Читать книгу Саха саарына Тэрис - Группа авторов - Страница 9

I түһүмэх
Айыы Үөрэҕин түсчүтэ
Айыы Суолугар сирдьиппит

Оглавление

Лазарь Андреевич-Тэрис орто туруу бараан дойдуга Айыы санаанан олорбута, айбыта-туппута, үлэлээбитэ-хамсаабыта. Кини бу олохтон барбытын да иһин, тоҕо эрэ, билигин күн сиригэр баар – норуотугар сырдык, ыраас суолдьут курдук сылдьар дии саныыбын.

Айыы суолга сирдиир Ытык киһибит Лазарь Андреевич Афанасьев, филологическай наука кандидата, өбүгэбит кэскили кэрэһилиир санаатын кэрдиистэрин чинчийэн түмэн, «Айыы итэҕэлэ» үөрэҕин тиһик гынан, сурукка-бичиккэ киллэрбитэ. Бу үөрэх саха олоҕун бары эйгэтин хабар, ол курдук, киһи орто дойдуга сиэри-туому, төрүт үгэһи, төрүт тылы, төрүт дьарыгы, төрүт аһы, төрүт хамсаныыны бэйэтиттэн араарбакка тус олоҕор таба туһанан, Айыы суолугар сөпкө үктэнэригэр суол ыйар.

Айыы үөрэҕэ айылҕаны кытта ыкса ситимнээх, киһи бэйэтин кыаҕын, өйүн-санаатын, күүһүн өйдүүргэ, тулалыыр эйгэни, айылҕа кистэлэҥнэрин быһааран билэргэ, олоҕу-дьаһаҕы анаарарга, өйдүүргэ кыаҕы үөскэтэр.

Айыы үөрэҕэ киһи кутун-сүрүн туругун айыылардыын ситимнээн көрдөрөр. Биирдиилээн киһи бэйэтин кута чөл, сүрэ күүстээх, отуора олохтоох буоларын туһугар харыстанар сиэри-туому, үгэһи өйдөөн-төйдөөн, санаан туран, сарсыҥҥы сардаҥалаах, кэлэр кэскилин туһугар кыһалларыгар такайар-үөрэтэр. Бу барыта саха омук тыыннаах буолуутун, сайдыытын, чөл буолуутун мэктиэлиир. Айыы үөрэҕэ ыччаты сиэрдээх майгылаах, оттомноох, дуоспуруннаах, түс-бас буоларга уһуйар кыахтааҕын дьон-сэргэ өйдүүр, ылынар.

Мин саха норуотугар Айыы суолбутун ыйбыт сүдү киһилиин, Лазарь Андреевичтыын, култуура уонна духуобунас эйгэтигэр үлэлии сылдьан алтыспыппыттан киэн туттабын. Кини үлэлэрин мэлдьи ааҕарым. Тэрис киэҥ далааһыннаахтык, хабааннаахтык үлэлиириттэн олус сөҕөрүм уонна ханна эрэ наһаа үрдүккэ сылдьан үлэлиирэ, олус муударай дьоннуун алтыһара буолуо диэммин толло саныырым. Онтон Тэристиин алтыһан баран, кини киһи быһыытынан олус чараас, уйан сүрэхтээх эбит дии санаабытым. Үөһээ салалта киниэхэ болҕомто уурбатыттан олус диэн сөхпүтүм уонна соһуйбутум. Ол гынан баран, Лазарь Андреевич норуокка ыкса чугас этэ, үгүс дьоннуун алтыһара, кинини сэһэнньит, бахсы, сүбэһит, духуобунай учуутал быһыытынан билинэллэрэ.

