Читать книгу Саха саарына Тэрис - Группа авторов - Страница 5
I түһүмэх
Айыы Үөрэҕин түсчүтэ
Тэрис – саха бахсыта
ОглавлениеБилигин түүр-монгол омуктарга бахсы диэн тыл үөрэтээччи, быhаарааччы, такайааччы, уhуйааччы, уhаарааччы диэн өйдөбүлгэ туттуллар – багша, бакшы уо.д.а. Сахалар олоҥхолоругар тимир уустара күдэй, күөттэй бахсылар диэн ааттаналлар. «Күдэй», «хүдэй», «худай» диэн эмиэ иран тыла дэнэр, Таҥара диэн өйдөбүлү биэрэр. Ол гынан баран, төрдө сахалыы «күөт» диэн уоту кытта ситимнээх тылтан тахсыбыт буолуон сөп.
Билиҥҥи кэмҥэ, бары билэрбит курдук, саха омук төрүт итэҕэлин 90-с сыллартан научнайдык чинчийбит, сөргүппүт, быhаарбыт, тарҕаппыт, дьаныhан туран дьарыктаммыт, идэ оҥостубут киhинэн учуонай, бөлүhүөк Л.А. Афанасьев-Тэрис буолар. Онон кинини саха бахсыта диэххэ сөп.
Биллэн турар, 90-с сылларга, Сэбиэскэй дойдуга общественнай формация уларыйар – коммунизмтан капитализмҥа көhүү быыhык кэмигэр, ылбычча киhи эрэ төрүт итэҕэл дии-дии муннукка ытаабат этэ. Саастарын тухары сэбиэскэй былааска үөскээбит дьон хомуньуустуу, хомсомуоллуу санааларын биир-икки күн иhигэр ыhыктыбат, туох-туох өссө уларыйыылар буолуохтара биллибэт кэмнэригэр өй-санаа улугуруута, мунуу-тэнии элбэх этэ. Ыарахан кэмнэр үүммүттэрэ: былаас былдьаhыыта, харчы, ас-таҥас сырсыыта буолбута. Ол кэмҥэ итэҕэл эрэ, духуобунас эрэ, ким да ол туhунан санаатыгар оҕустарбата. Эмискэ утуйан тураат, итэҕэли үөрэтэн барбыт ким да суоҕа. Арай идэтинэн дьарыгыра сылдьар аҕыйах учуонай – этнографтар, филологтар, историктар эрэ хамнастаах үлэлэрин быhыытынан чинчийбиттэрин курдук чинчийэ сылдьыбыттара. Ол өйдөнөр. Оннук учуонайдартан биирдэстэрэ Л.А. Афанасьев этэ. Ол сылдьан, кэм уларыйыыта дьайан, кини аҥаардас чинчийииттэн сыыйа сүрүн өйдөбүлгэ кэлбитэ – саха норуота сомоҕолоhуутугар, бэйэтин суолун булунуутугар, омук быhыытынан иллээх, түмсүүлээх буолуутугар төрүт итэҕэл эрэ олук буолар диэн. Кини ону өйдөөн, учуонай быhыытынан научнайдык чинчийэн, архыып матырыйаалларын хаhан, сүрүн өйдөбүллэрин булан сааhылыыр, систиэмэлиир үлэтин саҕалаабыта. Архыыпка хасыhыы, биллэн турар, элбэх бириэмэни ылар, илиинэн суруллубут араас кэмнээх докумуоннары сыныйан сыымайдаан көрүү, сурунуу, бэлиэтэнии – сырамталаах, ыарахан хара үлэ. Бэлэм тахсыбыт кинигэлэри булан ааҕыы буолбатах.
Л.А. Афанасьев-Тэрис үлэлэрэ күн сирин көрүүлэрэ, дьон-сэргэ болҕомтотун ылыылара, биhирэниилэрэ, үөрэх буолан систиэмэлэниилэрэ, тустаах тэрилтэлэр нөҥүө бигэргэниилэрэ соҕотох эрэ киhи сыратын түмүгэ буолбатаҕа. Ити ситиhиилэр Л.А. Афанасьев-Тэрис тумустаах «Кут-сүр» холбоhук, «Бичик» национальнай кыhа, о.д.а атын тэрилтэлэр, общественнай холбоhуктар күүскэ үлэлээбит түмүктэрэ буолар. Оччолорго Ил Түмэн депутаттарын истэриттэн «Кут-сүр» холбоhук үлэтин өйдөөбүт, өйөөбүт элбэх этэ. Орто үөрэхтээhин эйгэтин салайааччыларыттан саха оскуолаларыгар үөрэх салаатын нөҥүө Айыы үөрэҕин олуктара киирэллэригэр туруорсубут эмиэ аҕыйаҕа суоҕа.
