Читать книгу Бүтэһик ботуруон - - Страница 7

Улахан Хомустаахха

Оглавление

Алтынньы ый саҥата. Хаар түһэн туналыктыы турдаҕына, Балыарка Эдьээнтэн кэлэн Майдалаата. Чабдаҕа олорор ырааҕынан аймаҕа Николай Николаевич Бушков «кэлэн күһэс» диэн, Балыарка дьиэтин таһыгар балыктыы сырыттаҕына ыҥырбыт. Мотуор обургу уонча көһү өр гыныа дуо? Тоҥмокко, ханна да тохтообокко эбиэт ааһыыта Чабда үрэх төрдүгэр турар уу мээрэйдиир пуоска тиийдэ.

Түүнүн олус тымныйан, дьүүктэҕэ хоннорбут мотуорун оҥочото мууһунан көрөн турар эбит. Сэрэнэн куорпус ойоҕоһун чохороон сүгэнэн тойон, сүүрүктээх сиргэ аҕалан баайда. Майда эбэ мууһа элэҥ-сэлэҥ киирэн эрэр эбит. Киһитиниин сарсыарда сүбэлэһэн, Балыарка күһүүр сиригэр, 110-с биэрэстэҕэ баар булчут үүтээнигэр тиийэн кэтэһиэх буолла. Куола эбиэттэн киэһэ Уус Маайаҕа дьонугар киирэн тахсыах буолан хаалла.

Эбиэт саҕана мотуорун собуоттаан, Майданы өксөтөн барыахтаах сиригэр барда. Мотуор итийиэр диэри оргууй аҕай сыннаран, муустар быыстарынан айаннаамахтаата. Наһаа итийдэ диэн, сойута түһээри, гаастаан биэрдэ да, оҥочото уу үрдүгэр өрө сүүрэн тахсыбат. Хайдах буоллаҕай диэн тохтотон мотуорун онтун-мантын көрдө, собуоттаан тыаһын иһиллээтэ да, син биир кыаммат курдук. Ол икки ардыгар суорба таас хайа аннынан, үрэх синньиир сүүрүктээх баҕайы сиригэр тиийэн кэллэ. Манна мууһа хойунна. Таас хайа аннынан үс биэрэстэ курдук сири олох чааһы быһа сордонон, үрэх кэҥиир сиригэр дьэ тахсан, арыый да уоскуйда. Тиийиэхтээх сиригэр үс чааһы быһа айаннаан, син сырдыкка тиийдэ. Кытыыга тиксэн баран, оҥочотун биэрэккэ соһо сатаан кыайбата. Таһаҕаһын барытын сүөкээтэ, мотуору устан үүтээҥҥэ таһаарда. Уонна дьэ кыайар инибин диэн эмиэ сосуһан көрдө да, кыайбата. Маһынан төһүүлээн син ууттан биэс-алта миэтэрэ эриһэн туран таһаарда. Хата уһун быалаах буолан, улахан сыгынахха баайда.

Ити тиниктэһэ сылдьан оҥочотун аннын дьэ өҥөйөн көрдө. Онто баара, куорпуһун анна бүтүннүү түөрт илии курдук халыҥнаах муус болгуо буолан сылдьар эбит. Ол иһин да мотуора кыаммат буолан хаалбыт эбит. Өссө Чабдаҕа хоммута буоллар, кэлэрэ да саарбах эбит. Хайдах саҕалыаҥ да, оннук бүтэриэҥ дииллэр. Кини саҕалаатаҕа эрэ дии, ити бастакы моһоло этэ.

