Читать книгу Бүтэһик ботуруон - - Страница 12
Дьикти булт
Оглавление1986 сыллаахха балаҕан ыйын бүтүүтэ алтынньы саҥатыгар бииргэ аармыйаҕа сылдьыбыт табаарыстарым А.И. Луковцев, Д.Г. Халыев буоламмыт тыаҕа хааман сэргэхсийэ түһээри, куобахха диэн ааттаан, бултуу таҕыстыбыт. Куобах мэнээгэ ааспыт кэмэ этэ. Киһилии хаампатахпыт ыраатта. Ол иһин бугуһуйан, барар да сирбит тэйиччи буолан, сарсыарда эрдэттэн сэниэлээхтик хаамыы буолла. Аркадий Иосифович ЛТЦ диэн тэрилтэҕэ суоппардыыр, оттон Демьян Гаврильевич суһал көмө биэлсэрэ. Былаан быһыытынан, эт-сиин тэнийэрин курдук, Нимиидэ үрэххэ баар И.А. Уваров үүтээнигэр диэри тиийиэхтээхпит. Сири-дойдуну билэр киһибит Аркадий сирдээн иһэр.
Күһүн диэтэххэ, сайыҥҥылыы чаҕылыйан түһэн сылаас күн турар. Хаамарга эрдэттэн оҥостон, чараастык таҥнан-саптан сылдьабыт. Алаастан алааска ойуурдары хааман быһыта көрөбүт. Тыаҕа тугу да көрбөккө кэпсэтэ-кэпсэтэ хааман иһэбит. Биир чөҥөлөх алааска киирдибит. Күммүт уота сылытар да сылытар, тиритии да, сылайыы да барда. Арай алаас күөлүгэр биир бөдөҥ кус уста сылдьар, соһуйдубут аҕай. Бачча хойукка диэри кыстыыр сиригэр Камчаткаҕа барбакка туох буолбут куһай диэн таайыы буолла. Чугаһаан көрбүппүт, куоҕас эбит. Кини кыстыыр сиригэр тиэтэйбэккэ барааччы. Куһунан ааҕан куоҕаһы мэнээк бултаабаттар, этэ-сиинэ кытаанаҕа бэрт уонна балык амтаннаах буолар. Ол иһин сиргэ-уокка сылдьан аҕыйах куспутун харыстаан, кинини ытан мииннээн сиирбит. Тириитэ бэртээхэй куллука буолааччы. Тугу да көрбөккө сылдьар булчуттар, киксибиттии, саабыт үрдүгэр түстүбүт. Куспут умсар да умсар, ол умсара ырааҕын! Хайа диэки хайыһан умсарын көрө-көрө сырсыакалаһыы бөҕө буолла. Куоҕас тыын сиригэр таптарыар диэри өлөн-быстан биэрбэт. Күөлү тула туран, быктар эрэ «саайан» иһэбит. Уончалыыта ыттыбыт быһыылаах. Кэмниэ кэнэҕэс төбөҕө табыллан мөхсөн ылла.
– М-манна эбиэттээн б-барыаҕыҥ,– диэн Намыйаан тардыалатан этии киллэрдэ.
– Мин куһу таһаарыам, эһиги уотта оттон уута туруоруҥ, куоҕаспытын буһарыахпыт, – диэт, ойуурга уһун ураҕас буолар хаппыт титириги көрдүү бардым.
Күөл уута төһө да тымныйдар, арыый эдэр сылдьан иҥнэн-толлон турбат буоларым. Биирдэ дойдубар сылдьан, өссө мантан хойутуу быһыылааҕа, үөл куһу харбаан киирэн таһаарбытым. Силиим кытта тоҥмута быһыылааҕа. Икки ураҕаһы булан аҕалыахпар диэри сиккиэр тыал куспун син тыа диэки чугаһаппыт. Ураҕастарбын холбооттоон, балай эмэ эрийсэн куспун ыллым. Уолаттар кэтэһэн туран, куспутун саҥа көрөр киһилии, көрүү-истии бөҕө буоллулар. Улахан далан куоҕас эбит диэн түмүктээтилэр.