Кэлин ити хамсаныылары хабан ылааччы элбээбитэ. Төрүт итэҕэли быhаарсааччы, туруулаhааччы араҥата үөскээбитэ. Сир-сир аайы ким өйдөөн, ким өйөөн, ким дьарык гынан, төһө билэллэринэн, аахпыттарынан, истибиттэринэн, билгэлэммиттэринэн, көрүүлэммиттэринэн араас ыстатыйалары, кинигэлэри суруйан да, суруйтаран да барбыттара. Сорох айдарыылаах өттө норуокка араас бөлөхтөрүнэн саха итэҕэлин сөргүтэр оскуолалары тэрийбиттэрэ. Ол курдук, биллэр оскуолалаахтарынан, эмтиир дьоҕурдаахтарынан биhирэммиттэрэ В.А. Кондаков уонна Сайыына. Кэккэ элбэх эмчит, алгысчыт идэтин баhылаабыт дьон тахсыбыттара. Ордук дьон-сэргэ билиниитин айылҕаттан айдарыылаах Эдьиий Дора ылбыта. Онтон да атын көрбүөччүлэр, эмчиттэр, билгэhиттэр, алгысчыттар тэнийбиттэрэ. Кыhалҕалаах ыарахан кэмҥэ олортон сорох өттө харчылаhар, идэ оҥостор баҕаттан, сороҕо билээри-көрөөрү, сороҕо аат-суол оҥостор соруктан. Ол эрэн, тустаах органнар кигиилэринэн, этиилэринэн араас бөлөхтөр, оскуолалар тэриллиилэрин күөртээччилэр эмиэ бааллара. Тоҕо диэтэргин, итэҕэлгэ төhөнөн элбэх араас өйдөбүл, быhаарыы, мөккүөр баар да, соччонон норуокка арахсыы тахсар. Биир сүнньүлэммэт, өйдөбүллэммэт. Онон сахалар төрүт итэҕэлэ суох омук диэн өйдөбүлү, быhаарыыны киллэрэллэр, тарҕаталлар, норуот сомоҕолоhор күүhүн мөлтөтөллөр.
Дьэ, бу дьон үксэ, бэйэлэрэ этэллэринэн – көрүүлэммит, этиттэрбит, айбыт, ханна эрэ көрбүт, истибит ньымаларын туттубуттара, туhаммыттара. Биллэн турар, кинилэр анал үөрэхтэрэ, тустаах идэлэрэ атын хайысхалаах буолан, научнай архыып аанын тутааҕын элэппэтэхтэрэ. Онон сахалартан дьиҥ чахчы дьаныардаахтык, идэ оҥостон научнайдык, саха норуотун үйэлэргэ мунньуллубут, итэҕэлгэ сыhыаннаах матырыйаалларын архыыпка, аан дойду итэҕэллэрин библиотекаларга сыны-йан олорон хаспыт, үөрэппит, анаарбыт киhинэн Л.А. Афанасьев-Тэрис буолар. Онон кини этиилэрэ, көрүүлэрэ уонна тарҕаппыт Айыы үөрэҕин систиэмэлээhинэ олохтоох, дьоhуннаах уонна киэҥ араҥаҕа ылыннарыылаах. Ону туоhулуур бу хомуллубут, ырытыллыбыт матырыйаалга олоҕуран тарҕатыллыбыт Айыы үөрэҕин дьон-сэргэ ылыныыта, үгүс улуустарга нэhилиэнньэ бэйэтин баҕатынан Айыы дьиэлэрин тутуута уонна олорго күн-дьыл хаамыытынан ситимнэнэн оҥоhуллубут итэҕэл туомнара толоруллуулара.
