Читать книгу Саха саарына Тэрис - Группа авторов - Страница 12

I түһүмэх
Айыы Үөрэҕин түсчүтэ
Итэҕэлбитинэн омук быһыытынан сайдыахтаахпыт

Оглавление

Бүгүҥҥү «Итэҕэл» рубрикабытыгар Айыы дьиэтин үлэтин туһунан сырдатыахпыт. «Кут-сүр» үөрэҕин олоххо киллэрбит, филологическай наука кандидата Лазарь Андреевич Афанасьев-Тэрис тус көрүүтүн маннык үллэстэр.

История быыһын сэгэтэн көрдөххө…

– Үтүө күнүнэн, Лазарь Андреевич! Дьэ, история быыһын сэгэтэн көрүөх эрэ. Эн «Кут-сүр» үөрэҕин бастакынан олоххо киллэрбит киһинэн биллэҕин. Ол туһунан сырдатыаҥ дуу…

– 1989 сыллаахха аан бастаан саха итэҕэлигэр «Кут-сүр» уопсастыба тэриллибитэ. Ол сиэринэн айыы итэҕэлэ, айыылар, иччилэр, кут-сүр, алгыс, туом, күн-дьыл бэлиэлэрэ, ытык сирдэр, оҕону иитии, этитии (медитация), түөргү (киһини кытта кэпсэтии кистэлэҥнэрэ) хайысхаларынан үлэбитин саҕалаабыппыт.

– Итэҕэлгэ олохтоохтук ылсан үлэлээбиккит номнуо ырааппыт эбит дии.

– Билигин 26-с сылбытын итэҕэлгэ үлэлии сылдьабыт. «Кут-сүр» хараамнаах (Айыы дьиэтэ), анал үлэһиттэрдээхпит. Бу сыллар усталарыгар итэҕэлгэ аналлаах 99 кинигэ бэлэмнэннэ, ол иһигэр бэчээккэ 40-ча итэҕэлгэ сыһыаннаах кинигэ таҕыста.

– Телевидениеҕэ эмиэ анал биэриилээх эбиккит. Үгүс дьон сэҥээрэ көрөр, истэр.

– Онно икки ханааллаахпыт. Ол курдук «Айыы оҕото» уонна «Итэҕэл» туһунан анал биэриилэр тиһигин быспакка тахса тураллар. Онтон араадьыйаҕа «Айыы алгыстара» биэриини Полина Перуашева ыытар.

– Айыы дьиэтин үлэтин сүрүнэ туохха сытарый?

– Билигин Айыы дьиэтигэр маннык үлэлэр ыытыллаллар. Ол курдук 300 туому оҥоруу, ыраастааһын, уруу, үбүлүөй алгыһын оҥоруу, араас ыарыылары эмтээһин уонна арыгыттан эмтэнии курдук киирэллэр.

– Ыраастаныы диэтиҥ, ону быһааран биэриэҥ дуу…

– Дьиэни-уоту, саҥа акылаат түһэр сирин ыраастаан биэрэбит. Саҥа эбэтэр сүүрэ сылдьыбыт массыынаны атыыластахтарына эмиэ ол сиэрин-туомун толоробут. Ону таһынан бохоруонаҕа сылдьыбыт дьон биһиэхэ кэлэн ыраастанан бараллар.

– Ханнык туомнары оҥороҕутуй?

– Оскуола оҕолоругар туом оҥоробут, онно сылга үстэ-түөртэ сылдьыахтарын наада. Устудьуоннарга анаан алгыс оҥоробут. Кэлбит дьоҥҥо сиэргэ-туомҥа сыһыаннаах сүбэлэри биэрэбит. Олохторугар ыарахан балаһыанньаҕа түбэспит дьоҥҥо көмөлөһөбүт. Таҥха кэмигэр анаан, онно аналлаах тэрээһиннэр сылын аайы ыытыллаллар. Үөһэ этэн аһарбытым курдук, ыраастаныы ханнык баҕарар көрүҥэ ыытыллар. Кэргэн тардыы, оҕо кутун иҥэрии, дьоҕуру арыйыы курдук туомнар эмиэ оҥоһуллаллар. Хара суоллары быһыы (түбэлтэни, түүлү), үлэ көрдөөһүн, үлэҕэ табыллыыга эмиэ көмөлөһөбүт. Олус элбэх туомнар оҥоһуллаллар, онон сүрүн туомнарын ити кылгастык билиһиннэрдим.

– Сыл аайы дьылынан, күнүнэн көрөн сиэр-туом ыытар анал сирдээх эбиккит дии.

