Читать книгу Соһуччу көрсүһүү - - Страница 6
Саһылга мастаммыт
ОглавлениеОскуоланы бүтэрээт, сопхуос мэктиэлээһининэн Маарга суоппар идэтигэр үөрэнэ тахсыбытым. Ийэбинээн урууларбытыгар Даарыйалаахха олорон кыстаабыппыт.
Өрөбүл күннэрбэр куобахха туһахтыырбын сөбүлүүрүм. Биир күн хайыһарбын кэтэн кэрийэ бардым. Чугас эргин сырыттым. Ойууртан сыһыы кытыытыгар таҕыстым. Уонча хонуктааҕыта хаҥас диэки сүүрбэччэ хаамыылаах сиргэ баай тиит анныгар, кыайан тоһуппаккабын, ураҕаска туһах баайбытым. Ааспыт сырыыга ааһан иһэн ыраахтан көрөн ааспытым. Куобах суох буолан, суола-ииһэ оһон барбыт этэ. Эһиэхпин сүрэҕэлдьээн ааһа турбутум. Ааһан иһэн туһаҕым диэки хайыһан көрбүтүм, тииккэ өйөннөрбүт ураҕаһым суох. Бай! Чэҥкээйим сиргэ сытар. Аттыгар тыыннаах куобах олорор. Туһахтан элбэх куобаҕы куоттарбыт буолан, туоһапкабын ылан хайыһарым үрдүттэн төбөҕө ыттым. Куобахпын ылан сүгэһэрбэр уктан баран суоллаатым. Бу диэки куобах суола сүппүтэ ыраатта. Хантан кэллэҕэй? Аҕыйахта хаамаат, куобах бүтэһик мүччүргэннээх сырыытын хаарга чуолкайдык «аахтым». Түүн систэн кэриигэ киирэн сүүрэкэлии сылдьыбыт. Өлүү болдьохтоох, ол сыһыы күөлүн кытыытыгар саһыл кутуйахтыы сылдьыбыт. Көрбүтэ, ойуур саҕатыгар куобах уҥа-хаҥас сүүрэкэлии сылдьар эбит. Оччону көрөн баран саһыл туруо дуо, куобахха быһа ыстаммыт. Куобах бастаан үлүбээй куоппут. Ол иһэн эргэ ороххо кэтиллэ түспүт да, ол устун куоппут. Саһыл улахан, хардыыта киэҥ буолан тулутуо дуо, бу ситэн кэлбит. Ол кэмҥэ, өлүү түбэлтэлээх диэбиккэ дылы, куобах мин туһахпар кэтиллэ түһэр. Уһун ураҕас саһылы сыыһа-халты түспүт. Бу аҕай сиэри уоһун-тииһин оҥосто испит саһыл «куобаҕым мастанна» диэн өй кылам гынан ааспытыттан куттанан, аска эрэ наадыйбакка туора ойбут уонна эргиллэн да көрбөккө ойуур устун сүүрэ турбут. Куобах олорон хаалбыт.
Ити туһунан Ньургуусаптарга тахсан кырдьаҕас күтүөппэр Сэргэйгэ кэпсээтим.
– Ити аата, булчуттардыы эттэххэ, саһыл эйигин кытта кэлэн дорооболоспут. Кинини бултаһыаххын наада. Мин эдэрим эбитэ буоллар ити саһылы чуолкай бултуом этэ, – диэтэ.
– Хаһан да саһылы бултаабатаҕым ээ. Ханан сылдьарын хантан билиэмий?
– Олох боростуой. Саһыл сылдьыбыт сиринэн сылдьар. Сыһыыга кутуйахтыы үлүбээй сүүрбүтүн иһин, атын сыһыыга барарыгар үксүн биир сиринэн сылдьар. Ол иһин биир суолунан хаста кэлэн барбытын билэр ыарахан.
– Ол аата куобах ороҕун курдук буоллаҕа дии.
– Куобах тэпсэн ыллык курдук ороҕун оҥостор. Оттон саһыл суолуттан суолугар үктээн айанныыр. Биир саһыл ыыра син киэҥ буолааччы. Нэдиэлэ эҥин курдугунан эргиллээччи, – Сэргэй, уруккутун санаатаҕа буолуо, сирэйэ-хараҕа сырдаабыта сүрдээх.
– Дьэ бултаһар буоллахпына хайдах бултуубун?
