Читать книгу Саха саарына Тэрис - Группа авторов - Страница 3
I түһүмэх
Айыы Үөрэҕин түсчүтэ
Айыы суола
ОглавлениеТыыннаах олох тосхоло эбэтэр социальнай-психологическай анаарыы
«Мы все обладаем большим количеством знаний, которые не осознаем».
М. Эриксон
Быйыл биир бэлиэ түгэн – «Айыы үөрэҕэ» кинигэ бэчээттэммитэ уонна «Кут-сүр» религиознай тэрилтэ юридическай регистрацияны ааспыта 25 сыла. Быһатын эттэххэ, үйэ чиэппэрэ ааста. Бу былаһын тухары Айыы үөрэҕэ, итэҕэлэ билигин даҕаны үгүс мөккүөрү уонна утар-сыыны үөскэтэр. Онуоха мөккүһээччи да, утарсааччы да Тэрис ханнык да кинигэҕэ суоҕу «тарбаҕыттан эмэн» таһаарбыта диэн тыллаһар үгэстээх. Маны биһиги дириҥ социальнай-психологическай проблема курдук көрөбүт. Бу проблемаҕа абсолютнай авторитекка (религияҕа, наукаҕа, политическай сүүрээннэргэ) тирэнэр маассабай өй-санаа уонна соҕотох киһи олоххо сыһыана-көрүүтэ ыйааһын хараҕар ууруллан турар.
Нэһилиэнньэ социальнай стереотиба, күрүө оҥостубут араас идеологическай схемата, үҥэр-сүктэр эгэлгэ эмэгэтэ тус бэйэтигэр аһара күндү. Дьэ итинниги этэбит, общественнай психология диэн. Бу да иһин атеист, коммунист уонна официальнай, коллективнай сиэри-сигилини батыһар халыҥ араҥа оччолорго Тэрис үөрэҕин ересь курдук санаабыта.
Тоҕото тугуй диэтэххэ, чэҥкир бэлэм идеологияны бэрэлээн айаҕын ииттэргэ, олоҕун оҥосторго идэтийбит киһи ханнык да энчини тулуйуон сатаммат этэ. Инньэ гыннаҕына эрэ социальнай иерархия сымнаҕас олбоҕор олорор кыахтааҕа. Урут да, билигин да оннук. Төрүт уларыйа илик кур көстүү.
Онон бэйэтин кэминээҕи политическай, экономическай, философскай, историческай догмалары көмүскүүрэ бэрт оруннаах этэ.Бу да иһин соҕотох киһиэхэ аҥаардастыы дьорҕойуу, суоһурҕаныы ыҥырыа уйатын тоҕо тарпыттыы барбыта.
Итинник дьон, чуолаан, үөрэх диэни социум ычатыгар кыбытан өйдөөбүтэ. Марксизм-ленинизм, атеизм, библия, коран кээмэйинэн. Бу иһин коммунистар, атеистар бэйэлэрин идеологияларыгар итинник суоҕун дакаастыырга туруммуттара. Таҥараһыттар биир оннук «библияҥ, кириэһиҥ, иконаҥ ханнаный, кыһыл тылгынан эппиккин ылыммаппыт» дэһиилэрэ, бэл оннооҕор социальнай-гуманитарнай эйгэ үлэһиттэрэ «хантан ким этиитин туһаммыккын ыйан көрдөр» дии-дии түүрэйдээһиннэрэ баар этэ.
Тэрис хантан ылан «Айыы үөрэҕин» айа сатыырый, Айыы диэн ол тугуй диэн баайсар баайсыылара итинтэн сиэллэнэн-кутуруктанан тахсыбыта.
Этиттэрии
Два мира есть у человека:
Один, который нас творил,
Другой, который мы от века
Творим по мере наших сил.
Н. Заболоцкий
Дьиҥэр ыллахха, Тэрис бу үлэтэ этиттэрии диэн ааттанар. Кинигэ аан тылыгар ааптар оннук быһаарбыта. Бу быһаарыы мээнэҕэ оҥоһуллубатаҕа. Кини итинэн үөрэх диэн тылы Логос диэн религиознай-философскай категория өйдөбүлүгэр туттубута.
Логос былыргы греческэй философияҕа – «разумное начало космоса, мировой закон, мировой разум». Греческэй философ Платон «божественная идея» диэнин кытта биир баайыылаах өйдөбүл. Маны аныгылыы өйдөөччүлэр «склад мышления» диэн эмиэ этэллэр. Оттон былыргы Логос кээмэйинэн Айыы үөрэҕэ – Айыы этээйитэ буолар.
