Читать книгу Үһүйээннэр, номохтор - - Страница 86

МУОМА
ТҮҤҮР МАТАЙБЫТ

Оглавление

Ойууттар түҥүрдээх буолаллар. Ити тиити үүттээннэр ойууттар түҥүрдэрин өҕүлүннэрэллэр эбит. Итиннэ модьуйан, эрийэн. Ити тиит аата Түҥүр Матайбыт диэн.

Түҥүрү матаппыт ойуун эттэҕэ дии: «Ыччаттарбыттан, киһи буолан, үчүгэйдик олоруохтара буоллар, күөх мутук үүнэн тахсыаҕа», – диэбит.

Ол ойун удьуоруттан мин олоробун. Ол хас да киһи үйэтэ буолта буолуо. Ол ойун Тэрбээйик Уйбаан диэн. Ууччатын аата, холобур, Уйбаан.

Үһүйээннэр, номохтор

Подняться наверх