Бу буолаары турар республикатааҕы «Духуобунас мунньаҕа» диэн тэрээhиҥҥэ анаммыт хамсааhыннарга туhаайан Л.А. Афанасьев-Тэристиин ыйытык-кэпсэтиини ааҕааччы болҕомтотугар таhаарабыт.
Л.Ф.: Лазарь Андреевич, духуобунас диэн эн өйдүүргүнэн сахалыы тугуй?
Л.А.-Тэрис: Нууччалыы «дух» диэн сахалыы «тыын». Добрый дух сахалыы үчүгэй тыын. Кини Айыы Таҥараттан түhэр сырдык күүс. Злой дух сахалыы куhаҕан тыын. Бу үөр, хараҥа күүс. Ити итэҕэл өйдөбүллэрэ. Духуобунас диэн өйдөбүл итинтэн тахсар, ол аата кини үчүгэй да, куhаҕан да өрүттээх. Билиҥҥи кэмҥэ дьон-сэргэ духуобунас диэн өйдөбүлү икки көрүҥүнэн өйдүүр. Бастакытынан, сэбиэскэй, хомуньуустуу өйдөбүл хаала сылдьар – онно материальнай культураттан атын барыта киирэр. Оҕону, ыччаты иитии боппуруостара, айар идэлээхтэр, култуура, искусство эйгэтин көрүҥнэрэ – литература, театр, киинэ, уруhуй, фольклор, ырыа-тойук, үҥкүү-битии, музыка, араас субкультура хайысхалара уо.д.а. Иккиhинэн, аныгылыы өйдөбүл – чыыстай итэҕэл. Ити духуобунас дьиҥнээх өйдөбүлэ. Сэбиэскэй өйдөбүлү хааллара сатааhыны дьону булкуйуу курдук көрөбүн. Хааллара сатааччылар ситэ өйдүү иликтэриттэн тахсыан сөп эбэтэр соруйан буолуон сөп – төрүт омуктар бэйэлэрэ итэҕэллэрин туруулаhалларыттан дьиксинээччилэр дьайыыларыттан. Төhөнөн өйдөбүлү элбэххэ бытарытаҕын, атыҥҥа сабаан кэбиhэҕин да, норуокка бутуур, буккуллуу барар, итэҕэл ис дьиҥэ сүтэр, симэлийэр.
Л.Ф.: Тыын диэтиҥ, онтон иччи тыынтан туох уратылааҕый?
Л.А.-Тэрис: Иччи уонна тыын диэн өйдөбүллэр айылҕалара биир. Кинилэр омук аайы ырытыллыылара араас. Сороххо киэҥ, дириҥ. Сороххо судургу. Анимизмы, айылҕаны кытта сибээстээх. Ити өйдөбүл илиҥҥи омуктарга киэҥник тарҕаммыт, холобур, дьоппуоннар дзен-буддизмнарыгар. Америка индеецтэригэр эмиэ баар. Сахалар айылҕа көстүүлэрин иччилиир, иччилэри итэҕэйэр буолан күүстэрин түмэллэр, талааннаахтар.
Л.Ф.: Ол аата киhини тыыннаан, айылҕаны иччилээн көрүү духуобунас диэн буолар буоллаҕа. Оччотугар тыын киhиэхэ хайдах киирэрий, олохсуйарый?
Л.А.-Тэрис: Тыын киhиэхэ 9 ойбонунан, омуктуу чакраларынан – дьулайынан, сүүhүнэн, сүрэҕинэн уо.д.а. киирэр. Сүр эмиэ ойбонунан киирэр уонна киэлигэ (нуучч. – вместилище) олохсуйар. Киhи төбөтүн оройо Таҥара эйгэтэ дэнэр. Ол гынан баран киhи Таҥара буолбатах, Таҥара таhымыгар тиийбэт. Дэҥ кэриэтэ эрэ дьон ахсыс халлаан таhымыгар Таҥараҕа чугаhыыллар. Сахалартан, мин көрүүбүнэн, 4 киhи тиийбит буолуон сөп. Өксөкүлээх Өлөксөй, былыргы үрүҥ ойуун Дьөhүөл оҕонньор, Сэhэн Ардьакыап, Анемподист Софронов.
Л.Ф.: Айыы үөрэҕэ ханнык улуустарга тарҕанна?