– Биһиги сыл аайы эбэтэр хас да сылга биирдэ итинник анаан-минээн сиэр-туом оҥорор, сылдьар сирдэрдээхпит. Ол курдук куорат аннынан устар Өлүөнэ өрүс, соҕурууҥҥу Ытык Хайа, Чочур Мыраан, Хотугу Ытык Хайа, Хаҥаласка Эллэй бастаан тохтообут сиригэр Бахай хонуутугар баар анал таас, Кууллаты сэргэтэ, Сайсары күөл буолаллар.

– Биһиэхэ тоҕо итэҕэлгэ аналлаах дьиэбит тарбахха баттанар аҕыйаҕый?

– Арассыыйаҕа нуучча дэриэбинэлэрэ бары таҥара дьиэлээхтэр, Кавказтарга бары дэриэбинэлэр минареттаахтар. Онтон биһиги таспытыгар олорор бүрээттэр, калмыыктар эмиэ итэҕэлгэ тутуулара элбэх. Онтон саха 500 дэриэбинэлээх. Олорго үс гыммыт бииригэр эрэ саха дьиэтэ баар. Итэҕэл дьиэлэрэ уончаны да кыайбат. Ол аата сахалар итэҕэл өттүгэр сылтан сыл хаалыыбыт улаатан иһэр. Билигин киһи диэн итэҕэллээх киһи буолар. Онтон биһиги киһи буолар хаачыстыбабыт кыччаан иһэр. Хаалыы туохха көстөрүй? Киһилии сиэри туттарбыт кыччаан иһэр. Уоруу, кырбааһын, киһиэхэ кырыктаах сыһыан дэлэйдэ. Уулуссаларбытыгар билигин «чуумпу сэрии» бара турар. Итэҕэл тиэмэтин быыбарга ордук көтөҕүөхтээхпит. Биир ыйытык туруохтаах: «Эн саха итэҕэлигэр хайдах сыһыаннааххыный?» – диэн. Итэҕэли өйдүүр киһи айылҕаны алдьатыыны утарыа, дьоҥҥо эйэлээх буолуо, дьону өйдүүр майгыны тутуһуо. Онтон итэҕэли утарар киһи бэйэтин таҥара оҥосто сатыыр. Киһини барытын хам баттаан туран дьаһайа сатыа.

– Итэҕэл туохха үөрэтэрий уонна ис дьиҥэ туохха сытарый?

– Киһи сиэрдээхтик олоруохтаах. Айылҕаҕа уонна дьоҥҥо эйэлээх буолуохтаах. Бэйэ-бэйэтигэр көмөлөсүһүөхтээх. Бу буолар итэҕэл дьиҥнээх ис хоһооно. Ол иһин былыргылар этэр этилэр: алгыһы абааһы хоппута суох диэн. Үтүөнү оҥоруу – махталлаах. Оҕолоох саха киһитэ куһаҕаны оҥорортон куттанар – бу куһаҕаны оҥорбутум оҕобор тиийиэ диэн. Үтүөнү оҥорортон үөрэр – үчүгэйи оҥорбутум оҕобор тиийиэ диэн. Таҥара эмиэ итини ирдиир. Киһи сиэри тутуһуохтаах.

– Лазарь Андреевич, сылын аайы саас итэҕэл сугулаана ыытыллар. Бу туох сыаллаах-соруктаах ыытыллар тэрээһиний?

– 2014 сылтан сахаҕа сыһыаннаах итэҕэллэр холбостулар. Сыл аайы кулун тутар 21 күнүгэр итэҕэл сугулаана ыытыллар. Онно сыллааҕы сүрүн сорук быһаарыллар. Түмсүү 9 ытык дьонноох. Итэҕэли тута сылдьар 3 киһилээх. Сүрүн соруга – бырабыыталыстыба үлэтигэр кыттыһыы. Ол курдук судаарыстыбаҕа суолталаах туомнары ыытыы, кэмиттэн кэмигэр дьон өйө-санаата сайдан иһэригэр, ханнык духуобунай соруктар иннибитигэр туралларын туһунан этиилэр киириэхтээхтэр. Холобур, быйылгы сорук саха итэҕэлин ааҕыыларын күнүн оҥоруу буолар. Ол сиэринэн, ааҕыылар алтынньы, сэтинньи ыйдарга оҥоһуллуохтара. Айыы итэҕэлин тарҕатар дьон бэлэмнэнэн тураллар. Онтон улуустарга сахалыы моһуоннаах дьиэлэри, ураһалары тутуу салгыы ыытыллыахтаах. Ону таһынан бу дьиэлэргэ дьиҥ сахалыы туомнары оҥорор дьон үлэлиэхтээхтэр. Бу үлэни саха итэҕэлэ түмсүү, ордук айыы дьиэтэ сүрүннүүр кыахтаах. Билигин сир аайы олоҥхо дьиэтин тутуу бара турар. Итэҕэлэ суох олоҥхо диэн суох этэ. Онон Олоҥхо дьиэтин биир элимиэнэ итэҕэл буолуохтаах. Ол туһунан кэпсэтии бара турар.

