Читать книгу Төлкө - - Страница 4

Маҥнайгы кинигэтэ
ХАРАҤА ТҮҮН
Маҥнайгы баһа
IV

Оглавление

Сыарҕалаах ат Харатаайап кулуба олбуорун иһигэр киирэн тохтуур. Мааны таҥастаах эдэр киһи чэпчэки бэйэлээхтик сыарҕатыттан түһэр, атын сэргэҕэ баайар. Итини барытын Маайа хаппахчытын түннүгүнэн көрөн олорор уонна, көрдө-көрөөт, эдэр киһи чэпчэкитик, сыыдамнык туттарын-хаптарын сөбүлүү саныыр: «Хата, атыттар курдук, баайбын диэн алыс аарыгырбат киһи кэлбит быһыылаах».

Кэлбит киһи, олбуор иһин эргим-ургум көрө-көрө, дьиэҕэ иһэр. Кини тоҕо эрэ дьиэ аанын таһыгар өр соҕус тохтоон, хамначчыттар олорор туруорбах балаҕаннарын одууласпахтаан баран, муннун-уоһун соттор, таҥаһын тэбэнэр. Баай ыалдьыттар – кырдьаҕас да, эдэр да буоллуннар – «биһиги дуо!» диэбиттии киэбирэ туттан киирэр үгэстээхтэрэ. Оттон бу киһи, бэрт сымнаҕастык, мин манна киирэрим сөп дуо диэбиттии, сэмэйдик туттан дьиэҕэ киирэр уонна кэтэҕэриин муннук диэки хайыһан туран кириэстэнэн, дьиэлээхтэри кытта илии тутуһан дорооболоһон, таҥаһын сыгынньахтанан баран, мааны ыалдьыт быһыытынан уҥа ороҥҥо киэмсийэн чөмчөйбөккө, олох маһы ылан уот иннигэр кэлэр.

Бүгүн баскыһыанньа буолан, Харатаайап кулуба, улууһун быраабатыгар киирбэккэ, өрөөн олорор эбит. Кини урут хаһан да сылдьыбатах эдэр ыалдьыты бэркэ болҕойон одуулуур. Таҥаһынан буоллаҕына, бэрт мааны, баай ыал оҕото быһыылаах. Ол гынан баран туттарыгар-хаптарыгар хайдах эрэ баай дьон оҕолорун майгына көстүбэт. «Ханнык эрэ кыра ыал ыччата киэргэнэн кэлээхтээбит ээ, быһыыта», – дии саныыр оҕонньор уонна:

– Ким диэн киһи оҕото буолаҕыный? – диэн, сэнии көрөн, судургутук ыйытар.

Сылгыһыт Сүөдэр дьиэлээх тойон кинини сэнии көрбүтүн сэрэйэ охсор, мух-мах буолан көхсүн этиппэхтиир.

– Мантан ыраах, Дьокуускай уокуругар, олохтоох Хабырыллайап атыыһыт оҕотобун.

Харатаайап кулуба сэргии түһэр.

– Ылдьаанаа, ыраах сиртэн сылдьар оҕо сылайбыта, аччыктаабыта буолуо, чэйдэ бэлэмнэт! – диэн кэргэнигэр соруйар. – Ол, бу биһиги олорор түбэбитин туох соруктаах буолан таарыйдыҥ? – диэн, тэҥнээх киһитин кытта кэпсэтэрин курдук, кэпсэтэн барар.

Сылгыһыт Сүөдэр, Дьаакыбылап кулуба кикпитин курдук, кэпсээн барар:

– Мин бачча сааспар диэри дьиэм тэлгэһэтиттэн тэйбэтэх бэйэм, ааспыт күһүн дьонум өлөннөр, үппүтүн-баайбытын көрөр-харайар киһитэ суох буолан, бу бэйэм сылдьабын…

– Хайыай! – Харатаайап кулуба сэҥээрэр.

Маайа, хаппахчытын иһигэр олорон, аҕата ыалдьытын кытта кэпсэтэрин иһиллиир. Кини уол дьиэҕэ киирэн истэҕинэ сирэйин көрбүтэ. Билигин саҥатын истэ-истэ: «Ис киирбэх да тыллаах-өстөөх киһи», – дии саныыр.

