Читать книгу Саха фольклора - Группа авторов - Страница 31

Сэргэ алгыһа

Оглавление

Тоҕус уостаах

Аар баҕах сэргэм иччитэ,

Үс булас, булас быһаҕаһа

Хатыҥ мас торуоскалаах

Сэргэ иччитэ

Мотой Тойон эһэм оҕонньор,

Эйигиттэн көрдөһөрүм да күннээх,

Ааттаһарым да ахсааннаах!

Быстан-быстан была буолбут,

Тохтон-тохтон тобох буолбут,

Баранан-баранан барахсан

буолбут,

Кэҥсиги кэтэспит,

Муҥсукка моҥолдьуйбут,

Туох сахтан туорхаһыйан сылдьар

Токур уҥуохтаах туун тулаайах

бэйэм

Түөрт сүһүөхпүнэн сүгүрэйдэнэн

Көрдөһөр кэм-кэрдиим,

Бото-болдьоҕум буолла.

Үөһээ дайдыга үс хаттыгастаах

Үөлэт маҥан халлаан

Үрүт кырыытыгар

Үөскээн-төрүөн олорор

Үүс тыһа үргүлдьүлээх,

Үкэр куйаас тыыннаах,

Үрүҥ туорум былыт олбохтоох,

……………………………...........

Быттыккар быркылатан,

Хойоҥноох хонноххор

хорҕотон,

Көмнөхтөөх баай харыйа саҕа

Көй чаҕылҕан тыыммытын

Бэйэҕэр эрчийэн,

Орто мыраан дайдыга

Оһол өлүү улааттаҕына,

Харкырыыр хабдьы саҕа

Айыы сириэһининэн урсуннаан,

Кэлбиттэри кэбэлитэҥҥин,

Күтүрдэри күрэтэҥҥин,

Дьоллоох тиэргэммитигэр

тохтотума,

Киэргэллээх тиэргэммитигэр

киллэримэ!


Г.М. Васильев суруйуутуттан. 1944 с.

[6, 14–16 с.]

Саха фольклора

Подняться наверх