2002 сыл бэс ыйын саҕаланыытыгар Дьаҥхаадыга кулууп дириэктэринэн үлэлии сырыттахпына, И.И. Шамаев «дьөһүөлдьүттэр семинардарын ыытыс» диэн эрийбитэ. Л.А. Афанасьев-Тэрис уонна А.Н. Павлов-Дабыл биир нэдиэлэлээх «Кут-сүр» кыһа үөрэҕин ыыппыттара. Улуустартан 17 киһи кэлэн кыттыбыта уонна сааһыламмыт өбүгэ үөрэҕиттэн элбэҕи билэн бардыбыт диэбиттэрэ. Тэрис сарсыарда «Сарыал хамсаныытын» көрдөрбүтэ. Орто уҥуохтаах киһи сиртэн олус чэпчэкитик тэйэ-тэйэ, ис-иһиттэн көтөн эрэр курдук хамсаныылары оҥорон көрдөрбүтэ билиҥҥээҥҥэ диэри харахпар бу көстөр курдук. Бэйэтин олус кыанар, сахалыы дириҥ сэһэннээх киһи баар эбит диэн сөҕө-махтайа санаабытым. Ити кэмнэргэ биһиги кулууппут үлэтин хайысхатын көрдөнө сылдьар этибит. Сахалыы куттаах-сүрдээх дьоммут Лазарь Андреевич уонна Анатолий Павлович ис сүрэхтэриттэн тахсар сэһэннэриттэн, өбүгэлэрбит силистээх олохторуттан-дьаһахтарыттан, сиэрдэриттэн-туомнарыттан ситимнээх «Айыы үөрэҕэ» тиһигин оҥорбуттарын өйдөөбүппүт. Дьаҥхаады нэһилиэгин общественноһа Айыы үөрэҕин үөрэттэхпитинэ эрэ үүнэр, сайдар суолу тобулуохпут диэн санааҕа кэлбитэ. Онон сынньалаҥ киин үлэтин бырагыраамата үгэс сыллааҕы эргииринэн – ыйдар суолталарыгар, үгэстэригэр тирэҕирэн оҥоһуллубута. Үгүс сахалыы куттаах-сүрдээх, айдарыылаах, дьоҕурдаах, дьаныһан дьарыктанар дьону уонна учуонайдары кытта алтыспыппыт. Үгэс сыллааҕы эргиирэ – кырдьык, бу үөрэх саха олоҕун бары эйгэтин хабар. Араас сиэр-туом, ас-таҥас, оҥоһуктар, хамсаныы, олох эйгэтэ – ити барыта Айыы суолун тутуһарга аналлаахтар. Итилэр бары холбоһон сахабыт сиэрин-майгытын, дьоҕурун үөскэтэллэр. Дойдум Төхтүр күн бүгүҥҥэ диэри сахалыы эйгэтин тутан олорор: уус кыстыга тыаһыыр, сылгы, ынах көрөллөр, төрүт иискэ, төрүт тыаска, дорҕооҥҥо идэтийдилэр, ытык сирдэрин үөрэтэллэр, иччилииллэр…

2013 сыллаахха Дьокуускайга Арчы дьиэтигэр үлэлии кэлбиппэр, В.Н. Луковцев «Кут-сүр» кыһа иккис мөһүлгэтэ буолар, онно тугу эрэ толкуйдааҥҥын ыытаар диэн эппитэ. Ити сыл кулун тутар ыйыгар киин куораппыт сахалыы тыыннаах дьоно Айыы үөрэҕин 24 сыллааҕы үлэтин түмэн, киэҥ араҥаҕа таһаарар дьоро тэрээһин оҥорбуттара. Манна Л.А. Афанасьев-Тэрис, А.Н. Павлов-Дабыл, Б.Ф. Неустроев-Мандар, А.С. Федоров, В.Ф. Яковлев, И.И. Николаев-Уххан, Г.С. Попова-Санаайа, С.И. Петрова уо.д.а. өбүгэ үөрэҕин ситимнэрин кэпсээбиттэрэ, билиһиннэрбиттэрэ.

Итэҕэл сугулааннарын И.И. Шамаев иилээн-саҕалаан ыытан кэлбитэ, кини кэнники сылларга тэрийэр дьон баар буолбута үчүгэй, ыытааччы эрэ курдук буоллум диэн үөрүүтүн үллэстэрэ. Бу кэнники сылларга Саввинов А.В.-Алгыстаах Өлөксөөн, Тэрис кэнниттэн, «Айыы итэҕэлэ» тэрилтэ үлэтин сүрүннүүр. Кини сүрүннээһининэн Аммаҕа, Намҥа, Боотулуга, Булгунньахтаахха уо.д.а. сирдэргэ Айыы дьиэлэрэ үлэлээн эрэллэр.

Айыы итэҕэлин сэһэнньитэ А.Н. Павлов-Дабыл ый аайы нэһилиэнньэҕэ Айыы үөрэҕин үгэс сыллааҕы эргиирин өйдөбүлүнэн сэһэннэри ыытар, Саха араадьыйатыгар анал биэриилээх, хаһыаттарга суруйар. Дьокуускай куоракка Арчы дьиэтин духуобунай хайысхаҕа үлэтин чопчулуур үлэ барар.

