Читать книгу Төлкө - - Страница 2

Маҥнайгы кинигэтэ
ХАРАҤА ТҮҮН
Маҥнайгы баһа
II

Оглавление

Ол дьон Дьокуускай уокуругун курдук ыраах сиртэн, бука, кыра сорукка кэлбэтэхтэрэ буолуо диэн кыргыттар хоп-сип хобугунаһан бараллар.

Сүөкүлэ кыыс, мындырын мындыр, Маайа сирэйэ-хараҕа кубулуйбутун бэлиэтии көрө охсор:

– Маайабыт иҥин хаана тоҕо эрэ олус кэйбит. Эргэ тахсар, биһигиттэн барар кыыс буолла быһыылаах.

– Э-эс. Тоҕо эмиэ таҕыстамый?!

– Чэйиҥ эрэ, кыргыттаар, иҥиир сап утаҕынан сэрэбиэйдээн билиэҕиҥ, – диэтэ Сүөкүлэ.

Кыргыттар айдаара, аймана түһэллэр. Сүөкүлэ сэбиргэнэттэн чороччу хаппыт ынах сындааһынын ылан тырыта тыытар, сыгынньах ньилбэгэр синньигэс утахтары хата охсор.

– Чэйиҥ, бүлүүсэҕэ сылаас уута кутан аҕалыҥ!

Хамначчыт кыргыттар, бүлүүсэҕэ сылаас ууну кутан, көмүлүөк оһох иннигэр турар остуолга аҕалан уураллар. Сүөкүлэ, тугу эрэ уоһун иһигэр ботугуруу-ботугуруу, иҥиир утахтары бүлүүсэлээх сылаас ууга түһэртиир.

Иҥиир сап утахтара, сылаас ууга илийэн, бүлүүсэ түгэҕэр тимирэллэр. Сүөкүлэ оһох уотун сылааһыттан, бүлүүһэлээх итии ууну кытта бадьыыстаһарыттан сирэйэ кытара буһар. Кини бүлүүсэлээх уутун дьалкыҥната-дьалкыҥната утахтарын одуулаһар. Туох буолуоҕун көрө-билэ охсоору, кыргыттар төбөлөрө бүлүүсэ үрдүгэр үмүөрүһэр.

Хатыллыбыт иҥиир сап утахтара, сылаас ууга улам сиигирэн, синньигэс төбөлөрүттэн саҕалаан өһүллэн, үөһэ-аллара түллэҥнэһэн бараллар.

Бу бүлүүсэҕэ сытар икки утахтан биирдэстэрэ Маайа кута, иккиһэ кэргэн кэпсэтэ кэлэн олорор Дьаакыбылап кулуба уолун кута буолуохтаахтарын кыргыттар бары билэллэр. Ол гынан баран хайата Маайа кута, хайата уол кута буоларын Сүөкүлэ бэйэтэ эрэ билэр.

Уҥа диэки сытааччы сап утаҕа аан бастаан хамсыыр, хатыыта өһүллэн куймаҥныыр, эриллэҥниир.

– Сүөкүлээ, ити уҥа диэкитэ хайаларай? – диэн кыргыттар ыйыталлар.

– Ити биһиги Маайабытын көрө, кэргэн кэпсэтэ кэлэн олорор уол.

– Ок-сиэ, обургу хамсанан-имсэнэн, түллэҥнээн, сытыы уол кэлбит быһыылаах… Көрүҥ, көрүҥ! Маайабытыгар чугаһаата дии…

– Маайа тэйдэ!.. Тэйдэ!.. Ити аата эмиэ сирдэҕэ дуу?.. Эргэ тахсыбат кыыс буолаары гынна. Көрүҥүтүүй! Көр, уол батыһан эрэр… Ситиэхчэ буолла!

Ити курдук көрө туран, арыт эмискэ ах бараллар, онтон эмиэ, өрүһүспүт курдук, бары бииргэ күйгүөрэ түһэллэр:

– Сүөкүлээ, уолбут ити туох буолла? Тоҕо төттөрү түллэҥнээн барда?.. Көрүҥ-көрүҥ! Аны Маайабыт уолу батыста буолбат дуо?.. Маайа, ити хайдаҕый?

– Кэтэһэ түстүн, мин кинини батыспатах баҕайым ини, – диир Маайа, бу сэрэбиэйи бэрт болҕомтолоохтук көрөн туран.

Өһүллэн бүтэн эрэр утахтар, аат эрэ харата хамсаан, бэйэ-бэйэлэригэр чугасаһаллар.

