Читать книгу Саха фольклора - Группа авторов - Страница 13

Үлэ-хамнас

Оглавление

Ааллахха оннооҕор тимиртэн арыы тахсар.

Алаадьы арыылааҕа үчүгэй, үлэ көхтөөҕө ордук.

Алдьатыы дөбөҥ, оҥоруу уустук.

Аска аҕыйах үчүгэй, үлэҕэ үгүс үчүгэй.

Биирдэ барытын саба туппаккын.

Бүгүн бүтэри сарсыҥҥыга хаһааныма.

Дьалах үлэтэ холорук ытыйбытын курдук.

Дьол үлэҕэ баар.

Дьыаланы саҕалаан баран тиһэҕэр тиэрт.

Илии хамнаатаҕына, айах хамныыр.

Ким сүрэҕэлдьиир, ол иһэ аччыктыыр.

Киһи тугу баҕарар кыайар, санаатын yуруo эрэ кэрэх.

Көрдөөбүт көһүйэ көмүһү булар.

Кыптыыйдаах кылаана, сүүтүктээх сүүмэйэ, иннэлээх эҥинэ.

Кыыма суох кыайыы ситиһиллибэт.

Кэпсиирдээҕэр оҥорор ордук.

Орулуур уох, күрүлүүр күүс.

Отонноотоххо оннооҕор оҥоойук туолар, үлэлээтэххэ үлэ бүтэр.

Өлүөххэ да соло суох.

Сатабыллаах саһыл саҕалаах.

Сир быйаҥнаах, киһи сатабыллаах.

Сүрэхтээх киһи туохтан да маппат.

Сүрэхтээх сүгүн өлбөт.

Сылдьыбыт сыа аһылыктаах, утуйбут уу аһылыктаах.

Туттуоҥ иннинэ толкуйдаа, кэрдиэҥ иннинэ кээмэйдээ.

Түөһүн күүһүнэн, илиитин эрчиминэн.

Тылыгар толорор, дьыалатыгар олорор.

Үлэ ата – от хаата, үлэ киһитэ – ас хаата.

Үлэ барыта бочуоттаах.

Үлэ – харахха үүт ыгар буолбатах.

Үлэлээ да киһи буолуоҥ, үлэлээмэ да кии буолуоҥ.

Үлэни хаһааныма, аһы хаһаан.

Үчүгэй ат охтон түһүөр диэри барар.

Ыарахантан толлума, кытаанахтан чаҕыйыма.

Ылыстыҥ да, тиһэҕэр тиэрт.

Хайаны намыһаҕынан дабайыллар, үлэни чэпчэкититтэн саҕалыыллар.

Халлаантан ас түһүө диэн айаххын атыма.

Хоһуун киһи хоргуйбат.

Эрдэ саҕалыаҥ, эрдэ бүтэриэҥ.

Эрдэ турбут чыычаах тумсун соттор, хойутаан турбут чыычаах хараҕын хастар.

Саха фольклора

Подняться наверх