Читать книгу Үһүйээннэр, номохтор - - Страница 72

БҮЛҮҮ
ҺААРАА ЭМЭЭХСИН КЭПСЭЭНЭ

Оглавление

Тыһыкыыс диэн улахан күөл баар. Былыргыта Тыһы Кыыс диэн дьахтар олорбут. Ол аатынан ааттаммыт. Биһиги Эбэ диибит. Арҕаа Эбэ.

Тылгыны диэн эмиэ дьахтар олорбут үһү. Тылгыныга үөс арыы баар. Тиит арыы. Онно дьаамалаахтар сэриилэспиттэр. Оҕунан. Тыаттан омуктар кэлэн ытыалаабыттар. Онно сорохторо өлбүт, сорохторо куоппут. Сүрдээх угут эбитэ үһү онно. Икки тииккэ олуктаабыт олуктара тураллар үһү.

Хотторуу буолан, Мөкү диэн киһи харбаан тахсыбыт. Ол тумул билигин Мөкү Тумула дэнэр. Иккис киһи Тааһыкы Тумула диэҥҥэ тахсыбыт. Тааһыкы. Ол икки киһи, харбаан, куотан тураллар.

Тыатааҕы дьон, киирэннэр, тутаттаан ылбыттар бэриммиттэрин. Биир дьахтары ордорбуттар. Тойоннорун ойоҕун ордороннор, илдьэ бараллар. Ныһыйан кээһэн бараннар. Дьэ, баран, били арыыттан тахсаннар, тыаҕа истэн турдахтарына, арыыга иһиллэр кыланыы: «Мин хара түөкүттэри син биир ситиэҕим», – диэн. Ону төннөн киирээри гыммыттар. Киһи орпут эбит диэн. Ону дьахтар эппит: «Бу алдьархайдаах сибиэн сир. Киһи буолбатах, сибиэнэ», – диэбит. Ону кирдиктэнэн, дьэ, бараллар.

Били дьахтар сэттэлээх уоллаах эбит. Ол уол буоллаҕына, били хотторуу буолбутугар – көҥдөй баҕайы умнастаах хочуон от диэн баар, билигин да үүнэр – ол оту быһан ылан, ууга тимирэн сыппыт. Саһан. Барбыттарын кэннэ, билигин турар тииттэр төбөлөрүгэр тахсан, хаһыытаабыт. Сөөп. Дьэ, баран хаалаллар. Көһөн иһэллэр. Эмиэ сэрии көрдүү көһөллөр. Ол иһэн, дьахтар туой кэлбит суолун дьуолка охсон иһэр үһү. Дьэ, ону: «Бу тугуҥ дьиктитэй. Тоҕо дьуолкалыыгын, тугу батыһыннараары гынаҕын?» – дииллэр үһү. Ону дьахтар эппиэттиир үһү: «Суола-ииһэ суох сиринэн сылдьар дьон эбиккит. Хаһан эрэ мунан-тэнэн сырыттахха, бу үчүгэй сир эбит, ааспыт сирим эбит диэҕим», – диир үһү. Ээх дэһэн баран, бара турбуттар.

Кинилэр ураһанан сылдьар дьон. Биир сиргэ ураһанан олороллор. Уол, дьэ, киһи буола улаатар. Сүүрбэччэлээх киһи буолар, сэп булунар. Тугу да киһилээбэт киһи сүрдээҕэ буолан тахсар. Дьэ, били дьуолканы көрдүүр. Ону батар. Сүтэрэн кээһэ-кээһэ булан, биир ураһаҕа кэлэр. Саһа сытан чуҥнуур уол. Ол чуҥнаатаҕына, ийэтэ баар эбит. Эр киһи биир да суох эбит. Бултана барбыттар быһыылаах. Ийэтин илиитинэн саһа сытан эрэн, ыҥырар. Ийэтэ кэлэр. Ийэтэ уҥан хаалар. Имэрийэн, тилиннэрэр.

«Хайа, дьонноруҥ?»

«Дьоннорум бултана бартара. Сэрии да көрдүүллэр».

«Эн кэргэниҥ, аҕабын өлөрбүт киһи, баар дуо?»

«Баар. Миигин ойох гына сылдьар. Дьэ, тоҕойуом, эн бар. Туох да алдьархайдаах киһи. Оҕунан ыттахтарына, ырааҕар кыбытан ылар. Атын сиргэ бар».

«Суох. Барбаппын. Хайаан даҕаны өлөрүөм».

«Чэ, оччоҕуна мин сүбэлиим», – диир дьахтар.

«Чэ эрэ. Хайдах сүбэлиигин?»

«Олох хараҥаҕа кэлэллэр. Мин эт буһаран уурабын. Онно бу ураһабыт хаба ортотугар аһыыллар. Төгүрүйэ кэчигирэһэ олорон эрэн. Чүмэчилээх буолабыт. Күлүктэрэ бу олорор буолуоҕа. Биир киһи үөһэ олорор буолуо. Мин кэргэним устуулга олорооччу. Ураһаны көхсүн туһунан маһынан дьөлө анньыаҕым. Бэйэҕин бэйэҥ билинээр».

Уол көрбүтэ – кэлэллэр. Сүгэһэр бөҕөнү аҕалан, таһырдьа тамнаан баран, аһаан-сиэн дьаабыланан бараллар. Ийэтэ эппитин курдук, кэчигирэһэн олороллор. Биир киһи үөһэ олорор. Ийэтэ буолуо, ураһаны дьөлө анньар. Онон курдаттыы тыыннарар. Киирэн ныһыйталаан баран, ийэтин илдьэ барар.

Мас үйэтэ бэрт эбит. Ол тииттэр билигин даҕаны тураллар.

Һаараа эмээхсин диэн балтараа сүүһүн туолбут эмээхсин баар этэ. Ол эбэм сэһэргиир этэ диэн сэһэргиирэ. Иккис тиис үүнэн баран өлбүт эмээхсин ол Һаараа. Ол эмээхсинтэн, син улахан киһи буолан баран, истибитим. Отучча саастаахпар.

Федор Павлович Кононов. Үөһээ Бүлүү улууһа, III Күүлэт нэһилиэгэ. 1970 с. Бүлүү Үгүлээтигэр суруйарбар 73 саастааҕа.

Үһүйээннэр, номохтор

Подняться наверх