Читать книгу Бүтэһик ботуруон - - Страница 2
Куочайга
ОглавлениеКүһүн, кус оҕото көппүт кэмэ. Оскуоланы бүтэрээт, дойдубар тахсан сопхуоска оттуу сылдьабын. От мөлтөх буолан, биһиги звенобутун Ньурба аттыгар Куочайга лэбин оҕустара ыыттылар. Урут бу сыһыы олус улахан күөллээҕэ. Арыы өттө айан суолугар анньан турара, арҕаа баһа хара маһыттан уулааҕа. Ону, ходуһа сирэ оҥороору, сопхуостар түһэрбиттэрэ. Өссө урут киһи кута-сүрэ тохтуур, ырыаҕа-тойукка ылланар бурдук, оҕуруот аһа дэлэйдик үүнэр бааһыналардаах, киэҥ нэлэмэн хонуулаах, чугаһынааҕы дэриэбинэ оҕолоро кэлэн үөрэнэр оскуолалаах, арҕаа өттүгэр Аммосовка, Кэлтэгэй арыы аттыгар Александровка диэн дэриэбинэлэрдээх эбит. Билигин онно туох да суох. Ууну киллэрэн-таһааран арай өлгөм оту оттууллар дииллэр. Бу сиргэ Саха АССР Үрдүкү Сэбиэтин президиумун бэрэссэдээтэлэ А.Я. Овчинникова төрөөбүтүнэн биһиги, ньурбалар, киэн туттабыт.
Ууну түһэрбиттэрин кэннэ, бастакы сылларга Куочай бадараанынан көрөн сыппыта. От оннугар лэбин күүскэ үүммүтэ. Кус кэмэ буолан, бары саалаахпыт. Ходуһаҕа киирдэхпитинэ, кус, хаас кэлиэ диэн, саабытын сүгэ сылдьабыт.
Арай биир сарсыарда от охсо киирэн истэхпитинэ, күөлтэн кустар көттүлэр. Хас да кус үрдүбүнэн кэлбиттэрин ыппыппар, биир кус табыллан ойуур иһин диэки баран өлөрдүү түстэ. Чэйдии тахсан иһэн көрдүөм диэн, бара да сылдьыбатым. Ол оннугар түспүт сирин бэлиэтии көрдүм. Эбиэккэ тахсыы буолла. Мин үргүлдьү куспун көрдүү бардым. Ойуура чачархай соҕус эбит, өлбүт кус көстүөх курдук диэн үөрэ санаатым. Кус түспүт сирин төһө да чуолкайдык көрдөрбүн, олох булбатым. Дьонум кэтэһэ сатаан баран үөгүлээн ыҥырдылар. Бу диэки түспүт буолуохтаах, тыыннаах да буоллар ырааппата ини диэн, мастар төрдүлэрин барытын хастым. Ол туран, манан түспүт буолуохтаах диэн, мастар төбөлөрүнэн сирдэтэн көрбүтүм, куһум моонньуттан мас ачааҕар ыйанан бу турар эбит.