Читать книгу Саха фольклора - Группа авторов - Страница 21
Киһиргэс киһи
ОглавлениеТахсар сардаҥаны
Доруобунан кыҥаабыт
Дьорҕоот төрүттээх,
Олох долгунугар
Олорсон ыраатарга
Оройдообут бэйэлээх;
Аан дойдуну
Apҕapa анаараары
Ачыкы харахтаммыт,
Кый дойдуну
Кымаардары билээри
Кырдьык-хордьук хамсаммыт;
Биллэрик оронтон
Быкпатах эрээри,
Билиилээххэ холунар,
Дьону үтүктэн ойоҕостон
Дьоһуннана-дьоһуннана
Дуона суохха чоргуйар;
Кириитикпин дэнэн
Кирсэ быстыбыт,
Ырыаһыппын диэн
Ыыс ыспараанньалаах,
Хайҕал, аат-суол түүллээх,
Ханнык эмэ кэмнээх;
Тиритэн-тиритэн
Tиpэҕэ элэйэр,
Тиэргэнин иһигэр
Tэллэҕэ тэлээрэр
Киһиргэс, көтөр-түү
Киһи баара үһү.
[4, 25 c.]