Л.А.-Тэрис: Дьокуускайга уонна 20-чэ улууска – Халымаҕа, Сунтаарга, Ньурбаҕа, Намҥа, Хаҥаласка, Дьааҥыга уо.д.а. Ити улуустарга араас Айыы үөрэҕин үөрэтэр бөлөхтөр түмээччилэрэ, салайааччылара бааллар. Кинилэри таhымнарын быhаарар туhуттан ыйытык-хоруй киэбин аhардабыт. Ааспыттарга, үлэлиир эрэ дьоҥҥо «Туомнары ыытыы» диэн кинигэни биэрэбит. Улуустартан бастакынан Нам турар, горнайдар син үлэлииллэр, чурапчылар эмиэ.
Л.Ф.: Саха итэҕэлэ – Айыы үөрэҕэ диэн билинэн сиэрин-туомун толорооччуларга, тутуhааччыларга туспа итэҕэл дьиэтэ-уота наадата дьэҥкэ. Ити ааттаабыт улуустаргар, нэhилиэктэргэр анал тутуулар бардылар дуу?
Л.А.-Тэрис: Саха улуустарыгар барыта 50-ча төрүт култуураҕа, итэҕэлгэ сыhыаннаах балаҕаннар, ураhалар диэн ааттаан дьиэлэр тутулуннулар. Холобур, Чурапчыга баhылык Айыы дьиэтин туттарбыта. Уопсайынан, төрүт саха улуустарын, нэhилиэктэрин баhылыктара өйдөөннөр тутуулар син барыталаатылар. Ол гынан баран, бу дьиэлэр көрүүтүн толугун кыайбакка, куортамҥа, араас тэрээhиннэргэ туттуллар буолан хаалаллар. Уонна онно үксэ култуура үлэhиттэрэ үлэлииллэр. Олоруҥ итэҕэли төрдүттэн билбэттэр, онон үөрэхтэринэн, идэлэринэн, сатыылларынан баран хаалаллар. Араас фестиваллары, презентациялары, кэнсиэрдэри, быыстапкалары, бырааhынньыктары ыытар сир гыналлар. Ханнык да улахан итэҕэл дьиэтигэр оннук гымматтар. Итэҕэл дьиэтин сыала-соруга атын – айыылары, таҥараны кытта кэпсэтии, ыраастаныы барар чуумпу дьиэ буолуохтаах. Итэҕэлгэ кыhалҕалаахтар кэлэллэр, бырааhынньыктааччылар буолбатах. Онтон биhиги итэҕэлбит дьиэлэрэ сыыйа ыллыыр, үҥкүүлүүр, битийэр, дьаарбайар, арыгылаах бырааhынньыктыыр култуура, сынньалаҥ кииннэрэ буолан бараллар. Итэҕэлтэн отой да ырааталлар. Дьокуускайга Арчы дьиэтин итэҕэл дьиэтэ диэн туруулаhан туттарбыппыт, онно хос биэриэх буолан баран биэрбэтэхтэрэ, билигин көрөҕүт, туох дьиэтэ буолбутун.
Л.Ф.: Оччотугар, эн санааҕар, Айыы дьиэлэрэ итэҕэл дьиэлэрэ буолалларыгар туох нааданый? Бюджеттан биир да харчыны туhаммакка, аҥаардас олохтоох чааhынай дьон, спонсордар эрэ үптэринэн туттаран баран, ханнык да бырааhынньыгы, фестивалы онно чугаhаппат курдук дуу, хайдах дуу?
Л.А.-Тэрис: Култуура кииннэрэ, холобура, олоҥхо ба-лаҕаннара, былаас кыhаллыытынан, модьуйуутунан бюджеттан үбүлэнэн туттарыллыахтаахтар. Итэҕэл дьиэлэрин тутуу, тэрийии олохтоохтор, нэhилиэнньэ туруорсуутугар, кыттыытыгар олоҕуруохтаах. Үөhэттэн былаас этиитинэн, модьуйуутунан буолбатах. Онтон дьон туруорсуутун былаас өйүөхтээх, көмөлөhүөхтээх. Кини итэҕэл дьиэлэрин тутуhар ньымата элбэх. Холобур, православнай таҥара дьиэлэрин сөргүтэн тутуулар, чөлүгэр түhэриилэр син биир судаарыстыба бас билиилээх АЛРОСА курдук тэрилтэлэр үптэринэн бараллар. Айыы дьиэлэрэ эмиэ итинник ньыманан тутуллуохтарын сөп.