Үүтээҥҥэ хонон баран, сарсыныгар киһитэ эрбээбит саһаанын көрдөөн булбата, сымыйалаабыт эбит дии санаата. Ол иһин да биэрэктэн анньынарыгар куорпус иһигэр Куола тутааҕа суох илии эрбиитин быраҕан биэрбит. Бэйэтэ бөһүөлэккэ киирбитин кэннэ өрүс туран, мууска хаайтаран хаалбыт этэ. Бөртөлүөтү кэтэһэн көрбүт да, мэлийбит. Онон Балыарка 40-ча хонукка соҕотоҕун эһэ-бөрө дойдутугар, уокка оттор бэлэм маһа суох күһээн турар. Оттор бэлэм маһа суоҕун, киһитэ кэмигэр кэлбэтэҕин кини моһолунан аахсыбат.

Иккис моһолго хаар түһэн үллүктүү турдаҕына Улахан Хомустаахха балыктыы сылдьан түбэстэ. Сарсыардаттан икки сааны туора-маары сүгэн, илим көрө барда. Аара бочугурас үөрүгэр түбэһэн, тоҕус бочугураһы хаалларда. Син бултуйбут киһи курдук сананан, илимниир сиригэр барда. Улахан Хомустаах диэн аҕыс-тоҕус биэрэстэ усталаах суорба таас хайа анныгар сытар сүүнэ улахан күөл. Былыргыта боротуока эбитэ буолуо. Күөлгэ тиийиэх иннинэ биир кыракый тээргээн устун бараҕын. Күөлгэ киирэргэр талах быыстаах хатыҥ чараҥ курдук дүбдүр сири туоруугун. Онно илимнээбитэ хаһыс да күнэ. Күөл аллараа атаҕа тумус тыаны өрө эргийэр. Ол диэки көрбүтэ, кытыыттан 50-ча миэтэрэ үөскэ хатыҥ охтубутун курдук арбай сытар. Хаар үрдүгэр түһэн тугун-ханныгын чуолкай быһаарбакка, хас да күн кыһаллыбакка сырытта. Тумус аттынан күөл устун ыраахха диэри барар.

Дьэ ол бочугурастаан эҥин тиритэн-хорутан иһэн күөлү талахтар быыстарынан өҥөйөн көрдө. Хаар намылыччы түһэ турар, сылаас бөҕөтө. Били арбайын диэки көрбүтэ, доҕоор, күөл ортотугар күтүр улахан бөрө тугу эрэ тардыалаһан сии ахан турар эбит! Соһуйан өлө сыста, санаатыгар, көннөрү убаһа саҕа. «Оо, бириэмийэ бэйэтинэн кэлэн биэрбит» дии санаата да, сээкэйин турар сиригэр быраҕаат, сабыс-саҥа СКС харабыынын туппутунан, бэрт тиэтэлинэн күөл кытыытыгар баар оҥойго киирдэ. Бөрө олох билбэт, тиниктээбитин курдук тиниктэһэ турда. Саатын сыалын 200 миэтэрэҕэ туруоран баран, сөһүргэстээн олорон ытан саайда. Ытарын кытта бөрө илин өттүнэн мууска умса түһэн ылла уонна кэннинэн чугуруҥнаата. Дьыала үчүгэй буолла диэн, Балыарка күөлгэ сүүрэн киирдэ, санаатыгар, чугастан дьакыйыам диир. Эмискэ бөрөтө кини диэки хайыһан ылла уонна оргууй аҕай күөл атаҕын диэки сүөдэҥнээтэ, устунан өрүһүнэн ойуолаан киирэн барда. Тохтуо диэх курдук, хайдах эрэ туран хаалла. Онтон өйдөнөн күөл уҥуор тиийэн эрдэҕинэ биирдэ ытан хаалла да, бөрөтө маары аҕыйахта ойон кэбистэ. Кыһыы бөҕө буолла. Саатар, суолун көрөөрү күөл баһыгар тиийдэ. Бөрөтө суолун икки өттүнэн хаана бырдаҥалыы-бырдаҥалыы бара турда. Онтон олох да ороҕор киирэн көстүбэт буолан хаалла. Киһим бэйэтэ-бэйэтиттэн кэлэйэн, мууска олоро түстэ, хата сөрүүкээн, сынньанан абыранна. Туран тугу сиэбитин көрө барда.

