Читать книгу Саха сирин историятын сорох мөккүөрдээх боппуруостара - Николай Николаев - Страница 10
Дьокуускай кыра тэрилтэлэрэ
ОглавлениеХХ үйэ саҥатыгар Дьокуускайга типография (1860 с. тутуллубута, 1921 с. – 34 оробуочай үлэлиирэ), пиибэ оҥорор «собуот» (1907 с. тутуллубута, хаһаайына – урбаанньыт И.Ф. Бартль) бааллара. Собуот пиибэни, уксууһу, кофены бэлэмниирэ, улахан дохуоттаах тэрилтэ этэ. 1915 с. бу собуокка 12 оробуочай үлэлээбитэ, кинилэр 13 тыһ. биэдэрэ бородууксуйаны оҥорон 71500 солк. киллэрбиттэрэ. Революция кэнниттэн собуокка 5–7 киһи хаалбыта [Макаров, 1979, С. 56].