Читать книгу Саха фольклора - Группа авторов - Страница 27

Чабырҕах
(Биир тыынынан сылгыны хоһуйуу)

Оглавление

Тиис хамнатар

Дьэллик элэмэс,

Уос хамнатар

Уһун улаан,

Мурун хамнатар

Мускулла буулуур,

Иэдэс хамнатар

Эргиэлимэ элэмэс,

Харах хамнатар

Халыан хара,

Kөҕүл хамнатар

Көндөрү көгөччөр,

Кэтэх хамнатар

Кэптэли кэрэ,

Сиэл хамнатар

Сиксиллимэ сиэр,

Apҕac хамнатар

Адырыын apaҕac,

Хаппар хамнатар

Хаамыылаах хара,

Сүһүөх хамнатар

Сүрдээхэй сүүрүк,

Туйах хамнатар

Туллук тypaҕac,

Бас хамнатар

Маанылаах маҥан,

Таныы хамнатар

Талыы дьаҕыл,

Уҥуох хамнатар

Улуу дьоруо!


Г.У. Эргис суруйуутуттан

[13, 271 c.]

Саха фольклора

Подняться наверх