– Көрүҥүтүүй! Холбоһон эрэллэр дии… Сүөкүлээ, бүлүүсэҕин хамсатан биэр. Аны Маайабыт уолу үрдүнэн ааһаары гынна дии!

Ити курдук аймана, айдаара олордохторуна, тас аан аһылынна. Хотуннара Ылдьаана эмээхсин киирэн кэллэ. Оһох симиктик умайар буолан уонна кыргыттар хаххалааннар, ийэтэ кыыһын таба көрбөтө:

– Хотуойдаар, Маайаны көрдүгүт дуо?

– Ийээ, мин манна баарбын, – диир Маайа.

– Бачча өр манна тугу гына олороҕунуй? Дьиэҕэр таҕыс!

– Ийэкээ, сип-сибилигин тахсыам. Ити туох ыалдьыттара дуу, хоноһолоро дуу кэллилэр?

– Дьиэҕэр таҕыс, кимнээх кэлбиттэрин бэйэҥ көрүөҥ!

– Ийээ, сип-сибилигин тахсыам, – дии-дии Маайа икки чанчыгын баттаҕын өрө имэринэр, синньигэс биилин ааһа түспүт ыас хара суһуохтарын өрүүлээх төбөлөрө өһүллүбүтүн оҥостон барар. Хотуннара тахсарын кытта кыргыттар эмиэ бүлүүсэлэрин үрдүгэр төбөлөрө үмүөрүһэ түһэр. Көрбүттэрэ: иҥиир утахтара, хамсаабат буола өһүллэн баран, хайыы-үйэҕэ сойон хаалбыт ууга бэйэ-бэйэлэрин туора түһэн сыталлар эбит.

– Хайа, ити аата туох буолууһуктарый? – диэн кыргыттар Сүөкүлэттэн ыйыталлар.

– Ким билэр. Ити хотуммут Ылдьаана киирэн аралдьытан кээһэн, туох буоларын көрдөрбөтө дии.

Кэтириис, хоруорбут хардаҕас төҥүргэстэрин үөттүрэҕинэн холботолоон баран, эбии хардаҕастары уурбутугар балаҕан иһэ сырдыы түстэ.

– Э-э, иккистиэҕиҥ, – диэтэ ким эрэ саҥата.

– Чэйиҥ!.. Кэтириис, маны тоҕон, чаанньыктан сылаас уута кутан аҕал, – Сүөкүлэ, иккистээн сэрэбиэйдээри, эмиэ иҥиир утахтары хатаары оҥостор.

Маайа, саҥа сэрэбиэй тугунан бүтэрин көрөөрү, саараан турбахтаан баран:

– Кэбис, хойутаатахпына ийэм мөҥүө, – диэт, кырса тыһа истээх сонун санныгар иилиммитинэн тахсан барар.

Маайа хаппахчытыгар ааһан иһэн хараҕын кырыытынан көрбүтэ: сүүрбэтиттэн тахсыбыт бадахтаах, сылластыгас уостаах, эһэ арҕаһын түүтүн курдук, өрө тура сылдьар баттахтаах, маҥан малтаҕар сирэйдээх, сукуна-солко таҥастаах эдэр киһи, «мин дуо» диэбиттии, тиэрэ түһэн чынайан олорор. Кини аҕата күрэҥсийэн көстөр бытыктаах, тимир-тамыр курдук көрбүт аҕамсыйа баран эрэр киһи эбит. Кинилэр, холку бэйэлээхтик туттан, дьиэлээх тойону кытта кэпсэтэ олороллоро.

Ааҥҥа Маайа көстөрүн кытта, уол акаары баҕайытык ымас гынна, «сэгэрим бу баар эбиккин!» диэбиттии, тонолуппакка одууласта.

Киэһэ дьиэлээхтэр, остуол тардан, хоноһолорун күндүлүүллэр-маанылыыллар.

Маайа, аһыы олорон, эдэр киһини үчүгэйдик сирийэ көрөр. Хоноһо уол, оҕонньоттор кэпсэтэллэрин истэ-истэ, туох да солуута суохтук күлэн, сылластыгас уостара ымайаллар. Аһыылларын устата кыараҕас соҕус ыйаастыгас хараҕын Маайаттан араарбат. Арыт, кыыс сирэйин супту көрөн олорон, тугу эрэ этээри гыммыт курдук, уоһун чорбоҥнотор.

