Читать книгу Саха фольклора - Группа авторов - Страница 40

Саһылы кытта сыаҥаан

Оглавление

Саһыл сыаҥаанныын ыаллаһа олорбуттар, биирдэрэ – тыаҕа, биирдэрэ – ууга.

Сыаҥаан:

– Мин саһылы кытта сырсыам,– диир.

Саһыл:

– Мин да сырсыам,– диир.

Кыыллар сууттара туран:

– Сырсыҥ ээ, – диир.

Дьэ сырсаллар, биирдэрэ – уунан, биирдэрэ – тыанан. Сүүрэн-сүүрэн, күөлү эргийэн иһэн, саһыл дьэ үөгүлүүр:

– Сыаҥаан, ханна бааргыный?

Иннигэр тумуһахха сыаҥаан:

– Ооп,– диир.

Саһыл эмиэ сүүрэр. Сүүрбэлээн иһэн эмиэ үөгүлүүр:

– Сыаҥаан, ханнаҕыный?

Иннигэр тумуһахха:

– Ооп, – диир.

Саһыл сылайан, тутайар ирээтэ буолар. Өлүмээри арыычча иһэн, олорон хорос гына түһэр.

– Сыаҥаан! – диир.

Эмиэ иннигэр тумуһахха:

– Ооп, – диир.

Онтон дьэ саһыл: «Сыаҥаан түөкүннүрэр», – диэн суукка үҥсэ барар. Бу үҥсүбүтүгэр, суут бил балыкка: «Дьоҥҥун мус!» – диир.

Бил ыҥырыытынан, тумулга сордоҥ хаар, сыаҥаан хаар, алыһардар эҥин мустубуттар. Сууттарыгар: «Дьэ мунньуһуннубут»,– дииллэр.

Саһылы көрбүттэрэ, эт да, сиин да суох, тутайан уҥуоҕу кытта тириитэ илбэспит (оччо буолуор диэри бэйэтэ да тоҕо сырсыбыта эбитэ буолла?).

Сууттара туран:

– Саһыл кырдьык этэрэ буолуо ээ? – диир, онтон: – Баччалаах балыктан биир эмэ билэрэ буолаарай? – диир.

Сордоҥ туран:

– Мин саҥарыахпын көҥүллээҥ,– диир.

– Чэ, саҥар, – диэн буолар.

– Сыаҥаан сырсыан иннинэ сыаҥааттары тумуһахха олордубута, ол гынан баран, бэйэтэ сыппыта.

– Оччоҕо сууттуохха, – дииллэр.

Бары сыаҥааны сууттуурга куоластыыллар. Дьэ таһыйан имитэллэр. Таһыйан имиппиттэригэр сыаҥаан кутуруга хаптаччы барар, баһын эрэ диэки этэ хаалар. Сыаҥаан:

– Кэнэҕэски үйэҕэ киһи-сүөһү үөскээтэҕинэ, миигиттэн сиир эти хантан да булуохтара суоҕа. Тугу аһыахтарай дьон, тугу туһаныахтарай?

Сууттара саҥарар-уураахтыыр:

– Сыаҥаан сөпкө этэр. Бил, эн эттээххин, эн быарыҥ эмиэ үчүгэй, сыа-арыы буолан тахсар, – диир суут.– Онон эн быаргын сыаҥааҥҥа биэриэх тустааххын, ол гынан баран, сыаҥаан быарын ылыахтааххын.

Суут эппитин кэннэ, олоруохтара дуо, атастаспыттар.

Дьэ онтон бэттэх сыаҥаан саллаҕар бастаммыт, улахан быардаммыт.

[9, 39–40 c.]

Саха фольклора

Подняться наверх