Читать книгу Бүтэһик ботуруон - - Страница 13

Бастакы саа

Оглавление

Быраатым Март Николаевич ийэм Марфа Гаврильевна-Улахан Мааппа бииргэ төрөөбүт кыра балта Кыра Мааппа соҕотох оҕото. Үлэ, үөрэх сырсыытыгар дэриэбинэбититтэн тэйбиппит ыраатта. Онно билигин биирдэ эмэ охсуллан сылдьар ыалдьыппыт, хонон ааһар хоноһобут. Март Николаевич үөрэхтэнэн сэбиэскэй-партийнай үлэҕэ, кэлин нэһилиэк аҕа баһылыгынан уһуннук үлэлээбитэ. Сынньалаҥҥа тахсан, киин куоракка сиэннэрин биэбэйдиир. Булт туһунан бэйдиэ кэпсиирин сөбүлээбэт, ыган ылбыт ураты ахтыыларын олус сэҥээрэн киллэрдим.

Мин, аҕата суох улааппыт уол, эр киһи туттар сэбэ-сэбиргэлэ, булдун саата, ол-бу тэрилэ диэҥҥэ туох да сыһыана суох киһи улааттаҕым дии, эгэ, техникаҕа сыһыан кэлиэ дуо?

Тыа сирин оҕотун быһыытынан, бэһис кылаастан от үлэтигэр улахан дьону кытта сайыны быһа бииргэ үлэлиирбит. Онон дьону кытта сыһыаны, тыа сирин үлэтин-хамнаһын үчүгэйдик эппэр-хааммар иҥэрэн улааппытым. Ол эрэн оҕо эрдэхтэн аҕа үлэҕэ-хамнаска такайыыта суоҕа син биир олоххо биллэрэ чахчы.

Эр киһи быһыытынан ытык иэспин ийэ дойдубар төлөөн, 1974 сыллаахха эргиллэн кэлбитим. Ол икки сыл миэхэ улахан туһалаах буолбута. Аармыйаҕа Воркута куораттааҕы пограничнай этэрээккэ түбэһэн сулууспалаабыппын олохпор биир улахан табыллыым дии саныыбын. Ол курдук пограничнай сулууспа үрдүк дьиссипилиинэни, билиини, бойобуой сэби-сэбиргэли үрдүк таһымнаахтык баһылыыры, наада буоллаҕына сатабыллаахтык түргэнник туттары ирдиирэ. Ону таһынан бэйэ-бэйэҕэ өйөбүллээх доҕордуу сыһыаны олохтооһун этэрээккэ халбаҥнаабат ирдэбил буолара. Ол иһин куруук уостан түспэккэ кэпсэнэр «дедовщина» биһиэхэ суох этэ.

Онно тииргэ, «халлааны» да буоллар, аан маҥнай сааны эспитим. Киэһэ взводпут сержана Федоров үөрэтэр кэбиниэккэ киллэрэн аптамааты хайа балаһыанньаттан хайдах ытары, сыалы булларары, кыҥыыры истиэндэҕэ көрдөрө-көрдөрө үөрэппитэ. Ол кэнниттэн ротабар биир бастыҥ ытааччы буолбутум.

Сулууспам кэнниттэн дойдубар кэлэн, сөбүлүүр кыыспын көрсөн ол сыл ыал буолбуппут. Бастакы оҕобут Коля төрөөбүтэ. Иккиэн эдэр дьон буолан үлэлээн-хамнаан кэм хамнастанан уонна ийэм көмөтүнэн, ийэм бииргэ төрөөбүт эдьиийин кыыһа Маайалаах, күтүөппүт Балантыыннаах дьиэлэрин атыыласпыппыт. Аймахтарбыт буолан төлөбүрүн ыксаппатахтара, ол эрэн бары үлэлиир буолан, син түргэнник төлөөн бүтэрбиппит. Ыал аҕата буолан, туттар сэп-сэбиргэл тэриммитим. Дьэ, онтон саа наада буолбута. Дөкүмүөннэрбин хомуйан Ньурбаҕа киирдим. Доҕотторум «ТОЗ-34-Е» диэн булгу туттахха ботуруонун бэйэтэ быраҕар сааны ылаар диэн сүбэлээбиттэрэ. Маҕаһыыҥҥа оннук саа суох эбит, хаһан кэлэрэ биллибэт. Онон атыыһыт сүбэтинэн «ТОЗ-34-З» диэн сааны ыллым, онтум штучнай диэн син добуочча сыаналаах эбит.

