Читать книгу Саха фольклора - Группа авторов - Страница 30
Дьиэ тусаһатын алгыһа
ОглавлениеАал уотум тэрилэ,
Киирэр дьиэм тэрилэ,
Абыраллаах Айыы Тойон
аҕам анаабыта,
Ньирэйгин ньиккирэт,
балчыргын барҕат,
Үрүөлээххин үөрдээ,
көҕөннөөххүн көччүт,
Хаһалааххын харыһый,
Холоҥсолоох хотонум тэрилэ,
Дьаардаах тиэргэним тэрилэ,
Абыраллаах Айыы Тойон аҕам
Анаабытынан оҥоһуннум.
Айбыт Айыыһытым,
Ииппит Иэйэхситим,
Абыраа! Былаҕайга былдьатыма,
Дэлэгэйгэ диэлитимэ,
Суон сүлдьүгэскин төлөрүтүмэ,
Халыҥ халҕаҥҥын халбарытыма.
Ииппит Иэйэхситтэрим,
Айбыт Айыыһыттарым,
Ойуулаах от-мас иччитэ,
Үүт таас бэйэлээх,
Үүт күөл олохтоох
Үрүҥ Айыы Тойон аҕам
ылгын уола,
Тоҕус сылы мэлдьи
сидьиҥ-босхоҥ
Буолан сыппыт
Күөрэ Дабаан Дархан,
Кыыра Бырдьа,
Маҥкы Батас,
Кындыс Кымньыы,
Хахай Саҥыйах,
Бэдэр Бэргэһэ,
Байба Дьилбэх,
Аал уот эһэм!
Орто дайдыга тоҕус тордуулаах
Сырайдаах курдук үөрдэр
иччилэриттэн
Көмүскүү, аһына тур.
Адьарайтан аһын,
Былаҕайга былдьатыма,
дэлэгэйгэ диэлитимэ.
Үйэлээх сааһым тухары
баай байаммын,
Тот тотоммун, сүөһү ииттэммин,
Оҕо төрөтөммүн, киһи
олоҕун олороммун,
Олордорбун диэммин оҥоһуннум.
Айыы Тойон аҕам, сырдык
тыыҥҥын түһэр —
Мин дьиэм тусаһатыгар!
[6, 11–13 с.]