Читать книгу Бүтэһик ботуруон - - Страница 8

Хоту Дьааҥыга кустуу

Оглавление

Ааҕааччым Мичил, аатын-суолун, хомойуох иһин, суруйбатах, булт туһунан суруйарбын истэн, ээмиллэни маҥнай бултаспытын сөҕөн-махтайан, олус бэркэ ойуулаан Үөһээ Бүлүүттэн ыыппыт. Төһө да аатын суруйарын умуннар, айылҕаны таптыыра, киниэхэ сүгүрүйэрэ көстөн турар. Онон кини ахтыытын кэпсээннэрбэр холбуурга сананным.

90-с сыллар ортолорун диэки быраатым кэргэнин дьонугар Баатаҕайга кустуу диэн ааттаан ыам ыйын ортотун диэки тиийбитим. Аара, көтөн иһэн, балтараа чаас кэриҥэ бүтэн биэрбэт хаарынан бүрүллэ сытар таас очуостардаах дьикти дойду эбит диэн салла санаабытым. Сирэ-уота атына, биһиги дойдубут курдук буолуо баара дуо, эчи тыйыс дойду буолан биэрдэ. Күннэрэ саҕахха түһэн иһэн төттөрү кэдэрийэн тахсарын сөрү диэн сөҕөн кэбистим. Айылҕа барахсан саҥа уһуктан, көтөр-сүүрэр саҥатынан биир кэм айманан олороро. Күөх мутукча арыый да тылла илик кэмэ этэ. Ол оннугар хата иирэ талахтар, үөт эҥин үнүгэстэрэ тахсыбыттар. Халдьаайыга манна эмиэ ньургуһуннар барахсаттар, мин аҕай дэспиттии, сааскы илдьит буолан ыраахтан маҥхаһан хаар кыырпаҕыныы көстөллөр.

Дьэ туран, тиийиэхтээх сирбин булан, икки күн нэһиилэ тулуйан-тэһийэн хоноот, кустуур эбэлэригэр бардыбыт. Күөл аата Өҥ күөл диэн. Аатын курдук баай эбэ буолан биэрдэ. Күөлү тула уопсайа түөрт дурда турар. Уон алта буолан олордубут. Биһиги биригээдэ сэттэ буоллубут, бары аймахтар: кийиитим убайдара, бырааттара. Эйэ дэмнээх, элэккэй дьон буолан биэрдилэр. Мэлдьи мин саҥабын кэтииллэр, истэ-истэ күлсэллэр. Тоҕо эбитэ буолла дии саныырым. Кэлин билбитим, дойду дьоно ыллаан эрэр курдук саҥарар үһүбүт.