«Быһыыта, далай ааргы эрэйдээх», – дии саныыр Маайа уонна уол ити туттарыттан-хаптарыттан хайдах эрэ күлүөх санаата кэлэн, мичик аллайан ылар. Ол ахсын хоноһо уол үөрэн ымайар, бөдөҥ саһархай тиистэрэ килэҥнэһэллэр.

Харатаайап кулуба улахан дьиэтин түннүктэрэ түүн хойукка диэри чүмэчи уотунан сандаараллар. Икки улуус кулубалара, атах тэпсэн олорон, бэрт үгүһү эргитэн сэһэргэһэллэр. Кинилэр бу киэһээҥҥи кэпсэтиилэрин үксэ соҕурууттан көскө кэлэр «судаарыскайдар» тустарынан буолла. Хас сыллата аайы көскө кэлэр дьон ахсааннара үксээн, элбээн иһэр. Улуус кулубаларыгар ол бэрт элбэх түбүгү, кутталы үөскэтэр. Дьаакыбылап кулуба аҕыйах сыллааҕыта Боотурускай улууска Петр Алексеев диэн судаарыскайы Сиидэрэп диэн кинээс доҕорунаан Абараамаптыын өлөрбүттэрин туһунан кэпсээтэ.

– Маҥнай сүттэҕин утаата ол судаарыскайы күрээтэҕэ диэн сылдьыбыттар. Күһүн хаар түспүтүн кэннэ, дьэ, өлүгүн булбуттар.

– Аньыы даҕаны, – Харатаайап кириэстэнэр.

– Онтон сылтаан Боотуруускай улуус кулубатын Оруоһун тойону, быыбарынай кулубаны Арамаан Балсакыабы дуоһунастарыттан устар курдуктар үһү.

– Дьэ үлүгэр эбит. Ити туох ааттааҕын, атын сир баранан, биһиги улуустарбытыгар кинилэри ыыталлара буолуой? – диэн Харатаайап кулуба, кэнэн муҥутаан, уйатыгар уу киирэр, куттанар.

Түүн ортото лаппа ааспытын кэннэ хоноһолоругар ортоку хоско орон оҥортоон биэрэллэр.

Маайа киэһэни быһа туох да саҥата суох Дьаакыбылап кулуба сэһэнин истэн олорон учууталын Аркадий Романович Эховы санаан кэлбитэ:

«Билигин кини ханна буолуой? Хайа улуус түгэҕэр үүрбүттэрэ буолуой? Кими эмэ үөрэтэрэ дуу, суоҕа дуу? Оо, баччааҥҥа диэри манна олорон үөрэппитэ буоллар, билигин төһө эрэ билиилэммит буолуом этэ!»

Маайа тоҕо эрэ этин сааһа аһыллан, уута көтөн, бэрт өр оронугар эргийэ, мөхсө сытан баран, сарсыарданан нэһиилэ утуйда.

Нөҥүө күнүгэр хойутаан турдулар. Хоноһолор тиэтэйэр быһыылара биллибэт. Бэрт наҕыллар. Маайа аҕата да үлэтигэр барбата. Кини хоноһолоруттан тугу эрэ көһүтэр курдук көрөр-истэр.

Күнүскү чэйи иһэллэр. Маайа, чэйдээн бүтэн, хаппахчытыгар киирбитин кэннэ икки оҕонньор, кыыс сөбүлэнэр буоллаҕына, эдэрдэри холбуурга быһаарсаллар. Ол эрээри Харатаайап кулуба бу уолу иһигэр киллэрбэт, кинини баай киһи оҕото, кулуба уола эрэ диэн Маайаны биэрэргэ быһаарынар. Ылдьаана буоллаҕына, хоноһолоро тутталларын-хапталларын көрө-көрө: «Оҕом бу дьоҥҥо эрэ барбатар ханнык этэ», – дии саныы сырытта.

Үгэс быһыытынан, аҕалаах ийэ, уол ыйыттарарын кэпсии уонна сөбүлэһэҕин дуо диэн ыйыта, кыыстарын хаппахчытыгар киирэллэр. Хос иһигэр Дьаакыбылап кулуба уолунаан иккиэйэҕин хаалаллар.

– Нохоо, бу ыал кыыстарын сөбүлүү көрдүҥ дуо? – диэн оҕонньор уолуттан ыйытар.

– Көрөн, – диэн баран уол дьиэ өһүөтүн одуулаһан мэлээриҥнии олордо.

– Сөбүлүүгүн дуо диэн ыйытабын ээ?! – аҕата сибигинэйэ былаан бардьыгыныыр.

– Сөбүлээн.

