Читать книгу Саха саарына Тэрис - Группа авторов - Страница 13

I түһүмэх
Айыы Үөрэҕин түсчүтэ
Ытык сирдэр – история тыыннаах кэрэһиттэрэ
(Экспедицияттан суоллааҕы бэлиэтээһиннэр)

Оглавление

«Хас биирдии саха киһитэ тыһыынча өбүгэтин билиитин илдьэ сылдьар».

Тэрис

Экспедициябыт бастакы күнүгэр, эбиэт иннинэ, Төхтүр сиригэр Уустаах Избеков олорбут Дьаҥхаада алааһыгар сылдьан баран, эбиэт кэнниттэн Томтор бөһүөлэгэр айаннаатыбыт.

Баай Пономарев алааһыгар сырыттыбыт

Сырылатан дьэ куйаас күннэр турдулар. Манна биһигини историк идэлээх, олоҥхоһут Петр Максимович Тихонов көрсөн, салгыы кини сирдээн, былыр Мэҥэ Хаҥалас улахан баайынан биллибит Уйбаан Пономарев-Чөкчөҥө кулуба Манчаарыттан саһан олорбут Туруйалаах томторо сайылыкка тиийэбит. Кини Степной Дума аҕа баһылыгынан олорбут. Оччолорго Саха сиригэр 1000-тан тахса сүөһүлээх буоллуҥ да, баай, кыахтаах киһи ахсааныгар киирсэр эбиккин. Оннук баайдаах киһи Саха сирин үрдүнэн 5—6 эрэ киһи баар буолар эбит. Оччотооҕу кэмҥэ ыраахтааҕы былааһа баайдарга боломуочуйаны көҥүл биэрэн, кинилэр бэйэлэрин кэмнэригэр аатыран-сураҕыран, быыһыгар дьону баттаан олорбуттар. Ол аата билиҥҥинэн бэйэни салайыныыга тирэҕирэн үлэлии олорбут буолан тахсаллар. Баай Пономарев олорбут олоҕо, Томтор бөһүөлэгиттэн ырааҕа суох сиргэ турар эбит. Кини Манчаары саҕана олорбут улахан баай киһинэн биллэр. Баай киһи бардама ханна барыай, бэйэтин кэмигэр киһи бөҕөнү баттаабыта-атаҕастаабыта элбэҕэ буолуо эрээри, дьиҥ сахалыы май-гылаах киһи этэ дииллэр. Айаннаан иһэн көрдөххө, ыраахтан былыргы тутуулар, алаас ортотугар тимир сэргэ турара харахха тута быраҕыллар. Туһааннаах сирбитигэр тиийэн, сири-дойдуну көрөн-истэн, быыһыгар бу туох суолталаах сэргэ турарын ыйыталаспыппытыгар, Петр Максимович: «Баай Пономарев Манчаарыттан куттанан «сторожевой башняны» нэдиэлэ иһигэр туттарбыт, ол турбут миэстэтигэр бу тимир сэргэни өйдөбүнньүк курдук туруорбуттар», – диэн быһааран биэрдэ. Бу кэм тухары, кырдьык да, баайдарга-тойотторго Манчаарыттан ордук дьулааннаах киһи бука суоҕа буолуо. Ол иһин кини батталлаах баайдарга сылдьан, кыра-хара дьону көмүскэстэҕэ. Манчаары бу сиргэ кэлиитин кэлэ сылдьыбыт эрээри, уу улаханнык кэллэҕинэ иилии эргийэн, киһи кыайан туораабат сирэ буоларынан, ууттан хаайтаран кыайан киирбэккэ, ыраахтан көрөн төннүбүт үһү. Аттыбытыгар биир самнайбыт хороҕор ампаар турарын тиийэн көрөбүт, манна Уйбаан Пономарев олорбут буолуон сөп диэн сабаҕалааһын баар эбит. Тэрис этэринэн, кини бу алааска 64 сэргэни туруорбута биллэр. Саха сиригэр оччо элбэх сэргэни оҥорбут киһи суох эбит. Арай Аммаҕа 40 сэргэни оҥорбут киһи баара биллэр. Пономарев баай ол сэргэтиттэн манна биир да сэргэтэ хаалбатах. Ону Тэрис: «Саха былыргы үгэһин тутуһар, сахалыы куттаах-сүрдээх, сылгыны таптыыр киһи олоро сылдьыбыт эбит», – диэн тус көрүүтүн этэр. Онон бу сылдьыбыт сирбитигэр кулуба Пономарев олорбут алааһа буоларын Лааһар Андреевич тоһоҕолоон бэлиэтээтэ. 1930-с сылларга холкуостааһын саҕана манна дэриэбинэ турбут. Ол курдук оскуола (1929—1930) дьиэтэ тутуллан үлэҕэ киирбит. Онон аҕыйах да буоллар, кэрэ айылҕалаах алааска кыра мас тутуулар сэмнэхтэрэ ол кэм туоһута буолан тураахтыыллар.