– Иэс эрэ элбэх. Мин аҕам алыс элбэх сырыылаах, киэҥ билсиилээх киһи этэ. Кини үксүн дьоҥҥо иэс биэрэр идэлээҕэ. Ону барытын иэстиирбэр, хомуйарбар биир-икки сыл тук буолуо суох быһыылаах. Маннааҕы Бүлүү куоратыгар баар Оросторгууйап, Кэрээкин, Хондокуоп атыыһыттартан ылардаах этэ… Онтон хоту Лаама суолунан, Өймөкөөн, Охуоскай сиринэн эргийэрдээхпин. Таарыйа Ньылхаҥҥа, Айааҥҥа эмиэ иэстэрбин хомуйан аастахпына сатаныа.

– Оччо элбэх ылардаргар дьонуҥ туох эмэ суругу-бэлиэни хаалларбыттар дуу? – диэн Харатаайап кулуба бу оҕо ылара элбэҕин, сырыыта киэҥин сөҕөн ыйытар.

– Э-э, бэлиэ баҕас бэрт элбэх.

Харатаайап кулуба эдэр ыалдьыта баайын олус сөҕөн кэбиһэр. Кинини ханна да олордуон булбат. Кэргэнигэр Ылдьаанаҕа этэн, улахан бырааһынньыкка сиэхпит диэн уурдарбыт бууттан тахса ыйааһыннаах Эдьигээн хатыыһын киллэртэрэн кыстарар. Арыгы туруорар. Ас үчүгэйин остуолга бэлэмнэтэр.

Маайа ыалдьыт уолтан кэмчиэрийэн хаппахчытын иһиттэн тахсыбат. Ийэтэ киирэн:

– Чэйгэ таҕыс, – диэн кыыһын ыҥырар уонна сибис гынар, – үчүгэй таҥаскын таҥын.

Ийэтэ тоҕо кинини киэргэтэ сатыырын Маайа бэркэ билэр. Икки иҥэ буспут дьэдьэн курдук тэтэрэ түһэр, улгумнук таҥнан барар.

«Баҕар, кэргэннээх, оҕолоох уол буолуо… Туох кэргэннээх киһигиний диэн ити аҕам тоҕо ыйыппатый?» – дии саныы-саныы Маайа, улаханнык килбигийбит курдук туттан, хаппахчытын иһиттэн тахсар. Ол тахсан иһэн, сирэйин кистии туттубут курдук да буоллар, хараҕын кырыытынан уолу көрөн аһарар: саар тэгил уҥуохтаах, хатыҥыр соҕус курбуу курдук быһыылаах, арылхай харахтаах эдэр уол эбит.

Маайа хаппахчытыттан тахсарыгар дьоно аһаары остуол тула олорбут этилэр. Ыалдьыт уол тугу эрэ кэпсии олорон, хаппахчы аана аһыллаатын кытта ах барар.

Сылгыһыт Сүөдэр кыыһы көрөөт: «Дьон этиэхтэрин этэллэр эбит. Быһыылыын-тутуулуун, сирэйдиин-харахтыын чахчы нарын, үчүгэй кыыс эбит», – дии саныыр.

Уоллаах кыыс остуол нөҥүө-маҥаа утарыта олороллор. Төһө да бэйэ-бэйэлэрин сирэйдэрин одууласпаталлар, уора-көстө көрсөллөр. Биирдии үрүүмкэ арыгыны иһэллэр, кыһыллыбыт эмис хатыыһынан сокуускалыыллар. Харатаайап кулуба, уоллаах кыыс килбигиһэн сирэй-сирэйдэрин көрсүбүттэрин көрөн, уол туох кэргэннээҕин ыйыталаһар:

– Ыалдьыппыт, дьонум өлбүттэрэ диигин, бу ырааҕынан тэлэһийэн сылдьар кэмҥэр дьиэҕин-уоккун кимиҥ көрөр-харайар буоларый?

