Читать книгу Саха саарына Тэрис - Группа авторов - Страница 8
I түһүмэх
Айыы Үөрэҕин түсчүтэ
Саха итэҕэлин сөргүппүтэ
ОглавлениеОччотооҕуга Лааһар уол тутуу биригээдэтин кытта кэлсэн, Халбаакы саҥа оскуолатын тутуспута дииллэрин истэрим. Ити 1970 сыллар диэки буолуохтаах, саҥа типовой оскуоланы элбэх киһи, омук кыттыылаах тутуу быһыылааҕа… Сэбиэскэй да кэмҥэ тутуу көхтөөхтүк уонна чопчу болдьоҕор бүтэр идэлээх этэ.
1988 сылтан, Халбаакы оскуолатыгар үлэлиир кэммэр, биһиги Лааһарбыт аата улам-улам иһиллэн, аны Айыы үөрэҕин тарҕатааччытын, сүбэһитин быһыытынан биллэн барбыта. 1994 сылтан ити итэҕэл үөрэҕэ бүтүн өрөспүүбүлүкэ бары оскуолаларыгар предмет быһыытынан киирэн, үрдүк таһымнаах кэмпириэнсийэлэр, араас авторскай көрсүһүүлэр, бырайыактар буолан, сир-сиргэ тэнийэн, тарҕанан барбыта… Уһун сылларга хам баттана сыппыт норуот талааннаахтара итэҕэл араас таһымнарыгар бэйэлэрин идэлэрин тарҕатан, кыттан, бииртэн биир ураты дьарыктаах дьоммут бу итэҕэлгэ кыттыһан, үлэлэһэн норуокка үрдүк өрө көтөҕүллүү, сайдыы буолбута. Ол курдук, хас да түгэҥҥэ Халбаакы орто оскуолатыгар ыытыллар өрөспүүбүлүкэтээҕи түмсүүлэргэ Лазарь Андреевич-Тэрис салайсан, кыттан өрөспүүбүлүкэ учууталларын олус үөрдүбүтэ. Бу – Саха норуотугар баар сиэр-туом инникитин дьону сомоҕолуо, түмүө уонна аан дойду биһиги итэҕэлбитин билиниэ диэн. Кырдьык, Лазарь Андреевич элбэх научнай үлэтин сүрүн хайысхатынан норуот сурукка киирбитин, үһүйээҥҥэ-кэпсээҥҥэ хаалларбытын түмэн, анааран бу улууканнаах үөрэҕи төрдүн-төбөтүн элбэх сылларга саа-һылаан дьонугар бэлэх оҥордо… Бу уу сахалыы иитиилээх тыа оҕото элбэх кыһалҕаны көрсөн, олоҕун суолун дьулуурунан, билиитинэн соломмут, айылҕаттан дириҥ билиини-көрүүнү иҥэриммит, үгүс кырдьаҕаһы кытта алтыһан, ити ытык иэһин толорон, норуотун иннигэр ууран биэрдэ… Дьэ, ким хайдах өйдүүрэ – ол кини бэйэтин духуобунай өйүн-санаатын ситиитин таһымыттан тутулуктаах. Холобура, миэхэ, тыаҕа, сайылыкка иитиллибит киһиэхэ, кини суруйуулара дууһам туругар сайа өтөн киирэр, ол курдук ылынабын, билэбин. Истэр буоларым ити кинигэҕэ киирбит араас туомнары, сиэрдээх буолуу үөрэҕин…
Тэрис үөрэҕэ олохпут биир сүрүн тосхоло, майгыта буолар диэтэхпинэ, сыыстарбатым буолуо…
Ити сылларга, билигин да буоларын курдук, улууларбыт дэммит дьоммут бу үөрэҕи киэр хайыһан, саха омук итэҕэллээх үһү дуо, бу тарбахтан эмэн таһаарбыт сымыйа үөрэх диэн халлааны таһыйар кэмнэрэ эмиэ көстөн ааһара… Ол да буоллар, дьон өйөбүлүн ылан, саха итэҕэлин үөрэх таһымыгар таһаарбыт атын үтүө дьоммут өйөбүлүнэн оскуолаларга таҥыллан үөрэтиллэн, саҥа көлүөнэ ыччат дьоҥҥо сырдык санааны, өбүгэ дириҥ муудараһын тиэрдэн, өссө даҕаны тупса туруо…
Билигин бу итэҕэлбитин өссө дириҥэтэн, дириҥ билиини салҕаан, былыргы өбүгэ тааска хаалбыт кистэлэҥ урууна үөрэҕэ, саха омук саҥа үйэҕэ атыннык иэҕиллэн, тыыннаах буолуохтаах туругун булунар күлүүһэ аһыллыахтаах…
Дьэ оччоҕо бүтүн Аан дойдуга бары итэҕэллээхпит дэнэр улуу омуктардыын тэҥҥэ сайдан, бииргэлэһэн бу саха диэн улуу олоҥхолоох, улахан итэҕэллээх, сэмэй, муударай омук баарын билинэр, биир хардыынан, биир тыынынан олорор, өйдөһөр кэрэ кэмнэр кэлиэхтэрэ буолуо… Оннук үйэлэри өтө көрөн, итэҕэл олугун норуотугар суруйан хаалларбыт үтүө өҥөлөөх, анатыылаах киһибит буолар бу Лааһар Андреевич Афанасьев-Тэрис.
Бу сайдыылаах, тэтимнээх үйэҕэ итэҕэли норуокка хаалларбыт, тарбахха баттанар биир сүдү киһибитин Лазарь Андреевич Афанасьев-Тэриһи умнар сатаммат.
П.Д. Ердашева,
СӨ үөрэҕириитин туйгуна,
норуот маастара