«Кут-сүр» түмсүү ааспыт үйэ 90-с сылларыттан, номоххо киирбит Эллэй Боотур саҕаттан саҕаламмыт, итэҕэлтэн үөскээбит Үрдүк Айыылары кытта алтыһар, ситимнэһэр ыһыах үйэлээх үгэһин олоххо киллэриини саҕалаабыта. Бу үтүө үгэскэ олоҕуран Аллараа Бэстээххэ «Төлкө» эр дьон түмсүүтэ саха дьонун өйүн-санаатын түмэр, сааһылыыр, сүрэҕи сүүдүтэр былыргы ыһыах сиэрин-туомун сөргүтэргэ дьулуһаллар. Кинилэр айылҕабыт уһуктар – сайыҥҥы уһун күннээх бэс ыйын 21—23 күннэригэр, былыргы сиэринэн-туомунан ыһыах ыыталлара үгэскэ убулуйда. 2014 сылга төлкөлөр сирдэригэр Айыы итэҕэлэ – уон икки сыллаах мөһүлгэ өйдөбүлүгэр олоҕуран, Үрдүк Айыыларга сүгүрүйэр ыһыах аартыгын Л.А. Афанасьев бэйэтинэн тахсан арыйбыта, Үрүҥ Айыы Тойоҥҥо сүгүрүйэр тоҕус дабатыылаах алгыс сиэрин-туомун оҥорбута.

Тэрис Айыы үөрэҕэр хас биирдии Айыыга норуотун өйүн-санаатын, билиитин-көрүүтүн, дьоҕурун-сатабылын, этин-сиинин сайыннарар, кэрэһилиир санаа кэрдиистэрин түмэн тиһик гынан сурукка-бичиккэ киллэрбитэ олус туһалаах. Бу үөрэх саха олоҕун бары эйгэтин хабар: сиэр-майгы сыһыана, олох тэринии, төрүт майгыны олохсутуу, ыал кэскилэ, арыгыны тэйитии, ыччаты тоҕус моһолтон сэрэтии туһаайыыта, төрүт алаас хамсаныытын тиһигэ, ытык сирдэргэ сыһыан, саастарынан Айыы туомнара ситимнээн өйдөнөр, ылынар гына кинигэҕэ барытын сааһылаан суруйбута норуотугар сүдү бэлэх – алгыстаах олоххо сирдиир үлэлэр.

Лазарь Андреевич туруоруммут сыалын, санаатын тэрийэн олоххо киллэрэр сатабыллаах дьоҕурдааҕа.

Сахалыы халандаарынан алтынньы ый түмсүүнү төрүттүүр, или олохтуур суолталаах. Айыы үөрэҕинэн былыр бу кэмҥэ Улуу добдурҕа буолара, онтон аныгы кэмҥэ эти-сиини көрүнэллэр, санааны билсэллэр, саҥа былааннары оҥороллор, уруккуну кэриэстииллэр, кэлэри кэрэһилииллэр диэн өйдөбүллээх. Ол сиэринэн 2006 сыл алтынньы ый 14 күнүгэр Дьаҥхаады нэһилиэ-гин олохтоохторун көҕүлээһиннэринэн, И.И. Шамаев салайааччылаах «Саха омук» общественнай киин, Л.А. Афанасьев-Тэрис, А.Н. Павлов-Дабыл түсчүттэрдээх, «Үс кут» общественнай түмсүү өйөөһүннэринэн Дьаарбаҥҥа Айыы Боотурдар ааттарын үйэтитэр баҕаттан өйдөбүнньүк «Улуу Ил» – ытык сэргэ туруоруллубута. Үс кутунан иитиллибит, айыы сиэрдээх-майгылаах, сүдү күүстээх Айыы Боотурдар сырдык тыыннарыгар сүгүрүйүү сиэрин-туомун Л.А. Афанасьев-Тэрис бэйэтэ ыыппыта. Тэрис Улуу Ил өйдөбүлэ алгыстаах санаанан салалларын туһугар кэнники сылларга эмиэ Дьаҥхаадыга тахсан сиэр-туом оҥорбута, кэпсэтии ыыппыта уонна саха буоларбыт быһыытынан уол оҕону төрүт үгэһинэн иитэргэ Айыы Боотурдар, Улуу добдурҕа өйдөбүллэрэ сүдү суолталаахтарын бэлиэтээбитэ. Бу тэрээһиҥҥэ үлэлэспиттэрэ Дьаҥхаады нэһилиэгин баһылыктара Ф.И. Тимофеев, И.Э. Яковлев, оскуола дириэктэрдэрэ А.А. Стручков, В.Н. Стручков, нэһилиэк олохтоохторо Д.К. Кочкин, Д.Д. Соловьев, Д.Е. Тарабукина, «Төлкө» түмсүү салайааччыта И.И. Румянцев, Мэҥэ Хаҥалас улууһун дьаһалтатын баһылыгын солбуйааччы А.Н. Находкин, олоҥхоһут, алгысчыт П.М. Тихонов, Дьокуускайдааҕы Арчы дьиэтин үлэһиттэрэ, историческай наука кандидата П.П. Петров, ХИФУ профессора Г.С. Попова-Санаайа уо.д.а.