Маайа сирэйэ, чоххо баттаабыт курдук, кытара түһэр, Сүөдэр диэки кылап гына көрө охсон ылар уонна төбөтүн аллара санньытар. Сылгыһыт Сүөдэр эмиэ мух-мах буолар, эмиэ хараҕын кырыытынан Маайа диэки көрө охсон ылар. Кини сымыйалаан баран, сыыртан түһэн иһэр салааска тохтооботун курдук, тохтуур-төннөр кыаҕа суоҕа:

– Дьонум аах тыыннаахтарыттан үлэлиир дэбиэринэй дьоннордоохпун… Кинилэр көрөллөр.

– Хайыай! Ол дьонноргуттан ураты туох кэргэттэрдээх киһигиний? – Харатаайап өссө нэмийэн ыйытар.

– Туох да кэргэним суох, аҥаардас киһибин.

– Кэргэннээҕиҥ буоллар, кини көрүө, көмөлөһүө этэ, – диэн баран Харатаайап кулуба, уол аҥаардаһын аһыммыт курдук, үөһэ тыынан ылар. «Оҕом Маайа бу уолу сөбүлүү көрөр ээ, быһыыта», – диэн санаа оҕонньор өйүгэр охсуллан ааһар. Кэпсэтиилэригэр тардыллан балачча уһуннук остуолтан турбаттар. Дьиэлээх тойон хоноһотун атын хамначчыт уолаттарынан булгуттаран, далга аһаттара ыыттарар.

Бу киэһэ Харатаайап кулубалаах хойутаан утуйаллар. Оҕонньор эдэр хоноһотунаан олох-дьаһах туһунан бэрт элбэҕи кэпсэтэллэр, дойҕохтоһоллор. Киэһэ хойут сыппыт дьон сарсыарда күн үөһэ ойбутун кэннэ тураллар. Аһыыллар. Харатаайап кулуба бүгүн быраабатыгар эмиэ барбат, өрөөн хаалар.

Күн ортотун саҕана хоноһолоро бараары тэринэр. Сэмэн Уйбаанабыс оҕонньор кини атын көлүйтэрээри таһырдьа тахсар. Маайа, уол бараары тэһииркээбититтэн хомойон, саҥата-иҥэтэ суох, кэри-куру буолар. «Чэ, бардаҕа, – дии саныыр. – Аны хаһан эмэ охсуллан ааһар дуу, суох дуу?»

Аҕата таһырдьаттан киирэн иһэр атаҕын тыаһын истэн: «Аккын көлүйдүлэр», – диэҕэ диэн Маайа таалан турар. Харатаайап кулуба буоллаҕына киирэн, аа-дьуо таҥаһын сыгынньахтана-сыгынньахтана, ыалдьыт уолга кыыһа букатын күүппэтэҕин этэр:

– Дьэ, доҕор, атыҥ аанньа аһаабатах… Айаныгар улаханнык илистибит, сылайбыт быһыылаах… Өрөөн, аккын сынньатан бардаххына табыллыыһык.

Маайа, итини истээт, сүрэҕэ битигирии, этэ дырылыы түһэр, хоноһо уол туох диирин көһүтэн, бүтүннүү кулгаах буолан хаппахчытын айаҕар быган турар. Сылгыһыт Сүөдэр өр соҕус тугу да саҥарбат. Кини бу ыал кыыстарын дьиҥ-чахчы таптыы көрдө, билигин өрүүр эрэ буоллаҕына, дьиэлэнэр туһунан кэпсэтии буолсук. «Кэбис, аньыы-хара элбии илигинэ, эрдэтинэ мантан барыахха!» – диэн санаа уол өйүгэр көтөн түһэр.

– Баһыыбаларыҥ, сылдьар сырыым ыраах.

– Кырдьаҕас киһи сүбэтин иһит: атыҥ ырыыһык, сынньатан баран бар, – диир Сэмэн Уйбаанабыс.

Маайа аҕатын таптыыр хараҕынан көрөр: оо, аҕата үчүгэй да оҕонньор буоллаҕа! Көр, ити уолу тохтото түһээри сүбэлиирэ үчүгэйиэн, оруннааҕыан!

Сылгыһыт Сүөдэр, саараамахтаан баран, этэр:

– Чэ, буоллун даҕаны, өрөөн аппын сынньатыым.