Кусчуттар бары даҕаны айылҕаҕа тахсан сүргэбит көтөҕүллэ сылдьар. Дойду сонунун, ону-маны дьээбэлээҕи кэпсээн-ипсээн күллэртиибин. Саҥа киһи буоллаҕым буолан, киһи барыта көх-нэм буолар. Билбэт тылларбын, олох көстүүлэрин сонно быһааран, ыйан-кэрдэн биэрэллэр. Кураанах кус кэмэ бүтэн, аны үөл кус киирэрин күүтэбит. Хаһан, ханан кэлэллэрин чопчу билэн этэллэрин сөҕөбүн эрэ. «Бүгүн-сарсын биллиэхтэрэ, сэргэх олоруҥ», – диэн сэрэттилэр. Кэннибитигэр очуос таас хайалар халлааҥҥа өрө харбаһан эрэрдии кэчигирээн көстөллөр. Чыпчаалыгар сытар хаар сайыннары ууллубат үһү. Ардах былыта кэллэҕинэ хайаны ортотунан эрэ ааһара көстөр. Дьэ, Дьааҥы сүдү хайаларын илэ харахпынан көрөн итэҕэйдим. Ити очуостар эниэлэрэ сыыйа-баайа намтыыр сирдэринэн үөр хаастар, хам-түм да буоллар, кылыы-халыы бөҕөтүн түһэрэн ааһаллар. Эппит күннэрин киэһэтигэр бастакы ээбиллэ (морянка) диэн кустара кэлитэлээн бардылар. Барахсаттары айылҕа маанылаан айбыт кустара быһыылаах, дьэрэкээн ойууларын таһынан саҥалара ала бэлиэ буолар эбит. Улахаттарынан умсаах курдуктар. Атыыра кутуругар биир лаппа уһун түүлээх, онто көтөрүгэр бэлиэ буолан көстө сылдьар. Дьэ ойоҕумсах кус дииллэр, тыһытын өлөртөрдөҕүнэ, төһө да ыппытыҥ иһин, баран биэрбэт эбит. Уопсайынан, олус чычаас майгылаах кустар диэтэҕиҥ. Маҥнай утаа уон икки үөрдээх түһэн биэрбитин биирин да ыыппатыбыт, эр-биир табырҕаталаан кэбистибит. Онтон эмиэ аҕыйах соҕус үөрдээхтэр кэлбиттэрин хааллартаатыбыт, дурдаҕа түөрт аптамаат саалаах дьон бааллар диэх курдук. Сирэйбит-харахпыт турбута сүрдээх. Аны туран түүнүн уочаратынан иккилии чаас маныыр буоллубут. Чааһыҥ туоллаҕына аттыгар утуйа сытар киһини өттүккэ анньан уһугуннаран баран утуйаҕын. Аҕыстан аҕыйах кус кэлэн түстэҕинэ уһугуннарбаккын, онтон элбэх эрэ буоллаҕына биллэрээр диэн буолла.

