Читать книгу Саха фольклора - Группа авторов - Страница 37
Ыһыахха дойду иччитин алҕааһын
ОглавлениеСэттэ сиксиктээх
Сир ийэ иччитэ,
Ситимэхтээх сэһэннээх,
Сирэдэһиннээх тыллаах
Айбыт Айыыһыппыт,
Иэйбит Иэйэхсиппит,
Сир ийэ иччитэ!
Аспыт үрдүгэр,
Айылгыбыт бастыҥар
Ахтан-санаан
Аһатан эрэбит,
Аал уотунан
Айахтаан аһатабыт.
Көмүрүө чоҕунан остуоллаан,
Күөх уотунан күөмэйдээн
Күндүлүүбүт.
Уруй, уруй, уруй!
Айхал!
Кэччэрийбэт кэскилбитин
Тэрийэргэр,
Уларыйбат уйгубутун
Олохтуургар
Уруй, уруй, уруй!
Ыраах да буолларгын чугаһаа,
Суох да буолларгын баар буол!
Н.С. Семенова тылыттан
Павлов суруйбут. 1945 с.
[19, 3–4 с.]