Иккис күммүтүгэр ох курдук оҥостон, Чүүйэ бөһүөлэгэр тиийэн, олохтоох дьаһалта баһылыга Алексей Коркинович Васильевы кытта көрүстүбүт. Кини бэйэтинэн сирдээн, Чаапаҕана диэн ааттаах сиргэ айан суолун тутуһабыт. Бу сиргэ кэлэн Манчаары хаһаактартан саспыт сирин, ону сэргэ эмэгэт сэргэни көрдөөн булуохтаахпыт. Лиҥкир сис тыа иһинэн син балайда хаамабыт. Ото-маһа хойуута, киһи да мунуох курдук. Онон мин сэрэх муҥутаан, дьоммун хараҕым далыттан сүтэримээри, кэннилэриттэн оту-маһы тоҕо силэйэн харса суох батыһабын. Испэр «булуохтаахпыт» диэн эрэлим күүстээх. Биһигини кытта сири-уоту үчүгэйдик билэр олохтоох ыччат Михаил Михайлович Левин сирдьитинэн барсыбыт буолан, бары да санаабыт көтөҕүллүбүтэ сүрдээх. Сотору соҕус буолаат, Вильям Федорович «буллум» диэн хаһыыта иһилиннэ. Хата, бары бэйэ-бэйэбититтэн чугас сылдьар буоламмыт, түргэнник тиийэбит. Кини бэйэтэ бу Манчаары саспыт томторун 25 сыл анараа өттүгэр булан турардаах эбит. Тула өттө күрүөлэммит, анал тимир лиискэ суруллубут сири булан, бары даҕаны оччолорго ханнык да бэйэлээх баайы утары көрдөрбөтөх, модун санаатын булгуруппатах, батталы утары охсуһуутун уҕарыппатах киһи уобараһын көрөргө дылы буоллубут. Дьэ, дьикти, Манчаары оччолорго бу сиргэ икки атахтаах мээнэ үктэммэтэх сирин булан састаҕа буолуо эрэ диирбэр тиийэбин.

Манчаары саспыт томторун булан баран, аны салгыы сабаҕалааһын быһыытынан манна чугас эргин эмэгэт сэргэ баар буолуохтаах диэн, аны ону көрдүү бардыбыт. Өрүүтүн буоларын курдук, эмиэ Вильям Федорович бастакынан булан, сиргэ охтубут эмэгэт сэргэни өйөннөрө турарыгар, ууну тэпсэн, тоҕо анньан тиийэбит. Тэрис бу сэргэ туһунан маннык кэпсээтэ:

– Былыр киһини эмтииргэ маннык эмэгэт сэргэни туһаналлар эбит. Ыал буолуу, доруобуйа, үлэ-хамнас, түмсэн олоруу, билиини ылыы, уһуннук олоруу диэбит курдук, бу тоҕус ойбоммут бары анал ааттаахтар (ыйа-ыйа быһааран кэпсиир). Дьэ, ол билиилэрин туһанан бу тоҕус ойбонунан эмтииллэр. Сылгы түүтүн төкүнүтэн, алгыс этэн баран бу хайаҕастарга угаллар эбит (кырдьык көрбүтүм, сылгы түүтэ угуллубут этэ. – Ааптар). Аан бастаан бу эмэгэти Вильям Федорович хаартыскаҕа түһэрэн аҕалбыта. Онно биһиги көрүүбүтүнэн, бу туочукалар миэстэлэрэ оруобуна индиялар үөрэхтэригэр этиллэр чакраҕа сөп түбэһэр эбит. Онон сахаҕа чакра суох дииллэрэ оруна суоҕа көһүннэ. Сахаҕа, дьиҥинэн, сэттэ буолбатах, тоҕус ойбон баар. Бу алмаастааҕар да күндү булумньу буолар. Киһиэхэ алгыһы эттэххэ, бу ойбоннорунан киирэр. Онон итэҕэлбит саамай төрдө бу эмэгэт сэргэҕэ сытар. Маны суолталыахха наада. Бу эргин баай Попов олорбут буолуохтаах. Саха сиригэр маннык сэргэ суох. Манна суолун оҥорон, күрүөлээн кэбиһиэххэ баар эбит. Бу эмэгэт сэргэ итэҕэл ис хоһоонун барытын илдьэ сылдьар. Ол аата былыр манна революция иннинэ улахан алгысчыт, эмчит, ойуун олоро сылдьыбыт», – диэн түмүктээтэ. Бу сиртэн бүтэн бараары туран, Тэрис салайыытынан сахалыы туом оҥоһулунна.

