Читать книгу Саха фольклора - Группа авторов - Страница 39
Кэҕэ уйа туттубат буолбута
ОглавлениеТаҥара ыйааҕын быһыытынан, бу дойдуга көтөр кынаттаах Былаҕачыанньыйап иннинэ уйа туттуо, сымыыт баттыа суохтаах эбит.
Былыр кэҕэ уйа туттан, уон икки сымыыты сымыыттыыра уонна сайыны быһа ыллаан тахсара эбитэ үһү. Оччотооҕуга кини таҥара ыйааҕын кэһэ илик эбит.
Биир сыл кэҕэ наһаа эрдэ кэлбит. Харалдьык саҥардыы тахсан эрдэҕинэ уйа оҥостон, сымыыт баттаан сыттаҕына, Былаҕачыанньыйап таҥара кэлбит. Кэҕэ сымыыттаабытын көрөн, тахсан халлааҥҥа улахан таҥараҕа тыллаабыт. Таҥаралар мунньахтаан уураах таһаарбыттар: «Бу Былаҕачыанньыйап диэн чыычаах уйа туттубат таҥарата буолуохтаах этэ. Бу таҥара кэлэр күнүгэр кэҕэ уйа туттан, сымыыт баттаан сыппыт. Ол буруйун иннигэр кини аны уйа диэни билбэтин, иккиэйэх эрэ сымыыты атын чыычаах уйатыгар сымыыттаан биэрэр буоллун, сааскы Ньукуолунтан Бөтүрүөпкэ эрэ диэри саҥарар буоллун, онтон атын кэмҥэ тыла кэтэҕинэн чороччу тартын».
Ол курдук ыксыыбын диэн кэҕэ уйатыттан, элбэх оҕотуттан маппыта үһү. Сылгы, ынах чыычааҕар сымыыттаан биэрэр буолбут. Бөтүрүөптэн ыла кэҕэ этэрэ уурайбыт.
[9, 71 c.]