыҥыра утуу-субуу мастар быыстарыгар киирэн симэлийэн истилэр. Күтүөм миэхэ Моойторук диэн кыылдьыт улахан ытын биэрдэ:

– Киис сытын ылан бардаҕына суолун батыһаайаҕын, ыксаабакка бараар. Чугас буоллаҕына сотору үрүөҕэ. Кини быһыта түһэн сылдьарын сөбүлүүр, киис суолун хаһан да батыспат. Тайах суолун буллар эрэ кинини көрүөҥ да суоҕа, кэтэһэ түһэн баран төннөөр. Уонна балааккаҥ таһыттан ыраатаайаҕыҥ, билбэт сиргэр мунан хаалыаҥ, – диэн эрдэттэн сэрэтэн баран, Бойбооскутун ыҥыран ыллык суол устун бара турда.

Киэһэ биирдии киистээх, ким мас көтөрдөөх, сорох тииҥнээх кэллилэр. Биһиги киис саҥатык да суолун көрбөтүбүт. Ол оннугар хас да уларга түбэстибит да, ыраахтан ыттарбакка көттүлэр. Сарсыныгар эмиэ «сиэлэ» (булчуттар кыыл истиэ диэн хаама баралларын кистээн итинник ааттыыллар) бардыбыт. Маска олорор икки уларга түбэһэн ытаттаан ыллым. Хата миэхэ бу сөптөөх булт буолсу диэн үөрэ санаатым. Киис булбатыбыт. Күнү быһа хааман улардарым санныбын быһа түһэн улахан таһаҕас буоллулар. Киэһэ күтүөм харабыынын оптикатын хоппоҕо уура сылдьарын ылан, туһаҕынан эрийэн, мас сыыстарынан ытаһалаан туоһапкабар туруордум. 200 миэтэрэҕэ диэри таба ытар гына оҥордум. Улардар 200 эрэ миэтэрэҕэ диэри киһини киллэрэллэр. Чугаһаары гыннаххына көтөн хаалаллар. Дьэ, бэйи! Бастаан кэһэйбит буолан, улардары сарсыарда ыппат буолбутум. Төннөрбөр түбэстэхтэринэ оптиканан сирдэтэн биирдэ эрэ ытарым.

Балантыын күн аайы кэриэтэ иккилии кииһи өлөрөн кэлэр. Ытын хайгыыр:

– Моойторук сааһырдар да, булчут ыт. Төһө тайаҕы үрэн биэрбитин ким ааҕан билиэ баарай! Киискэ мөлтөх, быһа холуйан сылдьар. Ол сылдьан суолун сүтэрэн кээһэр. Оттон Бойбооску кыратын көрүмэ. Саҥатык суолун буллар эрэ, ситэрбит эрэ хаалар. Суолуттан туораабат, оргууй аҕай суолун устун батыһан иһэр. Кини киискэ бардар эрэ, киис сүгэһэрбэр сытар курдук саныыбын, – диэн астына кэпсиир.

– Сүтэ сырытта быһыылаах этэ буолбат дуо?

– Манна мунан булчут киһиэхэ түбэһэ сылдьыбыта. Киистэтэн абыраммыт этэ. Мин ытым буоларын истээт, киһинэн ыыппыта. Хаста да, атыылаһа сатаабыттара да биэрбэтэҕим, – диэтэ.

Халлаан тымныйан барда, тыалырар буолла. Балааккаҕа иккиэйэҕин сытабыт. Уолаттар атын балааккаҕа бааллар. Күтүөм оһох диэки төбөлөнө сытар буолан, уһугунна да оһоххо түүнү быһа мас быраҕан хонор, миигин тоҥуо диир быһыылаах. Бэйэтэ олох да кыһаллыбат, тоҥор диэн өйдөбүлэ да суох киһи. Хаатыҥката тэстибитин туһаҕынан хам тардына сылдьар. Биир сарсыарда баттаҕым кырыа буолан тоҥон аҕай турдум.

– Балантыын, эйигин соргулаах, байанайдаах булчутунан оройуон барыта билэр. Биирдэ эмит Байанайгын илэ көрбүтүҥ дуо? – диэн чэйдии олорон үүйэ-хаайа туттум.

– Биирдэ, кырдьык, көрөн турардаахпын, – диэн киһим соһутта. Чэйдиирбин да умнан саҥа аллайдым:

– Дьэ, кэпсээ эрэ. Хайдах этэй?

– Кыһын бултуу сылдьабын. Үүтээҥҥэ соҕотоҕун утуйа сытабын. Туох эрэ тыаһыттан уһуктан оһох диэки хайыстым. Халлаан суһуктуйа сырдаабыт этэ. Оһоххо оттор кыстаммыт мастар үрдүлэригэр кыра, маҥан баттахтаах кырдьаҕас оҕонньор олороро. Ис киирбэх көрүҥнээҕэ, тугу да саҥарбатаҕа. Иккиһин эргиллэн көрбүтүм, суох буолбут этэ. «Байанайдара диэн ити буоллаҕа» дии санаабытым. Ити кыһын бэркэ бултуйбутум.

