Читать книгу Төлкө - - Страница 27

Маҥнайгы кинигэтэ
ХАРАҤА ТҮҮН
Төрдүс баһа
IV

Оглавление

Маайалаах Сүөдэр быйыл саас хамнастарын аахсан, сүөһүлэрин ылан, туспа ыал буолар баҕаларын Уйбаан Сэмэнэбис кэлэ сылдьан үрэйэн кэбиһэр. Маайа туспа ыал буоларыттан тоҕо эрэ куттанар курдук. Онон Лэгиэнтэй атыыһыттаахха аны үһүс сылларыгар үлэлиир буолаллар. Лэгиэнтэй атыыһыт онтон үөрүүтэ-көтүүтэ улахан. Кини Сүөдэр курдук көнө, үчүгэй үлэһити, кини баайын иһин уокка да, ууга да киирэриттэн кэрэйбэт киһини хантан булуой?! Оттон дьиэ үлэтигэр Маайаҕа тэҥнээх эмиэ ким кэлиэй?

Сүөдэрдээх Маайа сайын барахсан кэлэн ааһа охсубутун үчүгэйдик өйдөөбөккө хаалаллар. Хайа сахха күһүн кэлэн, сыарҕа хаара түһэн кэбиһэр.

Сүөдэр тойонун Лэгиэнтэй атыыһыт таһаҕаһын Маачаҕа киллэрэ айаҥҥа барар. Маайа ыарыһах хотунун көрө, бүөбэйдии, Лэгиэнтэй атыыһыт хоноһолорун, ыалдьыттарын аһата хаалар.

Уйбаан Сэмэнэбис буоллаҕына хаар түһэрин, муус тоҥон суол турарын кытта, Харатаайап кулубаны сирэй көрсөн кэпсэтээри, Орто Бүлүүгэ айанныыр. Кини хас да хонук устата айаннаан, Орто Бүлүү улууһун булар. Хампа диэн улуус быраабата баар сиригэр киэһэлик соҕус тиийэр. Улуус быраабатыгар ким да суох эбит. Дьон кини киириэн иннигэр аҕай тарҕаспыт быһыылаахтар.

Уйбаан Сэмэнэбис чугас хонор ыал көрдөһөөрү таһырдьа тахсар. Бырааба чугаһыгар турар дьиэҕэ киирэр. Дьиэ иһэ борук-сорук. Көмүлүөк оһох маһа умайан, төлөннөнөр кэмэ ааһан, кыһыл чоҕунан көрбүт. Оһох аттыгар иттэ турар эмээхсин, ытыраары гыммыт курдук, айаҕын аппатан, уһун, саһархай аһыыларын көрдөрө-көрдөрө, Уйбаан Сэмэнэбистэн ыйытар:

– Бу, хайа диэкиттэн сылдьар киһигиний? Дьокуускайтан даа? Ы-ы-ы! Ырааппытын баҕаһын! Ол туох соруктаах буолан, бу дойду буоругар үктэнниҥ?

– Эһиги улуускут кулубатыгар – Сэмэн Харатаайапка наадалаах кэллим, – диир Уйбаан Сэмэнэбис.

– Ол эрэйдээх саҥардыыҥҥыта дьиэтин диэки баран эрэрэ, ол ыал олохторугар муор-туор буолбуттарын истибит киһи сылдьар инигин?.. – диэт, эмээхсин үөһэ тыынан кэбиһэр. – Суос-соҕотох кыыс оҕолоохторо, бэйэтэ даҕаны урут бу буорга үөскээбэтэх кэрэ, үчүгэй оҕо, эмискэ…

Уйбаан Сэмэнэбис тыыммат да, чыпчылыйбат да, бу эмээхсин туох диирин саҥата суох иһиллээн олорор, оһоххо оттуллубут кураанах мас умайан таһыргыырын иһигэр абааһы көрө саныыр.

– Өлөн хаалбыта… Өлөн да диэн, манна киһи суоҕуна эттэххэ, сүтэн хаалбыта. Ону биһиги «кырдьаҕаспыт», көрүүлэнэн, моҥнон баран, ууга барбыт диэбитэ… Дьэ, онтон ыла… сатамматар эрэ барыта наар аанньа буолан иһээччи… Ээ, бу сирэйэ сытыйбытыҥ баара, ынахтарбын киллэртиирбин харааччы умнан кэбиһэн баран олорор эбиппин буолбат дуо?! – диэн эмээхсин, кэпсээнин ситэрбэккэ эргэ сону кэтэн, борооххой саал былааты баанан, таһырдьа тахсан барар.

Уйбаан Сэмэнэбис эмээхсин кэпсээнин ситэрбэтэҕиттэн кыһыйа саныыр. Сотору уокка ууруллубут алтан чаанньык оргуйан, уута таһынан барар. Ким да суоҕун көрөн, Уйбаан Сэмэнэбис ол чаанньыгы тыаҕа тардар.

