Читать книгу Саха фольклора - Группа авторов - Страница 35

Балыксыт алгыһа

Оглавление

Унаар-тунаар хочолоох

Киэҥ мичээр эбэккэм,

Балыксыт оҕонньор

Сарт тымтайын сыыһын

Сахсаччы сүгэн туран

Көрдөһөбүн эйигиттэн.

Күндү күлүм уулаах

Күөх далайым иччитэ

Дьэбэрэ тэллэх,

Бырыы сыттык,

Көппөх суорҕан,

Туона баай

Тойон оҕонньор,

Тоҕус уон чороох туубар

Лоһуор собо барахсаны

Толору уган кулу даа!

Сэттэ уон тэрээх илиммэр

Тэрэкэнэ быччыыккын

Тиһэ баттаан кулу ини!

Киэҥ мичээр эбэккэм,

Ииттэххинэ эн иитиэҥ!

Күөх далай иччитэ,

Аһаттаххына эн аһатыаҥ!

Көрдөһөбүн!


[2, 16–17 с.]

Уот алгыһа

Аар холумтан иччитэ,

Күл тэллэх,

Көмөр суорҕан,

Бырдьа бытык,

Кыырыл төбө,

Көмүс ураанньык

Нохсол Тойон эһэм,

Дьыыйалаах быттыккар,

Дьоллоох хонноххор хорҕот!

Тымныы тыыннааҕы

Хатан хараҕыҥ уотунан

Таһырдьа дьалкыт!

Итии тыыннааххын

Иһирдьэ охсун!


[6, 42 с.]

Саха фольклора

Подняться наверх