Кинилэр көрүллэр, истиллэр ороскуоттарын эрдэттэн төлөнүүлэрин эмиэ араас ньыманан быhаарыахха сөп. Айыы дьиэлэрин наhаа улахан буолбатах, дьоҕус, ороскуота кыра буоларын курдук оҥостуохха наада. Ороскуотун сороҕун сылдьааччы сиэртибэтинэн, сороҕун спонсордар көмөлөрүнэн төлөhүөххэ сөп. Холобур, Ньурба православнай дьиэтин ороскуотун эмиэ АЛРОСА төлүүр. Саха сирин алмааhын баайыттан тоҕо алмаастаах улуустар нэhилиэнньэлэрин төрүт итэҕэллэрин дьиэлэригэр көмөлөhөр сатамматый? Билигин урукку буолбатах, Россия сокуона, саламтатын бэлиитикэтэ төрүт норуоттар култуураларын, итэҕэллэрин өйүүр, көмүскүүр, бопсубат. Саха итэҕэлин 300-тэн тахса сылы быhа эспиттэрэ. Билигин онтукайгытын чөлүгэр түhэриҥ диэн көҥүл биэрдилэр. Онон куттанар наадата суох, төттөрүтүн туhанар наада. Саламтабыт итини үчүгэйдик өйдүү илик, чугуруҥнуур, куттанар, аhаҕастык саҥарбат курдук. Саха титульнай омук, онон кини итэҕэлин Аҕа баhылыкпыт өрө тутуохтаах. Манна туох да национализма суох. Итэҕэллээх эрэ омук иллээх, туруктаах, сомоҕолоох буоларын бэркэ диэн билэбит. Билигин глобализация кэмигэр, араас омук кэлэ, олохсуйа, араас итэҕэл киирэ турдаҕына, аҕыйах ахсааннаах омук бытарыйбат, симэлийбэт суолбут, сомоҕолуур күүспүт ити эрэ.
Л.Ф.: Ол аата эн саха омук кэскилин хайдах көрөҕүн?
Л.А.-Тэрис: Биhиги сүдү баайбыт – олоҥхобут, фольклорбут архыыпка бөх-сах курдук сытар. Ону сааhылаан, харайан, бэчээттэтэн, киhи туhанарын ыллахпытына сайдыахпыт, ылбатахпытына, симэлиттэхпитинэ, омук, норуот быhыытынан суох буолуохпут. Архыыпка 300-тэн тахса том баар. Сороҕо туhаҕа таҕыста, итэҕэлинэн дьарыктанааччылар туhаннылар. Онтон этнография диэн наука баар, кини итэҕэли эмиэ үөрэтэр. Ол гынан баран, кини норуот өллөҕүнэ, сүттэҕинэ да эмиэ баар, үлэлиир, онон кини норуоту өрүhүйбэт. Биhиги, итэҕэлинэн дьарыктанааччылар, этнографтартан атыммыт, уратыбыт итиннэ сытар.
Билигин норуоттар икки ардыларыгар «диалог» ыытар наада диэн баар. Ол «диалогка» норуоттар ситиhиибитинэн киэптэhэбит. Дьиҥинэн, биhиги сахалар ситиhиибит биир эрэ – тыhыынчанан сылларынан тыйыс сиргэ тыыннаах олоруубут. Ол ситиhии төрдө – итэҕэл. Атын илиҥҥи омуктар итэҕэллэрин ырытыыта, көрүҥнэрэ, хайысхалара олус элбэх. Холобур, кытайдар 500-чэ турукка киирэллэр. Биhиги эмиэ кинилэр курдук азиаттарбыт, ол гынан баран, хоту олоробут, тыйыс сиргэ, манна тыыннаах хаалыы туруулаhыытыгар итинник элбэх көрүҥ сайдыбат, итэҕэл олоххо туhаныллар быhаччы эрэ ньымалара хаалаллар. Саамай күүстээҕэ, сүмэтэ. Ол барыта итэҕэлбитигэр түмүллэ сылдьар. Итэҕэлбит буоллаҕына олоҥхобутугар түмүллэ сылдьар. Онон олоҥхону итэҕэлбитин тилиннэрэргэ источник курдук көрөрбүт, үөрэтэрбит наада.