Өөр буолан баран, били таһырдьа «сүөһүлэрин киллэртии» барбыт эмээхсин, аны оһоҕун кэнниттэн, хотонуттан тахсан кэлэр. Эмээхсин, сонун устаат, саал былаатын көхөҕө ыйаат, аны чэй кутар айдааныгар түһэр. Таһырдьаттан киирбит эрэ киһини чэйдэтэр, итии киллэрэр уонна кинини кытта ону-маны кэпсэтэр – саха ыалын абыычайа.

Уйбаан Сэмэнэбис, чэйдии олорон, били эмээхсин ситэрбэтэх кэпсээнин ситэ истээри:

– Дьэ, ол оҕолоро сүппүтүн кэннэ? – диэн ыйытар.

– Ы-ы-ы! Киһи баччаҕа, таһырдьа хараҥа буолтун кэннэ, кэпсэппэт, саҥарбат үлүгэрэ кэлбитэ… Харатаайап кулубалаах кыыстара илэ сылдьар абааһы буолбута… Үс аарыма ойуун, кэрэх көтөҕөн үтэйэннэр, билигин биллибэт… Дьэ, онтон ыла…

Уйбаан Сэмэнэбис этэ тымныйан, куйаҕата ытырбахтаан ылыталыыр. «Ама, Лэгиэнтэй атыыһыттаахха олорор дьахтар – илэ сылдьар дэриэтинньик буолуо дуо? – диэн санаа өйүгэр көтөн түһэр. – Сымыйа буолуо, ама, дэриэтинньик, киһи курдук, эрдэнэн, оҕо төрөппүт үһүө».

Тииһэ суох эмээхсин ол киэһэни быһа Харатаайап кулуба кыыһа Маайа хайдах абааһы буолан сылдьыбытын, тугу оҥорбутун кэпсиир:

– Сэгэриэм, манна киһи суоҕар эттэххэ, Сэмэн кулуба бэрт тордурҕас, дохсун майгылаах киһи этэ… Кини быһа-хото баттаабыта төһө да иһиллибэтэҕин иһин, баттыгаһа суох баай диэн баар буолуо дуо? Мин оҕонньорум күн бүгүнүгэр диэри киниэхэ хас сайын аайы отун оттуур, кыһынын аайы маһын мастыыр да – киһи ыллым ээ диир гына илиитигэр тутан хамнаһын аҕалбыта диэн суох… Ити, манна киһи суоҕар эттэххэ, Улахан Эбэ диэн сири хордорбут аньыыларыгар оҕолорун Эбэ иччитэ ылан барбыта… Көр, Эбэ иччитэ уу түһэригэр дьахтар буолан Бөчөөх оҕонньордооххо киирэн тахсыбыт этэ…

Уйбаан Сэмэнэбис эмээхсин кэпсээнин маҥнай утаа олус сонургуур, онтон кэлин, итэҕэйиминэ, истиэн да сүрэҕэлдьиир. Эмээхсин кэпсээнин ис хоһооно барыта «үөр», «Эбэ иччитэ», «абааһы» этэ.

Эмээхсин, Уйбаан Сэмэнэбис итэҕэйэригэр-итэҕэйбэтигэр кыһаллыбакка, кэпсии-дойҕохтуу олорор:

– Улахан Эбэ хоруутун хаһалларыгар бэрт үгүс киһи хара көлөһүнэ тохтубута. Буорун хааһахха хаалаан, быанан соһон таһаараллара. Оннук дириҥ хорууну хаспыттара. Көр, улахан сири тыытар, хорор – бэрт аньыылаах буолааччы!.. Оо, Сэмэн кулубалаах ол өлбүт кыыстарын олус да таптыыллара. Биир нуучча бэһиэччигин дьиэлэригэр олордон, кыыстарын кыра эрдэҕинэ үөрэттэрэ сылдьыбыттара… Хата, киһи куһаҕантан күлүө да кэлэр ээ! Ол учууталлара кыыстарын: «Таҥара да суох, абааһы да суох!» – диэн үөрэппит үһү. Ону маннааҕы баачыка билэн, ол бэһиэччиги киэр үүрдэрбит үһү. Ол аньыыларыгар кыыстара, бэйэтигэр тиийинэн өлөн баран, илэ барбыта…

Киэһэ хараҥа буолбутун кэннэ, эмээхсин икки уолаттара хантан эрэ ыраахтан от тиэйэн, тоҥон-хатан кэлэллэр. Оҕолоро кэлэрин кытта эмээхсин им-ньим барар.

Бу түүн Уйбаан Сэмэнэбис букатын утуйбат. Кини Киллэмҥэ олорор дьахтар «Маайабын» диэн чахчы сымыйалаабыт дии саныыр. Кини хайдах да Харатаайап кулуба кыыһа буолуон сатаммат курдук.

«Оо, аан дойду үрдүнэн эҥин-эҥин да дьоннор бааллар ээ. Сахалар кырдьыгы этэр буолаллар эбит: «Сүөһү эриэнэ таһыгар, киһи эриэнэ иһигэр» диэн, – дии саныы-саныы, Уйбаан Сэмэнэбис оронугар өрө мөхсө сытар. – Кини, сымыйанан Харатаайап кулуба кыыһа буолан, тугу туһанарый? Мин бу тугум кыһалҕатыгар туораттан кыбыллан, саакка киирбит муҥум буолуой?»

