Читать книгу Саха фольклора - Группа авторов - Страница 38
Куоҕас суор икки
ОглавлениеБэрт былыр куоҕас суор курдук хап-хара эбитэ үһү. Куоҕастаах суор, атын көтөрдөр эриэннэригэр ымсыыран, бэйэ-бэйэлэрин өҥнөрүн кырааскалаан, ойуулаан биэрээри оҥостубуттар. Суор куоҕаһы араас дьэрэкээн ойуулаан, оһуордаан биэрбит. Куоҕас өрүскэ киирэн дьүһүнүн көрүнэн баран, суору ойуулуон баҕарбакка, ууга умсан хаалбыт. Суор албыннаппытын өйдөөн, куоҕас самыытын ыыра охсон кэбиспит. Онон суор уруккутун курдук харата харатынан хаалбыта, оттон куоҕас, эриэн түүлээх буолан баран, самыыта хаптаччы оһон, атаҕа тиэрэ буолбута үһү.
[13, 131 c.]