Читать книгу Үһүйээннэр, номохтор - - Страница 84

МУОМА
СИҺИК ҮРЭХ

Оглавление

Былыр биир эбээн уонна саха бииргэ аргыстаһан айаннаан иһэн, бу биһиги аллараа өттүбүтүгэр Тулаайах Хайа кэтэҕэр Сиһик Үрэх диэн сиргэ кэлэн баран, эбээнэ: «Сиһии! Үрэх баар эбит дуу?» – диэбит. Онуоха анараа киһитэ: «Аата! Бачча улаххан уулаах үрэҕи көрөн туран эттэххин. Хата, хайдах туоруубут?»

Айылҕа үрэҕи туора чиргэл синньигэс маһынан далаһа уурбут. Ол маһынан тахсан иһэн: «Сиһи-и! Үрэх баар», – диэбит эбээнэ, сиһин булгу түһэн өлбүт. Онуоха сахата эппитэ үһү: «Эйиигин сэнии сылдьан, айаным аргыһа хаалла манна. Онон эн аатыҥ Сиһик Үрэх буоллун».

Итинтэн ылата, уос номоҕуттан түспэккэ сылдьан, Сиһик Үрэх диэн ааты сүгэн сыттаҕа.

Алексей Михайлович Черов. Муома, Кулун Өлбүт. 1976 с. 100 саастааҕа.

Үһүйээннэр, номохтор

Подняться наверх