Читать книгу Саха фольклора - Группа авторов - Страница 41

Саһыл бөрө дьукаахтаспыттара

Оглавление

Хаһан эрэ саһыллаах бөрө кыттыһан аһыыллар эбит. Кыһын аһыылларын сайын мунньаллар. Биир саас ыаҕас хайаҕы таптайан хаһааммыттар. Ол хаһааммыттарын «олох өлөөрү гыннахха сиэхпит» диэн ончу сиэбэттэр.

Саһыл туран биирдэ бөрөҕө:

– Бөрөкөөс, ээ бөрөкөөс! Хайахпытыттан киллэрэн сиэбэппит ээт, – диир.

Бөрө улаханнык:

– Оок, – диир. – Билиҥҥиттэн хайах сии олороору гынныҥ дуо? Бөҕү-саҕы сиэн олорон эрдэхпит дии.

Итинтэн саһыл турар-олорор, киирэр-тахсар. Эмиэ этэр:

– Оҕонньоор, мин ыалга бараары гынным эбээт.

– Ол хайа ыалга бараҕын? – диир бөрө.

– Ээ, ханна ыраатыамый? Хара Хааннаахха тахсаа инибин.

– Кэһиигин аҕалаар эрэ, – диир бөрө.

Саһыл сырбас гынан хаалар. Дьэ тахсар да оҥкучаҕар киирэр. Хаппаҕын саралаан хайаҕын дэлби сиир, минньигэһиргэтэн сии олорон, үрүт сигэтигэр тиийэ сиэн кэбиһэр.

– Тыый, бу баҕайы өлөрүөҕэ, ордук кыайдым дуу, – диир.

Муннугар-уоһугар, илиитигэр-атаҕар сыстыбыт хайаҕы ньиккэйэн-ньиккэйэн, куурусса сымыытын саҕа биир тооромос хайаҕы кэһиилэнэр. Оргууй аҕайдык ньылбыҥнаан киирэн кэлэр.

– ¤ы-һыы, номнуо кэллиҥ дуу? – диир бөрө.

– Ээ, кэлиминэ. Хайа үөдэҥҥэ барыахпыный?

– Хайа, ыалыҥ тугу гынан эрэллэр?

– Ээ, ыалбар үөрүү-көтүү бөҕө.

– Ол ким үөрбүт, туохтан?

– Улахан кийииттэрэ оҕоломмут, ол ородьуунатыгар сырыттым.

– Тугу аһаатыгыт онно?

– Хаҥас диэки хайах сиэтибит, уот кытыытыгар оһоҕос сиэтибит, суол ааныгар суорат сиэтибит, биллэриккэ миин испиттэр, уҥа диэки баар дьон улааны сиэбиттэр, сатанах төрдүгэр олорон саламаат сиэтилэр.

– Оо, тугун элбэҕэй? Хайа, оттон кэһиигин аҕаллыҥ дуу?

– Ээ, ол аахтахха элбэҕин иһин, бэрт дуона суох тиксэр. Бу быыкаайык хайах сыыһа аҕаллым, маны хабан көрөөхтөө! – кэһиитин дуомун ылан талыр гыннарар. Бөрө хап гыннаран кэбиһэр.

Үс-түөрт хонукка аччыктаан иэгэлдьиһэ-иэгэлдьиһэ олороллор. Аһаабыт-сиэбит киһи саһыл кэм сэниэлээх, туран уот оттор хайыыр. Биирдэстэрэ түүрүллэн, муннун кутуругун төрдүгэр анньыбытынан сытар. Саһыл эмиэ бөрөтүгэр этэр:

– Оҕонньоор, Хара Хааннаахха бара сылдьыбаккын ээ?

– Ээ, барбаппын. Хара Хаан ыта сиэн кэбиһээ ини миигин.

– Чэ, оччоҕо мин барарым дуу?

– Ээх, чэ бар. Кэһиигин аҕалаар, кэһиитэ суох кэлээйэҕин.

– Ээх сөп! – диир саһыл. Тахсар да сырбас гынан хаалар.

Баран эмиэ оҥкучаҕар киирэр, саар ыаҕаһын иһигэр дьылыс гына түһэр. Дьэ хайаҕын сиэн барар. Алын сигэтигэр диэри сиэн-сиэн кэбиһэр. Туолан, тотон баран, муннуттан-уоһуттан, илиититтэн-атаҕыттан кыһыйан-кыһыйан, биэстээх оҕо сутуругун саҕа хайаҕы мөкүнүтэн кэһиилэнэн кэлэр.

– Хайа, тукаам, тоҕо өр буоллуҥ? – диир бөрө.

– Малааһыҥҥа сырыттым.

– Ол туох малааһынай?

– Орто кийиит оҕоломмут.

– Кими төрөппүтүй?

– Уол үһү.

Сити курдук, кэпсэтэ-кэпсэтэ, эмиэ уон-сүүрбэ хонук устатыгар сылдьаллар.

Саһыл этэр:

– Бөрөкөллөй, туох эрэйин көрөбүт? Хайахпытын сиэххэ эрэ, —диир.

– Бэлиэр хайах сиэри гынныҥ дуо? Тохтуу түс.

Саһыл эмиэ киирдэ-таҕыста, ньылаҕалдьыйда, тэһийбэтэ:

– Оҕонньоор, – диир, – ыалбытыгар Хара Хааннаахха бара сылдьыбаккын дуу, тоҕо биирдэ даҕаны бара сылдьыбаккын?

– Ээй, хайа, мин бардахпына, «үрүҥ-хара түүлээхпитин үргүтэ кэллэ» диэн ыттарын барытын үрдэрээ ини.

– Чэ, оччоҕо эмиэ мин барыым, сөп дуу? – диир.

Саһыл тахсар да оҥкучаҕар көтөн түһэр. Хайаҕын барытын сиэн-сиэн кэбиһэр. Саар ыаҕас сиксигин эҥинин кыһыйан, буорга-сыыска бытарыйбытын хомуйан, торбос үтүлүк эрбэҕин саҕа тооромос хайаҕы хонноҕун анныгар кыбытан киллэрэр. Ити кэлбитигэр бөрөтө:

– Оо, өр да буоллуҥ, – диир.

– Бэстилиэннэй баалга түбэстим ээ дьэ, – диир.

Саха фольклора

Подняться наверх