Бөрөнү ыппыт сиригэр улахан баҕайы кыыл таба дьардьамата мууска адаарыйан сытарыттан икки улахан баҕайы элиэ көтөн таҕыста. Оргууй аҕай, киэҥ-киэҥник далбаатанан бөрө барбыт сирин диэки далбыҥнаһа турдулар. Онтон өйдөөн, бу кыс хаар буолтун кэннэ туохпут элиэтэй диэн санаа күлүм гынна. Ол эрэн, Балыарка саастаах киһи буолан, хотойдор буолалларын тута сэрэйбитэ.

Таба сэмнэҕин чинчийэн көрбүтэ, үөр бөрө сылдьыбыт эбит. Били арбайбыт хатыҥа кыыл таба муоһа сыппыт. Табаны туппут сирдэриттэн 20-чэ миэтэрэҕэ хаары ханан да таарыппакка үөһэнэн аҕалбыттар. Сиэн баран бу соторутааҕыта барбыттар. Сэмнэх тула олоруу-сытыы бөҕө буолтар. Онно ааҕан көрбүтэ, тоҕус бөрө кэлэ сылдьыбыт. Улахан үөр бөрө хотой арыалдьыттаах буоларын кырдьаҕастар сэһэннэриттэн истэн билэрэ. Дьэ алдьархайга түбэһэ сыспытыттан куттанан этэ саласта. Бочугурастар моһуоктаабатахтара буоллар, оруобуна тоҕус бөрөҕө түбэһэр эбит. Үөр барбытын кэннэ олохтоох бөрө сэймэги сии сатыы турбут. Кыһыытыгар, таба түөрт атаҕын быһа охсон ылла. Ити кэннэ балык бөҕөнү сүгэн, үүтээнигэр киэһэлик тиийдэ.

Нэдиэлэ кэриҥэ балыктаан алта куул собону, кэлэ-бара биэс кииһи хапкааннаан ылан, ылбычча киһи тэҥнэспэт киһитэ буолан сырытта. Биир күн эбиэт кэнниттэн аллара бөртөлүөт тыаһын истэн, киһим кэллэҕэ дии санаата. Сарсыныгар Куолата киэһэ сирэйэ кытара сытыйан бу киирэн кэллэ. Чабдаттан суол үктүүбүн диэн ааттаан сатыылаабыт. Сарсыныгар илимнэри эһэ иккиэн бардылар. Киһитин күөл баһыгар баар илимнэригэр ыытта, бэйэтэ күөл алын өттүгэр икки илимнээҕэр тиийдэ. Арай суолуттан көрдөҕүнэ, ойбоннору биир киһи кэрийэр эбит. Тыал хаары тибэн, киһи соччо чуолкайдык арааран көрбөт. Илимнэрин эһэн, киһитигэр утары баран көрбүтүн кэпсээтэ. Куола күлэн баран:

– Туох киһитэ манна кэлбит үһү, эһэ буолуо, – диэтэ.