Бултуу үөрүйэҕэ суох киһи бастаан үөрэнэ түһээри соҕотоҕун чугас эргин сайылык таһынааҕы күөллэринэн сырыттым. Куһу син көрөр этим да, олох таппат этим. Ол иһин, дьон көрөн күлүө дии санаан, соҕотох сылдьыбытым курдук бара турарым. Ол саҕана биэстэ эстэр саа саҥа тарҕанан эрэр кэмэ этэ. Уолаттар саҥа оннук саалары ылан баран «уоҕа бэрт, наһаа өрөтөр, ол иһин отой аллараа көрөн ытабыт» диэн кэпсэтэллэрин истэрим. Биирдэ ону өйдөөн кэллим. Дьэ туран, сыал ытан көрөргө сананным. Үрүсээкпэр сыал оҥосторго анаан хаһыат угуннум уонна дэрибинэттэн чугас Дылбаны диэн алааска бардым. Биир баараҕай тииккэ хаһыаппыттан хайытан сыал оҥорон ыйаатым уонна 60 хаамыылаах сиртэн ытан саай! Баран сыалбын көрбүтүм… биир да доруобунньук таппатах. Хайдах-хайдах баҕайыный диэн чинчийэн көрбүтүм, сыалым лаппа үрдүнэн доробунньалар тиит хатырыгар бачыгыраччы түспүттэр. Ол иһин иккиһин сыалым лаппа аннынан көрөн ыттым. Сыалбын баран көрбүтүм, ортотун арыый үөһээ өттүнэн хойуутук түспүттэр. Дьэ, ол кэнниттэн син табар буолбутум. Булка үөрэтэр-такайар киһитэ суох, соҕотох бэйэ үөрэнэрэ ыарахан этэ. Күөрэтэн ытарга эмиэ өр эрийсэн табар буолбутум.

Ийэм Марфа Гаврильевна пиэрмэҕэ ыанньыксыттыыра. Ол саҕана сопхуос муҥутуурдук сайдан турар кэмэ этэ, тыа сирин олохтоохторо дьэ арыый сэниэлэнэн быр бааччы олорон барбыттара. Бары даҕаны үлэни өрө туппут туруу үлэһит этилэр. Сааһыран баран санаатахха, кырдьык да, чаҕылхай дьон аттыбытыгар баалларын буолуохтааҕын курдук ылынар эбиппит. Хаһан эмит барыларын санаан «Дьоруойдар биһиги ортобутугар» диэн суруйар киһи дьон өйдүү-саныы сылдьарыгар, оҕолоругар-дьонноругар үтүө өйдөбүл буолуо этэ.

Арай биир киэһэ Туостаах сайылыгыттан дьиэбэр дэриэбинэҕэ быһа баран иһэн Хооллугаҕа кыратык кус маныы түһэргэ сананным. Кус көҥүллэнэн турар кэмэ буолан, онно-манна саа тыаһа иһиллэр. Киэһэрэн борук-сорук буолан, дурда-хахха оҥостор бокуой суоҕа, хомус быыһыгар киирэн турунан кэбистим. Биир да кус кэлэн ааспата, көппөт күнэ быһыылаах. Өссө кэтэһэ түһэбин дуу, суох дуу диэн сыҥааҕырда турдахпына, арай күөл баһын диэкиттэн биир кус көтөн күпсүйэн иһэрэ көһүннэ, хаптас гынным. Оччону көрөн баран ыраахтан кыҥаабытынан бардым. Ол туран хараҕым кырыытынан көрдөхпүнэ, биир кус үрдүбүнэн бастакы куһу кытта быһа охсуһардыы көтөн иһэр эбит. Кыҥаан туран быһа охсуһан ааһар кэмнэригэр ытан саайдым. Кустарым өс хоту кулахачыйбытынан сиргэ кэлэн тэйиэккэлэһэ түстүлэр. Үөрүүбүттэн ойон туран сүүрүөх курдук гынан эрдэпинэ, уу чуумпуга киһи саҥата:

– Тоҕо бэрдэй ити, – диэн соһутта, олоро түһэ сыстым. Көрбүтүм, кэннибэр сыыр үрдүгэр Алексеев Николай Федорович-Сырбатта диэн ыанньык сүөһү биир солбуллубат бостууга кэлэн турар эбит.

– Дьэ, нохоо, сааҥ үчүгэйэ бэрт эбит! Миигинниин сааҕын сааҕа атастас, эбии өссө харчынан төлөһүөм, – диэтэ.

– Ээ, суох. Баар-суох бастакы саабын атастаһар да, атыылыыр да санаам суох, – диэн кыккыраччы аккаастаатым. Ньукулай күлэн ылла:

– Үчүгэй сааны үчүгэйдик көрө-харайа сырыт. Оччоҕо үчүгэй сааһыт буолуоҥ, – диэн сүбэлии, алгыы хаалла.

Ол үөһэнэн көтөн иһэр халбалары аан бастаан холбоон түһэрбиппиттэн үөрбүппүн билигин да умнубаппын.

Бүтэһик ботуруон

Подняться наверх