Читать книгу Соһуччу көрсүһүү - - Страница 13
Ууһут куобах
ОглавлениеКуобах балай да улаханынан, бултуурга кэбэҕэһинэн, үөскээтэҕинэ элбэҕинэн дьоһун булт буолар. Биир куобаҕы буһардыҥ да, ыал хонор аһылыга бэлэм. Оттон тириитин судаарыстыбаҕа туттаран харчы гыналлара. Куобах тириитинэн уран тарбахтаахтар сирийэн олус сылаас суорҕан, булчуттарга анаан бэргэһэ, үтүлүк истэрин, куллуку, сутуруо, бэгэччэк эҥин тигэллэрэ. Оттон атахтарынан остуол үрдүн, оһох холумтанын сотоллоро. Төбөтүн уҥуохтарынан оҕуһу миинэн иһэр киһи оҥостон оонньооччубут. Ити туран оҕо сааспын санаан кэллим…
Куобаҕы үксүн ийэм сүлэрэ. Кулгааҕын өҥүргэһин тириититтэн арааран биэрдэҕинэ өр баҕайы ыстыы сылдьарым. Сүлэн бүттэҕинэ иһин хостуу охсон быарын таһаарара. Итиэннэ үөһүн ылан баран, лааҥкаҕа ууран итии оһоххо бэрт түргэнник «сыр» гыннаран ылара. Ол минньигэс амтана айахпар билиҥҥэ диэри биллэргэ дылы.
От хомуура үмүрүйэн куобах кэмэ саҕаланна. Курааҥҥа хаста да төрүүр. Онон куобах түргэнник үөскүүр. Наһаа элбээтэҕинэ аһа бүтэн атын сиргэ сыҕарыйан биэрэр, уонча сылынан төннөр.
Хаар кэмигэр түспэккэ, куобахха ыарахан күннэр үүннүлэр. Маҥхайан эрэр буолан, хара сиргэ көстүмтүөтэ сүрдээх. Өрөбүл күммүтүгэр милииссийэ үлэһиттэрэ 7–8 буолан Баайаҕа диэки «тараахтаан» куобахтыы сылдьабыт. Куобах син баар, дөрүн-дөрүн саалар тыаһыыллар.