Түмүк санаа

Бу сылдьыбыт ытык сирдэрбит кэнниттэн дьэ туох түмүк оҥоһулунна. Ол туһунан кылгастык… Быйыл саас Дьокуускайга итэҕэл мунньаҕа ыытыллыбыта. Онно Аан Алахчын сылыттан саҕалаан, Саха сирин улуустарын ытык сирдэригэр сүгүрүйүү (паломничество), айаннарга сылдьыы былаана ылыллыбыта. Ол былаан чэрчитинэн, ытык сирдэринэн экспедиция бастакы түһүмэҕэ Мэҥэ Хаҥалас улууһуттан саҕаланна. Өбүгэлэрбит олорон ааспыт ытык сирдэригэр сылдьыбыт сырыыбыт табылынна диэн этиэххэ өссө эрдэ эбитэ буолуо эрээри, мин санаабар кыра түмүк санаа суруллара ордук. Ол курдук, Мэҥэ Хаҥалас улууһун култуураҕа управлениетын начальнига С.М. Холмогоровы кытта көрсүһүүгэ Л.А. Афанасьев-Тэрис, В.Ф. Яковлев бу сырыы түмүгүнэн тус санааларын этиннилэр. Ол курдук эдэр ыччат ытык сирдэргэ тирэхтээх буоларын, маннык сир тыыныгар иитиллэллэригэр кинилэри түмэр наадатын уонна бу ытык сирдэргэ хайаан да болҕомто ууруллуохтааҕын ыйдылар. Урукку сылларга Мэҥэ сиригэр-уотугар археологическай хаһыылар барбыт сирдэрэ баалларын, ол барыта ытык сирдэргэ киириэхтээҕин эттилэр. Тэрис «100 сылы өтө көрбүт Порядин курдук күнү-дьылы билгэлээн үөрэппит Мэҥэ Мооругуттан төрүттээх киһигитин өрө тутан, сэргэ курдук туох эрэ бэлиэ туруоруоххутун наада» диэн сүбэлээтэ. Салгыы кэпсэтии сүнньэ, бу булуллубут ытык сирдэргэ реставрация үлэтэ күүскэ ыытыллыан наадата ыйылынна. Холобура, баай Пономарев олорбут алааһын, дьиэтин-уотун реставрациялаан, туспа хаһаайыстыба курдук оҥордоххутуна бэйэтэ туристическай маршрут тахсыа этэ диэн ытык дьоммут сүбэлээтилэр. Турбут сириттэн көһөрөн аҕалыы сэттээх буолуон сөп. Онон турар миэстэтиттэн көһөрбөккө, бэйэтигэр ытык сир быһыытынан хаалара ордук буолуо этэ. Уустаах Избеков уһаайбатын эмиэ «Айылҕа музейа» оҥороргут буоллар диэн ыллыктаах тылларын тиэртилэр. Онон итэҕэлбит биир сүрүн хайысхатыгар ытык сирдэри харыстааһын, үйэтитии үлэтэ сөргүтүллэн, бастакы олук оҥоһулунна. Бу айаммытыгар күүс-көмө буолбут, транспорынан хааччыйбыт улуус дьаһалтатын баһылыгар Н.П. Старостиҥҥа, култуура управлениетын начальнигар С.М. Холмогоровка махталбытын тиэрдэбит.

Сардаана Багынанова

Киин куорат. – Атырдьах ыйын 6 күнэ. – 2015.

Саха саарына Тэрис

Подняться наверх