Читать книгу Саха фольклора - Группа авторов - Страница 36

Окко киирэр алгыс

Оглавление

Эбэ хотун иччитэ

Илки-талкы эмээхсин,

Улуу хотуур иччитэ

Улуу Уһаанньал оҕонньор,

Аан дойду иччититтэн

Көрдөһө киирэн,

Аҕыс сүһүөхтээх

Чокуур күөх оккуттан,

Уолан тиийбэт уйгугуттан,

Кэһэн тиийбэт кэскилгиттэн

Тииһэн аһыы түһээрибин,

Хоройор муостаахпын,

Уһун сиэллээх

Сыһыы муҥунан сылгыбын

Иитэр-харайар наадатыгар

Киирэн турабын,

Охсон киирэн бараары

Көрдөһө турабын.

Аан дайды айылҕатыттан

Тииһинэн аһыы түһээрибин.

Аан дойдум иччилэрэ,

Аһааҥ, таҥныҥ!

Ахтаах арыынан

Аһатан-сиэтэн,

Уунан тиийбэт уйгугуттан,

Бука диэҥҥин,

Биэрээр диэммин көрдөһөбүн.


Д.М. Семенов. 1946 с.

[6, 26–27 с.]

Саха фольклора

Подняться наверх