Кырдьыга, Дьаакыбылап кулуба, улахамсык, киэбиримсэх муҥутаан, мин уолбун кыыс сириэ диэбэт этэ. Хата, уолум кыыһы сирэн кэбиһиэ диэн сэрэнэрэ. Билигин уола сөбүлүүрүн истэн, хайа сах сыбаайба буолара быһаарыллыбытын курдук санаата.

Өр соҕус буолан баран, Сэмэн Уйбаанабыс, кыыһын хаппахчытыттан хайдах эрэ арбы-сарбы туттан, хоноһолорун сирэйин таба көрбөт буолан таҕыста. Кыыс сирбитэ көстөн турарын үрдүнэн, Дьаакыбылап кулуба, бэйэтин үтүө аатыгар-сураҕар эрэммитэ оччо буолан, кыыс туох диэбитин чопчу истээри, ороҥҥо тиэрэ түһэн чынайан олордо.

– Дьэ, оҕоҕут туох диэтэ?

– Мин бэйэм чааһым эһигини, төһө да тэҥнээхтэрим диэн, сөбүлээбитим иһин…

Дьаакыбылап кулуба хорос гына көнө түстэ, сирэйэ эмискэ дьэбин уоһунна. Ол эрээри билигин да: «Мин оҕобун ама сирбит үһүө?» – дии санаан итэҕэйбэккэ холку соҕустук ыйытта:

– Сөбүлээтэ ини?

– Этэбин ээ, мин төһө да уруулуу буолуохпутун баҕарбытым иһин, кыыспыт буолбат, – Харатаайап «кыыһым сирдэ» диэҕин тыла тахсыбата. Оо, кыыһа «сөбүлүүбүн» диэбитэ буоллар, төһө эрэ үөрэн-көтөн өрөһөлөнөр этэ!

Дьаакыбылап кулуба, кыыс кини уолун сирбитин истэн, ойон туран таҥаһын үрдүгэр түстэ. Уола Сүөдэркэ туох-ханнык буолбутун билигин даҕаны кыайан ситэ өйдөөбөккө мэлээриҥнии олордо. Аҕата, таҥаһын таҥнан хачымахтаһа-хачымахтаһа, уолун хатыылаах баҕайытык кынчарыйда уонна күргүйдүүр былаастаахтык:

– Таҥын!.. Барыах!.. Сирдэрэн баран, тугу кэтэһэн олороҕунуй? – диэтэ.

Дьиэлээх тойон, кыыһа уолу сирбититтэн кыйаханан, кыбыстан, тугу да этиэн булумуна:

– Оҕонньор, ити курдук өһүргэнэриҥ сыыһа: кыыс уолу сирэрэ да, сөбүлүүрэ да ханна барыай, баар суол, – диэн си буолуохтааҕар тыл кыбытта.

Анарааҥҥыта, кыыһыран, өһөх курдук кытарбыт хараҕынан өтөрү көрөн кэбистэ:

– Мин оҕобун, улуус бастыҥ ыалын оҕотун, сирдэрэн бараҥҥын, бэрт киһи, кыыскын ньадараал уолугар биэрэр инигин. Аны сирэ-тала олорон, ыал хамначчытын батыһар дуу?.. – диэн хомуруйа-хомуруйа, уолун батыһыннаран, дьиэттэн тахсан барда.

Дьаакыбылаптаах тэлгэһэттэн аттанааттарын кытта, Маайа хамначчыт кыргыттарга таҕыста. Кыргыттар кини киирэрин кытта:

– Уруу буолбат буолла дуу? – диэн ыйыталаһа тоһуйдулар.

– Суох.

– Мин барыһыайбынан… уонна түүлбүнэн буоллаҕына… – Сүөкүлэ кыыс Маайа диэки эмиэ да тиэхэлээхтик, эмиэ да кыбыстыбыттыы кылап гына көрдө. Кини, быһыыта, «кэргэннэниэхтээххин» диэри гынан иһэн ситэ саҥарбата.

– Ээ-э, Сүөкүлэ, эн барыһыайыҥ диэн туохха да наадата суох эбит, – диир ынахтарын уулата тахсаары таҥна турбут Кэтириис кыыс. – Истэҕин дуо, Маайа, бэҕэһээ киэһэ Сүөкүлэ иккиһин барыһыайдаан баран: «Маайа эргэ тахсар буолла», – диэн тойоннообута ээ.

– Биир ыйыттарыыларыгар сөбүлэспэтим. Аны иккистээн кэлэллэр үһүө, – дии-дии Маайа саһыгыраччы күллэ.

Төлкө

Подняться наверх