– «Кут-сүр» үөрэх саха култууратыгар тирэҕирэн ыытыллар үөрэх буоллаҕа.

– Билигин итэҕэллэр элбэх бөлөхтөрө баар. Биһиги ити бөлөхтөрү саха култууратыгар төһө сыһыаннааҕар болҕомтобутун уурабыт. Саха култууратын билэр бөлөх саха итэҕэлин сайыннарар. «Кут-сүр» биир сүрүн бириинсиптээх. Норуот айбытын эрэ дьиҥнээх диибит. Билигин саха итэҕэлигэр 99 кинигэ оҥоһулунна. Ити кинигэлэр саха норуотун олоҕун үөрэппит дьонтон уонна архыыптан ылыллыбыта. Онон биһиги түмсүүбүт саха култууратыгар 100% тирэнэбит. Холобур, айыылары толкуйдааһыҥҥа Улуу Суорун аата эрэ мөккүөрдээх буолбута. Ол гынан баран ити ааты талан ыларбытыгар олоҥхону төрүт оҥостубуппут. Ордук мөһүлгэ тиэмэтэ ыарахан буолбута. Быстах-остох сибидиэнньэлэр эрэ бааллара. Олорго тирэнэн оҥорон көрүү диэн ньыманы туһаммыппыт. Итини нууччалыы «реконструкция» дииллэр. Оҥорон көрүү былыргыттан туһаныллар. Кини олохторо, тирэхтэрэ улахан суолталаах, бигэ буолуохтаахтар.

– Мэҥэ Хаҥалас ытык сирдэринэн сырыы туһунан тус санааҥ.

– Быйыл ураты улахан ситиһиилэннибит. Ытык сирдэр устун сахаҕа бастакы ытык сырыы буолла. Мэҥэ Хаҥалас улууһун устун сылдьан, Чүүйэ дэриэбинэтин таһыттан тоҕус ойбонноох сэргэни буллубут. Манна саха итэҕэлин ис дьиҥэ толору баар. Ол барыта үлэлии турар гына оҥоһуллубут. Онон бу сэргэни саха итэҕэлин сүрүн сэргэтин быһыытынан ылынныбыт. Бу сэргэ аны биһиэхэ Мекки курдук суолталанар. Сахабын диир киһи саатар үйэтигэр биирдэ бу сэргэҕэ тиийэн алгыс ылыахтаах. Биллэн турар, суола-ииһэ оҥоһуллуор диэри 3—5 сыл барара буолуо. Быйыл кэпсэтиитин ситэрэн баран ыҥырыы таһаарыахпыт. Сахабын диир киһи аһымал харчы биэриэхтээх. Ону таһынан кыахтаах дьон суолун, тутууларын ыытарга бэйэлэрин өттүттэн эмиэ көмөлөһөллөрө наада. Бу тутуу саха норуотун барытын түмэр тутуу буолуохтаах.

– Түмүккэр Айыы дьиэтэ хайдах үлэлиирин быһааран биэриэҥ дуу.

– Айыы дьиэтигэр эр киһи да, дьахтар да үлэлиир. Саха итэҕэлигэр эр киһи да, дьахтар да куттаах-сүрдээх, онон дьахтары баттааһын суох. Аны кэргэннээх киһи итэҕэли ыытара көҥүллэнэр. Айыы дьиэтигэр атын итэҕэллээх, атын омук сылдьара эмиэ көҥүллэнэр. Сахалыы сиэри эрэ тутуһуон наада. Бокуонньугу айыы дьиэтигэр киллэрбэппит. Күнүс эрэ үлэлиибит. Ол курдук балаҕан ыйыттан урукку бэрээдэкпитинэн үлэлиэхпит. Үлэлиир күммүт сэрэдэ, субуота, өрөбүл, сарсыарда 11 чаастан киэһэ 4 чааска диэри. Былыр төһө эрэ сыл буола-буола (биһиги ааҕарбытынан 4 сылга биирдэ) ойууннар мустуулара буолара. Аныгыскы ыытыллар итэҕэл сугулаана ити ойууннар мустууларыгар маарынныа. Манна саха муусукатын маллара тыаһыаҕа. Аныгы тылынан оркестр диэххэ сөп. Биһиги эмиэ тыаска-ууска улахан болҕомтобутун ууруохпут. Онон итэҕэлгэ үлэлэр тиһигин быспакка ыытылла тураллар.

Сардаана Багынанова

Киин куорат. – Атырдьах ыйын 27 күнэ. – 2015.

Саха саарына Тэрис

Подняться наверх