Балантыын лапса дьааһыгар саа сэбин, кыра ол-бу таҥастары, чэйи, испиискэни, сыа чүмэчилэри укта сылдьара. Ол үрдүгэр чэйдиирбит. Кытыытыгар кыра дьөлөҕөс оҥорон сыа чүмэчини уматан туруорарбыт. Уруттаан эттэххэ, биир киэһэ балааккабытыгар төннөн истэхпитинэ киһим:

– Сарсыарда барарбытыгар чүмэчибитин умулларбыппыт дуо? – диэн ыйытан соһутта.

– Өйдөөбөппүн. Эн кэлин тахсыбатаҕыҥ дуо?

– Умуллардыбыт ини. Билигин сотору көрүөхпүт, – диэт хаамыытын түргэтэттэ.

Балааккалар ыраахтан туртаһан көһүннүлэр.

– Ол да иһин, хайдах умулларбат буолуомуй? Иэдээн дии, турбутунан таһырдьа хаалар диэн, – дии-дии эгэ-дьаҕа буолла. Балааккаҕа киирэн көрбүппүт, дьааһыкпыт турар. Оттон чүмэчи умайан бүппүт, сыата эрэ хаалбыт. Уот дьөлөҕөһүнэн таҥастарга түһэн баран, биһиги дьолбутугар, умуллубут. Биһиги сирэй сирэйбитин көрсөн эрэ кээстибит. Кэлин ордук таҥастары, астары, саа сэбин тэйиччи лаабыска уурар буолбутум. Балааккаларын, үүтээннэрин уот сиэн, турбутунан эрэ хаалбыт түбэлтэ элбэх.

Биир сарсыарда чэйдии олорон күтүөм ыйытта:

– Хайа диэки сиэлэр былааннааххыный?

– Бэҕэһээ мантан чугас хоту диэки просека барарын көрбүтүм. Ону батан көрөө инибин.

– Итинтиҥ эбиэт саҕана от үрэххэ тириэрдиэ. Таарыччы ат аһылыгына көрөөр. Итиннэ көстөхпүтүнэ хаһыы баар буолсу дуу, суох дуу. Ол эрэн уҥуор тахсаайаҕын, бутуурдаах сир. Үрэхтэн төннөөр, эн холгор ол да сөп буолуо.

Туоһапкабын сүгэн, ыппын ыҥыран просека диэки бара турдум. Халлаан кыралаан тыалыран барда. Баран иһэн хаста да улардарга түбэстим да ыппатым. Күтүөм эппитин курдук күнүс от үрэххэ тиийдим. Онон-манан киис суола баарга дылы. Моойторук миигиттэн ыйыппат киһи, үрэххэ киирэн тугу эрэ сытырҕыы-сытырҕыы уҥуор элээрэ турда. Ыҥыран көрдүм да кыһаллыбата. Уҥуор тахсан олох да сүтэн хаалла. Ыппын көрдүү таарыйа үрэххэ киирдим. Киис эргэ да, саҥа да суола кыралаан баар. От эмиэ баарга дылы. Ытым киис саҥатык суолун булан барбыт. Уҥуор тахсан ойуур устун ытым суолун батыстым. Ол истэхпинэ кэннибэр эмискэ тыас тыаһаата. Соһуйан эргийэ биэрбитим, Моойторугум тылын былас таһааран бу иһэр эбит. Суолун сүтэрэн онтун көрдүү сылдьар быһыылааҕа. Бэйэтин олус кыанар, күүстээх түөстээх, моойторуктаах, маҥан тыстаах уһун атахтардаах, чөрөгөр кулгаахтардаах, хара өҥнөөх улахан саха ыта этэ. Миэхэ тохтоон да көрбөккө инним диэки элээрэ турда. Булчута да суоҕум иһин, киис чугас баар быһыылаах диэн сэрэйэ санаатым. Ытым барбыт сирин диэки түһүнэн кэбистим. Истээх кирзовай саппыкынан сылдьар буолан халтархай. Эдэр буолан онно эрэ кыһаллыбаппын. Син барбахтастым, хаҥас өттүбэр үрэхпин ыйдаҥарда иһэбин. Ол истэхпинэ инним диэки тэйиччи ытым үрэрэ иһилиннэ. Уот дэлби сиэбит аабылааныгар тиийдим.