Айылҕа халбаҥнаабат сокуонун быһыытынан Логос илэчи олох бигэ тирэҕэ. Бу «суруллубатах үөрэҕи» бүгүҥҥү таһымынан сыаналаатахха, уһун кэмнээх эволюция түмүгэр үөскээбит сабыылаах генетическэй информация, бүтүн оҥоһууну харыстыыр биологическай программа диир сөптөөх. Бу сабыылаах генетическэй информация уонна биологическай программа айылҕа түөрт эйгэтигэр толору киирэн сылдьаллар. Ону илдьэ сылдьар орто дойдутааҕы сырдык күүһү саха киһитэ иччи диэн ааттыыр. Буор иччитигэр баары буор кут, уу иччитигэр баары ийэ кут, салгын иччитигэр баары салгын кут, уот иччитигэр баары сүр диэн бүтэйдии сэрэйэн этэр. Бу барыта тыыннаах эйгэҕэ бит, билгэ, таҥха, дьылҕа, ыйаах, оҥоһуу, төлкө таһымыгар сылдьар. Эт кулгааххынан истибэккин, эт хараххынан илэ көрбөккүн. Алампа эппитинии, итини мээнэ киһи мэйиитэ билбэт. Ону билэр айдарыылаах ураты дьоҕуру этиттэрии диэн этэллэр. Былыр-былыргыттан сээркээн сэһэннэр маны эттэринэн-хааннарынан дьиҥ билбит суоллара. Киһи аайы тиксибэт ураты дьоҕур. Оннук киһини Айыы киһитэ диэһин баар.
Айыы киһитин «физический носитель мирового разума» курдук сыаналыахха сөп. Айыы киһитэ баар буоларыгар, айылҕа биологическай программата, сабыылаах генетическэй информацията көмөлөһөр. Бу барыта физическэй, биологическай, ону ааһан психологическай объектарга, хас биирдии киһиэхэ, обществоҕа, ону ааһан технологическай көрүккэ, санаа да тиийбэт чараас эйгэтигэр киирэн сылдьар.
Сээркээн сэһэннэр этиилэринэн, Айыы үөрэҕэ үрдүк айар күүстэн – Үрүҥ Айыыттан тиксэр улуу муударас. Үрүҥ Айыыттан этиттэрии. Бу этиттэриини кут-сүр гына тарҕатааччы Үрүҥ Айыы Тойон. Оттон этиттэриини араҥаччылааччы Айыы Тойон буолар.
Киһи олоҕо биологическай уонна социальнай программалартан турар. Киһи удьуоругар айылҕа айыллыбыт төрдө-төрүөтэ сабыылаах генетическэй информация, биологическай программа таһымыгар сылдьар. Айыы киһитэ итини кут-сүр, иччи, айыы диэн ааттаабыт. Балар тыынар тыыннаахха мэлдьи чугастар. Киһиэхэ эмиэ. Итинэн тыыннаах буолууну, олох баар буолуутун хааччыйаллар.
Оттон социальнай утумнааһыны киһи бэйэтин төрөппүттэриттэн, үөлээннээхтэриттэн, алтыһар дьонуттан-сэргэтиттэн, быһатын эттэххэ, киһи аймах айылҕа ортотугар олоҕу оҥостор үөрүйэҕиттэн ылар.
Чинчийээччилэр этэллэринэн, киһи социальнай программата биологическайдааҕар кыра. Атыннык эттэххэ, киһи биологическай программаттан дьиҥнээхтик «тэйэ быһыытыйыыта» баара-суоҕа 400-чэкэ сыл курдук дииллэр. Киһи айылҕаттан тутулуга суох курдук сананыыта, тус кыаҕын билинэ быһыытыйыыта, бэйэтин айылҕа муҥутуур хаһаайынын курдук сананыыта итиччэ кэм уһуннаах.
Оннугун оннук эрээри, социум урукку олоҕу өй-санаа күлүгэ оҥорон, айылҕаны кытта өр кэмнээх «охсуһуутун» түмүгэр социальнай догмалаах эрдэтээҥҥи улахан религиялар үөскээбиттэрэ, чуолаан, христианство, ислам. Ити религияларга киһи олоҕун соро-муҥа, ол кэмнээҕи кыһалҕата туохтааҕар да ордук чорботуллар. Ону хос ырыҥалаан, урукку кириттэн-дьайыттан ыраастаан, саҥалыы таҥан, бүгүҥҥү тыыннаах олоххо өй-санаа күлүгэ – Таҥара гына иҥэрии социальнай-гуманитарнай программа биир сүрүн ис хоһооно буолбута.