Уйбаан Сэмэнэбис сарсыарда, чэйдээн баран, Орто Бүлүү улууһун быраабатыгар кулубаны көрсө барар. Харатаайап кулуба быраабатыгар эрдэ кэлэр үгэстээх эбит. Уйбаан Сэмэнэбис саҥардыы ону-маны кэпсэтэн, билсэн эрдэҕинэ, аан аһыллар – модьуун сиэбит борооскутун курдук, түүтэ түспүт, лаҕыыр буолан хаалбыт арбаҕастаах, нэк бэргэһэлээх оҕонньор киирэр. Кини хаамар-хаампат икки ардынан сыҕарыйан кулуба тойоҥҥо чугаһыыр:

– Күн баһылыктарыам… Хайа муҥун мин сордоох итинник атаҕастабылга-баттабылга олоруохпунуй?.. Хаппытыанап кинээс бороҥ атыырын үөрэ, түөрт уонча сылгы, биир от сыыстаахпын, күрүөтүн сиҥнэри анньан киирэн, сиэн-тэпсэн кэбиспит. Дьэ, бэйэҕит да тойоннооҥ, биир ынахтаахпын тугунан аһатан дьыл таһаарабын?

– Кинээскин кытта кэпсэттиҥ дуо? – Харатаайап кулуба ыйытар.

– Э-э-э! Кинээс мин сордоох тылбын истиэ дуо?! Дьиэтиттэн үүрэн таһаарда, ол иһин бу кэллим ээ.

– Бырыһыанньата суруттаран киллэр – көрүллүө.

– Бырыһыанньа да-а? Ол мин хантан суруксуту булан суруттарабыный? Арай баачыкаттан көрдөһүөх баҕайым дуу? – дии-дии оҕонньор тахсан барар.

– Миэхэ туох соруктаах буолан, бачча ыраах сиртэн кэлбит киһигиний? – диэн Сэмэн Харатаайап Уйбаан Сэмэнэбистэн ыйытар.

Уйбаан Сэмэнэбис хайдах кэпсэтиитин саҕалыан сатаан булбат, аһыыга ылларбыт оҕонньортон өлбүт оҕотун туһунан ыйыталаһыан хайдах эрэ толло саныыр.

– Мин кэлбит соругум диэн… быһатын эттэххэ… Эн хас оҕолоох этигиний? – диэн кини олуонатык ыйытар.

Сэмэн Харатаайап бу киһи көһүппэтэх суолун ыйыппытыттан улаханнык соһуйар, дьиктиргиир, мэктиэтигэр чинэрис гынан ылар.

– Ол, мин хас оҕолоохпор тоҕо кыһаммыт киһигиний? – бэрт суостаах баҕайытык туттан олорон, кулуба хардары ыйытар.

Суох, Уйбаан Сэмэнэбис бу киһиэхэ Киллэмҥэ олорор дьахтар туһунан кэпсээн биэрдэҕинэ сатаныыһык. Онон кини, быһыта-орута да буоллар, Киллэмҥэ олорор Маайа туһунан кэпсиир.

– Кэргэнин аатын ким диэтиҥ?.. Араспаанньата?.. Суох, сымыйа… Быладьыымарап диэн араспаанньалаах киһини букатын истибэтэҕим… Э-э?.. «Хабырыллайап атыыһыт уола?» Оннук ааттаах киһи кырдьык сылдьыбыта… кэпсэппитэ… – диэн Харатаайап кулуба, Уйбаан Сэмэнэбис кэпсээнин сэргиэх курдук буолан иһэн, эмискэ куолаһа тымныйа түһэр. – Ити кэпсиир дьахтарыҥ биһиги кыыспыт буолбатах… Мин суос-соҕотох оҕолооҕум өлбүтэ… Онтон ураты оҕобут суох…

Сэмэн оҕонньор, бу олорон, былырыын кыһын кэлэ сылдьыбыт суругу өйдүүр. Онно эмиэ итинник ааттаах сиргэ: «Эн кыыһыҥ олорор дуо?» – диэн ыйыппыт этилэр. «Ити аата, ама маннааҕы кырдьаҕастар, үтэйдибит диэн, оҕом айыытын ол сиргэ тиэрдэн кэбиспиттэрэ буолуо дуо?» – дии санаан, оҕонньор олус куттанан кэлэр. Оннук эрэ буоллаҕына, кыыстара кинилэри эмиэ булара, манна эмиэ кэлэрэ буолуо. Итинник санаан, Харатаайап Киллэмнээҕи дьахтар мин кыыһым буолбатах диэн кыккыраччы мэлдьэһэргэ быһаарынар.

Уйбаан Сэмэнэбис, оҕонньор тугу эмэ эбии саҥарыа диэн көһүтэн көрөн баран:

– Хайдах гыныахпытый?.. Өлбүт аата – өлбүт, – диир уонна тахсан барар.

Төлкө

Подняться наверх