Читать книгу Саха саарына Тэрис - Группа авторов - Страница 11

I түһүмэх
Айыы Үөрэҕин түсчүтэ
Сахалыы санааһыҥҥа олоҕуруу

Оглавление

Тэрис суруйуутунан, өбүгэ үөрэҕин өйдүүргэ киһи сахалыы санааһыҥҥа үөрэниэхтээх. Сахалыы санааһын диэн өбүгэлэрбит үтүмэн үйэ тухары утумнаан кэлбит толкуйдуур ньымалара. Бу ньымаҕа тирэҕирэн, айыллыы бэрээдэгин тобулан өбүгэлэрбит Айыы үөрэҕин үөскэппиттэр диэн түмүккэ саха итэҕэлин чинчийээччилэр кэлбиттэр.

Тэрис төрүт саха эйгэтин баттаһа төрөөн, иитиллэн сахалыы санааһынынан өйө-санаата сайдыбыт буолан, дириҥтэн этиттэриини баһылаан, онуоха эбии аныгы билим билиитэ Айыы үөрэҕин саҥалыы тыыннаан сурукка-бичиккэ тиһэн, кэмин баттаһа, күн сиригэр таһаарбыта саха аймах санаатын уһатарыгар суол арыйбыта саарбаҕаламмат.

Биллэрин курдук, сахалыы саныырга киһи оҕо эрдэҕиттэн үөрэнэрэ чэпчэки. Афанасьев Лазарь Андреевич оҕолорго аналлаах кинигэлэрэ:

– Сиэрдээх буолуу. Кыра кылаас оҕолоругар Айыы үөрэҕин туһунан кэпсээннэр. – Дь., 1993;

– Айыы сиэрин тутус (1-2 кылаас). – Дь., 1993;

– Айыы сиэрин тутус (3-4 кылаас). – Дь., 1994;

– Һоп-паа. – Дь., 1994;

– Оҕоҕо кэп олордуу. – Дь., 2005;

– Оҕону сааһынан көрөн үөрэтии олуктара. – Нам, 2008;

– Сиэри олохтуур 126 ыйыы. – Нам, 2008;

– Сиэр. – Дь., 2010.

Саха оҕону иитэр үгэһэ оҕону Айыы киһитэ буоларын хааччыйарга аналлаах. Оҕону иитии үгэстэрэ тыһыынчанан сыллаах үөрэҕи илдьэ сылдьаллар. Онон бу инникитин хайдах киһи буоларын хааччыйар ис хоһоонноох. Оҕо бэйэтин сааһыгар сөптөөх иитиини ылан иһиэхтээх, оччоҕо кини сөптөөх майгыланан улаатар.

Былыргы өбүгэлэрбит кыра оҕону аньыы-кэйии тылларынан иитэллэр эбит диэн суруйар Тэрис. Ол тыллар тыһыынчанан эбиттэр. Ону кини аныгы оҕоҕо өйдөнөр гына аҕыйатан 126 быраабылаҕа тиэрдибит. Ити 126 быраабыла олох бары өрүтүн таарыйан, киһи киһи буолар быраабылалара диир кини.

Сиэргэ оҕону үс киһи иитиэхтээх: төрөппүт, учуутал, дьөһүөлдьүт.

Сиэри 7—11 саастаах оҕолорго иҥэрэргэ айымньылаахтык, ситиһиилээхтик Ирина Егоровна Лукина-Уйусхаана дьарыктанарын төрөппүттэр, оҕолор билэллэр. Киниэхэ «тэлэбиисэр эбэтэ» диэн ааты иҥэрбиттэрэ мээнэ буолбатах. Кини бэйэтин айылҕатынан Тэриһи биир этиинэн өйдүүр. Тэрис эрэллээх үөрэнээччитэ Уйусхаана оҕолору кытта үлэлэһэргэ үгүс идиэйэлээх.

Кут-сүр дьоно, Айыы дьиэтин үлэһиттэрэ – бары Тэрис үөрэнээччилэрэ, кини үөрэҕэр бэриниилээх дьоммут. Күүспүт кыайарынан Айыы үөрэҕин тарҕатарга бэлэммит.

Айыы үөрэҕэ – өбүгэлэрбититтэн бэриллэр тирэхпит.

Сахалыы өй-санаа кураанахсыйдаҕына, туора омуктар санааларынан толоруллара чахчы. Ол саҕаламмытын көрө-билэ сылдьабыт. Сахалыы санааһыммытын тута эрэ сырыттахпытына тылбыт харысхаллаах буолуо, олохпут бигэ туруктаныа. Саха аймах чөлүн булар төрдүнэн, төрүөтүнэн сахалыы санааһыҥҥа олоҕуруу.

Дьэ, онон киһи буолабыт дуу, кии буолабыт дуу диэн ыйытыыга: ону саха бэйэтэ талар кэмэ тирээтэ, бэйэлээх бэйэтэ, кимиэхэ да сигэммэккэ.

Тэрис – айыылартан айдарыылаах, саха омук саргытын салайсар аналлаах киһи Орто дойдуга олох олорон ааста. Кини олоҕор көрсүбүт моһоллорун туоратан, араас тургутуулары ааһан, бэйэтин ис дьиҥин булан, билиэхтээҕин билэн, арыйыахтааҕын арыйан, тиэрдиэхтээҕин тиэрдэн, ситэриэхтээҕин ситэрэн – аналын толорон барда.

Айыы үөрэҕэ

Көлүөнэттэн көлүөнэҕэ

Туттарыллан,

Салҕанан иһиэхтин,

Тэрис аата

Ааттана туруохтун,

Дом!


Ю.Г. Холмогорова,

үлэ бэтэрээнэ

Саха саарына Тэрис

Подняться наверх