2015 сыллаахха чөл олоҕу тарҕатар «Төлкө» эр дьон уопсастыбаннай тэрилтэ, И.М. Романов аатынан Төхтүр орто оскуолата «Улуу Ил» тэрээһин программатыгар «Боотур омооно» күөн күрэһи киллэрбиттэрэ. Бырайыак ааптара төрүт култуура учуутала Дорхоон Дохсун буолар.

«Боотур омооно» бырайыак ис тыыннаах, ис эйгэлээх, бэйэтэ ис-иһиттэн тахсан кэҥээн иһэр. 2018 сыллаахха Дьокуускай куорат Күөх Хонуутугар Айыы Кыһатын иһинэн баар «Өһүө» аҕалар түмсүүлэрин өйөөһүннэринэн 4-с төгүлүн тэриллэн, «Боотур Омооно» өрөспүүбүлүкэтээҕи таһымҥа ыытыллыбыта. Маннык үлэ уол оҕо төрүт сахалыы сиэринэн-майгытынан ис кыаҕын салайынарыгар, олоххо оннун буларыгар көмөлөөх. Ити курдук «Улуу Ил» тэрээһин үгэскэ кубулуйда.

Тэрис Айыы үөрэҕин тиһигин ньымаларын туһанан, уол оҕону төрүт үгэһинэн иитэргэ «Төлкө» түмсүү анал бырайыактарынан үлэлээбиттэрэ онус сылыгар барда. Үгэс быһыытынан ыытылла турар бырайыактар: «Уус кыһата» (Ф.Н. Максимов-Дьукка уус, Саха сиригэр бастакынан «Мандар Уус кыһатын» аспыта); «Тыл иччитэ», «Хатарыллыы», «Дьөһөгөй», «Үрдүгү дабайыы», «Боотур омооно», «Хотуур хоһууна» (Дорхоон Дохсун); «Төлкө» уһуйаан (И.И. Румянцев); «Булчут сэһэнэ» (С.Н. Филиппов); «Хомуур күрэх» (В.П. Емельянов), о.д.а. Бу үлэлэр оҕо улаатан иһэр кэрдиистэринэн кутугар-сүрүгэр сөп түбэһиннэрэн сайыннарар тосхоллоох ыытыллаллар.

2005 сыллаахха Лазарь Андреевич саха төрдө буолбут Эллэй Боотур номоххо, сурукка-бичиккэ киирбит түгэннэрин уларыппакка, «Эллэй Боотур» диэн уус-уран роман суруйбута. Бу айымньытын ааптар архыып матырыйаалларыгар уонна В.В. Ксенофонтов «Эллэйада» үлэтигэр олоҕуран суруйбута. 2017 сыллаахха Лазарь Андреевич Афанасьев-Тэрис тус бэйэтин этиитинэн, көмөтүнэн, ыйыытынан Л.В. Федорова тэрийэр, Казахстаҥҥа Астана куоракка ыытыллыбыт VI Тенгрианство конференциятыгар, «Эллэй Боотур романа» диэн дакылаакка соавтор быһыытынан кыттан кэлбитим. Тэрис «Эллэй Боотур» айымньытыгар уол оҕо кыра сааһыттан боотур буолан ситэн-хотон тахсарыгар утумнаах уһун иитэр-үөрэтэр (уһуйар) «Барҕа» үөрэх баарын суруйар. Барҕа хайысхата: 1) итэҕэлгэ үөрэтии (сиэри-майгыны үөрэтии, ис кыаҕы сайыннарыы); 2) Орто дойдуну үөрэтии (саха төрдө, атын омук сирин-уотун, географиятын, үөрэтии); 3) боотур үөрэҕэ.