Аркаас быһаҕын ылан куоҕаһы сүлбүтүнэн барда. Намыйаан ойууртан эбии хаппыт мас аҕалан уотугар эбэн биэрдэ. Аркаас куһун эттии туран:
– Уолаттар, кэлэн көрүҥ эрэ, – диэн тоҕо эрэ ыҥыртаан ылла. Арай тиийэн көрбүппүт, куолайа толору мунду эбит! Ыган, хайытан ылбыппыт икки үтэһэ буолла. Куспутун буһаран, балыкпытын үөлэн, Байанайбытын аһатан, уруккуну-хойуккуну сэһэргэһэ-сэһэргэһэ бэркэ да сынньанныбыт этэ.
Өссө да олоруох дьону сирдьиппит тиэтэттэ. Күбээдики диэн алаас тыатын тэбистибит. Онно Намыйаан биир куобаҕы ытан ылла. Кулаада сиһин сыыйдыбыт. Ол хааман истэхпитинэ, арай эмиэ Аркаас ыҥыртыыр саҥата иһилиннэ. Чугаһаан иһэн көрдөхпүнэ, маҥан туох эрэ көһүннэ. Отон уктаах ырааһыйа баарыгар маҥан да маҥан Хаар Эбэ бэйэтинэн олорор эбит. Эмиэ мустан, көрбөтөхпүтүн көрөн, сөҕүү-махтайыы бөҕө буоллубут.
– Хайа, манна эмиэ Хаар Эбэбит баар эбит дуу? – Аркаас сөрү диэн сөхтө.
– Мин Элгээйи мусуойугар кини чуучалатын көрбүтүм. «Кыһыл кинигэҕэ» киирбит көтөр. Хоту баар дииллэр, – диэн ботугураатым.
Көтөрбүт биһиэхэ төрүт да кыһаллыбат курдук туттар. Төгүрүк, киэҥ, ап-араҕас харахтарынан чыпчылыйан да көрбөккө чоҕулуччу көрө-истэ олорор.
– Көрүҥ эрэ, тугу эрэ баттаан олорор буолбат дуо? Өссө чугаһаан көрүөҕүҥ эрэ, – диэн Аркаас иннин диэки сыҕарыйда. Биһиги эмиэ сэрэнэн хаампыта буоллубут. Онно дьэ, төһө да тыҥырахтаах көтөрүн иһин, син саалаах дьонтон чаҕыйда быһыылаах, булдун хаалларан бэрт чэпчэкитик көтөн таҕыста. Саха сирин сэдэх көтөрө төрүүр-ууһуур туундаратын хаалларан хайдах бу дойдуну булла? Тугу туппут эбит диэн баран көрбүппүт, сып-сылаас куобах эбит. Оо, онно фотоаппарааппын аҕалбатахпыттан хомойдум да этэ.
Салгыы сиһи хааман өссө биир куобаҕы өлөрдүбүт. Уваров үүтээнэ манан буолуохтаах диэн сирдьиппит куобаҕын үрүсээгэр уктаат, ыйбыт сирин диэки түһэ турда. Биһиги, кус оҕолорун курдук, батыһан бара турдубут. Киэһэ боруҥуйуута оруобуна Нимиидэҕэ Иннокентий Алексеевич өтөҕөр тахсан кэллибит. Лэгэнтэй оҕонньор үүтээнигэр баар эбит. Мантан Ытык Күөл икки көс ыраах. Онон оҕонньорго хонор буоллубут, былааммыт да оннук этэ. Кырдьаҕаһы кытта ыаһахтаһан, киэһэни билбэккэ аһардыбыт. Сарсыарда сынньанан, чэпчээн турдубут. Эмиэ тыаны кэтэн, Хаар Эбэ көмөтүнэн бары илии тутуурдаах, өттүк харалаах киэһэ сөпкө дьиэбитигэр кэлбиппит.