Читать книгу Саха саарына Тэрис - Группа авторов - Страница 7

I түһүмэх
Айыы Үөрэҕин түсчүтэ
Тэрис «Кут-сүр» түмсүүтэ уонна Айыы үөрэҕэ

Оглавление

Тэрис саха норуотун мyyдараһа олоҥхоҕо, былыргы сэһэннэргэ, алгыстарга, тойуктарга, өс хоһоонноругар сөҥө сылдьарын бэрт эрдэттэн билэн-көрөн, бу муудараһы «Кут-сүр» түмсүү түмпүтүгэр олоҕуран, өссө 1990 сыллаахха «Айыы үөрэҕэ» диэн кыра үлэни oҥорбута. Оттон 1993 сыллаахха эмиэ итинник ааттаан улахан үлэни таһаартарбыта. Дьэ, бу кэмтэн ыла Айыы үөрэҕин үөрэтии өссө дириҥээтэ, кэҥээтэ. Элбэх мунньах буолла, мөккүөр да баар… Тэрис салалтатынан «Кут-сур» кыһа туомнары бэрээдэктээһиҥҥэ, өйдөбүллэри чопчулааһыҥҥа элбэх үлэни ыытта. Онно биллибитинэн, билиҥҥи кэмҥэ саха норуотун итэҕэлэ уонна философията бииргэ силлиһэн сылдьаллар эбит. Ол иһин бу икки эйгэни араара сатааһын оҥоһуллубата. Саха норуотун муудараһа тыыннаах буолар ньымалары түмүү өттүнэн барбыт. Ити быһыытынан итэҕэл уонна философия арахсыбатах. Аны Айыы үөрэҕэ сүрдээх дьэҥкэ тиһиктээх (систиэмэлээх) эбит. Бу тиһиккэ олоҕуран 63 сүрүн өйдөбүл баар буолар. Киһи бу өйдөбүлү тутуһан сылдьыахтааҕын былыргылар Айыы суолун батыһыы дииллэр эбит. Ити курдук, биһиги Айыы үөрэҕин ис хоһооно Айыы суола диэн тиһиккэ тирэнэрин билэбит.

Тэрис «Кут-сүр» кыһаны тэрийэн, салайан, биһиэхэ саха омук аан дойду тутулун, киһи, олох, өлүү туһунан былыр-былыргыттан иитиэхтээн илдьэ сылдьыбыт төрүт өйдөбүлүн, «сэһэнин» хомуйан, мунньан, сааһылаан, бар дьоҥҥо тириэрпит суолтата туохха да тэҥнэммэт, билигин норуоппут духуобунай баайын сөргүтэн, «саҥа тыын» укта. Тэрис үлэлэригэр төрүт итэҕэлбит эрэ буолбакка, төрөөбүт тылбыт-өспүт эмиэ иккиһин эргийэр диэххэ сөп.

Өссө 1990 сыллаахха «Саха кэскилэ» идиэйэтинэн Туймаада хочотугар Дьокуускай куоракка аан бастакынан Дьөһөгөй Айыыга анаммыт саха ыһыаҕа ыһыллыбыта. Бу хамсааһыҥҥа Тэрис, Дабыл, Уххан курдук хор-сун уолаттарбыт туруорсан, аны Дьокуускайга сайын аайы ыһыах ыһыллан, дьон-сэргэ сахалыы тыына уһаан, кута-сүрэ бөҕөргөөтө диэн бүгүн толору этэр кыахтаахпыт.

Аны 2004 сыллаахха Дьокуускай дьондойор саалыгар Сайсарыга Айыы дьиэтэ норуот көмөтүнэн тутуллан үлэҕэ киирэр. Дьиэ тутуллубутун кэннэ, Айыы үөрэҕэ салгыы сайдыбыта. Үөрэнэр дьон таһымнара үрдээн, духуобунай иитии диэн баар буолбута. Бу кэмҥэ Айыы үөрэҕин туһунан 30-тан тахса кинигэ, брошюра оҥоһулунна. Олортон сүрүн кинигэлэр манныктар:

– «Айыы туомнара» (үлэлиир дьоҥҥо эрэ бэриллэр);

– «Символ религии Айыы» (итэҕэл туһунан саамай кылгас кинигэ);

– «Саха итэҕэлин кылгас тылдьыта» (итэҕэл туһунан орто кинигэ).

Онон билиҥҥи кэмҥэ саха киһитин, ыччатын сиэрдээх киһи оҥорорго Л.А. Афанасьев 20-тэн тахса сыл тэрийбит, сааһылаабыт, түбүгүрбүт унньуктаах үлэтэ сүүнэ улахан көмөлөөх. Эттэххэ, суруйдахха түргэнин иһин, бу барыта үтүмэн үлэ, элбэх сыра-сылба түмүгэ буолар. Оннук айымньылаахтык үлэлии-хамсыы сылдьар үтүө-мааны дьоһун киһибитигэр Тэрискэ саха дьонун аатыт-тан барҕа махтал тылын этиэххэ, аман алгыс тылын аныахха! «Айыы үөрэҕин» аҕата, «Кут-сүр» кыһа түсчүтэ – Тэрис муударай сааскынан итии, истиҥ эҕэрдэ буолуох-тун! Туску!

М.А. Попова,

учууталлар учууталлара,

«Кут-сүр» түмсүү чилиэнэ

Муус устар ый, 2017 с.

Саха саарына Тэрис

Подняться наверх