Читать книгу Бүтэһик ботуруон - - Страница 1
Күөх баттах
ОглавлениеНьурбаҕа ыалга олорон оскуолаҕа үөрэнэбин. Күһүн өрөбүлбэр Дьаархаҥҥа дьоммор кэллим. Куһу Ылдьыынтан бултанара. Онон дьиэ таһыттан кинини булар ыарахаттардааҕа. Ол эрэн кус бара илигэ, күөллэргэ мунньустан үөрдэһэн эрэллэрэ. Сарсын кустуу бараары сүпсүгүрдүм. Бастаан сааланарбар аҕам сүүрбэлээх кыра сааны ылан биэрбитэ. Хайдах ытарга, ордук сэрэхтээх буоларга үөрэтэн баран кустата ыытта. Икки эрэ ботуруону биэрдэ. Суптурҕаҥҥа кустар олороллоругар бэрт уһуннук үөмэн киирдим. Өссө чугастан ытаары, кылгас сотолоох саппыкынан тыаһа суох ууну кэһэн чугаһыы түстүм. Икки улахан куһу хоһулатан баран, аҕам холбоон эрэ баран ытаар диэбитэ, накыйан олорон ы-ыт! Биирдэ ууга олоро түстүм. Буорах буруотун быыһынан көрдөхпүнэ, биир хаалбыт курдук, ууга туох эрэ мөхсөр. Иккиһэ хойобууннанан, ньыкыйыаҕынан ньыкыйан от быыһыгар киирэн эрэрэ. Сонум сиэбиттэн иккис ботуруоммун ылан саабар угаат, кыһыыбар, кэнниттэн ытан хааллым. Кытыыга тахсан сыгынньахтанным. Куһум атыыр мороду эбит. Иккиһин булбатым, барбыт быһыылааҕа. Дьоммуттан эмиэ да хайҕанным, эмиэ да сэмэлэнним. Саабын санныбар күүскэ тирээбит буолан бүлгүнүм ыалдьыбатах. Ол оннугар атахпар олорон эрэ ыппыт буолан, түҥнэри тэптэрбиппин. Аҕам:
– Икки ботуруонунан кырата икки-үс куһу өлөрүөхтээх этиҥ. Хата таппыккын, – диэн хайҕаабыта.
Киэһэ саа сэбэ ууруллар хоптотун ылан ботуруон иитинним. Тимир ботуруоҥҥа бөстүөнү саайар олус сэрэхтээх диэн, аҕам бэйэтэ тэйиччи олорон, сэрэнэн өтүйэнэн саайар буолара. Буорахпыт ыттахха олус буруолаах этэ, бастаан утаа туох да көстүбэтэ. Туһата суох кинигэ, тэтэрээт лииһинэн быыстанарбыт. Аҕам уон алталаах икки уостаах, таһынан сомуоктаах саатын сарсын илдьэ барыах буоллум.
Сарсыарда туран Кураанахха кустуу бардым. Олорор, көтөн тахсыбыт куһу сакылаакка ытарым. Күөлү хаҥас өттүнэн бардым. Уута ойууру саҕатынан. Саабын бэлэм тутан иһэбин. Күөл ортотугар кус элбэх. Кытыыга туох да баара көстүбэт, талаҕа, ото да элбэх. Арай ол истэхпинэ ойуур саҕатыттан көҕөн ойон туран күөл диэки көттө. Саам чыыбыһын төлө тартым. Куһум өс хоту умса баран түстэ. Саа тыаһыттан үөскэ олорбут кустар көтөн таҕыстылар. Чохчос гынан хаптайдым. Кустар күөлү эргийэн мин үрдүбүнэн кэллилэр. Иккитэ ытан, биир куһу ойуурга түһэрдим. Хата халба буолан үөртэ. Көрүҥэ төһө да көҕөн курдугун иһин, чөркөөкүттэн эрэ мэнэҕэ. Ол да буоллар улахан кус ахсааныгар киирсэр. Бастакы куспун көрдүү ууну кэһэн бардым. Манна мэлдьи кустуур буолан уутун билэбин. Кустар өрө-таҥнары көтөн айманан баран, чугастааҕы күөлгэ баран түстүлэр. Көҕөнүм талах быыһыгар ырааска сытарын көрө биэрдим, хамсаабакка барбыт. Ылан көрөөт, улаханнык соһуйдум, сааскы күөх баттах көҕөн эбит! Билигин саас буолбатах, күһүн эбээт! Түүтэ сааскытынан сылдьара. Дьэ дьикти диэтэҕиҥ! Киһиэхэ дьахтара киэргэнэр, оттон көтөргө – атыыра. Урут кэннигэр табыллан бааһыра сылдьыбыт, онто оспут.
Салгыы кэрийэ бардым. Күөлүм баһын диэки тиийдим. Эрдэттэн сааҥ сомуогун туруорарыҥ бобуллара. Дьоммут үөрэппиттэринэн, ытаары эрэ гыннахпытына кинини туруорарбыт. Чычаас, киһини сототунан ууну кэһэн бэлэм иһэбин. Маннык хойуу оттоох ууга кус мэлдьи баар буолааччы. Эмискэ иннибиттэн көҕөн ойон турда. Сомуокпун туруораат ыттым да, саам эстибэтэ, «тас» эрэ гынан хаалла. Ол тыаһыттан иккис көҕөн көтөн таҕыста. Иккис сомуокпун туруордум. Кыҥыы турдахпына холбоһор курдук буоллулар, чыыбыспын төлө тартым, табыллан иккиэн сууллан түстүлэр. Оо, онно үөрбүппүөн!
Эбиэт кэннэ күөлбүн эргийэн алта бөдөҥ кустаах дьиэбэр тиийдим. Сааскы өҥүнэн сылдьар күөх баттаҕы киһи барыта араастык быһаарда. Бүтэһигэр, саас хойобуун буоларыгар өҥүн уларытар ньиэрбэтин таарыйтарбыт буолуон сөп диэн тойонноотулар.