Киис сулугур, эттээх мас төбөтүгэр тахсан олороро, Моойторук үрэ-үрэ тиити эргийэ сүүрэ сылдьара. Күтүөм үөрэппитинэн, илдьэ сылдьар быабынан ыппын тутан тэйиччи маска баайдым. Тыаллаах буолан титиригим кыратык хамсыыр да буоллар, умнаһыгар мэһэйдэтэн кииспин төбөҕө ытан түһэрдим. Хаанын ыппар салаттым. Урут уолаттар киистэрин мэнээк көрөн эрэ кээһэр буоллахпына, бастакы кииспин интэриэһиргээн, болҕойон, тутан-хабан көрдүм. Киистэрэ диэн улахана суох эрээри, бүтүннүү иҥиир кыыл эбит. Тыҥыраҕа сытыытын. Моонньун көрдөххө күүстээх кыыл быһыылаах. Түүтэ күндү буолан улаханнык сыаналанар булт. Солоҥдоттон улахан, модьу-таҕа көрүҥнээх. Кииспин сүгэһэрбэр уктан сүгэн кээстим. Туран толкуйдуу түстүм: «Үрэҕим ити арҕаа барда. Мин соҕурууттан хоту кэллим, просека устун. Просека үрэххэ киириититтэн төһө тэйбитим буолла? 4–5 биэрэстэ буоллаҕа буолуо. Киэһэрдэ. Тыала күүһүрдэ. Мин төттөрү 5 биэрэстэни халтай барыам кэриэтэ үрэҕи туораан просекаҕа ойуурунан быһа түстэрбин, дьиэбэр сөпкө тиийиэм этэ», – дии санаатым. Хаһан баҕарар икки катеттааҕар гипотенуза кылгас диэн оскуолаҕа үөрэтэллэрэ. Итинник быһаарынаат, тайах быстан үрэххэ киирдим. Саабын сүгэн үрэх устун сүүрэр-хаамар икки ардынан түһэн истим. Ол иһэн андаатар уйатыгар түбэһэн уҥа атахпынан тобукпар дылы ууга түстүм. Атахпын ороот, саппыкыбын уһулан уутун сүөкээтим. Ыстааным сототун эмиэ ыга сатаатым. Онньуускабын ылан ыктым уонна саппыкыбын төттөрү кэтэн кээстим. Ити ыккардыгар халлааным борук-сорук буолла. Бачча тымныыга инчэҕэй атахтаах балааккабын таайан көрдүөхпүн санаам буолбата. Үрэххэ киирбит суолбун көрдүү төттөрү бардым. Төһө да халлаан тымныытын, күүстээх тыаллааҕын иһин дэлби тириттим, наһаа утаттым. Саха быһаҕын таһааран, сытан эрэ мууһу көйөн сиэтим. Мууһу олуйаары быһахпын тоһутан кээстим. Халлаан хараҥаран барда. Үрэҕи туораабыт суолу булан, чуолкайдаары, испиискэнэн сырдатан көрдүм, киһи суола дуу, тайах ааспыт дуу. Мантан киэһэ ханна барыахпыный, суолбун булан тохтуур сир көрдөннүм. Урут сиргэ хоммотох буолан улаханнык мунаардым. Тыала суоҕа буоллар өссө син да этэ. Уот сиэбит толооно. Тыал таҥаспын курдары үрэр. Тоҥон бардым, «уотта оттуохха, таҥас куурдунуохха, чэй оргутан иһиэххэ» диэн санаа киирдэ. Сиҥнибит тиити булан силиргэҕин өттүгэр туоһапкабын өйөннөрдүм. Ытым «манна тохтуубут быһыылаах» диэн, таспар сытынан кээстэ. Тыалым утары сыгынах диэки охсор. Мас таһан уот отуннум. Солуурчахха хаар хаалаан туруордум. Эһэ, бөрө кэлиэ диэн, олорор сирим уҥа, хаҥас өттүгэр өссө икки кулуһуну отуннум. Онньуускабын, сытыйбыт саппыкыбын уһулан кулуһун аттыгар куурда уурдум. Ыстааммын уһулан кутаа сылааһыгар сырайа түстүм. Тоҥумаары уонна утуйумаары, түүнү быһа кулуһуннарбын сөргүтэн таҕыстым. Чэй иһэ олордохпуна таҥас сыта кэллэ. Ону сытырҕалаан булан ыллым, кэтэн олорор тэлэгириэйкэбэр кыым түспүт эбит. Ону умулларбытым кэннэ аны атын сиринэн буруолаан таҕыста. Сөп даҕаны, тыал уот кыымын мин диэки үрэр. Кыым таҥаска түһэн умайбакка ханна барыай? Эмиэ таҥас сыта кэллэ. Соммун онон-манан тутан, сытырҕалаан көрдүм да, уот баара биллибэт. Онно өйдөөн көрбүтүм, онньуускам буруолуур эбит. Ылан умайа сылдьар сирин хаарынан саба тутан умуллардым. Умайбытын аахсыбатахха, бэркэ куурбут. Хата саппыкыбын кэтииһибин диэн, уот таһыгар кылгас маска кэтэрдиллэн сараҕыйа турарын сулбу тардан ыллым да, сиргэ бырахтым, ибис итии, илиибин сиэтэ сыстым. Сойутан баран көрбүтүм, төбөтө хайыһар курдук эрийэ хатан тахсыбыт. Онньуускабынан эринэн кэтээри гыммытым, тимир оһох турбатыгар угар курдук көнөтүк эрэ киирэр. Дьэ, сор диэтэҕиҥ! Олоруом дуо, балериналар курдук атаҕым төбөтүгэр үктэнэ сылдьан уоттарбын күөдьүтэлээн биэрдим. Тыал тохтообот, халлаан сырдыа өссө да ыраах быһыылаах.

