Читать книгу Саха фольклора - Группа авторов - Страница 22

Билбит-көрбүт
(Дьүлэй Бүөкээн чабырҕаҕыттан быһа тардыы)

Оглавление

Кынаттаах кырасыабайын

Кыталыктан ордук

Кырасыабай куоластаах

Кыылы көрбөтөҕүм.

Хотоҕойдоох боһомотуттан

Кубаттан ордук

Куорсуннаах толуутун

Чопчу көрбөтөҕүм.

Тыҥырахтаах кырдьаҕаһа

Бар дьаҕылтан ордук

Баһаам улахан

Тыҥырахтаах көтөрү

Быыһаан көрбөтөҕүм.

Хабан ылар хаадыат

Хапсаҕай айахтаах,

Туораабыты тоҕо тардар

Торҕон бөрөттөн ордук

Дохсун ороскуоттаах кыылы

Дуол билбэппин.

Ардай аһыылаахтан,

Куһаҕан киҥнээхтэн

Хагдаҥ эһэттэн ордук

Хардааччы кыылы харахтаабатаҕым.

Кынаттаах кытыгыраһа

Кырбыйтан ордук

Кытыгырас кыылы

Кыайан билбэтэҕим.

Сиппитин сиир сигилилээх,

Туппутун тоҥсуйар удьуордаах,

Морускуойунан

Мохсоҕолтон ордук

Модун кыылы

Булан көрбөтөҕүм.

Боһомо бултан

Улуу буур тайахтан ордук

Ботуччу булду

Булан көрбөтөҕүм.

Кынаттаах кыратыттан

Өлөҥ хабдьытыттан ордук

Кыра көтөрү

Кыайан көрбөтөҕүм.

Сынтарыйбат тумустаахтан

Киргилтэн ордук

Сыппаабат тумустааҕы

Сытаан билбэппин.

Сытыы тиистээхтэн

Куобахтан ордук

Сыппаабат тиистээх

Сылайбат сыҥааҕы

Сыаналыы саныыбын.


П.Д. Кузьмин суруйуутуттан. 1939 с. [4, 21 c.]

Саха фольклора

Подняться наверх