Л.Ф.: Онтон олоҥхобутун атын аймахтыы омуктарбыт олоҥхолорун, фольклордарын кытта тэҥнээн үөрэтии итэҕэли үөрэтиигэ, билиигэ төhө күүс-көмө буолуой?
Л.А.-Тэрис: Тэҥнээн үөрэтии наада, ордук түҥ былыргы төрүттэрбит историяларын, итэҕэллэрин төрдүн билиигэ. Сахалар улахан норуоппутуттан олох эрдэ тэйбит биис ууhа буоларбыт быhыытынан, соҕуруу олорбут олохпут кэпсэлэ олоҥхобутугар онон-манан эрэ хаала сылдьар, умнуллубут. Онон түҥ былыргыбытын атыттар олоҥхолорун кытта тэҥнээн көрдөхпүтүнэ эрэ билиэхпит. Онтон билигин аан дойдуга икки көрүү баар. Бастакытынан, Гегель, Кант «рационализм» диэн этиилээх аан дойду барыта бэрээдэктээх диэн көрүү. Иккиhинэн, «иррационализм» диэн – бары-барыта түгэнтэн турар диэн көрүү. Билигин кыайан иhээччи – «иррационализм». Олоҥхону онон көрүү наада. Билигин биhиги наукабыт биири эрэ билиннэ, тумус тутта сылдьар научнай ситиhиибит – олоҥхо былыргы архаическай эпос эбит диэн быhаарыыбыт. Онон чинчийиибит бүтэн хаалар, атынын ырыппат. Онтон, холобур, олоҥхо тоҕо эл-бэҕий диэн ыйытык баар. Бу тыйыс бүк сиргэ кэлэн олохсуйан, туох да улахан историческай быhылаан барбат буолан, саха омуга олоҥхо геройдарынан уобарастаан наhаа элбэхтик киhи майгытын-сигилитин ырыппыт. Онон олоҥхо ис хоhооно үксэ киhи бэйэтин итэҕэhин, майгытын-сигилитин, куhаҕанын, сыыhатын билиниитин, өйө-санаата уларыйыытын, санаатын санаатынан кыайар, ырытар уустук өй үлэтин көрдөрөр духуобунай айымньы буолбут. Саха олоҥхотун сүрүн уратыта итиннэ сытар. Онон олоҥхону бэйэтин дириҥник үөрэтии наада.
Олоҥхоҕо аны кэминэн эмиэ хааччахтаах. Бухатыыр бэйэтин кэмигэр эрэ охсуhуохтаах. Онтон атын киhи кэмэ кэлэр. Ити эмиэ дириҥ өйдөбүлү биэрэр – туох барыта кэмнээҕин-кэрдиистээҕин. Бүтэhигэр бухатыырдар итэҕэлгэ кэлэллэр, кинилэр илэ бэйэлэринэн хара күүhү кыайбаттар, айыылар эрэ көмөлөрүнэн кыайаллар. Бухатыыр бэйэтэ эмиэ айыылартан кэлэр. Кини айыы, таҥара киhитэ. Ити буолар итэҕэл күүhэ олоҥхолорго көстүүтэ.
Л.Ф.: Билигин сахалар язычниктарбыт, биhиги итэҕэлбит айылҕаҕа, иччилэргэ сүгүрүйүү диэн өйдөбүлгэ сылдьар курдукпут. Ону эн туох диигиний?
Л.А.-Тэрис: Итэҕэл уопсайынан үрдүк итэҕэл уонна намыhах итэҕэл диэн өйдөбүллэргэ араарыллар. Намы-hах итэҕэл – норуот күннээҕи итэҕэлэ, онно араас куhаҕан элэмиэннэр эмиэ киирэллэр. Ол язычество диэн ааттанар, күннээҕи олоҕор, кыhалҕатыгар көмөлөhөр. Язычество омукка эрэ барытыгар баар, сайдыылаах улахан итэҕэллээх омуктарга да, ситэ сайдыбатах кыра да омуктарга барыларыгар. Онон киhи сөҕөрө, сонургуура язычествоҕа улахан суох. Ханна барытыгар биир өйдөбүллээх – айылҕаны иччилээн көрүү, ол иччилэргэ сүгүрүйүү.
