Читать книгу Бүтэһик ботуруон - - Страница 5
Нормалек
ОглавлениеБиир саас хас да буолан Уус Маайаҕа кэлэн үлэлии сылдьабыт. Киэһэ саа көҥүлүн иниспиэктэрин Иван Ивановиһы илдьэ Эдьээннээтим.
Оччолорго табаарыстарым Саввиннар киэҥ-куоҥ дьиэлээх Мироновтар диэн оҕонньордоох эмээхсиҥҥэ дьукаах олороллоро. Оҕолоро суох эбит. Валерий Михайлович кэпсииринэн, дьиэлээхпит Маппый 60-чатыгар тиийэн эрэр, сымыйанан-кырдьыгынан саҥарбыт, мээнэнэн быччаччы көрбүт, намыһах уҥуохтаах, уруккута бэрэбэлээссэйдии сылдьыбыт киһи эбит. Сарсыарда чэйдээн баран дьыбааҥҥа Валерий Михайловичтыын кэккэлэһэ олорон ону-маны кэпсэтэбит. Ол быыһыгар:
– Оҕонньоор, сааҥ дөкүмүөннэрэ барыта баар ини? – сэрэхэдийэн Валерий Михайлович ыйыталаһар.
– Барыта этэҥҥэ, – диэн киһитэ туккута суох хоруйдаата.
Ити кэмҥэ дьиэлээх киһи табах тарда-тарда, оһоҕун тула сис туттан дуоспуруннанан аҕай хаамыталыы сылдьара. Кэпсэтиибитин истэн, биһиги аттыбытынан ааһан иһэн:
– Миэнэ, кырдьаҕас киһи киэнэ, дөкүмүөннэрим барыта нормалек буоллахтара дии, – дии-дии хаамыталаан тиэрэ-маары тэбинэр.
Бэҕэһээ Иван Иванович булчуттары тала сылдьан сааларын хайдах харайалларын бэрэбиэркэлээбитэ. Бу сарсыардаттан сааһыттар дөкүмүөннэрин хонтуораҕа аҕалтаран көрдө. Онно киирэ-тахса сылдьан дьиэлээх Маппыйы түбэһэ көрдүм. Иван Иванович кинини ыга ахан олорор эбит, саатын көҥүлүн уһаппатаҕа уонча сыл буолбут. Эбиэккэ дьоммор кэпсээннээх тиийдим:
– Дьэ, доҕор, хаһаайыҥҥыт бэрт уһуннук саатын көҥүлэ суох илдьэ сылдьыбыт эбит.
– Оттон манна сарсыарда «миэнэ нормалек» диэбитэ дии, – табаарыһым мичик гынар, соһуйбута буолар.
– «Нормалекпут» туох да нормалега суох эбит. Саа көҥүлүн бэрэбиэркэлээччи ыгыччы ыстарааптаары ыксата олордоҕуна, түбэһэ түһэн көҥүлүн эрэ уһаттардым. Ол да тыа киһитигэр ботуччу суума буолара буолуо.
– Уон сыл төлөөбөккө сылдьарын хайдах билиэ суоҕай, ол сарсыарда эйиэхэ «суоһурҕанан» нормалек диэтэҕэ дии, – диэн киһим күлэн кэбистэ.
Онтон ыла кэпсэттэхпит аайы били Нормалек туһунан үгүстүк ахтыһан күлсэр аҕай этибит.