– Мин бултаабатаҕым ыраатта. Онон сэбим-сэбиргэлим суох. Суолугар обургу саһыл хапкаанын иитэҕин. Лааппыга икки өттүнэн тэптиргэлээх саһыл хапкаана баар этэ. Ийэҕиттэн харчыта ылан 2–3 устууката атыылас, – диэн сүбэлээтэ. Ити киэһэ Сэргэй саҥа хапкааны хайдах оҥорор, саһылга хайдах иитэр туһунан сиһилии кэпсээтэ, үөрэттэ.
Мин үс хапкааны атыылаһан, Сэргэй эппитин курдук таһырдьа кутаа оттон, эргэ солуурга уу кутан хапхааннарбын оргута уурдум. Арыыта элбэҕэ бэрт буолан, өссө саҥа ууга харыйа лабааларын кытта оргуттум. Таҥаһынан кууруор диэри соттум уонна таһырдьа быраҕаттаатым. Хапкааннааҕар арыы сытын ыраахтан ылан саһыл чугаһаабат үһү. Ойуурга тимир элбэх буолан хапкаан сытыгар соччо кыһаллыбат буолбут.
Нөҥүө өрөбүлгэ хапкааннарбын сүгэн сарсыардаттан саһыл сылдьыбыт алааһыгар бардым. Сыһыыга сылдьыбыт суола элбэх. Уҥуор эргэ өтөх көстөр. Өтөххө кэлэн кутуйахтыыр эбит. Ол суолугар икки хапкааны ииттим. Өтөх кэннинэн маарга киирэр ыллык баар эбит. Сылгылар сылдьыбыттар, ыллык кытыытынан эмиэ да саһыл суола баар. Ол суолу тэйиччинэн батыһан дулҕалаах маарга кэллим. Маарга киирэргэ обургу чөҥөчөк кэннинэн киирбит эбит. Ол чөҥөчөгүнэн сирэйдэнэн туран бүтэһик хапкааммын ииттим. Суолбун хаары тарыйан, санаабар, сабан таҕыстым.
Нөҥүө күнүгэр үөрэх кэнниттэн, комсомольскай мунньах ыытан, дьиэбэр хойутаан тиийдим. Ийэм кэтэһэн олорор эбит.
– Сылгыһыттар кэлэн күүтэ сатаан баран бу соторутааҕыта бардылар. Эн туһахтыыр сиргэр хапкааҥҥа кыһыл саһыл кэлиҥҥи биир тарбаҕыттан иҥнэн олорор үһү. Ол иһин куотан хаалыа диэн куттанан өлөрбөтөхтөр.
Мин күтүөбэр Сэргэйгэ сүүрдүм.
– Тыҥыраҕыттан иҥнибитэ үчүгэй. Оннукка ыарыытыттан олорор буолар. Оттон атаҕыттан иҥиннэҕинэ, атаҕын кэрбээн баран хаалааччы, – булчут киһи быһыытынан, мин өрүкүйбүппэр олох да наадыйбакка, налыччы быһааран биэрдэ. Саха үгэһинэн булчут тэрилигэр иҥнибит кыыллары ким да тыытар бырааба суох, айыы буолар. Сылгыһыттар сөпкө гыммыттар, хата сэрэйэн эйигин түргэнник булбуттар.
– Тыыннаах олорор буоллаҕына хайдах өлөрөбүн, куобах курдук мөхсөн баран тарбаҕын быһа түспэт дуо?
– Үөл титиригинэн төбөҕө оҕус уонна сүрэҕин тутан кээстэҕиҥ дии. Эбэтэр туоһапканан төбөҕө да ытыахха сөп. Хааннырааччы эрэ. Ону сөбүлээбэппин.
