Читать книгу Саха фольклора - Группа авторов - Страница 19

Мэник уол туһунан чабырҕах

Оглавление

Oҕo киһи

Онно-манна

Олой-чолой

Оонньоохолуур

Килбиэн сандаар

Күнэ киирэн,

Киэһэ буолан,

Кини киһи

Күлүк сиргэ

Күлэр-салар,

Көҥүл баран

Көтөр, ойор,

Көтүөккэлиир,

Көрүлээхтиир,

Сырбан татай

Сылдьар сирин

Сыттаах курдук

Сыымайдаахтыыр.

«Сыыһар» диэни

Сытаан билбэт

«Сытыы» уолбут

Сыһыгырыы

Сыспарыйар.

Ханна кини

Хаадьах гынар —

Хатан-чаҕаан

Хаһыы буолар.

Оотой-тоотой

Оҕолору

Охсуталаан

Орулатар,

Ийэ этэр —

Иннин ылбат,

Аҕа буойар —

Абыраабат.

Дьүдьэх таҥас,

Дьүһүн-бодо,

Дьэбэ сирэй,

Дьэллик киһи

Дьиэгэнийэр.


[4, 26–27 с.]

Саха фольклора

Подняться наверх