Читать книгу Соһуччу көрсүһүү - - Страница 7
Солоҥдо
ОглавлениеСуоппар идэтигэр Маар училищетыгар биир сыл үөрэнэн баран, үлэ көрдөһө Ньурба киин уулуссатынан хааман иһэбин. Эбиэт иннэ буолан, кэлэр-барар киһи элбээбит. Утары РОНО сэбиэдиссэйэ, биһиги Дьаарханнар күтүөппүт, Кардашевскай Алексей Гаврильевич иһэр. Миигин көрөн тохтоон дорооболосто. Дьоммун ыйыталаста уонна тугу гына сылдьарбын туоһуласта. Суоппар идэлэммиппин истэн сэҥээрдэ уонна миэхэ үлэбэр эбиэт кэннэ кэлэ сылдьаар диэн ыҥырда.
Аһаан баран Алексей Гаврильевичка үлэтигэр тиийдим. Утары олордон ону-маны туоһуласта:
– Дьоҥҥун билэбин. Тугу элбэҕи ыйытыахпыный. Биир боппуруоска эппиэттээ эрэ, арыгыны иһэҕин дуо?
– Кутан биэрдэххинэ антах анньыам суоҕа, – ыйыппытын курдук эппиэттээтим. Киһим күлүү бөҕөнү күллэ уонна кадр отделын үлэһитин ыҥыран:
– Бу уолу суоппарынан ылабыт. Дьыалатын оҥор, – диэн дьаһайда.
Ити курдук суоппар идэтин саҕалаабытым. Эргэ ГАЗ-21 «Волга» массыынаны оҥостон сүүрдэн барбытым. Биирдэ кыһын учууталлары Мархаҕа таһааран хааллардым. Айаннаан иһэн көрдөхпүнэ, онно-манна куобах, кырынаас суоллара мэнээктээбит этэ. Ол иһин нөҥүө күнүгэр дьоммун ыла барарбар туһах, хапкаан ылан бардым. Арыылааҕы ааһааппын кытта, суолбун субу солоҥдо туораабыт суола чуолкайа сүрдээх. Оҕотук санаабар «Ээ, ырааппатаҕа буолуо, маһынан да үлтү сынньан ылыллаа ини» диэх курдук санаатым. Бу хаһан да бултаабатах күндү түүлээҕим этэ. Ол эрэн аҕам бултаан үөрэн-көтөн кэлэрин көрөр буоларым.
Массыынам иһэ сылаас буолан, халтаҥ сонунан сылдьабын. Соннук ойон таҕыстым да, мас ылан солоҥдо суолун батыстым. Арыылаах анараа өттүгэр баар кыракый алааска киирдим. Солоҥдом ханна да көстүбэт. Күөл кытыытыгар киирэн өр кутуйахтаабыт. Суола Суптурҕан диэки барбыт. Массыынабыттан добуочча тэйдим, тоҥнум даҕаны. Ол да буоллар сибилигин ситэн ылаары суоллаан истим. Суптурҕаҥҥа тиийдим. Мелиорациялар хаспыт хорууларын буоругар киирбит. Онон-манан тахсыбыта буолуо диэн көрдүм да, ханан да суола суох. Массыынабын аҕала айан суолугар таҕыстым. Ол истэхпинэ массыына ситэн абыраата. Бэйэм массыынабыттан хапкааммын ылан солоҥдо баар сиригэр төттөрү тиийдим. Урут солоҥдоҕо хапкаан иитэ үөрүйэҕим суох эрээри, булчут киһи оҕото буолан, быһа холуйан хапкааммын хороонугар иһирдьэ соҕус иитэн кээстим. Чэҥкээйи мастаатым.
Аҕыйах хонон баран Дьаархантан дьон аҕалар буоллум. Урукку сирбэр тохтоон «Дьэ, хайаата буолла» диэн долгуйбут санаабар, мэктиэтигэр тыыммакка да тиийдим. Чугаһаан истэҕим аайы сүрэҕим тэбиитэ күүһүрэргэ дылы. Бай! Иҥнибит! Солоҥдо дьаардаах сыта муннубар саба биэрдэ. Хапкааным быата иһирдьэ тардыллан чиккэйэн сытар. Экскаватор таһаарбыт буора буолан, төһө да кыһынын иһин, начаас хаһан таһаардым, хам үктээн туран сүрэҕин туттум.
Киэһэ дьиэбэр тиийэн билэр булчуппар сүбэлэтэн сүлэн бардым. Тириитин алдьатыам диэн бэркэ сэрэнэн туттан киэһэ олох хойут бүттүм. Бүтэрим саҕана бастаан сүлбүт өттүм кууран хаалбыт этэ. Ити кэннэ солоҥдону түбэһэн бултаабатаҕым.