Буолан ааспыт олоҕу өй-санаа күлүгэр кубулутуу уонна ол күлүк иһигэр тыыннаах олоҕу олоро сатааһын икки тыһыынча сыл тухары киһи аймахха ыарахан психологическай эксперимент быһыытынан салҕана турар. Маныаха өлүү культун үөскэтии, онно үҥүү-сүктүү – бу религиялар халбаҥнаабат догмалара. Киһи өллөҕүнэ эрэ үчүгэйдэтэр. Тыыннааҕын тухары эрэйи-кыһалҕаны кэтиэхтээх диэн өйдөбүл итиннэ чиҥник иҥэн сылдьар.
Киһи аймах баһыйар өттө түҥ үйэлэртэн маннык догмаҕа хото охтор. Дэлэҕэ даҕаны, Кытай былыргы бөлүһүөктэрэ олоҕу олорууну уруккуга төннүү, ону хатылыы сатааһын диэхтэрэ дуо?! Киһи аймах «хараҕа наар кэннигэр», өрүү ааспыты кэтэнэр-мананар диэн өйдөбүл олохсуйбут. Оттон тыыннаах буолуу муҥура биллибэт ис кыаҕын бэйэҕэ арыйа сатыыр дьоҕур быстар мөлтөх. Ити да иһин тыыннааҕы, чэгиэни харыстааһын, кэлэр кэмтэн, бүгүҥҥү тыыннаах эйгэттэн үчүгэйи күүтүү, онно эрэнии суоҕун тэҥэ. Бу да иһин, күҥҥэ хайыһан, уокка сүгүрүйэн иччини – билиҥҥи кэми, Айыыны – кэлэр кэми уруйдууру-айхаллыыры ис-иһиттэн сөбүлээбэт майгы аһара күүстээх. Ол оннугар дьиэни-уоту арҕаанан ааннаан, күн сырдыга киирэр өттүн бүтэйдии бүөлээн, былыр үйэҕэ өлбүттэри таҥара оҥостуу, олор кэптэрин киһи аайы кэтэрдэ сатааһын, сырдыгы сыһыарбат гына кириэс анньыы – бу саамай биһирэнэр өй-санаа. Куораттар, болуоссаттар, уулуссалар, алаастар түөрэ кэриэтэ таҥаралаабыттар ааттарынан ааттанан, кинилэри тилиннэрэ сатыыр үрдүк аналлаахтара кими да дьиксиннэрбэт. Төттөрүтүн астыннарар, дуоһутар диэххэ сөп.
Тыыннаахтан, илэ баар күн сырдыгыттан үтүөнү эрэйэр адьас куһаҕан, ону ааһан кутталлаах дииллэр. Бу оннугар уруккуну, күн сиригэр суох буолбуту сырдык ыра оҥостуу, онно үҥүү-сүктүү кинилэргэ муҥутуур абыраллаах. Бу да иһин бүгүн илэ баары барытын имири сотор, «Кыһыл кинигэҕэ» киллэрэн, сүтэрэ охсор баҕа олус күүстээх. Урукку өттүгэр итинник оҥоһуулаах социальнай система биирдиилээн киһи айылҕаттан айдарыытын суох гынаары сору-муҥу кэтэрдэр, эрэйдээн өлөрөр эбит буоллаҕына, аны айылҕа дириҥ ис күүһүн баһылыырга баламаттык турунна.
Киһини оҕо сааһыттан кэлтэйдии өлүү культаах социальнай программаҕа хааччахтаан иитии-үөрэтии түмүгэр сабыылаах генетическэй информация, биологическай программа бүтэйэн иһэр. Үчүгэй уонна куһаҕан ардын киһи урут этинэн-хаанынан, сүрэҕинэн курдаттыы сэрэйэр буоллаҕына, бүгүн итини киинэ оҥорон, кинигэ суруйан, үлтү лэбэйдээн быһаардахха эрэ сатанар. Оннукка тиийэн-түгэнэн хаалбыттан аны ким да соһуйбат. Итинэн салайтаран олоруу киһиттэн сүрүн ирдэбил, модьуйуу буолан иһэр. Бэйэ ис кыаҕын туһаныы дьоҥҥо-сэргэҕэ биһирэппэт, ааһа баран итинниктэри мөрөйдөөн атарахсытар, бүк баттыыр холобур элбэх.
Бүгүҥҥү социум оҥоһуута (искусственнай техногеннай сайдыы) уонна итиннэ тирэҕирбит социальнай тутула айылҕалыын дьүөрэлэспэт, ону ааһан айылҕа программатыттан тосту-туора буолан иһиитэ сылтан сыл улаатар. Итиниэхэ техническэй цивилизация сайыннарар системата үгэстийбит утумнаах култуураны быстах кэмнээҕи култуурунай бырайыактарынан солбуйа сатыыр соруктанна. Ол курдук модернизационнай тосхоллоох политическай эйгэ дойду иһигэр «ис колониализмы» олохтуурга дьулуһуута улахан. Регионнары, провинциялары үлтү соролоон, национальнай ресурсаны киин былаас бас билиитигэр кубулута турар. Итини түргэнник ситиһэр сыалтан кытыы сирдэр социокультурнай уратыларын муҥутуу симэлитэ сатыыр. Онно холонуу холобура аҕыйаҕа суох. Үгүстэн биирэ – норуоттар төрөөбүт тылларын, төрүт култуураларын суурайарга национальнай оскуолалары аҕыйатыы, үбүлээһини тохтоторго холонуу, итинэн этническэй, социальнай-историческай үллэһиктэри букатыннаахтык суох оҥорор баҕалаахтар.
