Читать книгу Саха фольклора - Группа авторов - Страница 20

Кыыс чабырҕаҕа

Оглавление

Ааман-ньааман,

Архан гиэнэ,

Хоптон гиэнэ,

Хочору-бичэри,

Көнтөс көҕөнө,

Көдьүнү мaҕaнa,

Эмэчэн-чэҥэчэн.

Эптэл-тэптэл

Бытырыыстаах быалаах,

Хаҥырастаах хамнатардаах,

Олороро оһуордаах,

Симэнэр симэхтээх,

Таҥнар таҥастаах,

Чaҕapдaax,

Талбардаах талах олох мастаах,

Xaҥырҕастаах хаппахчылаах,

Сэттэ быт тириитэ бүрүөһүннээх,

Ньыха ньыхаарыскай кыыс,

Былыты быһа сүүрбүт

Бырдьа эриэн oҕycтaax,

Халлааны хайа сүүрбүт

Хара caaдьаҕай ынахтаах,

Сыҥ-сыҥ боросуун

Oҕонньор aҕaлaax,

Күрбэй татай

Күтүөттээх

Күн хара кыыс буолабын!

С.И. Боло суруйуутуттан


[13, 269 c.]

Саха фольклора

Подняться наверх