Читать книгу Бүтэһик ботуруон - - Страница 11

Кармен

Оглавление

Ыалым Баһылай биһикки күнүн аайы кэриэтэ, ардыгар биһиэхэ, үксүгэр кинилэргэ көрсөрбүт. Булка иллэҥ кэммитин элбэхтик ыыппыт буоламмыт, көрүстэрбит эрэ ол айдаана буолара.

Төһө да Василий Прокопьевич аан дойдуга биллэр улахан учуонай буоллар, дьиэтигэр-уотугар олус боростуой, сытыары сымнаҕас, ыалдьытымсах, асчыт бэрдэ киһи этэ. Киирдэхпинэ быраатым кэллэ диэн дьиэтигэр да, даачатыгар да үөрэ-көтө көрсөрө.

Баһылай «муннукка ытаабыт» булчут айылгылаах киһи. Булт саҕаланнар эрэ, икки уостаах саатын ылан кустуу эбэтэр куобахтыы барбыта эрэ баар буолара. Мин үлэм табыллыбат буолан, биирдэ да бииргэ бултаспатаҕым. Бултаан кэллэр эрэ, булдуттан амсатара. Бу кэлин, булка кыайан сылдьыбат буолан баран, икки куобаҕы ырыынактан атыылаһан сааскы булт саҕаламмытын бэлиэтээбиппит. Ол олорон:

– Бу сии олорор куобаххын биирдэ халлаантан түһэрэн турардаахпын, – диэн соһутта.

– Ама, – сонун кэпсээни истээри итэҕэйбэтэҕэ буолан ыйытардыы көрөбүн.

– Чахчы-чахчы, киһи барыта көрбүтэ, – саарбахтаабыппын көрөн эбэн эттэ. Онтон салгыы кэпсээн барда. – Чурапчыга куобах күрэҕэр сылдьабыт. Оччолорго куобах мэнээгэ этэ, турар-турбат бары сылдьар курдуга. Киэһэ хараҥаран, түһэ сытар сирбитигэр баран иһэбит. Кыракый чалым-чулум уулаах үрэҕи туораан эрдэхпитинэ, арай көрдөхпүтүнэ халдьаайы диэкиттэн туох эрэ улахан көтөн күпсүйэн иһэр эбит. Түргэн туттуулаахтар ытан көрдүлэр да, көтөрбүт таптарбакка үрдүбүтүнэн көтөн кэллэ. Саабын ылан, бэлэм турар киһи ытан саай! Онтум өс хоту аҥаара сууллан түстэ, аҥаара көтө турда.

– Эс, хайдах оннук буолуой? – минньигэстик ыһаарыламмыт күһүҥҥү куобах этин сии-сии киһим сирэйин-хараҕын одуулаһабын. Кэргэттэрбит ону-маны сэлэһэ хоско киирэн хаалбыттар. Василий Прокопьевич ахтыыларын хаһан да дарбатан, тупсаран, эбэн-сабан кэпсээччитэ суох. Ол иһин дьиктиргээн тыыммакка да олорон иһиттим.

– Түспүт аҥаарын баран көрүү буолла. Онтубут сып-сылаас куобах буолан соһутта, куобахсыт көтөр кытаахтаан испит.

Ити курдук Баһылай, биир дойдулааҕым, оннооҕор куобаҕы халлаантан ытан түһэрэр байанайдаах булчут этэ. Биирдэ булчут ыттар тустарынан кэпсэтии буолла. Аҕам Кэспиэк, күтүөм Балантыын Моойторук диэн булчут ыттарын туһунан кэпсээтим. Ыттан таһынан сырыыны сылдьар олус булчут этилэр. Кини эмиэ булчут ыттана сылдьыбытын аҕынна. Москубаҕа мунньахха бара сылдьан спаниель боруода ыт оҕотун атыылаһан илдьэ кэлбит, Кармен диэн ааттаабыт. Иитэн, бүөбэйдээн кэлин куска илдьэ сылдьар буолбут.

– Куспун ууттан таһааран биэрэн абырыыра. Окко түспүт куһу хайаан да булан төннөрө,– диэн иһирэхтик ахтан ааспыта. Куһу ууттан кыайан ылбакка, окко түһэрэн баран булбакка булчут дьон төһө кыһыйдыбыт, хомойдубут этэй.

Биирдэ күһүн элбэх буолан оройуоҥҥа ыарыһахтары көрө тиийбиттэр. Үлэлэрэ үмүрүйбүтүн кэннэ кустаабыттар. Син добуочча бултуйан, киэһэ утуйалларын саҕана кустарын үллэстэн сыппыттар. Сарсыарда ким эрэ саҥата:

– Хайа, оронум анныгар ирээт кустарбын бырахпытым суохтар. Ким дьээбэлээтэ, билиниҥ эрэ? – диэн төгүрүччү көрбүт.

Атыттар эмиэ кустарын сүтэрэн соһуйуу бөҕө, аймалҕан буолбут. Василий Прокопьевич уһуктан оронун аннын харбаан көрбүтэ, аҕыйах куһа эбиллэн чөмөх буолбут. Күлсүү бөҕө буолбут, ыта Кармен «бэйдиэ» сытар кустары иччитигэр аҕалтаан «бэрээдэктээтэҕэ» дии.

Бүтэһик ботуруон

Подняться наверх