Ити түүн олох утуйбатым. Түһээтэхпинэ саһылым тарбаҕын быһан куота турар. Сарсыарда эрдэ туран туоһапкабын сүгэн, хайыһарбын кэтэн куобахтыыр сирим диэки түһэ турдум. Халлаан сырдыыта хапкаан ииппит өтөҕүм таһыгар кэллим. Саһыл сылдьыбатах. Хапкааннарым сыталлар. Ыллык суолу батыһан маарга киирдим. Арай, чөҥөчөк кэннигэр ииппит хапкааным суох! Сүрэҕим өрүкүйэ түстэ. Эргим-ургум көрдүм да саһыл баара көстүбэт. Суола аллара диэкиттэн кэлбит. Иҥнибит да төттөрү ойбут. Кыра мас состоруулаах этэ. Онтун соспутунан маарга киирбит. Ити дулҕаҕа иҥнибит, бу дулҕаҕа өр мучумааннаммыт. Ойуурга киирбит. Биир титириккэ хапкаанын быатын эрийэн олус өр олорбут. Арааран салгыы барбыт. Айан суолугар тахсан кэллибит. Чигди суол. Туох да суола суох. Төттөрү-таары сүүрэкэлээтим. Ханна да суол баара көстүбэт. Ыксаатым. Арай сыарҕа суола айан суолуттан арахсан уҥа саһыл баран иһэр сирин диэки барда. Хайдах эрэ, ыттар суоллара баар курдук. Элбэхтик от-мас тиэйбит буоланнар, чэҥкээйи суола көстүбэт. Суол икки өттүн көрө-көрө баран истим. Алаас ортотугар харыйа ой көһүннэ. Суол ол аттынан ааһар. Аа-дьуо суолу көрө истэхпинэ, арыы диэкиттэн хапкаан быата «халыр» гынар тыаһа иһилиннэ. Олоро түстүм, төҥкөйөн тыас диэки эргилинним. Харыйа кэнниттэн кыһыл саһыл дьиктиргээбиттии миигин одуулаһар. Туоһапкабын ылан кыҥаан көрдүм. Сэргэй оҕонньор хаанырар диэбитин өйдөөн ыппатым уонна бачча олорбут өссө да олорор ини дии санаат, үөл титириги харахпынан көрдөөтүм. Саатар харыйа арыы буолан биэрдэ. Харыйанан охсоор диэбэтэҕэ ээ. Баҕар чэпчэки буолуо, баҕар оннук быраабылалаах буолуо, хантан билиэмий. Тэйиччи биир титирик турарын көрдүм. Саабын саһыл диэки тутан кэннибинэн тоҥуу хаарынан хаамтым, хайыһарбын суолга хаалларбытым. Титирикпин тоһутан, мутугун солоон охсорго сөптөөх гына оҥоһуннум. Саһылым биир сиргэ турар, тонолуппакка миигин одуулаһар. Таһыгар кэлэн туоһапкабын хаарга туруору астым уонна титирикпин икки илиибинэн кытаанахтык бобо тутан баран оргууй аҕай төбөтүн үрдүнэн ууннум. Саһылым хамсаабат. Мин маҕыйа түһээт, үөл титиригинэн төбөҕө биэрдим. Саһылым өйүн сүтэрэн сууллан түстэ. Маспын моонньугар уура охсоот, тобукпунан ыга баттаатым. Ол бириэмэҕэ кыылым өйдөнөн кэллэ. Кэлин атахтарынан харса суох тэбиэлэнэн кууһурҕатта. Түөһүн харбаан сүрэҕин көрдөөтүм. Иһин диэки тэбиэлиир курдук. Ону булан агдатыгар хаайан хам баттаатым. Киһи эрэ буоллар мөлтөөн барда. Сүрэҕин тэбиитэ тохтоото, тылын таһаарда. Үөрүүбүттэн икки илиибинэн тутан туран эккирээмэхтээн ыллым. Аан маҥнайгы саһылым!
Халлаан сырдаата. Саһылбын атахтарыттан баайталаан баран, сүгэн кээстим. Ыал турбутун кэннэ саһыл сүгүүлээх уулусса ортотунан хайыһарынан анньан дьиэбэр кэлбитим. Көрбүт оҕонньоттор-эмээхситтэр хойукка диэри хайҕаан кэпсээн оҥостоллоро.
Саһылбын күтүөппэр, Балантыыҥҥа, сүллэрбитим. Оччолорго СПТУ-га комсомол сэкирэтээрэ этим. Судаарыстыба баайын таҥас гынар туһунан санааҕа да суоҕа. Ийэбэр да, эдьиийдэрбэр да саҕа гыныахха сөп курдуга. Ону ааһан табаарыстарым атыылаһаарылар кычыгылата сырыттылар. Туох да иһин бэриммэтэҕим. Балантыын булдун кытта бииргэ судаарыстыбаҕа туттарбыта.
Ийэм бултаабыт киэһэбэр, оҕом маҥнайгы улахан булда диэн, урууларын ыҥыран малааһыннаабыта.