Бу үөрэҕи анал бырайыактарынан олоххо киллэрэ сылдьар уһуйааччынан фольклорист идэлээх Д.Д. Ворогушин-Дорхоон Дохсун буолар. Уол оҕону төрүт са-халыы тыыҥҥа иитэр дьаныардаах үлэтин Майа дьаһалтатын баһылыга Д.И. Тихонов өйүүр. Баһылык уонна уһуйааччы «Барҕа» оскуола аныгы барылын оҥорор соруктаахтар. 2017 сыллаахха Лазарь Андреевич Итэҕэл сугулааныгар «Барҕа» алгыстарыгар профессор В.В. Илларионов архыыпка туттарбыт матырыйаалын туһаммыппыт.

Бу сайын Лазарь Андреевич ытыктыыр, эрэнэр киһитэ, историческай наука кандидата А.А. Николаев «Өбүгэлэрбит умнуллубут омоон суолларынан» ыытар экспедициятыгар Алтайынан, Хакасиянан сылдьыһан кэллим. От ыйын сэттэ күнүгэр Хакасияҕа Сахсары ытык хайаҕа ол дойду ойууннара тоҕус өйдөбүлүнэн ыыппыт бэрт дьикти, киһи кутун-сүрүн тутар сиэргэ-туомҥа сылдьан кэллибит. Тэрис Сахсары диэн Өлүөнэ эбэ былыргы аата диэн этэрэ. Ыам ыйын 21 күнүгэр 1993 сылтан хас сыл аайы тиһигин быспакка Сайсары күөлгэ сиэр-туом ыытара, оттон билигин Уйусхаана салгыыр. Тэрис Сайсарыга, саха омук ытык Эбэтэ диэн, мэлдьи сүгүрүйэрэ.

Афанасий Алексеевич «Саха сирин ытык сирдэрэ» социальнай-пилотнай бырайыагын Мэҥэ Хаҥалас ытык сирдэринэн саҕалыыр баҕалааҕын эппитэ. Миигин, Мэҥэ буоларым быһыытынан, ытык сирдэринэн маршрутта оҥор диэн көрдөспүтүгэр, 2015 сылга бахсыбыт, сэһэнньиппит Тэриһи кытта сылдьыбыт маршруппут суолун арыый кэҥэтэн оҥорбутум. Бу сайын атырдьах ыйын 16, 17, 18 күннэригэр Чүүйэ – Аллараа Бэстээх – Маандай – Дьаарбаҥ – Долоон – Моҕоллой – Урдаах – Томтор – Төҥүлү – Балыктаах – Матта – Дойду ытык сирдэринэн сылдьан олохтоохтору кытта санаа атастаһан элбэҕи билэн-көрөн кэллибит. А.А. Николаев историк быһыытынан олус дириҥ көрүүлэрдээх, инникитин ытык сир өйдөбүл тула үлэлэһэр, киэҥ, бырайыакка сыһыаннаах былааннардаах. Экспедиция тэрээһинигэр сылдьыбыт нэһилиэктэрбит баһылыктара көмө-тирэх буоллулар. Төҥүлүгэ, Балыктаахха түмсүүлэр Айыы итэҕэлинэн үлэлииллэр.

Айыы итэҕэлигэр иитэр ытык киһибит, бахсыбыт Лазарь Андреевич Афанасьев-Тэрис күннэтэ биһиги олохпутугар баар курдук, кини үйэлээх үлэтэ күн бүгүҥҥэ диэри биһигини, саха омугу, Айыы сиэригэр сирдии, өбүгэ үгэһигэр үөрэтэ, куппутун-сүрбүтүн уһугуннара турар. Тэрис саха кэнчээри ыччата үүнэригэр, сайдарыгар, туохха да кээмэйдэммэт духуобунай нэһилиэстибэни хаалларда.

Тэрис олохтообут Айыы үөрэҕэ үөрэхтээһин, култуура, уйулҕа, тыа хаһаайыстыбата, доруобуйа уо.д.а. эйгэлэри кытта ыкса ситимнээх. Бу үөрэхтэн тирэҕирэн үгүс киһи сахалыы эйгэни үөскэтэргэ айа-тута сылдьар.

Тэрис айбыт-туппут үлэлэрэ өй-санаа өрүкүйэр, техническэй сайдыы бара турар аныгы кэмҥэ саха норуота кутун-сүрүн сүтэрбэккэ, тутан хааларыгар тирэҕинэн, суолдьутунан буолаллар.

Тэрис – сүдү киһи, кини алгыстаах санаата Айыы буолан Күн сиригэр норуотун сүрэҕэр мэлдьи сылаастык сылдьыаҕа. Кинини кэлэр кэнчээри ыччаппыт үрдүктүк сыаналыаҕа.

А.А. Холмогорова,

Арчы дьиэтин методиһа

Саха саарына Тэрис

Подняться наверх