Оттон суох оҥоро сатыыр социокультурнай уратылара – айылҕа биологическай программата, сабыылаах генетическэй информацията. Киһи төрөөбүт тыла ити чараас көстүбэт эйгэни арыйар суос-соҕотох күлүүс! Тыла суох киһи этиттэрбэт. Тыл көмөтүнэн киһи бэйэтин ис тыынын таҥастаан, эттэтиини ааһан, дириҥ этиттэриигэ киирэр.
Норуоттар бэйэлэрин төрөөбүт тылларын суолталаабаттарыттан, онуоха эбии государственнай система бары норуоту унификациялыыр сыалы-соругу күүһүрдэ турарыттан, социальнай-гуманитарнай билии-көрүү нэһилиэнньэҕэ быстар намыһах. Онон эттэтиитэ, этиттэриитэ суох кураанахсыйбыт киһи элбээн иһэр. Атыннык эттэххэ, кута-сүрэ, иччитэ салыйбыт дьон үгүс. Балар бэлэм социальнай программа ис хоһоонугар дьүөрэлээн, техногеннай олох сыарҕатыгар хатаастыыны «сайдыыга айан, ситиһиилээх буолууга дьулуһуу» диэн күннээҕи лозунг оҥостон, сата баһын тардан эрэллэр. Итинник өлүмнэһии содулугар аан дойду үрдүнэн научнай-техническэй прогресс айылҕаҕа охсуута улам-улам күүһүрэн иһэр. Холобурун эттэххэ, сир шарын ойуура 25—30% кыччаата. Сыл аайы 400 000 кв км ойууру араас социальнай программаҕа анаан кэрдэ тураллар. Төһөлөөх күөх үүнээйи дьон-сэргэ дьалаҕайыттан уокка былдьанарын киһи этэ да барбат. Оттон биир гектар ойуур 20 мөлүйүөн кубическай миэтэрэ иэннээх атмосфераны ыраастаан, күн аайы үрүҥ тыыммытын өллөйдүүрүн, дьэ, санаа эрэ!
«Сатурн-5» ракетанан американскай «Скайлэб» станцияны орбитаҕа таһаарарга сирдээҕи ионосфера 1800 км диаметрга тиийэ дьөлө ыстанар. Бу дьөллүү түмүгэр сирдээҕи айылҕа икки чаастан ордук бириэмэ итини оһоруна, иэдээнтэн өрүһүнэ сатыыр. Өскөтүн сылга 85-тэн ордук ракетаны көтүттэххэ, озон араҥата өрүттүө суоҕун сөп диир, айылҕаны үөрэтэр-чинчийэр үөрэхтээх араҥа.
Айылҕа бу үлүгэрдээх алдьаныыттан быыһанарыгар олоҕу харыстыыр программаны хос саҥалыы уларытар. Ол аата киһиэхэ баар сабыылаах генетическэй информацияҕа, биологическай программаҕа дириҥ мутация баран эрэр. Ол туоһута аҕыйаҕа суох. Ылан көрүөҕүҥ, саванта дэнэр төрүөхтэриттэн аамыйа, социальнай программаҕа кыайан дьүөрэлэспэт туруктаах, ураты айдарыылаах дьону. Бу феномены билиҥҥи наука кыайан быһаара илик.
Айыы үөрэҕин туһунан санааны түмүктээн эттэххэ, айылҕа дириҥ төрдө-төрүтэ этэр-кэпсиир, ыйар-кэрдэр кыаҕын ким барыта эт мэйиитигэр кыайан батарбат. Итиниэхэ, биллэн турар, киһи бэйэтин тула баары муҥ саатар билинэ, баардылыы үөрэнэрэ, ол бастакы улахан сорук быһыытынан турар.
Тэрис тилиннэрбит үөрэҕэ – үөтүүлээх санааһыҥҥа тирэммит сахалыы этиттэрии. Бу этиттэриигэ сабыылаах ис итэҕэли Тэрис сурукка тиһэн, аан бастакынан өй-санаа гынан билиһиннэрдэ.
А.Н. Павлов-Дабыл,
СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