Читать книгу Үһүйээннэр, номохтор - - Страница 74

БҮЛҮҮ
НААХАРАЛАР ҮГҮЛЭЭККЭ

Оглавление

Биһиги – наахараларбыт. Наахара Үгүлээккэ элбэх. Сорох аҕа ууһа имиттэн да суох. Үксэ наахара олорор.

Төрүппүт Дьокуускайтан кэлбит. Сээпилэ – маҥнай кэлбит. Онтон Хаандыр төрөөбүт. Онтон – Чөҥөчөк диэн. Күүстээх киһи үһү ол. Олоҥхону кэпсиир курдук. Ол иһин Чөҥөчөк диэбиттэр. Улахан, ити атыыр оҕус, ону, икки муоһуттан ылан баран, үтүрүйэн өрө анньан таһаарара үһү. Сылгы атыырын, сайын таалалаан сытар атыыры, туруорбат үһү. Чөҥөчөктөн төрөөбүт киһи сүрэхтэммит. Ол аата Бүөтүр диэн буолбут. Ол Бүөтүртэн төрүүр мин эһэм. Дьаакып диэн. Онон Яковлевтар диэн ааттанабыт биһиги. Онтон мин аҕам төрүүр. Сөдүөт диэн. Онтон ити мин төрөөн олоробун. Ити дьон диэн үйэлэрэ уһун үйэлээх дьон. Мин эһэм сүүһүн туолуо сыл аҥарынан тутайан өлбүт. Аҕам буоллаҕына 95 сааһыгар өлтө.

Үһүйээннэр, номохтор

Подняться наверх