Маайа хаппахчытын аанын сабан кэбиһэр. Уол өрүүр буолбутуттан кини олус да үөрдэ. Мэктиэтигэр, сүрэҕэ тэбэр тыаһа агдатын бүтэй иһиллэргэ дылы.

Харатаайап оҕонньор хоноһо уолун кытта ону-маны сэһэргэһэн тахсаллар. Ол эрээри, Маайа иһиттэҕинэ, хоноһо уоллара, бэҕэһээ киэһээҥҥитин курдук, баайынан-үбүнэн чабыламмат. Ханна эрэ Маача дэриэбинэтигэр олохтоох Сараапап уонна Салаайап атыыһыттар дьону хайдах албынныылларын, Бодойбо кыһыл көмүһүн дьон хайдах уоран аҕалан атыылыылларын кэпсиир. Ол кэпсии олорон, сорох ардыгар нуучча тылын кыбытан ылыталыыр. Харатаайап оҕонньорго, кини кэргэттэригэр Сылгыһыт Сүөдэр чахчы атыыһыт оҕотун курдук көстөр.

Киэһэ эмиэ ас тардан, арыгы туруоран, остуол тула олороллор. Маайа уруккуттан олорор сиригэр, ийэтин аттыгар, олорбутун аҕата кэлэн илиититтэн ылан хоноһотун кытта сэргэ олордор.

– Эһиги, эдэр оҕолор, манна сэргэстэһэ олоруҥ!

Сэмэн Уйбаанабыс бу хоноһо уолун олус таптыы, сүрэҕэ сөбүлүү көрөр. Уоллаах кыыһы сэргэстэһиннэрэн баран: «Бу оҕолор холбостоллор, чахчы тэҥнээх ханыы-доҕор буолуо эбиттэр ээ», – дии саныыр.

Аһыыллар, арыгылыыллар. Харатаайап кулуба: «Бу киһи кэргэн кэпсэтэр туһунан хаһан саҥарара буолла?» – диэн көһүтэ олорор. Уол тоҕо эрэ кыыһы кытта оонньоспот, кэпсэппэт, кыыстан, куттаммыт курдук, тэйиччи соҕус туттар. Баҕар, ити Дьокуускай эбэ хотун курдук киэҥ сиртэн сылдьар киһи кинилэр Маайаларынааҕар буолуох үчүгэй кыыһы, ханнык эрэ улахан тойон кыыһын кытта кэпсэтиилээҕэ буолуо.

Маайа, сирэйэ кытаран баран, аат эрэ харата аһыыр, урукку чобуо бэйэтэ сыппаан, хаҥыл бэйэтэ сымнаан, кэнэн баҕайытык туттан олорор. Уол эмиэ иҥин хаана кэйэн, сирэйэ-хараҕа уоттанан кэлэр. Сэмэн Уйбаанабыс ону эндэтиэх бэйэлээх буолуо дуо, бэлиэтии көрөр. «Сөбүлэһэллэр быһыылаах. Арыгыны элбэхтик истэхтэринэ уостара аһыллыа», – дии санаан, оҕонньор сотору-сотору үрүүмкэлэргэ арыгы кутуталаан бычалытар.

Маайалаах Сүөдэр үрүүмкэлэрин оҕонньор олус толору гына куппута тохтоору бычалыҥныы турара хайдах эрэ ытаары гыммыт киһи хараҕын уута таммалаары туолан турарын маарынныыр.

– Көр, эдэр дьон, эһиги, толору дьоллоох буолсуккут, үрүүмкэлэргитин олус толору гына кутан кэбистим, – диир Сэмэн Уйбаанабыс үөрэн-көтөн, холуочуйан чаҕылыйбыт хараҕынан уоллаах кыыс сирэйдэрин көрө-көрө. – Чэйиҥ, эһиги, эдэрдэр, дьолгут иһин!

Маайалаах Сүөдэр үрүүмкэлээх арыгыларын көтөҕөн туран сирэй-сирэйдэрин килбик баҕайытык көрсүһэн кэбиһэллэр.

Төлкө

Подняться наверх