Читать книгу Саха фольклора - Группа авторов - Страница 32

Тиэргэн алгыһа

Оглавление

(Тиэргэн ортотугар уот оттуллар,

кытыйаҕа суорат кутуллар уонна тула ыһыллар.)

Үрүҥ тунах, үрүҥ тунах, үрүҥ тунах,

Ас үрдэ, ас үрдэ, ас үрдэ!

Үрүҥ тунах, үрүҥ тунах, үрүҥ тунах!

Илгэ-быйаҥ эҥээрдээх

Эдьэн Иэйэхсит эбэбит,

Эн ааккын ааттаан

Иһэгэй тиэргэн эрэмэҕин иннигэр

Көрдөһөр күммүт буолла!

Ыыраахтааҕы ыырыма,

Тумустааҕы туурума,

Суон сүлдьүгэскин төлөрүтүмэ,

Халыҥ халҕаҥҥын халбарытыма,

Көмүс уйаҕын көлбөҕүрдүмэ,

Томторуктааххын туоратыма,

Мүһэлээххин мүччүрүтүмэ,

Суҥнаах ытыстан,

Соргулаах иэдэстэн,

Төлкөлөөх түөрэхтэн,

Төлөккөй төрүөхтэн!

Уруй, үрүҥ илгэ!

Уруй, үрүҥ илгэ!

Уруй, үрүҥ илгэ!


А.А. Акимова тылыттан

П.Т. Степанов суруйбут. 1945 с.

[6, 17–18 с.]

Саха фольклора

Подняться наверх