Читать книгу Бүтэһик ботуруон - - Страница 4
Кусчуттар
(Иккис түгэн)
ОглавлениеКүһүн от-мас саҥардыы хагдарыйан эрэр, кус көҥүлэ буолан турар кэмэ. Биир үтүө күн райсэбиэт эппиэттээх үлэһиттэрэ хаһыа да буолан Күбээйи диэн сиргэ кустуу кэлэн, биэрэккэ чэйдии олорбуттар. Сотору буолаат, үөһэттэн биир мас тыылаах кыра мотуор кэлэн кинилэр анныларыгар тиксибит. Тыыттан сулардыы бытыктаах, ииччэх-бааччах буолбут хара баттахтаах, кытархайдыҥы сырдык сирэйдээх, саар-тэгил уҥуохтаах эт-ласха киһи түһэн, дьоҥҥо супту хааман кэлэн аттыларыгар олорунан кэбиспит. «Дорообо-дыраастый» кэнниттэн билэр киһилэрэ буолан, күө-дьаа кэпсэтэн бараллар. Кэлбит киһи дьонугар-сэргэтигэр «Фидель Кастро» диэн аатынан биллэрэ. Дьоно куру-кэри олороллорун көрөн:
– Хайа, оройуон тойотторо ааттаах дьон, бу көтөр кынаттаах үргүлдьү ааһар кураанах күөлүн манаары манна кэлэн олороҕут дуу? – диэбит. Онуоха дьоно үөрэн сэгэс гына түспүттэр: «Дьэ хата, билэр киһи, кустаах сиргэ сирдээ эрэ», – дии-дии куруускаҕа уохтаах астан курулаччы кутан биэрэллэр. Кэлээччи бу аһы лаппа сөбүлүүрүн бары да бэркэ билэллэр.
– Оо, дьэ, оттон кус Эдьээн хочотугар буоллаҕа дии. Мин бэҕэһээ Ньэлгэҕэ киирэн үрүсээк муҥунан сүгэн тахсыбытым. Халлаан хараҥарар куһа диэн дьэ онно баар, – Фидель астыммыттыы дьонун эргиччи көрдө.
Оччону истибит дьон олоруохтара дуо, сып-сап хомунан, киһилэрин батыһан Эдьээннииллэр. Киэһэ аһылык саҕана Эдьээн саамай түгэх хочотугар Ньэлгэҕэ, 5–6 биэрэстэ буолуо, сатыы бараллар. Бу бэртээхэй оттуур ходуһалаах, эҥинэ бэйэлээх лаглаччы үүммүт үөт мас тулалаах Эдьээн биир бастыҥ сирэ. Күһүҥҥү кус чахчы таарыйан ааһар аатырбыт күөлэ. Суол-иис диэн суох дойдута эбит. Кусчуттар араас күөллэр, сээннэр кытыыларынан, маар сирдэри туоруур отчуттар ыллыктарынан, ардыгар батыллан охто сыһа-сыһа, киһилэриттэн хаалымаары нэһиилэ бөтүөхтэһэн испиттэр. «Ол эрэн биир киэһэ үрүсээгинэн өлөрөр буоллахтарына, биһиги да хаалсыбат инибит», – диэн эрэх-турах санаа кинилэри кымньыылаан иһэрэ.
Күөллэригэр тиийбиттэрэ… биир да кыптыый кынаттаах көстүбэтэ үһү. Дьэ соһуйан-өмүрэн, сүөм түһэн, сылайан да сэниэтэ суох «лах» гына олоро түспүттэр. Сынньана олорон биирдэрэ киһилэриттэн ыйытар:
– Хайа, доҕоор, халлааны хараҥардар халыҥ куһуҥ ханнаный?
Онуоха киһилэрэ холку баҕайытык:
– Оттон ол кынаттаах кыыллар ырааттахтара дии, оннооҕор бу эһиги Уус Маайа курдук сиртэн кэлэн олордоххут, – диэн хата Фидель бэйэтэ ылардаах хаалбыт.
Кусчуттар эрэйдээхтэр туохха-туохха түбэспэтэхтэрэ, тугу-тугу истибэтэхтэрэ баарай. Дьэ эрэй диэтэҕиҥ.