Читать книгу Саха фольклора - Группа авторов - Страница 15

Доҕордоһуу

Оглавление

Айан киһитэ аргыстаах, суол киһитэ доҕордоох.

Атас туһугар атах тостор; кэргэн туһугар кэтэх туллар.

Биир силистээх, биир тыыннаах дьон.

Доҕор доҕорун алдьархайга хаалларбат.

Доҕор доҕорун иэдээҥҥэ бырахпат.

Дьиҥнээх доҕор көмүстээҕэр күндү.

Ким доҕордоох – ол дьоллоох.

Кулуннаах биэ курдук куодарыһаллар.

Миннэрин билсибит дьон.

Мөлтөх доҕор өстөөхтөөҕөр кутталлаах.

Caҥa доҕордооҕор эргэ доҕор ордук.

Суон ойуур курдук дурда, халыҥ ойуур курдук xaxхa.

Умса түстэҕинэ сүүһүттэн өйүүр, иттэнэ түстэҕинэ кэтэҕиттэн өйүүр доҕорум.

Уостубат үрэҕи курааҥҥа, үчүгэй доҕору алдьархайга киһи билэр.

Уу тохтубат доҕордуулар.

Үтүө киһи үтүөтүн үс үйэ тухары умнуллубат.

Үчүгэй доҕор эмискэ көстүбэт.

Хотоҥҥо киирбит саахха биһиллэр, куһаҕанныын доҕордоспут мөкүгэ тиксэр.

Ыккардыларыгар ыаҕастаах уу дьалкыйбат.

Ынах маҥыраһан билсэр, сылгы кистэһэн билсэр, киһи кэпсэтэн билсэр.

Эйэҕэс киһи үгүс доҕордоох.

Саха фольклора

Подняться наверх