Дьэ, ол олорон ону-маны саныыбын. Оҕо эрдэхпиттэн кыра булка сылдьа үөрүйэх буолан, уоту түргэнник отуннум. Ыттаах, саалаах буолан син куттаммаппын. Моойторук тугу да чугаһаппата чуолкай. Холкутук, туох да буолбатаҕын курдук утуйа сыттар да сэргэх буолуохтаах. Иччитиниин тайаҕы сырсан тайҕаҕа төһөтө хоммуттара биллибэт. Ол үгэһинэн хонуохтаах курдук саныы сыттаҕа, сарсын күүс наада буолуо. Баҕар, кырдьаҕас ыт быһыытынан, киһитэ муммутун сэрэйэн, соҕотохтуу хаалларымаары доҕор буола сытара буолуо. Ол сөп даҕаны. Дьиэбит көс эрэ иһинэн баар буолуохтаах. Манна кини элбэхтик бултаабыт сирэ. Балаакката ханан баарын сэрэйэ сыттаҕа. Сарсыарда хаарга суолум көһүннэр эрэ, дьиэм диэки дьүккүйэн көрүөм этэ. Уолаттар кэтэһэн эрэйдэннэхтэрэ» диэн харааста саныыбын. Эмиэ өрбөх сыта кэллэ. Сонум баатата умайан эрэр эбит. Суох, утары уоппун хаҥас уокка көһөрүүһүбүн, туран умайа сылдьар мастары хаҥас кутааҕа тамнаатым. Хаппыт мастары мунньан тэллэх оҥоһуннум. Онно сыгынах аттыгар сытан нуктуу түстүм.

Уһуктубутум, халлаан сырдаан эрэр эбит. Чэйбин сылытан итии киллэринним. Хаарга суолум көстөр буолбут. Тайах мас булунан, онон-манан быһалаабакка, суолбун батан киис ыппыт сирим диэки содьороҥноон истим. Чааһы кыайбат айаннаабытым кэннэ, иннибэр мас тыаһаата. Көрө биэрбитим, Балантыын икки аты сиэтэн бу иһэр эбит:

– Үрэх уҥуор тахсыбыккын көрөн, бу уол мунан өллөҕө дии иһэбин. Хата ырааппатах эбиккин. Үрэҕиҥ уҥа салаатыгар сылдьыбыккын. Ким баҕарар мунар сирэ, – диэн миигин уоскутан, буолуохтаах булбутун курдук этэн кээстэ. Мин үрэх сүнньүнэн сылдьарым буолуо дии саныырым. Ол аата уҥа салааны туораан «быһа» бара сатаабыппын. Ууга түспэтэҕим эбитэ буоллар, хайа үөдэн түгэҕэр тиийиэм эбитэ буолла. Аанньалым көмөлөстөҕө. Үрэхтэн уу баһан, уот оттон чэйдээтибит.

– Бүгүн сынньан. Мин суолбуттан туораайаҕын. Аара улар ыйанан турарын көрүөҥ. Ону илдьэн буһараар. Мин киэһэлик тиийиэҕим, – диэт атын миинэн арҕаа диэки айанната турда. Моойторук иччитэ баарын кэннэ миэхэ хаалан бэрт, иннилэригэр түһэн элээрэ турда.

Ити кэннэ мунан баччааҥҥа диэри сиргэ хоммотоҕум. Мунаахсыйыы ханна барыай. Тайахтыы сылдьан ырааҕырҕатан сиргэ хоноруҥ ахсааҥҥа киирбэт. Ити тымныы, тыаллаах түүн инникитин булчут буоларбар элбэххэ үөрэппитэ. Сөптөөҕүн бултаан, этэҥҥэ сылдьан тымныы түспүтүн кэннэ, Өктөөп бырааһынньыгар дьиэбитин булбуппут.

Соһуччу көрсүһүү

Подняться наверх