Сарсыарда, мин дьуһуурустубам кэмигэр, арааһа, түөрт-биэс чаас диэки буоллаҕа буолуо, дьэ, доҕоор, үөһэ мэҥэ халлаан диэки туох да сүрдээх улахан тыас тоҕо барбат дуо? Мэктиэтигэр халлаан хайынна диэх айылаах эбэтэр били байыаннай истребитель көтөн тахсар тыаһын курдук дэлби барда. Оннук икки төгүл төхтүрүйэн тыаһаата. Мин туран урут итинниги истибэтэх буолан тулуйбатым, үсүһүн тыаһыыр кэмигэр дурдаттан өҥөйөөччү буоллум. Арай, доҕоор, үөһэттэн тоҥ сылгы сааҕын тамнаабыт курдук кустарбыт атахтара сарайан бу түһэн иһэллэр эбит! Кынаттарын холбуу тутаннар кэллилэр да, үөс-батааска биэрбэккэ, биир эргиир сыыһын оҥордулар да, күөл ортотун диэки түһүнэн кэбистилэр. Эчи элбэхтэрин, быһата, 70-ча быһыылаах этилэр, дьоммун туруорар аакка түстүм. Бары туран сэргэхсийэ түстүлэр. Арай биир эдэр уол баара кыратык этитэ түһэн баран турда, кэлин үөрэниэ диэн буолла. Ити итинэн хаалла. Түспүттэрэ чаастан ордубутун кэннэ уҥуоргу дурдаттан биир киһи аа-дьуо тахсан мас тыыга олорон, күөл үөс өттүн тутуһан эрдэн киирэн барда. Маҥнай утаа син түргэн соҕус этэ. Кэлин отой эрдэрэ бытааран, тыал үрэринэн эрэ барар киһи буолан биэрдэ. Хайысхатын көрдөххө, биһиги диэки иһэр эбит. Ити тухары кустарбыт күөл ортотугар өрө мөхсө, булумахтана сырыттылар, айдаан-куйдаан, биир кэм «а-аах, а-аах» бөҕө буоллулар. Ол быыһыгар кустарбыт, кууруссалар курдук, ууну омурдан иһэллэр быһыылаах, үөһээ диэки сотору-сотору төбөлөрүн таҥхатан ылаллар, көрүөххэ кэрэтэ сүрдээх. Дьэ туран, били күөл ортотугар баар кустарбыт кэннилэрэ өссө хаҥаан иһэр, кэлэн эбии түһэ тураллар. Ол быыһыгар туора соҕус туттаннар андылар эмиэ түһэргэ дылылар. Син биир мончуукка түһэр кэриэтэлэр быһыылаах. Күөлбүт ортотугар кустарбыт бирээмэ болуот курдук көстөллөр. Тыылаах киһибит кирийэн, сирэйин кистии соҕус туттар быһыылаах. Аа-дьуо устан, биһиги диэки туһаайан кустары үүрэн иһэр. Тоҕо үүрэн диэтэххитинэ, били куспут үөрэ оруобуна субай сүөһү курдук, биллэ-биллибэттик үтүрүллэн устан иһэллэр, сорох ардыгар кынаттарынан сапсынан ылаллар. Саҥа-иҥэ отой суох буолбут, төбөлөрүн ньыкыччы туттан усталлар, сорохторун төбөлөрө отой да көстүбэт кэриэтэ. Ол иһэннэр үөскэ анды мончууктарын ааһан иһэн эмискэччи сырсан киирэн бардылар. Сорохтор көттүлэр, дайа-дайа туох да тулуйбат саҥатын-иҥэтин түһэрэн көтөн кэллилэр да, мончууктарга сапта түстүлэр. Үрүт-үөһэ үмүөрүһүү, анньыһыы, тура-тура сапсыныы бөҕөтө, эмиэ да уулуурга дылылар. Биһиги сүрүн ытааччыларбыт холбуулларын кэтэһэн иһийэн олордубут. Төһө эрэ кус буолла, арааһа, 80-тан лаппа тахса ээмиллэ буолла быһыылаах. Дьэ туран, хамаанда бэриллээтин кытта, саабыт чыыбыһын төлүтэ тардан кэбистибит. Оо, үлүгэрдээх саа тыаһа бөҕө буола түстэ, бирээмэ бүлүмүөт ытан эрэрин курдук. Кустар сиирэ-халты ыттаран умса-умса тахсаллар. Ордубут өттүлэрэ дьэ өйдөнөн көтөн бараллар да, уҥуоргу дурданы быһа ааспаттар. Күөлү кыйа көтөн көрдүлэр да, онно эмиэ үлүгэрдээх саа тыаһа түптэлэнэ түстэ. Уонна эмискэ, туох да буолбатаҕын курдук, уу чуумпу буолла. Ол кэннэ биирдиилээн ытан бурҕаттылар. Ньаҕаччырбыт, ол аата хойобуун буолбуттары эккирэтии саҕаланна. Биһиги туран хас кус хаалбытын көрүү-истии бөҕө буоллубут. Мин тулуйбатым, тылланан мас тыыга сүүрэн киирдим да, эрдибитинэн бардым. Тыыбыт кыратык түөрэккэй соҕус да буоллар, үөс диэки эрдэн киирдим, бастаан утаа хойобуун буолбут кустары сырсан ылаттаатым. Бүтэр уһукка ааҕан көрбүтүм, отут ордугуна түөрт ээмиллэ буолан соһутта. Дьэ, сөҕүү-махтайыы бөҕө буоллубут. Мин саҥа харахтыыр кустарым буолан үөрүүм өссө үрдүк. Чэ, ити саамай элбэҕи бултаабыппыттан кэпсээтим.

Сарсыарда өттүгэр аны андылар кэлитэлээн бардылар. Манна кинилэри «харалар» диэн ааттыыллар эбит. Бу дойдуга харалар эмиэ туруору хайалары туораат, кыырай халлаантан ыһыктынан түһэллэр эбит. Туормас тыаһын курдук үөһэттэн тыас-уус бөҕө буоланнар, дьэ сыыйа көстөн кэлэллэр. Билигин өйдөөтөххө, били сөмөлүөтүнэн көтөн иһэн көрөр таас хайаларбытын туораан сылайан, утатан кэлэллэр эбит. Хайалар тэллэхтэриттэн, хаартаҕа көрдөххө, Үөһээ Дьааҥы алыыта саҕаланар эбит. Ити курдук хас да күн астына кустаан, аймахтары кытта билсэн, саҥа сиргэ бэркэ сынньаммытым.

Бүтэһик ботуруон

Подняться наверх