Читать книгу Үһүйээннэр, номохтор - - Страница 71

БҮЛҮҮ
ТИИСТЭЭХТЭЭХ

Оглавление

Тиистээхтээх диэн күөл баар. Ол туһунан манныгы кэпсииллэр.

Былыр биир киһи, алта мастаах болуот оҥостон баран, бу күөл ортотугар киирбит. Балыктыы. Эмискэ болуота күөрчэхтии ытыллыбыт. Долгуннуран барбыт. Киһи көртө, болуоту икки өттүнэн көстөр харахтаах ханнык эрэ харамай тахсыбыт. Киһи куттаммыт. Нэһиилэ тыаны булбут. Ол биллибэт харамай кустар көтөн кэлбиттэриттэн биири сиэбит. Онтон тиистээх баар күөлэ диэн буолбут уонна Тиистээхтээх диэн ааттаммыт. Урут өссө этэр этилэр, бу кыыл биир аты уонна ыҥыыры сиэбит диэн.

Василий Николаевич Захаров. Бүлүү, Тылгыны нэһилиэгэ. 1970 с. 84 саастааҕа.

Үһүйээннэр, номохтор

Подняться наверх