Читать книгу Саха фольклора - Группа авторов - Страница 5
Туттар сэп-сэбиргэл
ОглавлениеАҕыс уон арыалдьыттаах, тоҕус уон доҕуһуолдьуттаах, сэттэ уон сирдьиттээх ытык ыадалыма эмээхсин баар үһү: урууга кэтэр оһуордаах сонноох, ыһыахха кэтэр ыллыктаах сонноох. (Муҥха)
Аҕыс тиистээх адаар мас баар үһү. (Кыраабыл)
Биир биэ сэттэ кулуннааҕыттан, кистээтэҕин аайы, биирдии кулуна баран иһэллэр үһү. (Ох саа, оноҕос)
Далай иһигэр даркы уоруйах баар үһү. (Туу)
Дуга курдук токуркайбын, сайын ходуһаҕа дьаарбайабын, кыһын көхөҕө ыйанабын диир баар үһү. (Хотуур)
Ийэтэ иҥэрсийэ хаалбыт, оҕото ойон хаалбыт. (Саа эстэрэ)
Икки сыгынньах оҕо ытаһа-ытаһа сырсар үһү. (Хайыһар)
Икки төгүрүктээх, биир тоһоҕолоох баар үһү. (Кыптыый)
Икки тутардаах, икки уһуктаах, ортотугар тоһоҕолоох баар үһү. (Саптаах иннэ)
Ким бэйэтин иһигэр таҥастааҕый? (Чүмэчи)
Көҕөччөр ат сүүрбүт да, суолун хаалларбатах. (Тыы)
Кулуна бара турбут, ийэтэ иҥэрсийэ хаалбыт үһү. (Буулдьа)
Мөҥүрүү-мөҥүрүү уокка киирэр oҕyc баар үһү. (Күөт)
Оҕонньор уотунан, салгынынан аһылыктанар үһү. (Саа)
Oттооҕop эрэ улахан буолан баран, oҕycтaaҕаp бөҕө баар үһү. (Өтүү)
Сири аннынан нэлэмэн уоруйах сылдьар үһү. (Илим)
Суолга киирбэт Суодьаах баар үһү. (Киһи тайаҕа)
Сытан эрэ күүстээх баар үһү. (Харчы)
Сэттэ харахтаах маҥан таба баар үhү. (Сиэркилэ)
Уон киһи бэргэһэтэ биир үһү. (Сүүтүк)
Халлаантан хара суор хаһыытаабытынан хап гына түспүтүгэр, ымыйалаах кымыс быччас гына түспүт. (Анньыы, ойбон)
Хара ынах хаптаһыны хайа салаабыт үһү. (Эрбии)