Онтон итэҕэл чыпчаала, дьиҥнээх, үрдүк итэҕэл – монотеизм, биир айыы таҥара баарын билинии. Биhиги, сахалар, тоҕус таҥаралаахпыт диибит, ол гынан баран биир эрэ айбыт таҥара баарын, атыттар кини көмөлөhөөччүлэрэ буолалларын билинэбит. Айыы итэҕэлэ – монотеизм итэҕэлэ. Биир эрэ айыы таҥара баар диир. Ити өйдөбүл тенгризмҥа, тенгрианствоҕа тириэрдэр, сомоҕолоhуу, ил үөскүүрүгэр төрүт буолар. Киhи аймахха ил, государство үөскээбитэ 5 тыhыынча сыл буолла.
Ил, сомоҕолоhуу итэҕэлгэ эрэ тирэнэн үөскүүр. Былыргы көс омуктар тэриммит улуу иллэрэ барыта үрдүк итэҕэлгэ олоҕурар. Ол иhин, кинилэр билиҥҥи сыдьааннарыгар барыларыгар «теҥери», «тэҥри», «таҥара» диэн өйдөбүллэр сылдьаллар. Биhиэхэ эмиэ. Намыhах итэҕэл – язычество норуот сомоҕолоhуутугар, улахан сайдыылаах ил тэринэригэр олук буолбат. Үрдүк итэҕэл – наар үчүгэйи өрө тутуу, үрдүк сорук тула түмсүүгэ, иллээх, биир буолууга үөрэтии. Киhи айыыттан, таҥараттан кэлэр, онон дьон аймах улуу, үрдүк, сырдык, ыраас, улахан сыалга-сорукка түмсэр, сомоҕолоhор, иллэhэр, иллэнэр айылгылаах.
Л.Ф.: Бу Сайсарыга Айыы дьиэтэ диэн саха төрүт итэҕэлин сиэрин-туомун ыытар тутууҥ бүппэккэ, силигин сиппэккэ турар эбит. Ол да буоллар, дьон-сэргэ кэлиитэ, сылдьыыта быыстала суох курдук көрөбүн. Туох нааданый ситэригэр-хоторугар?
Л.А.-Тэрис: Бу дьиэни туруулаhан туран туттарбып-пытын элбэх дьон билэр. Тутуутугар бэйэлэрин баҕаларынан көмөлөспүт дьон эмиэ элбэх. Чааhынай ыал уhаайбата. Инчэҕэй сиргэ, бадараан үрдүгэр бөх-сах үрдүнэн буор кутуллан тэҥнэммит сир. Онон туалет да кыайан хаhыллыбат, арай буур эрэ хастаҕына. Быйыл аҕыс кырыылаах ураhа тутуннубут. Ситэтэ суох. Итиитэ кыай-бат, носуос ылыахпыт диибит да хайдах буолар, 5 тыhыынча солкуобайдаах, маҕаhыыҥҥа атыыланар. Үп-харчы кырыымчык. Эhиил сайын буорунан сыбыахтаахпыт эркиннэрин таhын, аллара өттүн. Кыhынын кыстаппата буолуо. Онтон биhиги тохтоон олорбоппут, үлэлээбиппит курдук үлэлиибит. Туомнарбытын ыытабыт.
Л.Ф.: Лазарь Андреевич, кэпсэтииҥ иhин улахан махтал. Бу саха норуотун туһугар дириҥ суолталаах ыытар үлэҕитигэр үрдүк ситиhиилэри, тус бэйэҕэр доруобуйаны баҕарабын. Онон, итэҕэлбитин, Айыы Таҥарабыт үөрэҕин – киhи киhиэхэ, айылҕаҕа тапталынан, наар үчүгэйинэн эрэ сыhыаннаhар үөрэҕин тарҕатыаҕыҥ, хаалларыаҕыҥ. Ыччаппытыгар, кэлэр көлүөнэлэрбитигэр атын норуоттары кытта тэҥҥэ сайдар, олорор суолларын оҥоруоҕуҥ. Оччоҕуна эрэ дьиҥнээх духуобунай, сырдык санаалаах норуот буолуохпут, атын омуктарга ытыгыланыахпыт.
Л.В. Федорова,
политология наукатын кандидата
Балаҕан ыйын 22 күнэ, 2011 с.