Төннөөрү ол суолу көрө бардылар. Куола суолу көрөөт да биллэ, кыра эһэ суола эбит. Дьэ куттал буолла, хайалара да саа ылбатах. Хата Куола Моойторук диэн ытын илдьэ кэлбит этэ. Биирдэ өйдөөн көрбүттэрэ, ыттара суох буолан хаалбыт. Сотору буолаат, тумус тыа нөҥүө үрэн баргыйда. Кыһыл илиилэринэн тугу гыныахтарай, ыксал бөҕөнөн быһа үүтээннэригэр бардылар. Ыттара үрэр да үрэр. Аһаан-сиэн, сынньана түһэн баран, хараҥа буолуута, эһэлии бардылар. Ыт үрэр саҥата син биир иһиллэр. Онон тыатааҕы таба сэймэгэр баарын сэрэйдилэр. Ол иһин супту, хаары оймоон күөлгэ киирдилэр. Моойторук дьоно иһэллэрин билэн, үрүүтэ өссө сүрдэннэ. Ити ыккардыгар хараҥа буола оҕуста. Тумул тыа ими мэһэйдээн, туох да көстүбэт. Турбахтыы түһэн баран ыттарын ыҥырдылар. Син балайдык ыҥыртаран баран Моойторук кэллэ. Сүбэлэһэн, чугас-чугас туран кыыл сэймэгин диэки үһүөн бардылар. Ыттара кинилэри манаан туруо дуо, үрэ-үрэ элээрэ турда. Тыатааҕыга урут тиийэн, тумус тыаны аһара түһэн, саҥалара ыраатта. Эһэлэрэ кинилэри билэн дьаадьыйдаҕа буолуо. Онон төнүннүлэр.

Сарсыныгар эрдэ соҕус турдулар. Халлаан лаппа сырдаабытын кэннэ, ыттарын илдьэ эмиэ бардылар. Кыра күөлгэ тиийиилэригэр Моойторук обургу сэймэккэ тиийэн үрэн түптэлэнэрэ сүрдэннэ. Тумус тыаны быһа түһээттэрин кытта, эһэлэрэ ыттарын эккирэтэн мууска бу киирэн кэллилэр. Куола, тыаҕа олорор буолан, киниттэн олох да куттаммат. Биир уостаах саатын туппутунан суол омоонун ортотугар турунан кэбистэ. Балыарканы эрдэ ытымаар диэн сэрэттэ. Киһититтэн уонча миэтэрэ тэйиччи турунан кэбистэ.

Моойторук эһэҕэ сыыһа-халты хаптаран иччитин көрбүтүнэн бу уопсан иһэллэр. Балыарый түбэспэтэх алдьархайыгар түбэһэн ыксаата, киһитин саатыгар хайдах эрэ эрэммэтэ, бобуутун таһыччы умнан үстэ ууран ылла. Тыатааҕыта хайдах эрэ сүөдүрүс гынан ылла да тохтообото, бытаара эрэ түстэ. Куола ыппакка, хамсаан да көрбөккө бэлэм турда. Ыт кэлэн иччитин кэннигэр түстэ. Эһэ Куолаттан биэс-алта миэтэрэлээх сиргэ кэлэн икки кэлин атаҕар тура түһээтин кытта, саа тыаһа өрө хабылла түстэ. Эһэ оргууй аҕай сытан киирэн барда. Балыарка тулуйбата, өссө иккитэ ууран ылла. Бултаан бүттэхтэрэ ол. Өр-өтөр буолбата, бултара хамсаабат буолла. Киһитэ ону чинчилээн көрөн баран «кур аһыҥас эбит» диэтэ. Саннын лаппаакытынан обургу баастаах сылдьар эбит. Куола ону көрөн эһэ охсубут диэтэ. Тоҕо арҕахтаабатаҕын эбэтэр үүрүллүбүтүн ити курдук быһаарда.

Балыарка үрүсээгиттэн чохороонун ылан, суон соҕус хатыҥы суулларан мутуктарын солоото. Курдарын устан эһэлэрин атахтарын бобо баайталаан кэбистилэр уонна мастарыгар иилэн, оргуһуохтуу сүгэн үүтээннэригэр аҕалан астаатылар. Олус ырыгана суох, сииргэ туох да бэртээхэй эт буолан биэрдэ. Ити кэннэ, тымныы саҥа түһүүтэ, биир тайах арыыга киирбитин көрөн, ытынан күрэтэн бултаабыттара. Онон Майда эбэ хотун үчүгэй хараҕынан көрөн табаарыһым бэркэ күһээн турардаах.

Бүтэһик ботуруон

Подняться наверх